Киир

Киир

   Григорий Данилович көхөҕө сонун ыйаабытыгар сиэбиттэн күөх хахтаах табаҕа түһэн кэллэ. Онтун бэрт эрэйинэн төҥкөйөн ылла уонна испиискэтин көрдөөтө. Кэтэспит санаабар, өр да өр букунаста. Сонун көхөттөн төттөрү арааран ылан сахсыйан көрдө. Испиискэтэ баар эбит, ханан эрэ тыаһыыр. Икки сиэбин олоччу тиэрбитин эрэ кэнниттэн иһинээҕи сиэбиттэн сүтүгэ көһүннэ.
 
   Кини алта уон алта сааһыгар чиҥник үктэммит сааһырбыт киһи. Кинини туох да мөккүөрэ суох быһаччы «оҕонньор» диэн ааттыыр баттыгастаах соҕус буолуох курдук. Син сэнэх дьүһүннээх. Григорий Данилович устуул ылан олордо уонна сыыйа табаҕын уматынна. Өйдөөн көрдөххө, кини хас биирдии хамсаныыта барыта лоп-бааччы, хас биирдии этэр тыла тиһэҕэр тиийэ толкуйдаммыт, туох да ордук хос хамсаныы, туһата суох туттуу-хаптыы суох эбит. Барыта орун оннугар, лип-лап курдук.  Инньэ гынан кинини «бытааҥҥын» диэн буруйдуур кыаҕыҥ суох.
   Киргиэлэй математика учуутала идэлээх. Биэнсийэҕэ барбыта ыраатта. Соторутааҕыта Дьокуускай профилакторийыгар эмтэнэн, сынньанан тахсан баран өрүскэ хаайтаран аймахтарыгар олорор, суол турдар эрэ Чурапчылыыбын диир. Кини табаҕын тардан бүтэрдэ, көхсүн этиттэ уонна кэпсээнин саҕалаата.
  «Киһи олоҕо туруору сурааһын дуу, сытыары дуу... Миэнэ, арааһа, сытыары быһыылаах. Биһиги урукку кэм кэнэн, боростуой дьоно оҥорбуппут-туппуппут барыта ис сүрэхтэн буолара. Бу кэлин балыыҥка дьон үйэтэ үөскээтэ. Кэм ирдэбилэ буолаахтаатаҕа. Олохпун иккистээн эргитэрим буоллар, атыннык тэриниэ-дьаһаныа эбиппин.
   Үөрэхпин бүтэрээт да нэһилиэкпэр учууталлыы барбытым. Дьонум сэрии кэнниттэн уһаабатахтара. Аймахтарбар иитиллэн улааппыт киһибин. Оччолорго тыа оскуолатыгар учуутал аанньа тиийбэт этэ. Мин таайым аахтыын дьукаахтаһан кыстыыр буоллум. Хаптаһын истиэнэлээх хоско остуол туруоран биэрбиттэригэр түүннэри уруокпун сурунабын, тэтэрээт бэрэбиэркэлиибин. Оскуолабытыгар сулумах эр киһи учуутал соҕотохпун. Миигин кытта кырдьаҕас, саха тылын учуутала Федор Лукич диэн киһи баар. Кэргэннээх, икки кыыстаах. Улахан кыыстара Лаанчык уон тоҕус саастаах, сиэстэрэ үөрэҕэр үөрэнэр. Дьэ, ол биир идэлээҕим Федор Лукич улахан кыыһын Лаанчыгы таптаан эрэйдэнним. Лаанчыгым миэхэ эрэ наадыйбат, килбигийбит, кыбыстыбыт курдук туттар. Кыһынын наар куоракка буолар, сайыҥҥы сынньалаҥар эрэ кэлэр. Биирдэ эмэ кэлбит сураҕын истэн дьиэтигэр аҕатыгар наадыйбыта буолан киирдэххэ, түгэх хоско түһэн хаалар.
   Ол курдук мучумааннанан биир сыл олордум. Онтон биһиэхэ, ити бука дьыл баччатыгар буолуо, Иркутскайтан Лариса диэн нуучча тылын учуутала кыыс биһиэхэ үлэлии кэлбитэ. Кини харахтарын аан маҥнай көрөн баран тоҕо эрэ испэр «бу мин киһим буолбатах» дии санаабытым. Лариса уурбут-туппут курдук уһун көнө уҥуохтаах, моҕотой курдук таһынан көрбүт хап-хара харахтаах, сырдык уһун баттахтаах. Сахалыы, биллэн турар, билбэт бөҕө буоллаҕа.
