Киир

Киир

   Хаардаах ардах түүнү быһа сэллээбэккэ түстэ. Эбиитин тоҥорон, улахан тэрилтэбит кирилиэһэ күлүккүн көрдөрүөхтүү килбэлдьигэс муус килиэ буолла.
 
   Бу  хонтуораҕа  көннөрү да күҥҥэ киирэриҥ-тахсарыҥ балайда уустуктардааҕа. Бүгүн олох да  улаҕатыгар уктубат уораҕайга кубулуйда. Дьиҥэр, манна кырдьаҕастар-кыамматтар кыһалҕаларын быһаарыахтаах  тойон-хотун күн аайы тиэстэр сирдэрэ. Үлэлиир тэрилтэлэригэр кэлбэккэлэр. Онтон ол кыһамньыга наадыйар дьоммут кинилэри кытта хайдах-ханна көрсөн кэпсэтэллэрэ биллибэт. Сатала суох үрдүк кирилиэс киһиргии килбэйэн торуоскалаах, кэлээскэлээх кэлээччини-барааччыны дэбигис киллэриэ суох кэриҥнээх. 
   Үөһэ, оруобуна аан айаҕар видеокамера ыйаабыттар. Ким киирэриттэн көҥөнөн иилбиттэрэ биллибэт. Кыраҕы хараҕа чугаһаабыты барытын сылайбакка устар. Устубутун киинэ курдук көрөн эрэ кэбиһэллэр. Үүт тураан олохторо уларыйбат. Аан аһаҕас да ааһарыҥ ыарахан.
     
   Харабыл уол ыгыста-ыгыста күлэрэ иһилиннэ...
   Ким эрэ киирэн иһэн түөрэ-лаҥкы түһэрин көрөргө көрүдьүөһэ сүр быһыылаах.
   Хайа эрэ кыаммат-түгэммэт эрэйдээх түөрт атах буолан тахса сатаата да кэтит кирилиэс иннин биэрбэтэ. Көлөттүгэс таҥаһа мэһэйдиир.
   — Тугу-тугу бүрүммүтүй ити эмээхсин, — күлэр салгыы уолбут.
   — Че, тугу-тугу? Конечно, из бабушкиного сундука, беспонтово да, но клевое кино, дьиҥнээх реалити-шоу! - аттыгар олорор табаарыһа тарбахтарын сараҥнатар.  
   Эмээхсин эрэйдээх олбуор аанын диэки баран эрэрин көрөн, хайалара да төннөрөөрү сүүрбэтэ. Күлэ-күлэ көмүс биһилэхтээх тарбахтарын ааҕына хааллылар. Хас кырдьаҕаһы сысыһан-сосуһан хал буоллахтара дии. Атын үлэлэрэ элбэх, биир эмээхсининэн итээбэттэр. «Наһаа наадыйбыт буоллаҕына төннөн кэлиэҕэ» — дэһистилэр. Туохха кыһарыйтаран, сарсыарда эрдэттэн кэлээхтээбитин кыһаллан ыйыталаһыах киһи көстүбэтэ. Эмээхсин кыһалҕалаах санааларын кимиэхэ да эппэккэ төннөөхтөөтө. Аны хаһан күүс мунньунан үнэн кэлээхтиир. Биллибэт. 
   Өссө төһө кэлээччи-барааччы үрдүк үктэллэри үөтэлээбэккэ бүдүрүйбүтүн ким билиэй. Сорох туруорутуттан куттанан чугаһаабакка туора хаамтаҕа.
   Кирилиэс – бу элбэх төттөрү-таары түһүү-тахсыы, эҥин-араас алтыһыы-арахсыы тутула. Ким эрэ дабайар аартыгын аана. Ким эрэ төннөр суолун айаҕа.
   Хас киһи санаатын ааҕа билэн кирилиэс үктэллэрэ килэбэчийэ сыттылар.
  
   Аны «киинэбит» атын хартыыҥканан солбулунна...
   Муру-муодунай кыыс кынтайан тахсан иһэрэ баара да, эмискэ мэлис гынна. Сибэккилээх сэлээппэтэ ыраах тэлээрэ турда. Харабыл уолаттартан биирдэһэ, сэлээппэни сырса, хап сабар таһырдьа ыстанна. Кыраһыабай кыыһы быыһыыр тоҕоостоох түгэн арааһа дэҥҥэ тосхойор бадахтаах. Эдэр-сэнэх сылдьан ким көмөҕө наадыйбыта баарай.
    
