Киир

Киир

Моонньоҕон кэмин мүччү түстүбүт, отон саҥа минньийэн эрэр. Ол оннугар тэллэйдииргэ саамай үчүгэй кэм. Быйыл ким эмэ тэллэйтэн маппыта иһиллэ илик. “Инстаграм” киэҥ иэнигэр дьон тэллэйи “кыайбыт” хаартыскалара кэмэ суох элбэх. Ырысыаптарга киириэх иннинэ тэллэй киһи этигэр-хааныгар туһатын уонна буортутун ырытыаҕыҥ.

Туһата:

  • • Тэллэйгэ белок курдук уонна да атын туһалаах эттик элбэх.

Дэлэҕэ, диетологтар тэллэйи “тыа этэ” диэн ааттыахтара дуо? Белок, чуолаан, хатарыллыбыт тэллэйгэ дэлэй эбит. Тэллэйгэ белок сымыыттааҕар икки төгүл, эттээҕэр үс (!) төгүл элбэх. Ахсаана биллибэт элбэх аминокислотаны таһынан тэллэйгэ балыкка курдук элбэх фосфор баар.

  • • Калорийа аҕыйах.

Төһө да аҕыйах калорийдааҕын иһин, тэллэй киһини түргэнник тоторор. Ол да иһин диетологтар ыйааһыны быраҕар дьон аһыгар тэллэйи хайаан даҕаны киллэрэллэр.

  • • Иммунитеты бөҕөргөтөр.

Тэллэйгэ бета-глюканнар диэн олус туһалаах эттиктэр бааллар. Олор киһи иммуннай систиэмэтигэр үчүгэйдик дьайаллар. Учуонайдар этэллэринэн, былыргы кэмҥэ православнай итэҕэл дьоно саас анал аһы тутуһаллар эбит. Онно элбэх тэллэй киирэр. Ол да иһин буолуо, кинилэр туруктара бөҕөҕө, доруобуйалара үчүгэйэ үһү. Бета-глюкан, маны таһынан, искэни утары туттулларын эмиэ болҕомтоҕо ылыахха наада.

Буортута:

  • • Битэмиин иҥэрэ чэпчэкитэ суох.

Хомойуох иһин, миньэрээллэри, битэмииннэри, бета-глюканнары киһи этэ-сиинэ ыараханнык ылынар. Тэллэйгэ бета-глюкан 60 микроннаах. Оттон киһи синньигэс оһоҕоһо 60-тан үөһээ микроннаах бытархайы улахан үлэнэн аһарар. Искэни суох гынар инниттэн киһи 600 кг (!) тэллэйи сиэн наада. Ол кыаллыбата биллэр.

  • • Куртахха ыараханнык буһар.

Тэллэйгэ киһи куртаҕа ыараханнык ылынар хитин диэн эттик баар. Куртах-ноор ыарыһахтарга тэллэйи сиир көҥүллэммэт. Оҕоҕо 12-14 сааһыгар диэри тэллэйи ончу сиэтимэҥ диэн эмчиттэр сүбэлииллэр.

  • • Дьааты мунньар.

Тэллэй ахсаана биллибэт элбэх токсины уонна радиоактивнай эттиктэри иҥэринэр. Бэл, уопуттаах тэллэйдьиттэр чугас дьоннорун кутталга киллэриэхтэрин сөп. Ол иһин тэллэйи сиэх иннинэ уһуннук буһарыллыахтаах.

Онон:

  • • Дьиҥэр, киһи дьон эрэ барыта сиир тэллэйиттэн эмиэ сүһүрүөн сөп. Ол биир тэллэйгэ элбэх токсин баарыттан буолбатах. Доруобай тэллэй аттыгар турар дьааттаах тэллэйтэн дьаатын иҥэринэ охсор дьиктилээх. Ол иһин үргүү үөрэммит тэллэйиҥ таһыгар билбэтиҥ турар буоллаҕына, сэрэнэр ордук. Идэлээх дьон тэллэйи үс ууга өр кэмҥэ буһарарга сүбэлииллэр.
  • • Тэллэй ыраастаммыт уутун, тэллэй кырбастарын тоҕорго ыксаамаҥ. Ити састаап оҕуруокка олус барсар. Онон оҕурсуга, эбэтэр помудуорга куттаммакка кутуҥ.

Тэллэйтэн эриэккэс бүлүүдэлэр

Тууһааһын

grib marin

1 кг. тэллэй.

100 г туус.

10-12 устуука моонньоҕон сэбирдэҕэ.

2 укуруоп сэлээппэтэ.

