Киир

Киир

Хайа да киһиэхэ төрөөбүт дойдутун сирэ-уота, ото-маһа күндү уонна туһалаах. Киэҥ алаастардаах, нэлэмэн сыһыылардаах, өҥ хочолордоох, үрдүк хайалардаах Сахабыт сирин быттыгар-хонноҕор төһөлөөх от-мас эгэлгэтэ үүнэрэ буолуой?! Чурапчы улууһун дьахталларын сүбэтэ нэһилиэнньэҕэ бэйэ дойдутун отуттан чэй иһиини тэнитиигэ үлэни ыыппыта хас да сыл буолла. Тэрээһиннэргэ нэһилиэк аайы тэриллибит дьахталлар сүбэлэрин чилиэннэрэ чэй арааһын тардан, ыалдьыттары айах тутан көрсүүлэрэ үтүө үгэскэ кубулуйбут. Бу дьыала тэнийэн, ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ кэлии чэйинэн үлүһүйбэккэ, бэйэ сиригэр-уотугар үүммүт оту хомуйан хаһаанар, чэй оҥорон иһэрдэр буолбуттар.

Варвара Васильевна Макарова – Россельхозбаан Саха сиринээҕи салаатын Чурапчы улууһугар эбии офиһын салайааччыта, улуус дьахталларын сүбэтигэр 2001 сылтан үлэлээбитэ, билигин Чурапчы нэһилиэгин дьахталларын сүбэтин салайааччытынан киэҥ далааһыннаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Быыс буллар эрэ айылҕаҕа талаһар, сир аһыгар сылдьар кэмигэр от хомуйан араас ньыманан харайар, хаһаанар. Варвара Васильевна сүбэлэрэ хаһаайкаларга туһалаах буоларыгар саарбахтаабаппын.

– Ханнык баҕарар үүнээйи, эмтээх от хомуллар кэмнээх-кэрдиилээх. Мин от хомуйа тахсарбар хайаан даҕаны алаадьылаах сылдьабын. Чэйгэ, эмкэ анаан хомуйуом иннинэ айылҕабын аһатабын, көрдөһөбүн. Биһиги дьиэ кэргэн чэй иһиитин өрө тутабыт. Бу – эбэм Екатерина Семеновнаттан, ийэм Пелагея Федотовнаттан бэриллибит үгэспит. Киэһэ үлэ чааһын кэнниттэн ким баарынан мустан, үүттээх хойуу кучу чэйин иһэр саҕа үчүгэй суох. Оту хомуйуунан үлүһүйүөхпүттэн ыалдьыттарбын от чэйинэн күндүлүүбүн, дьүөгэлэрбэр, дьоммор-сэргэбэр бэлэхтиибин.  Дьон бастаан соһуйаллар, атыҥырыыллар, түмүгэр олус астынан, ырысыабын ылан тарҕаһаллар. Бэйэм төрөөбүт күммүн тэрилтэбэр минньигэһи кытта чуолаан бэйэбит дойдубутугар үүнэр от чэйинэн күндүлээбиппин үлэһиттэрим астына ахталлар.

ХАТЫРЫК. Муус устарга, хатырык тииттэн үчүгэйдик арахсар кэмигэр, тииттэн бэйэтэ түспүт хатырыктан ырааһын көрөн, анаан хомуйуллар. Тииттэн бэйэтиттэн хастаан ылбаккын. Хомуйбут хатырыкпытын итии ууга уган сымнатабыт, кыратык оргутан да ылыахха сөп. Хатырык туһата олус элбэх. Тиит маска кыһынын олус күүстээх эниэргийэ үөскүүр эбит. Биһиги өбүгэлэрбит төрүт былыргыттан хатырык туһатын билэллэрэ. Хатырык уутун тахсан киирэргэ ыарахаттары көрүстэххэ, сили хоҥуннарарга, ииктэтэр, хотуолатар эмп быһыытынан иһэллэрэ. Саха сирин тиитигэр пектин диэн сүрэх, куртах, простатит, тирии бааһыгар туттуллар эттик баара биллэр. Тропическай язваҕа, геморройга хатырыгы бэйэтин ууран туһаналлар эбит. Эмиэрикэ эмчиттэрэ тиит хатырыга иммунитеты бөҕөргөтөрүн эмиэ дакаастаан тураллар. Грыжаны эмтээһиҥҥэ, дьахтар ыйдааҕытын оннугар түһэрэргэ, ис-үөс ыарыыларыгар хатырык уута олус туһалааҕа биллэр. Онуоха хатырыгы бытарытан баран, биир улахан (остолобуой) ньуосканы 200 мл оргуйбут уунан саба кутаҕын. 5-6 чаас туруора түһэн баран, күҥҥэ үстэ-түөртэ биирдии ыстакаанынан 20-21 күн иһиэххэ сөп. Хатырык сытыйбыт уута оҕуруокка туттуларын туһунан хаһаайкалар эмиэ бэркэ билэллэр.