   Нуучча кыыһын биир эмээхсиҥҥэ олохтоотулар. Кыыс бастаан сахалыы өйдөөбөт буолан миигин тылбаасчыт оҥоһунна, уруоктар кэннилэриттэн оскуолаҕа хаалан эбии дьарыктанабыт. Кырдьык, оччолорго олохтоох нэһилиэнньэ нууччалыы букатын билбэт буолан сахалыы билбэт киһи учууталлыаҕынааҕар буолуох, олох да олороро эрэйдээх этэ. Мин Лаанчыкпын улам умна-тэмнэ быһыытыйдым. «Лучше синица в руке, чем журавль на небе» дииллэринии, Ларисаны ухаасыбайдаан бардым. Били уруок кэннинээҕи дьарыктарбыт аны атын дьарыкка кубулуйдулар... Лариса киэҥ сиргэ улааппыт буолан кэпсээнэ-ипсээнэ элбэх, билиитэ-көрүүтэ да таһыччы, таҥаһа-саба да оччотооҕу тыа сиригэр дьүөрэтэ суох мааны.
   Кыракый дэриэбинэҕэ сурах тарҕанара түргэн, аа-дьуо тэриниэх да дьону ол араас сурахтар кымньыылаан, түргэтэтэн биэрдилэр быһыылааҕа. Сааһыгар Ларисалыын холбостубут. Оччотооҕуга мааны саха дьоно нуучча дьахтарын кытта ыал буола сатыыр мөккүөрдээхтэрэ, муҥутуур ыра санаалаахтара эрээри, таайым ону соччо биһирээбэтэҕэ. Холбоспуппут кэннэ аҕыйах хоноот куораттан Лаанчык кэлбит сурахтааҕа, дьүөгэтигэр ытыы-ытыы «тоҕо көрө сылдьыбатаххыный, бүттэ. Мин аны хаһан да кэргэн тахсыам суоҕа» эҥин диэхтээбит этэ. Эһиилигэр Лариса кыыстанна. Мин испэр уолу кэтэһэ сатаабыт киһи онтон улаханнык хомойбуппун өйдүүбүн. Бэл, оччотооҕуга маҕаһыыҥҥа бэрт дэлэйдик атыыланар кыһыл арыгыны иһэн холуочуйан дьиэбэр тиийбиппин өйдүүбүн. Дьонум балыыһаттан тахсыбыттарын кэннэ биирдэ дьиэбэр Ларисам эрэйдээх ытыы сытарын таба тайанным. Киһим онно: «Билбэт сирбэр кэлэммин олус да соҕотохсуйдум. Эйигин үчүгэй киһи, саамай чугас доҕорум дии санааммын, акаарыбар, кэргэн тахсыбыт эбиппин. Эйигин таптаабат эбиппин. Оҕом улааттаҕына мантан барыахпыт. Эн эмиэ миигин таптаабатыҥ көстө сылдьар. Таах сибиэ, быстах үлүһүйүүнү итэҕэйэммит хайабыт да эрэйдэнииһибит...».
   Ити кэнниттэн олохпут өссө буорайбыта. Лариса сыһыана миэхэ тосту уларыйбыта. Көннөрү бииргэ эрэ олорор этибит. Билигин санаатахха, Лариса барахсан асчыта, үлэһитэ олус этэ. Төһө да тэйсэн хаалларбыт итии чэй, минньигэс ас, өтүүктэммит ыраас таҥас мэлдьи бэлэм буолара. Мин эдэрим бэрт буолан дуу, таптаабат дьахтарбын, кыайан ситэ өйдөспөт атын омугум дьахтарын ойох ыллым диэн дуу, Ларисаны хаһаайка быһыытынан сатаан сыаналаабатах эбиппин. Дьахтар таптаабаккын биллэр эрэ истиҥник сыһыаннаһара, атаахтатара уурайан, кыҥкыйдаан, барыны бары була сатаан хаппырыыстаан, тылга тииһэн, ньиэрбэҕэ оонньоон барар. Дьахтары таптаабат буоллуҥ да дьахтар буолан бүтэр, онон өрүү сыллыы-ууруу, атаахтата, кэмпилимиэн этэ сылдьыллыахтаах. Онто тиийбэтиттэн, өйдүүр киһитэ суоҕуттан муунтуйбут Лариса ытыырын-соҥуурун өйдөөбөккө мин, акаары: «сатаан олоруо суохпут, өссө биир сылы тулуйан баран, үөрэх дьыла бүттэҕинэ баҕаҥ хоту бараар», — диирим.
