Киир

Киир

От ыйын 16 күнүгэр Бүтүн аан дойдутааҕы Моҕой күнэ бэлиэтэнэр эбит. Оннооҕор моҕойдору үөрэтэр серпентология диэн бүтүн билим салаата баар. Моҕой (эриэн үөн) араас норуот култууратыгар ураты миэстэни ылар. Үгүстэргэ Аллараа дойдуну кытары сибээстээх, оттон атыттар таҥараҕа тэҥнээн, үҥэллэр-сүктэллэр. Моҕойу киһи эрэ барыта “чээн” диэбэт, үгүстэр эттэрэ тардар, куттаналлар. 
 
Бу туох туһалаах үөннэрий? Саха сиригэр моҕой ханна үөскүүрүй? Туох-хайдах олохтооҕуй? Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр киирбит моҕой туһунан биһиги РНА Сибиирдээҕи салаатын Криолитозона биология кыһалҕаларын институтун зоологическай чинчийии салаатын сүрүннүүр научнай үлэһититтэн, биология билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Е.Г. Шадринаттан кэпсииригэр көрдөстүбүт.
 
– Елена Георгиевна, эриэн үөн төһө араастааҕый?
– Билигин аан дойдуга 4 тыһ. тахса моҕой арааһа баар, Сир үрдүгэр киэҥник тарҕаммыттар, килиимэт усулуобуйатыттан араастара уонна ахсааннара уратылаһар. Арассыыйа үгүс эрэгийиэнигэр 1–4 көрүҥ арааһа баар, хоту диэки ахсааннара уонна араастара аччаан иһэр. Тоҕо диэтэххэ, моҕой этэ-сиинэ бастайааннай тэмпэрэтиирэни туппат: тулалыыр эйгэ тэмпэрэтиирэтин курдук буолар эбэтэр 1–2 кыраадыһынан үрдүк. Күн уотугар сыламнаан уонна быччыҥнара хамсаан тэмпэрэтиирэлэрэ үрдүүр. Намыһах тэмпэрэтиирэҕэ дөйүөрэн хаалаллар, кыһыннары оннук дөйөн, утуйан хаалаллар.
– Этэ-сиинэ туох уратылааҕый?
– Эриэн үөн кулгааҕа уонна кулгаах сарыыта (барабанная перепонка) суох, оттон хараҕа хамсыыры (киһи курдук ойууну көрөр буолбакка) кэтииргэ аналлаах. Ол оннугар эттэринэн-сииннэринэн бүтүннүү вибрацияны олус үчүгэйдик билэллэр, холобура, чугаһаан иһэр кыыл хамсыырын ыраахтан билэллэр. Аны туран, сыты үчүгэйдик ылаллар. Икки аҥыы барбыт тылынан салгыны, почваны эҕирийэллэр, уулууллар, амтаны кимнээҕэр үчүгэйдик араараллар. Оннук гынан чугас эргин ханна ас баарын эбэтэр киниэхэ куттал суоһуурун билэр. Муннун уонна хараҕын икки ардынан (төбөтүн икки өттүттэн) ичигэһи билэр уорганнаах. Онтунан кыыл (киһи) этин-сиинин “ичигэс” куонтурун “көрөр” уратылаах. Этэ-сиинэ хатырыктаах, онтуката олоҕун устатыгар уһуллар. Тириитин устарыгар куттала суох сиргэ саһан хаалар. Тириитин уһуларыгар тириитэ болоорхой уонна кураанах көрүҥнэнэр, хаҕыланар “эргэ” тириитин анныгар саҥа тирии үөскүүр, онто быдан дьэрэкээн өҥнөөх буолар. “Эргэ” тириитэ аҕыйах хонон баран, айаҕын диэкинэн бүтүннүү уһуллар, уһуларыгар чохуолтан тахсар курдук быһыыланар. Улахан үөннэр сылга биирдэ-иккитэ саҥа тириилэнэллэр, оттон эдэрдэр, улааталларын устатыгар сылга түөртэ уһулаллар. Дьон уһуллубут тириини булааччылар, сороҕор бүтүн тирии буолар, ону көрөн ханнык көрүҥүн судургутук быһаарыахха сөп.
– Туох туһалаах үөннэрий?
– Эриэн үөн айылҕаҕа, экосистемаҕа улахан оруоллаах. Мэдиссиинэҕэ моҕой дьаатын эми-тому оҥорорго күүскэ туһаналлар.
– Саха сиригэр моҕой хас арааһа баарый?
– Кэнники сылларга диэри Саха сиригэр биир көрүҥ – гадюка обыкновенная – эрэ баар диэн ааҕыллара. Гадюка – улахана суох моҕой, уһуна быһа холоон 70–80 см буолар, хоту эргин соҕуруулардааҕар быдан улахан буолар. Саха сирин гадюката бэйэтин көрүҥэр улахан ахсааныгар киирсэр. Гадюка ортотунан сонуур, улаатар, төбөтө үс муннуктуҥу, этиттэн төбөтө бу сылдьар диэн биллэрдик арахсар. Дьүһүнэ уларыйа сылдьар, сүрүн дьүһүнэ – сиэрэй, араҕастыҥы-кугас, хагдаҥ буолар, иһэ сиэрэй, сиэрэйдиҥи-кугас эбэтэр хара, сиһэ эриллэҕэс быһыылаах быдан хараҥа дьүһүннээх буолар. Сорох сиринэн меланист-гадюкалар (уруһуйа, эриэнэ көстүбэт хара өҥнөөхтөр) баар буолаллар. Ол эрээри Саха сиригэр итинник билиҥҥитэ көстө илик.
– Биһиги үөннэрбит кыһыҥҥы ууларыттан хаһан тиллэр эбиттэрий?
– Саха сирин гадюкалара соҕуруу дойду гадюкаларынааҕар көхтөөх олохторо быдан кыра, кыһыҥҥы уутуттан муус устар бүтүүтүгэр–ыам ыйын саҥатыгар уһуктар. Уһуктаат, 6–12 буолан бөлөҕүнэн көстөр сиргэ тахсан, күҥҥэ сыламнаан сыталлар (кыра куттал суоһаата да, сылбырыс гынан хаалаллар), оннук сыламныы түһэн баран, сайыны быһа олорор сирдэригэр көһөллөр. Үксүн күнүскү сылааска, сир сылаас эрдэҕинэ сыыллаллар. Сөҥүүлээх күн улаханнык хамсаабаттар, бүгэн сыталлар. Кыһыҥҥы ууларыттан уһугуннулар да, 3–4 нэдиэлэ буолан баран 15–20 күн иссиһэллэр, дьэ ити кэмҥэ бөлөхтөһөллөр, онноо­ҕор атыырдара охсуһан тураллар. Төрөөн-ууһаан баран тарҕаһаллар, наар соҕотохтуу сылдьаллар.
 