КУЧУ. Саха сиригэр олус дэлэйдик үүнэр, минньигэс амтаннаах, элбэх туһалаах эттиктээх. Кучуну от ыйын саҥатыттан хаһыҥ түһүөр диэри хомуйуохха сөп.  Сибэккилээн турар кэминээҕи сэбирдэҕэ ордук туһалаах. Хомуйаргар сэбирдэҕин үөһэттэн аллара диэки субуйан тардан ылаҕын, умнаһын алдьаппаккын, кыратык сибэккититтэн эбиэххэ сөп. Кучу сэбирдэҕиттэн чэйи бэлэмнээһин хас да  ньымата  баар. Маҥнайгыта, кучу сэбирдэхтэрин астанар кэмигэр хомуйаллар, куурдаллар, туттуох иннинэ илдьиритэллэр, оргутан, итиилии да, сойутан да, тымныы чэй да курдук иһэҕин.  Иккиһэ, сэбирдэҕи хомуйан аҕалан мясорубкаҕа эрийтэрэн эбэтэр кыра гына кырбаан баран, духуопкаҕа хатараҕын. Үсүһүнэн, кучу сэбирдэҕин бастакы хаһыҥ кэнниттэн күрэҥсийбитин кэннэ хомуйаллар. Бу – айылҕа бэйэтэ хатарбыт, ыраастаабыт буолан, кытай аатырбыт пуэр чэйиттэн туох да уратыта суох амтаннаах, туһалаах мааны чэй. Хагдарыйбыт кучу сэбирдэҕиттэн бэлэмнэммит чэй ордук минньигэс уонна үчүгэй сыттаах буолар. Сылааны аһарар, күүһү-уоҕу биэрэр, эти-сиини ыраастыыр, хаан эргиирин күүһүрдэр, хааны убатар, куртах, оһоҕос үлэтин тупсарар, утуйарга көмөлөһөр, инсульт, инфаркт ыарыылары уонна арыгыттан тутулуктаныыны бохсор. Онно тэҥэ тууйулла-хаайылла сылдьар туруккун суох оҥорор, уоскутар.

2 кыра (чаайынай) ньуоска сэбирдэххэ 600 мл оргуйбут ууну кутабыт. 10-15 мүнүүтэ хаппахтаан туруорабыт. Булкуйан баран, сойутан иһиэххэ сөп. Сибиэһэй сэбирдэхтэри 3-5 үрүт гына эмээллээх миискэҕэ уурабыт, хоско турбут кыраадыстаах ууну 10 см гына кутабыт уонна бытаан уокка тэптэрэбит. Ол кэннэ 10 мүнүүтэ туруора түһэн баран иһэбит. Өссө биир маннык ньыма үчүгэй. Сибиэһэйдии хомуллубут кучуну мясорубкаҕа эрийэбит уонна духуопкаҕа эргитэ сылдьан буһаран ылабыт. Маннык хараллыбыт чэй сыта-сымара, амтана да атын буолар. Үүттээн биэрдэххэ, өссө минньийэр.

ЗОПНИК (СИР ХОРТУОппуйА). Бу от бары чааһа эпиир арыылаах. Ииктэрин туппат буолбут дьоҥҥо олус туһалаах. Оттон сиэмэтэ импиэксийэни утары туттуллар. Зопник С, В2, Е, К битэмииннэрэ уонна каротина элбэх, микроэлэмиэннэрэ толору. От чэйин сүһүөх, куртах ыарыыларыгар иһэллэр.