* * *
   Уйгууна Антоновна үлэтин күнэ сарсыардаттан сатаҕайдык саҕаланна.  Ыксаан толугурайан иһэн, мүччү туттан, соппуоскатын хобулугун туура тэбэн кэбистэ. Муҥар, олбуору сиппийээччи Соппуруон оҕонньор иннигэр тиэрэ нанайан олоро түстэ. Туга барыта доргуйда.
   Дьэ уонна саҕаламмата дуо! Кыраһыабай кыыс кырааскалаах уоһугар маннык кырыктаах тыллар хайдах батан симиллэ сылдьыбыттара буолла. Балачча баардаахтык хаһыытаан, ый-хай бөҕөнү түһэрдэ. Мөҥүттүү үөрэ кэмэ суох «көттө».
   Бу наадалаах тэрилтэ үлэтигэр-хамнаһыгар, килэйбит-халайбыт кирилиэһигэр кыра да кыттыгастаах барыта хаарылынна. «...Эмиэ неудачнай күн үүнэн эрэрэ... Кирилиэс ыраастаммакка страшно скользкай буолбута... Тойоно баҕайы тугу да кыайбат маразматигы зачем үлэҕэ ылбыта... Вообще бары даҕаны тустаах үлэлэрин кыайбат профнепригоднайдара... Аат оҕонньоро сыбыс-сымыйанан дворниктаан ый аайы довольно приличнай хамнас аахсара... Кирдээх үтүлүгүнэн тардыалаһан моднай сонун ужасно киртиппитэ... Оҕонньор сиэнэ кыыс ханна эрэ эмиэ тобук буолуохтааҕа... Илиитин-атаҕын жестко үлтү түһүөхтээҕэ... Дешевай соппуосканы ыарахан сыанаҕа атыылаабыт  атыыһыттар наглайдара... Халтурнай атах таҥаһын тикпит Италия тупой саппыкыһыттара, уопсайынан дурацкай кирилиэһи хайа идиот оҥорбута...» Уонна да атын кэккэ табаарыстар анараанан-бэтэрээнэн сырытталлар бары ахтылыннылар. Ааһа баран  үөҕүлүннүлэр диэххэ сөп.
    
* * *
   «Хата, маладьыаһыҥ төһө да нууччалаатар-сахалаатар — биирдэ да маатырылаабата ээ», — диэн Соппуруон оҕонньор үөрбүтэ-сөхпүтэ биллибэттик уоһун иһигэр ботугураата. Бу дьахтар оннугар кини сиэнэ кыыс охтубута буоллар, сурукка баппат мара тыллар  балачча дэлэйдик иһиллиэхтэрин санаан сонньуйда. Сахалыы олуттаҕастык саҥарар атаах сиэнэ бэлтэйбит сирэйин мырдыҥната олороро көстөн кэлэргэ дылы гынна. Сиэнэ төрөөбүт тыл сылаас тыынын анаарбакка улааппытыгар куоратымсыйбыт кыыһын буруйдуур. Устар ууну сомоҕолуур уус тыллааҕынан аатырыан аатырбыт удьуор хаарыан талаана салҕаммакка быстар дьылҕаламмыта саныахха ыарахан. Төһө да оҕо-уруу баһаамын иһин, төрөөбүт тылын билээччитэ аҕыйаҕа. Ону да «кэл-бар», «тур-олор» диэнинэн бүттэхпит. Тыл этигэнин туттубаттар, эгэлгэтин билбэттэр. Соппуруон бэйэтин эмиэ буруйданар. Кырдьаҕас дьонтон урут истэр сэһэннэрин сүөгэйин-сүмэтин онон-манан ыйдаҥардан, абына-табына эрэ өйдүүр. Сурукка кыайан киллэттэрбэккэ анараа дойдуга барар буоллаҕым диэн хомойоро кэмнээх буолуо дуо. Биирдэ эмэ ис-иһиттэн көнньүөрэн кэпсээн-ипсээн бардаҕына «амсайбыт» аатырар. Күтүөтэ «испэктээкилгэ оонньуу сылдьар артыыс курдук саҥараҕын» диэн күлүү-элэк оҥостор. Оҕонньор онтон кыыһыран садьыаланнаҕына, «смешной» аатырар. Буолан истэхпит. Уот иннигэр аргынньахтанан олорон, уһун түүнү быһа тохтообокко олоҥхолуур хомоҕой тыллаах оҕонньоттор бааллара диэни оҕо сылдьан ымсыыра истэрэ. Кини билигин бэйэтэ оҕонньор, аныгы үйэ оҕонньоро. Оннук олоҥхолуур дьол киниэхэ тиксибэтэҕэ. Олох  уларыйыыта хаарыйдаҕа.
   Соппуруон хараастыбыт санаалара бу кирилиэстэн быдан ыраах кыырайбыттара... Түптэ сыттаах сайылыгын санаппыттара... Эрчимнээх бэйэлээхтик эргийэ тэбинэр эдэр сааһыгар илдьэ турбуттара...   
   