   Эһиилигэр, кырдьык-хордьук, Ларисам дойдулаата. Итинтэн сылтаан мин «учуутал киһи моральнай мөссүөнүгэр дьүөрэтэ суох» быһыым иһин мунньахха кытта сирэй-харах анньыллыбытым. Билигин санаатахха, муҥ саатар, оҕобун да аһымматах, санаабатах эбиппин.
   Ол кэнниттэн олоҕум барыта огдолуйда. Киһи баары сыаналаабакка гынан баран, онтун сүтэрдэҕинэ эрэ тугу сүтэрбитин тилэри тиэрдэн өйдүүр эбит. Дьоммун, оҕобун суохтаан иэдэйдим. Сотору Ларисаттан сурук кэллэ: «Гришенька привет. Дойдубун буллум. Манечка улаханнык ыалдьан баран үтүөрдэ. Кинини маама көрөр. Мин үлэлии киирдим, почтаҕа. Уонна тугу элбэҕи этиэхпиний, Саха сирин аһара үчүгэйдик саныыбын, ахтабын. Учууталларга эҕэрдэтэ тиэрт. Уонна бэйэҥ манна кэлэриҥ буоллар. Үлэни булуоҥ, маамам быраатын дьиэтигэр олоруохпут этэ. Түргэнник эппиэттээ. Баһаалыста эппиэттээ». Сурук ахтылҕаммын өссө күүһүртэ эрээри, тоҕо эрэ ол сурукка хоруйдаабатаҕым. Хаста да санаам оонньоон тугу барытын быраҕан сырсан бара сыһа-сыһа тохтоотум. Кыс ортото оскуолабын быраҕан ханна барыахпыный. Сайынын от-мас айдаана, оскуола өрөмүөнэ, оҕуруот көрүүтэ-истиитэ буолла. Сылы кыайбат бириэмэ ааспытын кэнниттэн эмиэ Ларисаттан олуттаҕас сахалыы сурук тигинээн кэллэ (дьиҥинэн, биһиги нууччалыы суруйсар үгэстээх этибит эрээри...): «Григорий дорообо! Это Лариса тебе пишет. Хайдах олороҕун? Я все поняла, кэтэһэн көрдүм. Мин замуж выхожу. Кэргэним Анатолий диэн, инженер-строитель. Кыыспыт ааспыт өрөбүлгэ үс саас буолла. Толяны папа диир. Үчүгэйдик олоробут. Эн  Лананы кэргэн ыл. Туох да куһаҕаны санаама. Биһиги дьоллоохпут. Манечка хаартыскатын ыытабын. Этэҥҥэ буол». Суругу ааҕан баран хайдах эрэ чэпчээбит курдук буоллум. Били салгыҥҥа ыйана сылдьыбыт инники былааннарым, мунаах дьылҕам быһаарыллыбытын, оннун булбутун курдук санаабытым. Ити кэннэ Ларисалыын билсибэтэҕим. Олох ааһан испитэ. Аны өтөрүнэн кэргэн ылар санаам суоҕа. Ол оннугар кыралаан гынан баран эрэллээхтик арыгыга убанан барбытым. Биирдэ улаханнык соһуллар итирик сылдьан атаҕым тарбахтарын уонна илиибин үлүтэн улуус киинигэр киллэрэн балыыһаҕа симтилэр. Онно аны Лаанчыкпын көрсө түстүм. Сиэстэрэлиир эбит. Миигин кытта айах атан кэпсэппэт. Улаатымсыйар курдук туттар. Уопсайынан да, төрүкү улахамсык кыыс диэн өйдөбүллээҕим. Мин диэки көрөн биирдэ бэһирбитэ, сылаас тылы эппитэ суоҕа. Лаанчык өссө да кэргэн тахсыбакка сылдьар этэ. Мин испэр киниттэн соччо кэпсэтии эрэйбэт этим эрээри, дьиҥинэн, таптыырым. Маны тэҥэ, олоҕор табыллыбатах, олоххо туох да сыала суох, тулаайах, эбиитин иһэр, кэргэниттэн арахсыбыт, бас билэр дьиэтэ-уота суох буолан бэйэбин сэнэнэрим. Онтон сылтаан кэпсэтиэх да киһини чугаһаппат быһыылааҕым. Үлүппүт бааһым үтүөрэн, «аны бу дойдуга үктэммэппин» диэн кириэс туруорунан балыыһаттан тахсыбытым. Быһата, Лаанчыкпыттан улаханнык кыбыстыбытым.