gaduka 1Гадюка обыкновенная. Ленскэй улууһа, Пилка үрэх хочото. А.Г. Ларионов хаартыската  

– Хайдах ууһуулларый?

– 3 ый устата хат сылдьаллар. Рептилиялар оҕолоро сымыыттан тахсар эбит буоллахтарына, гадюкаларга уонна атын көрүҥнэргэ “яйцеживорождение” диэн ууһууллар. Ол эбэтэр, тыһы гадюка дьэҥкирдиҥи сымыыт хаҕыгар төрөтөр, ону оҕолоро төбөлөрүнэн начаас алдьатан тахсаллар уонна саһаллар, сороҕор отой да ийэлэрин иһигэр тахсан, хаҕа суох төрүүллэр. Биирдэ төрүүрүгэр тыһы гадюка 6–12 оҕолонор, хас биирдиилэрэ 16 см курдук буолар. Олохторун бастакы 2–3 күннэригэр аан бастаан тириилэрин уһулаллар, ол кэнниттэн сыыллыбытынан, аһаабытынан бараллар. Гадюка оҕолоро хара төрүөхтэриттэн дьааттаахтар. Тыһы гадюка 54-55 см уһаатаҕына, төрүүр-ууһуур, оттон атыыра 45 см буолуоҕуттан ууһуурга бэлэм. Арассыыйа орто балаһатыгар гадюка ортотунан 11–12 сыл олорор, оттон Саха сиригэр чопчу биллибэт, арааһа, тыйыс айылҕабытыгар өлүү-сүтүү быдан үрдүк буолуохтаах, онон үйэлэрэ кылгас диэн сылыктыыбыт.
– Хайдах сиргэ олохсуйалларый?
– Быраабыла быһыытынан, гадюкалар үйэлэрин биир сиргэ (учаастакка) моҥууллар. Оннооҕор 60–100 м ырааппаттар, ол эрээри сааскы уонна күһүҥҥү миграция кэмигэр 2–5 км тиийэ сыыллаллар, оннооҕор күөллэри, үрэхтэри туорууллар. Гадюкалар соҕотоҕун эбэтэр бө­лөх­төһөн кыстыыллар. Биһиги билэрбитинэн, 200–300 гадюка бииргэ ыаллаһан кыһыҥҥыларын утуйбуттара. Өрүс биэрэгэр баар хайа быыһыгар, быраҕыллыбыт тутуу оҥкучахтарыгар 40 см саҕалаан 2 м тиийэ, кыстыыр сирдэрэ 2–4 кыраадыстан намыһаҕа суох сиргэ булан утуйаллар.
– Аһа-үөлэ тугуй?
– Биһиги гадюкабыт хонуу кутуйа­ҕын, кутуйахтары, күтэр бииһин, чэ­ҥэрикээни (землеройка) уонна чыычаахтары бултаан сиир. Маны таһынан күлгэрини, баҕаны булан аһылыктанар. Оҕо, эдэр гадюка үөнү-көйүүрү, чиэрбэни, моллюсканы булан аһыыр.
– Дьааттаах дуо? Киһиэхэ төһө кутталлааҕый?
– Гадюка барыта дьааттаах. Дьааттаах моҕойдор үөһээ сыҥаахтарын уҥуохтарыгар уһуктаах, кэннигэр иэҕиллибит дьааттаах тиистээхтэр. Ол тиистэригэр булуук курдуктаахтар (бороздка), онтунан сиэртибэтин ытырдаҕына, дьаата сүүрэр. Гадюка дьаатын көмүскэнээри буолбакка, бултаары таһаарар. Киһи чугаһаатаҕына, тыаһа суох саһа сатыыр, олох биирдэ эмэ саба түһэр, ол эрээри наһаа агрессиялаабат. Арай тута, өлөрө, сырса сатаатахха, дьирээлэһэн киирсэр, сорох ардыгар, холобур, киһи көрбөккө алҕас тэбистэҕинэ. Итинник түгэҥҥэ мөчөхтөнөн хаалар, төбөтүн өстөөҕүн диэки хайыһыннарар уонна эмискэ саба түһэр. Кыыһырбыт гадюка тыастаахтык сыыгыныыр, айаҕын атан саба түһэ сатыыр. Ол эрээри кинини тыыппатаххына, бэйэтэ сылбырыс гынан куотан хаалар. Аны туран, халлаан туругуттан көрөн, дьирээлэһэн киирсэр уонна ытырар. Холобур, күҥҥэ сыламнаабыт гадюка “бойобуой” турукка сылдьар, хамсаныыта-имсэниитэ имигэс, түргэн, оттон ардахтаах күҥҥэ бытаан, саба түһэ сатаабат, дөйбүт курдук.
Киһини ытырдаҕына, тириигэр икки туочука суолу хаалларар – дьааттаах тииһин суола; ардыгар ол икки туочука аттыгар икки биллэр-биллибэт туочука – дьаата суох тииһин суола хаалыан сөп.
Киһини ытырдаҕына, олус күүскэ ыарытыннарар, ол эрээри өлөрөрдүү буолбатах. Ытырбыт сиринэн иһэн тахсар, тэмпэрэтиирэлэтэр, сүрэҕиҥ эриллэр, аҕынньыҥ төллөр, төбөҥ ыалдьар. Дьаат дьайыыта эриэн үөн сааһыттан, төһө дьааты киллэрбититтэн, ытырбыт сириттэн, дириҥиттэн итиэннэ киһи физическэй уонна психическэй туругуттан, сааһыттан уонна доруобуйатыттан тутулуктаах. Ордук оҕолор уонна саастаах дьон итиэннэ аллергиялаахтар ыараханнык аһараллар.
– Моҕой ытырдаҕына, хайдах дьаһаныахтаахпыный?
– Хайаан да бырааска барыахтааххын, төһөнөн түргэнник да – соччонон үчүгэй. “Бастакы суһал көмө миэрэлэрэ” дэнэр быраабыла бу түгэҥҥэ сөп түбэспэтин болҕойуҥ. Ол курдук, ытырбыт сирин сиэтии, сотуу, дьааты оборон ылыы, жгуту ууруу туһалыахтааҕар – буортулуо. Маны таһынан сорохтор дьаакка арыгы үчүгэй дииллэрэ – сымыйа! Арыгы сүһүрдүүнү түргэтэтэр, интоксикацияны бытаардар. Ордук төбөҥ, моонньуҥ диэки ытырдаҕына кутталлаах – дьаат улахан тымыргар киирдэҕинэ. Этэн аһарбытым курдук, гадюка дьаатын эми оҥорууга киэҥник туһаныллар.
– Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр киирэ сылдьар. Ханан тарҕаммыттарый?
– Хоту сиргэ олохсуйбут гадюка ареала олус кэбирэх, уйан, ол иһин Кыһыл кинигэҕэ киирбитэ, ураты харыстанар үөн. Кыһыл кинигэҕэ киириэн иннинэ, олохтоохтор гадюканы аньыырҕаан, сырса сылдьан бултаһаллара. Гадюка биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Ленскэй уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар тарҕаммыт. Ол эрээри хоту эмиэ дөрүн-дөрүн көрөллөр, өрүһүнэн бараллар. ХХ үйэ ортотугар саамай хотугу булумньулар Өлүөнэ тардыытын 61°0 с.ш. (Хаҥалас Тиит Арыытыттан быһа холоон соҕуруу 30 км сиргэ) көстүбүттэрэ, маны таһынан саамай хотугу булумньу Бүлүү водохранилищетын хоту уһугар көстүбүтэ (63.°300 с.ш., 1976 сыллаахха ихтиолог, б.н.д Ф.Н. Кириллов булбута). Маны таһынан 2016 сыл сайыныгар орнитолог, биология билимин дуоктара А.П. Исаев Өлүөхүмэ улууһугар эспэдииссийэҕэ сылдьан Саха сирин фаунатыгар саҥа көрүҥү – “обыкновенный щитоморднигы” – булбута. Ити эриэн үөнү “Орто Дойду” зоопаркаҕа тиксэрбиттэрэ.
 

gaduka2Щитомордник обыкновенный төбөтө. М.Л. Яковлева хаартыската 

– Ити саҥа көрүҥ туох уратылааҕый?
– Щитомордник уонна гадюка улахан уратылара суох, майгыннаһаллара элбэх, эмиэ гадюкатыҥы дьиэ кэргэн бэрэстэбиитэлэ, төбөтө арыый улахан, дьааттаах. Щитомордник дьаата киһиэхэ быдан кутталлаах. Гадюка эриллэҕэс эбэтэр ромб курдук эриэннээх буоллаҕына, щитомордник киэнэ – туора сурааһын. Дьаата суох моҕой харахтарын иччитэ төгүрүк эбит буоллаҕына, гадюка уонна щитомордник киэнэ – туора.
– Гадюканы саҥа сирдэргэ тарҕанан эрэллэр дииллэр...
– Билигин гадюканы оннооҕор Дьокуускай таһыгар көрөллөр итиэннэ социальнай ситимнэргэ Нам улууһугар булбуттара тарҕаммыта. Ити булумньулар бары Өлүөнэ өрүс уу ылар сирдэрин кытары сибээстээхтэр. Баҕар, ити хотугу туһаайыытынан көстөллөрө килиимэт уларыйыытын кытары сибээстээх буолуон сөп, ол эрээри ити кэтирээһиҥҥэ кыстаабыттарын туһунан ханнык да дааннай суох. Хомойуох иһин, СӨ территориятыгар моҕойу көрүү туһунан иһитиннэрии быстах эрэ уонна ханнык да докумуоҥҥа бигэргэммэтэх. Онон нэһилиэнньэ учуонайдарга моҕойдор фауналарыгар көтүтүү баарын ситиһэллэригэр көмөлөһүөн сөп. Онуоха хайаан да чуолкайдык бары булумньуну докумуоннуохха наада: көстүбүт даататын, координаталарын, хайдах булбуккутун ыйаҕыт уонна биһиги институппутугар биллэрэҕит. Онуоха дьааттаах моҕойу көрсөргүтүгэр сэрэниэхтээххит: моҕойдор баар сирдэригэр сабыылаах, харыстыыр атах таҥаһын кэтиҥ, үөн киһи чугаһыырын билбэтин курдук хамсаныахха наада, тутумаҥ, сырсымаҥ, кыыллаамаҥ, моҕойдор иссэр кэмнэригэр үчүгэйдик итийэр, таастаах сиртэн дьалты туттуҥ, утуйарга бэлэмнэнэр уонна уһуктар кэмнэригэр хайа хаспахтарыттан, дьаамалартан, оҥхойдортон, быраҕыллыбыт оҥкучахтартан сэрэниҥ.
Дмитрий ИВАНОВ.

Бүтэһик сонуннар