* * * 
   «Түөһэйбит оҕонньор букатын туормастанна» дии санаата Уйгууна. Соппуруона кинини тардыалаһан көрөн баран олох атыҥҥа аралдьыйан далбааран хаалбыт. Манна көҥдөй көхсө эрэ турар быһыылаах. 
   Көмүс чөмчүүк курдук күндүтүк тутуллан, эр киһиэхэ өйөнүөхтээх баҕата  кыыс төбөтүгэр ыра санаа буолан аараан ааста. Бачча халтархай, тоҥот кэмҥэ тоҕо үрдүк хобулугунан сүүрэкэлээбитэй. Кимиэхэ киэргэнэн иэдэйдэ. Хамнас икки гыммыта  сыаналаах (дьиҥэр кэбирэх) соппуосканы хайаан да кэтиэхтээххин диэбэтэхтэрэ. Тоҕо уонна кырдьаҕас киһиэхэ хаһыытаата. Аһара ыксаан түҥ-таҥ түспүтүгэр оҕонньор туох да буруйа суох. Халы-мааргы кирилиэһи Соппуруон оҥорботоҕо.
   Чэ, итинник эҥин эридьиэстээбэт буолан биэрдэ биһиги кыыспыт. Санаата атыҥҥа. Сэлээппэбитин тиксэрбит харабыл уолбутугар тыл быһаҕаһа да анаммата. Мичээр оҕотун бэлэхтээбэтэ. Эбиитин кыыһырбыт омунугар, хаастара харсыһан кэрэ сирэйин күлүктээн кэбистилэр. Ылыахтаах аҕайдык туттан кынчас гынна, сэлээппэтин эһэ охсон ылла.
   Тоҕоостоох түгэн салгыыта суох түмүктэннэ.
      
   Эмискэ тойоннорун саҥа солбуйааччыта Сэмэн Сэмэнэбис хара «Хаммер» массыыната кирилиэс иннигэр бирилээн кэлэн, күнү-ыйы бүөлүү, күлтэс гына түстэ. Үктэллэри өрө сүүрэн тахсыахтыы күүскэ дьигиһийдэ. Оҕонньор муҥнаах көрдөҕүнэ кини сайылыгын самнайбыт  дьиэтиттэн уонунан ордук улахан күтүр. Хайа саҕа массыына, хайдах салаллан,  киһи илиитин истэрин бэркиһээтэ. 
   Уйгуунабыт тосту уларыйда. Били хобулук эрэ, туох эрэ. Барыта хаалла.
   Хаһыытаабыта-ыһыытаабыта, кыыһыран түрдэстибитэ ханна-ыы да суох. Хата кимнээҕэр күөх оту тосту үктээбэт сэмэй быһыынан оҕонньору эргийэ көттө. Кэдэйиэҕинэн кэдэйэн баран ааны сабан кэбистэ. Соһуччу уларыйыылары Соппуруон хаһан ырыҥалыар дылы кыыс ыраатта. Арай духуу минньигэс сыта, кыыс манан ааспытын туоһулаан, дыргыйа хаалла.  
   Сэмэн хаартан-муустан чаҕыйбат киһи буолан биэрдэ. Сыаналаах тирии бачыыҥката кыра халтараантан харгыстаммата. Сүүрүү-хаамыы быластаах дьулурҕа ойуунан кирилиэс үрдүгэр биирдэ баар буолла. Оҕонньордуун дорооболоһоот, бэрт эрчимнээхтик ааны тэлэйэ баттаан, тэрилтэтигэр киирэн хаалла.
   Кини эмиэ үлэтигэр өрүү эрдэ кэлэр. Саҥа үлэһит сонунугар уоҕуран үлэлиирэ дуу, урукку үлэтигэр эмиэ уохтааҕа дуу, биллибэт. Сураҕа улаханнык ааттаһан-көрдөһөн, үлэни-хамнаһы өрө таһаартара диэн биир сылга  дуогабардаһан ыҥырбыттар. Эдэр диэтэххэ, элбэх сиринэн тэлэһийэ сылдьан, ситиһиилээхтик үлэлээбит үтүө киһи үһү.
      
