Киир

Киир

   Солоҥдо уһулуччу биһирэнэр күндү түүлээхтэргэ киирсибэтэр да, бу кыыл, сүрүннээн, Саха сирин киин улуустарынан бултанар. Кини кырпай кытархайдыҥы саһархай түүлээх. Инники атахтара кылгас буолан, сүүрэригэр кэлин атахтарынан сылбырҕайдык тирэнэн субурус гынан ааһар. Сайынын мас көҥкөлөйүгэр, хайа сыырдарынан, аҥхайдарынан үөскээн тэнийэр. Өрүс эҥээр эмиэ олохсуйар.
 
 
   Булчуттар бэлиэтииллэринэн, бу балыгымсах кыыл. Ол курдук, күһүнүн күөллэргэ, үрэхтэргэ чугаһаан, уу хаатыгар түспүтүн кэннэ оҥхойдорго, ардыгар тыыннарын былдьаһан уу оннугар олорон хаалбыт чалбахтарга чаламааттана сытар балыгынан аһылыктанар. Киис, кырынаас – тыа кыыллара, үксүгэр, этинэн, мас көтөрүнэн үссэнэр эбит буоллахтарына, солоҥдо, ону тэҥэ, уу ньалахатыгар киирэн балыктыырын сөбүлүүр. Булчуттар кыыл ити идэтин билэр буолан, уулаах сиргэ балыгынан, онтон тыаҕа көтөр этинэн мэҥиэлээн бултууллар.
   Солоҥдо үгүс төрүөхтээх, 12-лии оҕоҕо тиийэ төрүүр буолан, кыыдааннаах уһун кыһыҥҥа элбэх хасааһы уурунар кыһалҕаттан олохсуйар сир былдьасыһар. Кутталлаах түгэн тирээтэҕинэ уйатыттан тахсан, куотар-ааһар хорооннордоох. Хасааһын уурунар «ампаардарыгар»  түүннэри-күнүстэри тилигирэтэн бултаабыт кутуйахтарын, балыктарын, баҕаларын, чыычаахтарын соһон-сыһан аҕалан мунньунар идэлээх. Кыһынын күнүһүн эрэ бултуу тахсар. 
   Чысхаан тымныыттан туймааран, хамсыыр-харамай үксэ иһийэр. Ол гынан баран, халыҥ хаар барахсан кыылга-сүөлгэ, этэргэ дылы «суон дурда, халыҥ хахха» буоллаҕа. Солоҥдо бултуурга кыыла дьэ киирэр. Тыалтан-куустан күрэнэн, улар, сылаас халыҥ хаарга төбөтүнэн батары түһэн сынньанан утуйа сыттаҕына, адьырҕа солоҥдо эмискэ саба түһэр. Онтон куобаҕы атаҕынан сиппэтин, онно ситиһэр: хаарга иһийэн сытар табысхааҥҥа сыбдыйан тиийэн үрдүгэр хатана түһээт, сүнньүн уҥуоҕун дьөлө кирэн тыын тымырын быстаҕа оол!
   Омос көрдөххө кыракый эрээри, сүллэххэ быччыҥ да иҥиир диэн бултаабыт барыта кыыл күүһүттэн-уоҕуттан сөҕөллөр.
   Солоҥдо биллэр-көстөр өстөөхтөрүттэн ордук мэччиргэни, саһылы бэлиэтииллэр эрээри, кинини, сидьиҥ дьаар сыттааҕын иһин, сир кыыла буолбакка, арай суор эрэ сиир диэччилэр эмиэ бааллар. Ити эрээри «ыт сааҕа бииргэ эмтээх» диэбиккэ дылы, былыр, сахалар солоҥдо этин хатаран, үөлэн буһаран баран, кэлиигэ кэбэн, бурдук курдук үлтү мэлийэн хабарҕаһыт буолбут (сылгы сыстыганнаах ыарыыта) сылгы таныытыгар үрэн, эҥкилэ суох эмтииллэрэ үһү. Онтон, биһиги кэммитигэр, Сахалин диэки күтэри (крыса) суох гынаары оннооҕор, дьоппуон солоҥдото аҕалыллыбыт. Ити эрээри, «биирэ эрэ эмтээх» буоллаҕай, арба, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство эйгэтигэр, солоҥдо кутуругун түүтүттэн оҥоһуллар киистэ, аан дойду үрдүнэн аар-саарга аатыран, ордук сыаналанар. Оттон саха фольклоругар солоҥдо куһаҕан тыыннаах кыылга киирсэн, аллараа дойдуга үөргэ-сүлүккэ туттуллан, ойуун кыырыытыгар хоһуллар. Остуоруйаҕа, олоҥхоҕо да бу кыыл үтүөнэн ахтыллыбат.
 
Лина САБАРАЙКИНА.

Санааҕын суруй