СЫЛГЫ НЬУРГУ¤УНА. Бу от туһатын билим (наука) дакаастыы илик эрээри, норуот эмчиттэрэ олус элбэх туһалаах диэн бэлиэтииллэр. Тиис уонна төбө ыарыытын аһарарга, сили хоҥуннарарга, улахан сөтөлгө, быраҥхыыкка, трахеикка, бүөр үлэтин оннугар түһэриигэ, дыгдайбыты аһарыыга, истибэт, көрбөт дьоҥҥо, импотенцияҕа туһаныллар диэн суруйаллар.

О¡ОННЬОР ОТО (ВЕРОНИКА СЕДАЯ). Оҕонньор отун от ыйын 10 күнүгэр диэри хомуйабыт. Алаастарга, сыһыыларга, сылгы хааччахтарыгар баар буолааччы. Куртах, оһоҕос, сүрэх, быар, бүөр, күөмэй, сэллик, тирии ыарыыларыгар бу оту оргутан иһэн эмтэнэллэр эбит. Мин, сүрүннээн, тымныйыыга, бүөргэ, оҕолорум кыра эрдэхтэринэ диатезка туттар этим.

ХАТЫ¢  СЭБИРДЭ¡Э. Хатыҥ сэбирдэҕэ саҥа быган эрдэҕинэ, ыам ыйын бүтүүтэ,  бэс ыйын саҕаланыыта хомуйабыт. 15-20 устуука сэбирдэҕи ылан 200 кыраам ууга оргутабыт. Сиидэлээн ылан күҥҥэ үстэ 1-2 улахан ньуосканан иһэбит. Маннык утаҕы киһи иһигэр-үөһүгэр баар тэллэйдээх микробтары өлөртүүр сүдү күүстээҕин билинэллэр. Хатыҥ сэбирдэҕин уута бүөр, хабах, дьахтар ыарыыларыгар туһалыыр. Буоккаҕа суурадаһын оҥорон, чэйгэ хааппыланан кутан эмиэ иһиэххэ сөп. Хараҥа сиргэ ууран хатаран эмиэ туһанаҕын. Аҕыйах устууканы ханнык баҕарар чэйгэ кутан иһэҕин, бэйэтинэн ыстаан эмиэ сиэххэ сөп. Хатыҥ сэбирдэҕэ туһата баһаам.

МУТУКЧА. Ыам ыйыгар, мутукча саҥа тыллан, кэҕэ этэр кэмигэр, тиит мутукчатын хомуйабыт. Хомуллубут мутукчаны хараҥа сиргэ куурдабыт. Икки улахан ньуоска мутукчаҕа 1 лиитирэ оргуйбут ууну кутабыт. 45 мүнүүтэ устата туруора түһэн баран сиидэлиибит. Үс ый устата аһыах иннинэ иккилии ыстакааны күҥҥэ үстэ-түөртэ истэххэ, киһи олус чэпчиир, тымыры, бүөр хаанын олус үчүгэйдик ыраастыырын эмчиттэр этэллэр. Бу кууруһу ый устата сынньана түһэн баран эмиэ салгыахха сөп. Сорох дьон маннык эмтэнии кэнниттэн баттахтара хараарбытын, холестериннара аччаабытын, бүөр тааһа суураллыбытын билинэллэр. Маны таһынан эпилепсияҕа, энцефалопатияҕа, оннооҕор онкологияҕа туттарга сүбэлииллэр.

Хайа баҕарар киһи бэйэтигэр туох сөп түбэһэрин бэйэтэ быһаарар. Исписэлиистэртэн сүбэни ылара хайаан да наада. Сайынын кыһыҥҥыга хаһаанар куолу. Айылҕа барахсан оҕолоругар анаан тэлгээн, ыһан биэрэр күндү бэлэҕиттэн сомсон, тымныы кыһыны тумууну да билбэккэ атаараргытыгар, бэйэ отун-маһын чэй гынан иһэн доруобуйаҕытын тупсараргытыгар ыҥырабыт.

Оксана ЖИРКОВА.

Санааҕын суруй