* * *  
   «Уу, Уйгууна барахсан эмиэ кини иннинэ кэлбит» духуу дыргыл сытын Сэмэн иҥсэлээхтик эҕирийбэхтээтэ. Абылаҥнаах да баҕайытык кычыгыланан киирэн хаанын хамнатар. Сир-сир эгэлгэтин кэрийдэ  ахан ини, саха кыыһыгар тэҥнэһэр кэрэни  көрсө илик. Туох айылаах уйаннык умсугутар, солбуллубат уратылааҕын чопчу быһаарбатар да, Уйгуунаны батыһан кини ханна баҕарар барыа этэ. Тугу да быраҕан туран, ким да кыһалҕатын аахсыбакка эрэ.
   Сарсыарда аайы кабинетыҥ аанын арыйааккын кытта, субу тырымныы олорор кыыс куону ким үөрэ көрбөт буолуой?! Сэмэн Сэмэнэбис эмиэ үөрэр. Ис-иһиттэн иэйэн мичээрдээбитинэн киирэр. «Бу барахсан тэрилтэ үлэтин кыайа туттаҕа» диэтэргит  — сыыстараҕыт. Таһаарыылаах үлэни тырымнас хара харахтаах Уйгууна «мэһэйдиир». Чааскылаах подноһун күөрэччи тутан, толору буутун уҥа-хаҥас хатыйа быраҕан имиллэҥнээн киирдэҕинэ Сэмэн Сэмэнэбис оҕонньоттор-эмээхситтэр тустарынан туура умнар. Итии күөх чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа кыыс хас хамсаныытын ааҕа манаһар. «Быакайбыт биилиттэн харбаан ылан уураан ылбыт киһи-и» диэн хорсун санаа арахпакка сордуур.
   Ити оргуйа олорор омуннаах бэйэкэтэ, докумуоннарыттан аат эрэ харата хараҕын арааран:
   — Уйгууна Антоновна, баһыыба, — диэн тоҥкурууннук махтаныа.
   Дьиҥинэн, чааскылары баҕастары хам кууһан ылан сыллыан-ууруон баҕарар. Сымнаҕас сирдэриттэн тутан-хабан күүстээхтик мөҕүһүннэриэн санаталыыр. Эдэр сулумах киһи дохсун-холуон санаалары киһитэ кини буолан тулуйар. Мөлтөх өттө мэнээк харбыалаһан сирэйгэ таһыллыбыта ыраатыа этэ.
   Бүгүн сарсыарда эмиэ тырымнас хара харахтар Сэмэни үөрэ көрсүөхтэрэ. Үлэни кытта үөрүү дьүөрэлэһиитэ чахчы баарын туоһулуохтара.  
 
* * *
  — Хайа, Уйгуунуш (иһигэр эрэ саныыр таптал аатынан соһуччу ааттаан кэбистэ) хайдах буоллуҥ? — долгуйан, көлөһүнэ сүүһүгэр бычыгыраан таҕыста, — ким атаҕастаата?! — Сибилигин өрө сүгүллэн тиийэн кими эрэ илгиэлээри гыммыттыы эргим-ургум көрдө. Онтон, атын аҕайдык уҕарыйа охсон, кыыс күөх баламах буолбут илиитин имэрийэ турда.
   Уйгууна уоскуйан, уол санныгар нуоҕайан хаалла. Итини эрэ күүппүттүү, Сэмэн кууһан ылан «чоп» гына уураан ылла. Кыыс кэрэ сирэйэ тэтэрэ кыыста. Харахтара чаҕылыстылар, уһун кыламаннара көтөн хаалыахтыы харса суох  сарыкынастылар. Ытыы олорбутун умнан кэбистэ.
   Үлтү түспүтүттэн ыарытыйан ытаабытын дуу, соппуоскатын харыһыйан хараастыбытын дуу билбэккэ хааллыбыт. Истиҥ санааларын итии долгуннара  Уйгууна барахсаны абалаах кирилиэстэн атын үрдэллэргэ үҥүлүтэ турдулар.
   Уураһыы, тохтоло суох уохтаах уураһыы  уоллаах-кыыһы үрдүк үктэллэри салгыы дабайарга угуйа ыҥырда...
   Сарсыныгар сатала суох  үрдүк кирилиэһи үрэйии уонна  саҥалыы оҥоруу ахсым тэтиминэн саҕаланна.
   Кырдьаҕас-кыаммат, кэлээскэлээх дьон сылдьарыгар кирилиэс сырыынньата, холкутук дабайыллара дьэ билиннэ.
   Айарга-тутарга төһүү күүс буолан Таптал барыны кыайар, иннибит диэки сирдиир.
 
Леди МУУС.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар