Киир

Киир

Хас биирдии ийэ оҕотун киинин кичэйэн, ардыгар хаһыакка, бакыакка суулаан көмүстэрин, докумуоннарын кытта илдьэ сылдьар идэлээх. Сороҕор булан ылан, ийэ оҕото аан бастаан күнү көрбүт күнүн санаан, ахтан манньыйа түһэн баран эмиэ ууран кэбиһэр. Ол курдук, туох эрэ дьикти сыаналаах тэрил биһиги малбытыгар-салбытыгар куруук баар буолар. Киһи быраҕыаҕын илиитэ барбат, онтон тоҕо уура сылдьарын бэйэтэ да билбэт.
Арааһа, бу биһиги төрүттэрбититтэн утумнанан кэлбит сиэрбитин-туоммутун ситэ умнубакка сылдьар төрүөппүт буоллаҕа. Итини чинчийэр буоллахха маннык эбит: Түүр омугун дьахталлара былыр бука бары курдарыгар саппыйа иилинэллэр эбит. Бу саппыйа иһигэр хас биирдии оҕолорун кииннэрэ, баттахтара, тыҥырахтара хаалана сылдьар  эбит. Ол туһунан  Е.М. Ярославскай  аатынан Кыраайы үөрэтэр  Түмэлгэ харалла сытар дьахтар курдара туоһулууллар.  
Ийэлэр ити курдук тоҕо оҕолорун киинин илдьэ сылдьалларын сабаҕалаатахха былыр-былыргыттан биһиги төрүттэрбит оҕо уонна ийэ быстыспат ситимин оҕо киинигэр иҥэриллэ сылдьар диэн этэллэр эбит. Киинин сүтэрбит, муммут киһи” – диэн этэллэрин үгүстүк истэр буолуохтааххыт. Ол аата ийэ оҕотун олоҕун устата арчылаары, араҥаччылаары киинин олоҕун устата илдьэ сылдьар эбит.
Бу дьикти көстүбэт ситим оҕо ийэтин, төрөппүттэрин кытта биир эйгэҕэ, биир тыыҥҥа сылдьарын туоһулуур. 2017 сылтан бэттэх, квантовай физиканы үөрэтэр учуонайдар хас биирдии эттик ураты долгун таһаарарын дакаастаан тураллар. Ол чэрчитинэн, суотабай сибээс, Интэриниэт үлэлиир эбит буоллаҕына,  төрөппүт оҕотун кытта ситимэ харахха көстүбэт долгун буолан биһиги сирдээҕи олохпутугар эмиэ баар эбит. Оҕо киинин баттаҕын нөҥүө ийэ оҕотун арчылыыр, харыстыыр кыаҕа улаатар. Ол иһин, Күбэйэ диэн ааттаан аан бастаан оҕо киинин харайар иһити Саалтаана оҥорон киэҥник тарҕаппыта. Онуоха хас биирдиибит бу көннөрү иһит буолбакка, өйдөбүнньүк, үйэлэргэ хаалар кэрэ бэлиэ буоларын өйдөөбүппүт. Кэлин оҕо киинин харайар ньыма элбээтэ. Холобура, Айыыһыт холбуйата диэн альбом-кинигэлээх, киини, баттаҕы, тыҥыраҕы, төрүүр дьиэ бэлиэтин, харысхалы уура сылдьарга аналлаах холбуйа баар буолбута. Аныгы кэмҥэ оҕону куруутун харах далыгар илдьэ сылдьар уустуктардаах, ол эрэн төрөппүт чараас эйгэнэн оҕотун арчылыы сылдьар буоллаҕына туох да мөкү түгэн тахсыа суоҕа. Онтон саамай чаҕылхай оҕо кэлбит күнүн санатар маллар ийэ тапталын өссө күүһүрдэллэр.