Сир ирдэҕинэ, тыа сиригэр күрүі-хаґаа оІоґуутун, ірімүінүн үлэтэ саҕаланыаҕа.
Күрүі тутааччылар номнуо сиэрдийэ, баҕана бэлэмнии сылдьар буолуохтаахтар. Оттон ханнык баҕарар күрүі-хаґаа дьаамата суох буолбат. Онон дьаама үүттүүр илии буурун оІоро үірэниэҕиІ.
Кіннірү илии буура үс сүрүн чаастан турар.
1) Шнек – сири үүттүүр буур түгэҕэ;
2) Сүнньэ;
3) Тутааҕа.
Ону оҥорор тэриллэр:
1) биир фазалаах сыбаарка;
2) тігүрүк кытаанах тимир лиис;
3) тимири үүттүүр (дрель), быґар тэрил (болгарка);
4) тимир турба.
Илии буура биир “шнектээх” буолуон эмиэ сіп. Биґиги аҕабыныын итинник буур оІорбуппут сайын устата бэркэ үлэлээбитэ. Биэс сүүсчэкэни ыарырҕаппакка үүттээбиппит.
“Шнек” сири хайытар тиистээх буолуохтаах (ойууну кір). Онтукатын 30 кыраадыс аллара иІнэри оІордоххо, ордук быґымтыа буолар.
“Шнек” түгэҕин ортотугар сытыы соҕус уґук оІороҕун. Онтуката олус уґун буолуо суохтаах. Буур туора-маары хамсаабат буоллаҕына сіп.
Бу ойууга кістір буур биир эрэ тутаахтаах. Биир тутаахтаах буурунан дириІ дьааманы үүттүүр ыарахан. Уґун киґи эрэ оннук үүттүін сіп. Тоҕо диэтэргин, биир “шнектээх” буур буорун бэйэІ илиигинэн хостоон таґаараҕын. Онон аллара соҕус иккис кылгас тутаах оІорор ордук. Оччоҕо 1,7-1,8 м. дириІІэ тиийэ үүттээн баран, иккис тутааҕыттан холкутук буорун тардан таґаарыахха сіп.
Ханнык баҕарар бэйэ оІоґуу илии буура сир кырсын сатаан алдьаппат. Онон үүттүіх иннинэ сир кырсын ылар ордук.
Илии буура күрдьэҕинэн хаґардааҕар үлэни быдан түргэтэтэр. Сатаан оІордоххо уонна туґана үірэннэххэ, ортотунан үс тігүл түргэтиэххэ сіп.
Бэлэмнээтэ Илья ОКОНЕШНИКОВ.