2-3 устуука лавр сэбирдэҕэ.

Бэйэ көрүүтүнэн төгүрүк биэрэс, чосунуок.

Тэллэйи 5-6 чаас устата тымныы ууга сытыар. Мас эбэтэр туой иһит түгэҕэр тууһу таммалат, 5-6 устуука моонньоҕон сэбирдэҕин, 1 укуруоп сэлээппэтин уур. Тэллэйи тэниччи ууран баран, үрдүгэр тууһу, биэрэһи, чосунуогу уонна лавр сэбирдэхтэрин тэлгэтэ уур.

Ити үрдүгэр ордубут сэбирдэхтэри ууран баран, ыраас таҥаһынан бүрүй. Ол кэннэ тэриэлкэни эбэтэр эт кырбыыр маһы үрдүгэр ууран, ыйааһыннааҕынан баттат. Биир-икки күнүнэн тэллэй сүмэһинин таһаарыа. Өскөтүн сүмэһинэ аҕыйах буоллаҕына, баттатар ыйааһыны элбэт. Таҥаһы кэмиттэн кэмигэр ылан сайгыахха наада. Тэллэй 30-40 хонугунан бэлэм буолар. Ол кэнниттэн тымныы сиргэ харайыахха сөп.

Маринадтаммыт тэллэй

marinovannye maslyata v masle

Маслёнок.

Биир лиитирэ бааҥкаҕа 1 улахан ньуоска мас арыыта.

Биир бааҥкаҕа 1 улахан ньуоска 70 %-наах уксуус.

2 тиис чосунуок.

1 лиитирэ маринакка:

2 улахан ньуоска бөдөҥ туус.

5-6 устуука төгүрүк биэрэс.

3-4 сыттаах сыттаах төгүрүк биэрэс.

2 устуука лавр сэбирдэҕэ.

1 устуука гвоздика.

Тэллэй сэлээппэтин бүрүөһүнүн ылар ордук. Эдэр тэллэйи көннөрү итии уунан саба ыстахха сөп буолуо. Ыраастаммыт тэллэйи ууга сууй. Улахан тэллэйи кыра гына бысталаа. Итии уунан саба кут. Миискэҕэ аҕыйах хааппыла уксууста таммалатан, тэллэйи ууга кыратык оргутан ыл. Ууну уларытан, өссө 10 мүнүүтэ оргут. Тэллэйи сиидэлээн, уутун үчүгэйдик сүүрт.

Ити кэмҥэ маринады бэлэмнээ. Оргуйа турар ууга араас туманы кутан, биэс мүнүүтэ оргута түс. Ол кэмҥэ бааҥкалары бэлэмнээ. Бэлэм бааҥкаларга тэллэйи аһара ыга симмэккэ эрэ кут уонна маринады саба кут. Ол кэнниттэн хас биирдии бааҥкаҕа чосунуогу, уксууһу, оргуйбут арыыны кутан баран, хаппахтаа. Бэлэм аһы сөрүүн сиргэ харай.

Тэллэйтэн икра

grib ikra

2 кг. буспут тэллэй.

3 улахан эриэппэ луук.

3 улахан моркуоп.

2 ыстакаан мас арыыта.

3 устуука лавр сэбирдэҕэ.

10 төгүрүк биэрэс.

Туус.

1 улахан ньуоска 9 %-наах уксуус.

Икраҕа үрүҥ тэллэй, подберёзовик, подосиновик, шампиньон барсар. Хас да көрүҥ тэллэйи булкуйан астыахха эмиэ сөп. Тэллэйи сууйан, кыра гына бысталаан, 10-15 мүнүүтэ туустаах ууга буһар. Буспутун кэннэ сиидэлээ, сайҕаа, уутун сүүрт. Ол кэнниттэн улахан харахтаах мясорубкаҕа эрийтэр.

Луугу уонна моркуобу ыраастаан бытархай гына кырбаа. Түөркэни туттуохха эмиэ сөп. Ити кэнниттэн мас арыытыгар ыһаарылаан, тэллэйи кытта холбоо. Икраны туустаан баран, ордубут мас арыытын уонна биэрэһи кутан, булкуй. Ити маассаны 1,5-2 чаас устата мөлтөх уокка күпсүтэн буһар. Икра хаахтыйбатын курдук, кэмиттэн кэмигэр булкуй. Бэлэм икраны ыраас бааҥкаларга кутан, кытаанахтык хаппахтаа. Ол кэннэ сөрүүн сиргэ харай.

Тэллэйтэн солянка

grib solyanka

1 кг. буспут тэллэй.

