Киир

Киир

     Кыһыҥҥы түүлээх, сыаналаах таҥаһы харайыы боппуруоһа хас биирдии дьахтары долгутар буолуохтаах.   Үгүс дьон сыыһа  харайан сүүһүнэн тыһыынчалаах мааны  таҥастарыттан  маталлар.  Соторутааҕыта сөбүлээн ааҕар “Кыым” хаһыатым саайтыгар “Кыһыҥҥы таҥаһы сөпкө харайыахха” диэн олус туһалаах сүбэлэр тахсыбыттарын көрөммүн, тус бэйэм туһанар ньымаларбын үллэстиэхпин баҕарабын.

     Хас биирдии дьиэҕэ эргэрбит хб таҥас баар буолуохтаах. Холобур, орон таҥаһа. Ол курдук, саҕынньаҕы бырастыынаҕа оттон бэргэһэни, үтүлүктэри сыттык хаатыгар суулуур ордук.   Маннык эргэрбит таҥас сиигэ кэҥээн салгыны кэбэҕэстик курдаттыы киллэрэр, онон түүлээх таҥас “тыынарыгар” үчүгэй. Салгын киирбэт буоллаҕына уонна сииктээх сиргэ турдаҕына түргэнник уоттуйар, сытыйар, ымыйар.   

Оргуйбут туустаах ууга   кыра крахмал  кутабын.  Уонна онно суулуурга туттуллар таҥастары уган илитэбин. Тууһун, крахмалын  сайҕаабакка эрэ куурдабын. Оччоҕо үөн-көйүүр чугаһаабат, сиик ылбат, куһаҕан сыт-сымар иҥмэт буолар. Таҥаспын бүрүйэн баран иһигэр уонтан тахса лавровай лииһи уонна хаһыаты кумалаан угабын. Мүөл хаһыакка баар цинканы олох ыраахтан билэр, сөбүлээбэт. Уонна түннүктэн,  итииттэн, сииктэн тэйиччи ыскаапка харайабын. Бэйэ-бэйэлэригэр аалсыбаттарын курдук тэйиччи ыйыыбын. Саҕынньаҕы булгуччу тимэхтээн, көнөтүк ыйыыр ордук. Оччоҕо киэбин сүтэрбэт. Капюшоннаах буоллаҕына ол иһигэр таҥас уган эбэтэр хортуон кумааҕынан киэб быһан угар табыгастаах. Сорох дьон таҥастарын тэбиир үгэстээхтэр. Билиҥҥи түүлээҕи тэбиир кутталлаах дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, олус чараастар уонна   түү кырадаһыннарынан тигиллибит буоланнар кэбэҕэстик алдьаналлар. Биллэрдик киртийбит буоллаҕына тириитин инчэппэккэ эрэ тас өттунэн оргууй мыылалаах инчэҕэй  тэрээпкэнэн  сотобун. Ол кэнниттэн сэрэнэн тарыыбын. Оттон бэргэһэни аналлаах олоххо кэтэрдэн баран хордуон хоруопкаҕа   угабын. Сырдык дьүһүннээх бэргэһэни маҥан таҥаска суулуур ордук. Киэбин сүтэрбэтин курдук иһигэр хб таҥаһы толору симэбин. Хоруопка иһигэр равровай лиис, хаһыат эмиэ угабын Сырдык түүлээхтэн хаһыаты тэйиччи уураргытын умнумаҥ. 

Оттон атах таҥастарын харайыах иннинэ үчүгэйдик ыраастыыбын. Тирии атах таҥаһын үүнээйи   арыытынан сотон баран биир суукка куурбутун кэннэ   баахсалыыбын уонна иһигэр хаһыат, “роса” бытыылкатын угабын. Оччоҕо киэбэ көнөр, саҥатыгар түһэр. Сарыы атах таҥастарын суокканан ыраастаан баран паарынан өтүүктүүбүн. Ол кэнниттэн аналлаах ыстарары туһанабын.

Оттон пух соннору аналлаах химчисткэҕэ эбэтэр дьиэҕэ сууйтаран баран хаста да сайҕатан ыктарар ордук. Салгыҥҥа тэниччи куурдабын. Манна хаһаайыстыбаннай мыыланы туттар ордук эбит.
Мыыланы кыра гына кырбаан баран 700 гр  бааҥкаҕа улахан аҥарыгар диэри уулаан булкуйабын. Оннук кэлэ-бара булкуйа сылдьабыт. Суукка курдугунан хойуу убаҕас  буолар. Манан пух соннору, кууркалары  сууйтарар ханнык да сыаналаах бороһуоктан олус үчүгэй. Мин дьиэбэр туохха барытыгар туттабын. 
  

Хоруобка таһыгар туох таҥас угулла сылдьарын суруйан кэбиһэбин. Оччоҕо түргэнник булабын. Сайын устата арыйан салгылатар ордук.

Мариана Тимофеева