Элизабет Сигал диэн уйулҕа үлэһитэ “олоххутун барытын былааннаан кэбиһимэҥ” диэн сүбэлиир. Кини этэринэн, “сарсын ону оҥоруом, биир ыйынан итини бүтэриэм, эһиилгэ диэри бу боппуруоһу быһаарыам...” диэн, күнү-дьылы барытын былаанныы сатыыр туох да үчүгэйэ суох.
Төһө да кыһаллыбытыҥ иһин син биир кыаллыбат дьыала элбэх. Онтон сылтаан, былаан туолбатаҕыттан киһи санаата самнар, бэйэтин мөлтөх, кыаҕа суох курдук сананар. Итини таһынан, олоҕун аһара былааннаан олорор киһи бэйэтин ситиһиититтэн үөрбэт, түргэн уонна сонун быһаарыныылары кыайан ылыммат, олохтон дуоһуйууну ылбат.