0,5 кг. хаппыыста.

0,5 кг. помудуор.

0,5 кг. моркуоп.

300 г эриэппэ луук.

150 г мас арыыта.

2 улахан ньуоска 9 %-наах уксуус

Лавр сэбирдэҕэ, хара уонна сыттаах биэрэс.

Бу бүлүүдэҕэ маслёнок, подберёзовик, үрүҥ тэллэй барсаллар.

Тэллэйи ыраастаан, сууйан баран, бөдөҥ гына кырбаа уонна 10-15 мүнүүтэ устата туустаах ууга оргут. Оҕуруот аһын сууйан, уһун синньигэс, бытархай гына кырбаа. Луугу уонна моркуобу кыратык мас арыытыгар ыһаарылаан ыл. Онно кырбаммыт хаппыыстаны уонна помудуору, ордубут арыыны кут уонна 20-25 мүнүүтэ устата мөлтөх уокка күпсүтэн буһар. Бэлэм буолуо 3 мүнүүтэ иннинэ лавр сэбирдэҕин, биэрэһи уонна уксууһу кут. Булкуйан баран, өссө 5 мүнүүтэ бүскүтэн буһар. Бэлэм аһы ыраас бааҥкаларга кутан, кытаанахтык хаппахтаа уонна сойуор диэри таҥнары туруор.

Тэллэй бороһуога

grib poros

1 кг. тэллэй.

4 устуука гвоздика.

7 хара төгүрүк биэрэс .

0,5 кыра ньуоска бытарыйбыт кориандр.

1 устуука лавр сэбирдэҕэ.

Тэллэйи наардаа, ыраастаа, чараас гына бысталаа. Синньигэс быаҕа эбэтэр сапка тиһэн, билиитэттэн 50-60 см. үөһэ хас да күҥҥэ ыйаан туруор. Тэллэй үчүгэйдик хаттаҕына, билиэндэринэн бороһуок буолуор диэри бытарыт. Гвоздиканы, хара биэрэһи уонна лавр сэбирдэҕин мас иһиккэ мас лаппаакынан бытарытан, тэллэй бороһуогун кытта булаа. Бэлэм бороһуогу хараҥа, сөрүүн сиргэ уур. Мииҥҥэ, соуска тэллэй бороһуога сүрдээх үчүгэй амтаны биэриэҕэ.

Хатарыллыбыт тэллэй

grib sush

Үчүгэйдик хатарыллыбыт тэллэй түүнүгэ, сыта суох, чэпчэки, кураанах уонна киһи токурутар гына сөбүгэр сымнаҕас буолуохтаах. Хатарыыга анаммыт тэллэйи сууйуллубат. Быһаҕынан ыраастаа, кирдээх сирин ыраас губканан сотон ыл. Чараас гына бысталаа. Тэллэйи билиитэ үрдүгэр хатарар ордук. Онуоха сапка тиһэн, оһохтон 50-60 см. үөһэ ыйаа. Түргэнник хатарар туһуттан тэллэйи анал сиидэҕэ (эрэһээҥкигэ) ууран, духуопкаҕа эбэтэр микроволновай оһоххо 15-20 мүнүүтэ уган ыл. Аһара хатарыллыбыт тэллэй оһох иһигэр умайан тахсыан сөп. Оһохтон ороон баран, тэллэйи салгыы дьиэ сылааһыгар бэрт кылгастык туруора түс. Сойбутун кэнниттэн хордуон эбэтэр муос иһиккэ харай.

Тоҥоруллубут тэллэй

grib zamor

Тэллэйи ыраастаан, сууйан баран, кыра тэллэйи оннунан хааллар, улаханы кыра гына быс. Салгыы кыра ууга 1-1,5 чаас устата оргут. Бастаан утаа тэллэйтэн элбэх уу тахсан баран, устунан паар буолан, көтөр. Уу биллэрдик аҕыйаатаҕына, мас арыытын кутан, тэллэйи ыһаарылаан ылыахха сөп. Бэлэм тэллэйи сойутан баран, өлүү-өлүү салапаан бакыаттарга уурталаа. Тоҥоруллубут тэллэй эбии буһарыыга наадыйбат, дьүһүнүн да, амтанын да сүтэрбэт. Тэллэйи дириҥ иһиккэ уган, 180 кыраадыска диэри итийбит духуопкаҕа 1 чаас устата туруоран, кэлин аска туттарга табыгастаахтык дьаһайыахха эмиэ сөп.

 Оксана ЖИРКОВА бэлэмнээтэ.