Аны аҕыйах хонугунан саҥа үөрэх дьыла үүнүөҕэ. Билигин оскуолаҕа бэлэмнэнии үгэнэ. Дьокуускайга Хомсомуол болуоссатыгар үгэс буолбут "Оскуола баһаара" дьаарбаҥка тигинэччи үлэлии турар.
Быйыл оскуолаҕа саҥа киирэр үөрэнээччигэ ханнык үөрэх тээбириннэрэ наадаларый?
-
Рюкзак;
-
Оскуолаҕа кэтэр форма;
-
Уларыттар атах таҥаһа уонна ону таһар суумка;
-
Спортивнай форма уонна атах таҥаһа;
-
Канцелярия тээбириннэрэ.
Канцелярия тээбириннэрин испииһэгэр манныктар киирэллэр:
-
Диниэбинньик;
-
Тэтэрээттэри угар паапка;
-
Килиэккэ уонна линейкэ, первоклассник тэтэрээтэ;
-
Тэтэрээт уонна кинигэ хахтара;
-
Кинигэ уурар тирээбил (подставка для книг);
-
Пенал;
-
Күөх үөстээх уруучука;
-
боростуой харандаас;
-
Харандаас төбөлүүр;
-
Ластик;
-
15-20 см линейка.
Үлэ уонна уруһуй уруогар ирдэнэр тээбириннэр:
-
Альбом;
-
Өҥнөөх харандаас;
-
Акварель кырааската;
-
Киистэни сууйар бааҥка;
-
Уруһуйдуурга киистэ нобуора;
-
Өҥнөөх кумааҕы;
-
Хордуон;
-
Кыптыый;
-
Харандаас-килиэй
-
Пластилин.
Оҕо рюкзагын сөпкө талан ылар наада. Рюкзак оҕо тутарыгар табыгастаах буолуохтаах, тутарга чэпчэки уонна судургу, кээмэйэ оҕоҕо сөп буолуохтаах, оҕо уһунун кытары дьүөрэлэһиэхтээх, рюкзакка хараҥаҕа уокка тыгар бэлиэ баар буолуохтаах.
Рюкзак ыйааһына 700 гр. ыарыа суохтаах, күн аайы рюкзакка угуллар кинигэ, тэтэрээт уонна да атын наадалаах тэриллэр уопсай ыйааһыннара 1,5 кг улаатыа суохтаах. Рюкзак кээмэйигэр маннык ирдэбиллэр туһаныллаллар: уһуна — 300-360 мм, рюкзак сирэйин уһуна — 220-260 мм, кэтитэ — 60-100 мм, санныга сүгэр тутааҕын уһуна — 600-700 мм, оттон кэтитэ — 35-40 мм. Бу кээмэйдэртэн 30 мм элбэҕэ суох кээмэй туһаныллыан сөп.