“Тонкости туризма” портал саайтыгар пуойаһынан айаннаан иһэн аһара кэпсээннээх-сэһэннээх дьон эрэйдиириттэн хайдах куотунар ньымалары кэпсииллэр.
Быһата, ханнык эрэ аргыстар “дууһаларын арыйа” сатаан арахпакка буулаабаттарын туһугар, пуойаска киирээт да тута кинигэ ааҕан, төлөпүөнү көрөн, муусуканы истэн эбэтэр утуйан хаалыллыахтаах. “Кэпсээннээх” дьон, үгэс курдук, тугунан эрэ чопчу дьарыктана олорор эбэтэр утуйбут дьону мэһэйдээбэттэр. Өссө биир барыйаан быһыытынан, “өскөтүн эйигин ким эрэ арахпаттыы “булбут” буоллаҕына, эн ол киһи кэпсээнин саҥата суох истээччи буолан олорума. Киһиҥ ол аайы өрө бара-бара кэпсиэҕэ. Маннык түгэҥҥэ эн кинини истибэккэ эрэ, бэйэҥ тохтообокко саҥаран бар. “Кэпсээннээх” дьон атын киһи кэпсээнин истэри сөбүлээбэт үгэстээхтэр. Онон, киһиҥ туран баран хаалыаҕа” диэн сүбэлээбиттэр.