Киир

Киир

Биһиги буорбут үксүгэр тураҥнаах (туустаах) буолан, үчүгэй буору дэбигис булар күчүмэҕэй. Үчүгэй буору хатыҥ эбэтэр долохоно (боярышник) үүнэр сириттэн хоруйан ылыахха сөп.

Быйаҥнаах бааһына буора эмиэ барар. Буору кырыстан бэлэмниир өссө ордук. Ону маннык оҥоһуллар: кырыһы саралаан ылан оттоох өттүнэн умсары ууран саһааннаан таһаарыллар. Түгэҕин төгүрүк гына уонна ууну тутар курдук хоруудалыы ууран таһаарыллар. Манна сайын ынах иигин уонна ууну кутан илитиллэр. Оччоҕо кырыс түргэнник сытыйар уонна хаачыстыбата тупсар.

Перегнойу (кунуһу) пиэрмэ эбэтэр былыргы өтөхтөр тастарыттан төһөнү баҕарар булуохха сөп.

Кырыһы уонна кунуһу эрдэттэн сиидэлээн, булкадаһык оҥорон бэлэмниир үчүгэй. Ол наадатыттан, кыра харахтаах тимир сиэккэни булан, араамалаан, сиидэ оҥоһуллар.

Тэпилииссэ эбэтэр парньыык тураҥнаах сиргэ тутуллар буоллаҕына, сир үрдүнэн полиэтилен пленканы тэлгэтиллэр уонна 20-25 см халыҥнаахтык мас хатырыгын, сүгэ олугун (мас сыыһын), бытархай тааһы. Кумаҕы тэлгэтиллэр. Ол кэнниттэн кырыс буорун (50-60%) уонна күҥкүйбүт ноһуому (40-50%) булкуйан 25 см халыҥнаахтык кутуллар.

Тэпилииссэ буорун долбуур (стеллаж) оҥорон онно кутар өссө ордук.

Тэпилииссэ буора минеральнай уоҕурдуулары элбэхтик киллэрииттэн уонна кутар уу туустаах буоллаҕына (биһиги күөллэрбит уулара туустаахтар) түргэнник тууһурар.  Ону уунан сайгыыр үчүгэй. Нуормата 1 кв м иэҥҥэ 150-400 л уу. Бу үлэни күһүн үүнээйини хомуйан баран оҥоһуллар.

Үүнээйи үүнэн турдаҕына буору сайҕыахха эмиэ сөп. Ону кутуу нуорматын улаатыннаран (1 кв м 30-40 л) ситиһиллэр. Оччоҕо туус ууну кытта суураллан тохтор. Туустаах уу сүүрэр ханаабатын уонна түһэр дьааматын эрдэттэн бэлэмнэнэр. Буору маннык сайҕааһын кэнниттэн үүнээйилэри эбии аһатыллар.

Оҕурсуну бүөбэйдээн үүннэрии

Тэпилииссэҕэ оҕурсуга анаммыт буору маннык бэлэмнииллэр: ноһуом кунуһун уонна кырыс буорун кутуллар, онуоха 25 %-ҥа диэри эрбии көөбүлүн, өрүс кумаҕын эптэххэ, буор састааба биллэрдик тупсар. Оҕурсу ноһуому сөбүлүүр култуура. Куорап түгэҕэр халыҥ соҕустук (10-15 см) сибиэһэй ноһуому тэлгэтиэххэ сөп. Оччоҕо ноһуом көөнньөн, буору сылытар уонна салгыны углекислотанан байытар. Ол үүнээйи олоҕор олус наада.

Арассааданы тэпилииссэ буора 10-15 см дириҥҥэ 12-15 кыраадыс сылыйдаҕына олордуллар. Салгын да, буор да тэмпэрэтиирэтин кээмэйдииргэ, оҕуруотчут термометрдаах буолара хайаан да наада.

Биһиги уопсай алҕаспыт оҕурсу отугар сөптөөх быһыыны биэрбэппитигэр сытар. Оҕурсу отун нэдиэлэ устатыгар бэрийбэтиҥ да, сигири курдук үүнэн хаалар. Аһа отугар баран, үчүгэй үүнүүнү биэрбэт. Сүрүн умнас сэбирдэхтэрин хоннохторуттан тахсар лабаалары сүрүн умнас ортотугар диэри иккис сэбирдэх үрдүнэн, оттон сүрүн умнас ортотуттан үөһэ тахсар лабаалары үһүс сэбирдэх үрдүнэн быһа тутуллар. Оҕурсу ото тэпилииссэ үрдүгэр тиийдэҕинэ, төбөтүн, умнаһы баайар боробулуоха үрдүнэн 3-4 сэбирдэҕи хаалларан баран, быһа тутуллар. Сорохтор умнас алларааҥҥы  1-4-с лабаалары тоноон, “сырдатан” биэрэри сүбэлииллэр. Манныгы үрдүк тэпилииссэлэргэ эрэ оҥоруохха сөп. Оҕурсуну маннык быһыылаан үүннэрдэххэ, 1 кв м сиртэн 10-15 кг үүнүүнү ылыллыахтаах.

Оҕурсу тыһы уонна атыыр сибэккилэрэ тус-туспа үөскүүллэр. Түргэнник ситэр суортар үнүгэстэрэ буортан тахсыаҕыттан 30-40 хонугунан, хойутаан ситээччилэр 50-60 хонугунан сибэккилэнэн бараллар. Маҥнай атыыр сибэккилэр тыллаллар, кинилэртэн тыһылара 5-7 хонук хойутаан тахсаллар. Аныгы суортар уонна гибридтэр тыһы сибэккилэрэ элбэх буолар уонна тэҥҥэ тахсаллар.

Тэпилииссэ тэмпэрэтиирэтэ ыраас күн 25-28 кыраадыс сылаас, былыттаах күн 20-22 кыраадыс, түүн 15-18 кыраадыс сылаастан түспэтэ уонна итинтэн үрдээбэтэ наада.

Тэпилииссэни бэнтилээссийэлээн эбэтэр сылытан ону ситиһиэххэ сөп. Оҕурсу курдары охсор салгыны сөбүлээбэт култуура. Оҕурсу сибэккилиэниэр диэри, ууну нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ кутуллар. Аһа үөскүүр кэмигэр уу кутуутун элбээтиннэриллэр. Ууну 4 үүнээйигэ биир лиэйкэни кутуллар. Уу тэмпэрэтиирэтэ 22-24 кыраадыс сылаас буолара үчүгэй. Тымныы ууттан оҕурсу силиһэ сытыйыан сөп. Ууну сарсыарда кутар ордук.

Ууну элбэхтик кутартан оҕурсу силиһэ сараланан сир үрдүгэр көстөн тахсар. Ону сайын устата 2-3 төгүл кунуһу (перегнойу) эрбии көөбүлүгэр булкуйан, эбэтэр кураанах сылгы сааҕын мээккэлээн 2-3 см халыҥ гына саба кутан биэрэллэр. Оҕурсу силиһин систиэмэтэ 20-30 см эрэ дириҥҥэ тарҕанан үүнэр. Алдьаммыт силис салгыы үүнэн чөлүгэр түспэт. Онон тэпилииссэ буорун көбүтэр буортулаах.

Куоппаһырдыыга наадыйар суортары олорпут буоллахха, атыыр (көрүнньүк) сибэккини быһа тардан ылан, сарбынньахтарын үргээн баран, тыһы сибэккигэ (болчуохтаах сибэкки) тиксиһиннэриллэр. Итинник 4-5 сибэккини куоппаһырдыахха сөп. Куоппаһырдыыны сымнаҕас киистэҕэ биһэн оҥоруохха эмиэ сөп.

Эбии аһатыыга улахан суолта бэриллиэхтээх. Үүнээйилэри уон хонукка биирдэ эбии аһатыллар.Сибиэһэй ноһуому буочукаҕа көөнньөрөн эбии аһатыы ордук туһалаах. Киниттэн салгыҥҥа элбэх углекислота көтөр, ону оҕурсу сэбирдэхтэринэн иҥэринэр. Эбии аһатыыга минеральнай уоҕурдуулар уопсай ыйааһыннара 10 лиитирэ ууга 70 г ордуо суохтаах. Итинник суурадаһына биир үүнээйигэ 0,5 л кутуллар.

Оҕурсу аһа, сүнньүнэн, түүн улаатар. Күнүс сэбирдэххэ үөскээбит пластическай эттиктэр түүн оҕурсу аһыгар түһэллэр. Оҕурсу эрдэ ситэр суортарын астара ото быгыаҕыттан 45-50 хонугунан үөскүүр. Оҕурсу аһын кыратыгар быһыллар. Оҕурсу төһө эрдэ быһыллар да, аһылык буолар суолтата соччонон үрдүк.

Оҕурсу аһа тоҕо саһаран өлөрүй?

Ол биричиинэтэ үксүгэр оҕурсу үүнэр усулуобуйатын кэһииттэн буолар. Наһаа хойуутук олордор, үүнээйини минеральнай аһылыгынан татымнык хааччыйар, ууну аһара элбэхтик, эбэтэр тымныы ууну кутар, тэпэлииссэ салгына наһаа сойор эбэтэр итийэр буоллаҕына, оҕурсу үөскэҕэ саһарар, устунан өлөр.