   Кэлин улуус киинигэр киирбитим. Кэлин атын үлэҕэ көспүтүм, Елена диэн икки оҕолоох огдообо дьахтары кытта олорбутум, оҕоломмотохпут. Елена доруобуйата уруккуттан аһаах буолан, холбоспуппут бэһис сылыгар бүөрэ ыалдьан өлбүтэ. Бэйэм оҕобуттан аккаастанан баран атын киһи оҕолорун илдьэ огдообо хаалбытым. Таҥара бэйэм оҕобуттан аккаастаммыт аньыыбын иэстэстэҕэ. Ити тухары биирдэ да Лаанчыкпын да көрсүбэтим, Ларисам да суруйбат.
   1984 сыл сааһыгар Дьокуускайтан тэлэгирээмэ тигинээн тиийбитин тиксэрдилэр: «Папа, срочно приезжай в Якутск, по делам приехала, послезавтра улетаю. Дочка. Мария Григорьевна». Мин иһиттим-истибэтим, ол киэһэ массыына булан Дьокуускайга кэллим. Кыыспын көрүстүм. Үүт-маас ийэтин курдук эбит. Лариса кэлин өссө икки оҕоломмут. Билигин оҕолоро бары үлэһит буолбуттар. Мин кыыһым, Манечкам, биһигини төрөппүттэрин батан, учуутал буолбут. Чиэски сытар сир оскуолаларын сайыннарыыга сыһыаннаах диссертация суруйа сылдьара. Билигин бэйэтэ түөрт уонуттан тахсыбыт дьахтар буолан олордоҕо. Сиэннэрбин күн бүгүнүгэр диэри көрө иликпин. Билигин миигин Еленам оҕолоро көрөн олороллор. Төһө да кырыйдарбын — үлэлиибин. Хаан уруу оҕолорум буолбатахтарын да иһин сүрэхпинэн-быарбынан таптыыбын. Кинилэр оҕолорун бэйэм сиэннэрим курдук саныыбын.
   Быйыл профилакторийга урукку тапталбын Лаананы кытта бииргэ сытан таҕыстыбыт. Эмээхсин билигин кэлэн хоргута-хомойо былаан «эн нуучча дьахтарын ойох ылаҥҥын алдьаммыппыт. Эн биһикки, дьиҥинэн, бииргэ буолуохтаах этибит» диир. Киһи да күлэр. Оттон били балыыһаҕа сыттахпына тоҕо эрийсибэтэххиний диэбиппэр, оҕолонон эн эрэ тускунан толкуйдуур кыаҕым суоҕа диир. Уонна кыбыстыбыт үһү. Хонууттан оҕоломмут диэҕэ диэн...
   Билигин санаан көрдөххө, олоҕум барыта бэйэм сыыһа-халты хамсаныыларбыттан тэмтэрийтэлии сылдьыбыт эбит. Мин хаһан да аакка-суолга, үпкэ-харчыга таласпатах сытыары сурааһын олохтоох киһибин. Хаһан да олохпун, дьылҕабын бэйэм оҥосто сатаабатаҕым. Таҥара, сэбиэскэй былаас, уопсастыба барытын бэйэтэ оҥорон биэрэрин күүппүтүм. Ол эбэтэр, бэйэм кыра ычам, сэмэй кыаҕым иһинэн муҥурдаммытым. Оттон эдэр оҕолор дьолгутун бэйэҕит оҥостоҕут, ким эрэ оҥорон биэрэрин күүтүмэҥ. Билигин саҥаттан саҕалыырым буоллар олоҕум туруору уонна уһун көнө сурааһын буолуо эбитэ ини...», — диэн Киргиэлэй  кэпсээнин түмүктээбитэ, көхсүн этитэн баран саҥата суох тугу эрэ ырааҕы толкуйдаан бүк түһэн олорбута.
 
Светлана ТИМОФЕЕВА.