Помидору үүннэрии

Помидор ичигэскэ наадыйыытынан оҕурсуга маарынныыр. Тэмпэрэтиирэтэ 15 кыраадыс сылаастан намтаатаҕына – сибэккилэммэт, оттон 8-10 буоллаҕына үүнэрэ тохтуур. Ол эрээри помидор 26 кыраадыс сылаастан ордук итиини тулуйбат. Тэмпэрэтиирэ 32 кыраадыска тиийэ үрдээтэҕинэ, сибэккитин куоппаһа буһан хаалар. Хата, тымныыны олус тулуйар, 0,5 кыраадыс хаһыҥҥа туох да буолбат. Оҕурсу буор уонна салгын быстах да кэмҥэ курааннааһынын тулуйбат буоллаҕына, помидор салгын кураанаҕын сөбүлүүр. Салгын олус сииктээх буоллаҕына, “фитофтороз”, “стрик”, “бурая пятнистость” ыарыы дэлэйэр. Ону таһынан, салгын олус сииктээх буоллаҕына, куоппаһа тохтубат. Хара буор наһаа куурар буоллаҕына, “вершинная гниль” диэн ыарыыга ылларар. Өссө буорга кальций аҕыйаҕа, аммиачнай азот уонна хлористай калий элбэҕэ сылтах буолар. Помидор аһа хараардаҕына, кальций селитратынан (20 г 10 л ууга) нэдиэлэҕэ икки төгүл эбии аһатыахха наада (үүнээйигэ 1-2 л). Миэли ууга суурайан үүнээйигэ биирдии ыстакааны кутуохха эмиэ сөп. Тэпилииссэҕэ помидору эмиэ быаҕа баайан үүннэриллэр. Биир кв.м иэҥҥэ 6-8 үүнээйини олордуллар. Арассааданы олордорго урут үүммүтүнээҕэр 3-4 см тимирчи көмүллэр. Эппиппит курдук, помидор буор сииктээҕин, салгын кураанаҕын сөбүлүүр. Ол да иһин нэдиэлэҕэ 2-3 эрэ төгүл ууну кутуллар. Биир кв.м иэҥҥэ, үүнээйи төһө кыратыттан уонна улаханыттан көрөн, 5-20 л диэри ууну кутуохха сөп. Ууну кутаат, тэпилииссэ иһин үчүгэйдик салгылатыллар. Уопсайынан даҕаны күнүс тэпилииссэ аанын эбэтэр бордууһунатын аһаҕас хаалларар үчүгэй. Үрдүк үүнүүнү ылар туһугар 8-12 хонук буола-буола аммиачнай селитра, суперфосфат, хлористай калий суурадаһыннарынан эбии аһатыллар. Микро-уоҕурдуунан эбии аһатар эмиэ наадалаах.

Буорга сибиэһэй ноһуому уонна азоту элбэхтик куттахха, помидор ото наһаа силигилээн үүнэр. Оннук буолла да, аһа кыайан үүммэт. Онон помидору үүннэрэр сиргэ кунуһу кутар ордук. Нуормата – 1 кв. м иэҥҥэ 3-4 кг. Маны таһынан суперфосфаты элбэхтик кутуллуохтаах. Оччоҕо умнаһын үүнүүтэ мөлтүүр, аһа түргэнник сайдар.

Сайын устатыгар тэпилииссэ буорун 3-4 төгүл көбүтүллэр уонна кунуска эрбии көөбүлүн булкуйан 2-3 см халыҥнаахтык эбэн биэриллэр.

Помидору биир эбэтэр икки умнаһынан үүннэриллэр. Сэбирдэх хонноҕуттан үүнэр лабаалары нэдиэлэ аайы быһыллар. Маҥнайгы сибэкки киистэтин аннынааҕы хоннох лабааны үүннэрэн иккис умнас оҥоруохха сөп. Ол икки см. умнаһы туспа быанан баайыллар. Тэпилииссэҕэ үүннэриллэр помидорга 6-8 сибэккилээх киистэни хаалларыахха сөп. Онтон кэлин үөскүүр сибэккилэрин хоннохтооһун саҕана тононуллар. Кэлин умнастар төбөлөрүн бүтэһик сибэккилээх киистэ үрдүнэн быһа тутан салгыы үүнэллэрин тохтотуллар.

Көрүү-харайыы үлэтигэр өссө буору көбүтүү, үүнээйилэри көмөн биэрии уонна кунустаах буору табынатан сараламмыт силистэрин сабыы киирэллэр. Помидор сибэккитин үнүгэстэрэ туллан түһэллэрин биир төрүөтүнэн сырдык тиийбэтэ буолар. Сибэккилэммит арассааданы олортоххо, кини маҥнайгы сибэккитин үнүгэстэрэ тохтон түһэллэр. Ол түмүгэр помидор эрдэ сиппэт. Онон олордорго арассаада эдэрэ (40-50 хонуктааҕа) үчүгэй.

Помидор уга кырыйдаҕын аайы алларааҥҥы сэбирдэхтэрин маҥнайгы сибэккилээх киистэтигэр диэри тоноон иһиллиэхтээх. Ол үүнээйи сырдыкка тиксиитин тупсарар уонна ыарыы тарҕанарын утары дьаһал буолар.

Помидор аһын саҥардыы кытаран эрдэҕинэ хомуйуллар, оттон сотору сиэнэри үчүгэйдик кытардан да баран быһыахха сөп.

Н.С. Федоров “Тиэргэммит быйаҥа” кинигэтиттэн.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар