Киир

Киир

   Бэркэ билэр дьоммор сүөгэй үрүҥ­нээх чэй иһэ олордохпуна, сиэп төлө­пүөнэ быыгыныы түстэ. Дьиэлээх ха­һаайка балачча кэпсэппэхтээн баран, оҕонньорун диэки көрөн олорон: «Дьэ, сүрдээх эбэ дии – ностальжилыы барыс диэтэҕэ үһү», – диэтэ. Мин истибэтэхпин истэн, ах баран олордум. Онуоха табаарыһым Баһылай арыый уоскуйа түһэн баран «көр, аныгы эбэлэр ити курдук адьынаттанан эрэллэр» диэт, ыстакаанын тэйиччи аста уонна кэпсээнин тардан кэбистэ:
 
 
   – Эбэм Ксения Яковлевна Саха сириттэн биир бастакынан дьоруой ийэ буолбута. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн. Мин оруобуна ол саҕана төрөөбүт буоламмын, кини үөрүүтүн өссө үрдэппиппин. Балтыбын Моруусаны кытта (билигин Мария Васильевна Николаева) эбэбитигэр олорбут сиэн буоламмыт, кини иитиитин-такайыытын иҥэринэн улааппыппыт. Биһиэхэ анаан остуоруйалыырын биллэр фольклорист Г.Е. Федоров сурунан ылара. Эбэм тө­рүттэрэ Бээкээн кинээс, дохсунунан, түргэн сырыылааҕынан аатырбыт хос эһэтэ Чохороон, тойон таайдара, Сунтаар кулубалара Өрөкүөр, Арыҥах тустарынан уулаах олорон сэһэргиирэ. Кэлин Георгий Евгеньевич эбэбиттэн суруйбут сэһэннэрин архыыбыттан булан бэчээттэппитим.
  Чаачахаан, Албын Суут, Тоҕус быраат Чорбойдор тустарынан остуоруйалары оҕо сылдьан ааҕан баран, эбэм хантан ылан кэпсиирин таайа сатыырым. Кэлин «Сааскы кэми» ааҕан баран, эбэбин Даарыйа эмээхсиҥҥэ майгынната саныырым. Эбэм уран тыл ууһа этэ. Биһиги мэниктээтэхпитинэ, өс хоһооннорунан күөйэ-хаайа этэн кэбиһэрэ. Онтон торуллан, саҥата суох барарбыт. Улахан да дьону сөп оҥороро.
   Эбэм кимиэхэ да иннин биэрбэт эмээхсин эбит. Маҥнайгы эрин сөбү­лээбэтин үрдүнэн дьоно, баайга ымсыыран, күүстэринэн бэргэһэлээбиттэр. Кыр­дьаҕас оҕонньоро эрдэ өлбүт. Онуоха дьонугар «сөбүлээбэт киһибэр эргэ биэрэ сылдьыбыккыт, билигин кимиэхэ эргэ тахсарбын бэйэм быһаарыам» диэбит. Инньэ гынан элбэх оҕолоох ыаллар уоллара Тоҥустуй Саабаҕа эргэ тахсан, элбэх оҕоломмут. Уопсайа уон алтата оҕоломмутуттан уон икки оҕотун киһи-хара гыммыт. Элбэх сүөһүнү ииттэн, быр бааччы олорбуттар. Эһэбит дьиэ үлэтигэр олус бүгүрүтэ эбитэ үһү. Бэл, чэйи бэйэтэ кутар үгэстээх этэ диэн кэпсииллэр. Эһэбит өлбүтүгэр Өлүөхүмэттэн анал таас таһаартаран мэҥэтигэр аатын-суолун ыйан туран уҥуоҕун эргиттэрбит.
   Ол саҕана улахан оҕолоро сүһүөх­тэригэр дьэ туран эрэллэр эбит. Отучча сүөһүлээҕин холкуоска холбообуттар. «Инньэ гынан сэрии сылларыгар быстара сыспыппыт» диирэ. Хата, иистээх буолан, кыра оҕолорун аас-туор сылларга иитэлээбит. «Бэйэм холкуоска киирбэтэҕим, биир да күн хара көлөһүммүн тохпотоҕум» диэн кэпсиирэ.
   Биирдэ дьиэ таһыгар баар буолаҕа оҕолоро ытаһалларын истэн тиийбитэ, оройуонтан тахсыбыт боломуочунай оҕо­лоро кутуйах хасааһын булан, дьиэлэригэр кэлэн истэхтэринэ, былдьаан ылбыт эбит. Онтон хомойон, оҕолоро ытаспыттар. Эбэм курдана сылдьар тирии быатынан боломуочунайы үлтү тутан кэбиспит. Киһитэ даамын биэрэн, атахха биллэрбит.
   Улахан кыргыттара холкуоска киирбиттэрин батыһан, «Коммунар» хол­куоска – Балык Хатарбыкка көһөн кэлбитэ. Этэрбэс тигэринэн, быа хатарынан хайа да дьахтар тэҥнэспэт этэ дииллэрэ. Иискэ-ууска кырдьыар диэри көрдөһөллөрө. Онтуларын аһынан-үөлүнэн аахсаллара. Онон даҕаны оҕо­лорун ииттэҕэ.
   Уон икки оҕоттон маҥнайгы уола Өлүөхүмэҕэ дуу, Бодойбоҕо дуу киирэн баран, таастыы сүтэн хаалбыт. Иккис кэргэниттэн икки улахан уолаттара Дьаакып-Самырда, Түмэппий сэриигэ барбыттара. Самырда сураҕа суох сүппүтэ, Тимэппий ыараханнык баа­һыран, дойдутугар кэлэн баран, ыалдьан өлбүтэ. Маарыйа, Марыына, мин ийэм Даарыйа, Аана, Өлөксей, Ньукулай, Бачыына сэрии сылларыгар холкуос ыар үлэтигэр түүннэри-күнүстэри үлэлээбиттэрэ. Сэмэннээх Бороскуой сэрии сылларын оҕолорун сиэринэн өҥүрүк куйааска бугул түгэҕэ харбааччынан, оҕус сиэтээччинэн сылдьаллара. Улахан убайдара Түмэппий «Германияны кыайыы иһин», оттон атыттар бары «Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Онон биир дьиэттэн уон киһи бырабыыталыстыба үрдүк наҕараадатын туппута. Арай эбэм эрэ ити наҕараадаҕа тиксибэтэҕэ.
   Кэлин эбэм оҕолоро улаатан, хол­куос төһүү үлэһитэ буолбуттара. Көлө­һүн күннэригэр дохуоту нотууранан аахсыыга хас да сыарҕа бурдук, эт, арыы, оҕуруот аһа тиэнэн баралларын көрөн, Дабыыт диэн холкуостаах оҕон­ньор: «Бу Саабаларга үлэлээн биэрэр эбиппит», – диэн саҥа аллайбыта уос номоҕо буолбута. Кырдьык, эбэм оҕолоро борбуйдарын кыанаат, холкуоска икки хараҥаны ыпсаран үлэлиил­лэрэ, көлөһүн күнүн хото аахсаллара.
Эбэм дьиэ ис-тас үлэтин хара кыр­дьыар диэри бэйэтэ дьаһайара. Бурдук тардыыта диэн хаһан да бүтэн биэрбэт үлэ эбэм үрдүнэн буолара. Сиэннэрэ көмөлөһө сатыырбыт да, кыайбат диэн кыһалҕа баара. Улахан дьиэ кэргэн күннээҕи аһын-үөлүн, таҥаһын-сабын дьаһайыахха диэтэххэ, чахчы, дьоруойдуу быһыы.
   Ол да иһин эбэм Өксүүнньэ «Дьоруой ийэ» үрдүк аатын ылбытынан дьо­һуннаахтык киэн туттара. Бырааһын­ньыкка, үөрүүлээх түгэҥҥэ дьоруойун мэтээлин мэлдьи кэтэрэ. Онто ыраахтан килэбэчийэн көстөрө. Билигин эбэм мэтээлин улахан уол сиэн буоламмын, үтүө өйдөбүнньүк гынан ууруна сылдьабын. Дьэ, бачча кэлбиччэ, аны Маарыйам кэпсээнин иһит, – диэн баран, Баһылайым ыстакааммын ылан чэйин куппутунан барда. Онуоха саас ыллар да, кэрэ дьүһүнүн ыһыкта илик кэргэнэ Маарыйа Сэмэнэбинэ өрөөбүт уоһа өһүлүннэ:
   – Аҕам Степанов Семен Петрович-Нөнөк Уола – Малдьаҕар нэһилиэгин бастакы сылгыһыта. Биир да кылаас үөрэҕэ суох, уонча сааһыттан төгүрүк тулаайах хаалбыт: ийэлээх аҕата уоспаҕа ыалдьан өлбүттэр. Уончалаах уол аймахтарын кэрийэн улааппыт. Кыайыгас-хотугас оҕону ким атарахсытыай, арай итэҕэһэ диэн – сатаан аахпата-суруйбата.
   Холкуоска сылгыһыттыы сылдьан 1941 с. балаҕан ыйыгар уоттаах сэриигэ ыҥырыллыбыта. Үөрэҕэ суох буолан, нууччалыы билбэтэ. Ол да буоллар кыайыгаһа бэрт буолан, киһи тэҥинэн сылдьыбыт. Бүлүмүөтүн сүгэн баран тоҥуу хаарынан сүүрэрин нууччалар сөҕө көрөллөрө үһү. Ол сэриилэһэ сылдьан, окумалын үлтү ыттаран, госпитальга киирбит уонна сыл кэриҥэ эмтэнэн, инбэлиит буолан дойдутугар 1943 с. «Хорсунун иһин» диэн мэтээллээх эргиллибит.
   Сэрииттэн кэлээт, холкуоска үлэ­лээн барбыт. Сылгы биригээдэтигэр Степан Васильев аатынан сопхуос тэриллиэр диэри үлэлээбитэ. Биирдэ ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Н.И. Прокопьев «аҕаҥ бастыҥ сылгыһыт этэ» диэбитин билигин да умнубаппын. Биллэр-көстөр салайааччы өйдүү сылдьарыттан испэр улаханнык үөрэ санаабытым.
   Кырдьык, аҕам мин киһини өйдүөх­пүттэн сылгыһыт этэ. Сэгэлийэ диэн чакыр аттааҕа. Кулгааҕа чөрөйөн, кынталлан аҕай турар буолара. Били, ырыаҕа ылланар үрүмэччи маҥан ат курдук. Ата даҕаны, бэйэтэ даҕаны сиртэн-буортан тэйбит курдуктара. Аттыын-бэйэлиин сырдаан, айылҕалыын алтыһан, дуоһуйан иһэрэ харахпар бу баар. Үлэтин сөбүлүүрэ бэрт буоллаҕа. Атыгар дэгэччи соҕус туттан олордоҕуна, өссө тупсан көстөрө. Биһиги сырсан ньороохтоһон иһэрбитин көрдөҕүнэ, ис-иһиттэн сырдаан кэлэрэ.
   Ат барахсан өйүн сөҕөрө, «кэпсэтиэн тыла эрэ суох» диирэ. Ону олус дьиктиргиирим. Аҕам кыһын түүлээх курумулаах, моонньугар моойторуктаах, кылгас таба саҥыйахтаах, бүтүннүү кырыа буолан киирэн кэлэрэ. Саас түнэ курумуланара, онто ып-ыраас, үп-үрүҥ буолара. Курумуларын тэбиир чуум­пурдааҕа. Онтун күүлэ үрдүгэр кыбытара. Дьиэҕэ киирдэ да курумутун суунар сир үрдүнэн тоһоҕоҕо ыйаан кэбиһэрэ.
   Уот Сиэбиккэ мөлтөөбүт кулуннары, биэлэри аҕалан эбии аһаталлара, отторо төһө баарын, хаһааҥҥа диэри хаптаралларын быһаарсаллара. Саас биэ төрүүрүн саҕана уочаратынан түүн­нэри кэтииллэрэ. Биэ кулуннаабатын диэн эрдэ аһаталлара, хаайаллара. Би­ригэдьиирдэрэ Прокопий Гаврильевич сарсыарда эрдэ киирэн, үлэлэрин бы­һаарсан ааһара.
   Оскуолаттан кэллэхпинэ, аҕам түүн дьуһуурустубалаан, утуйа сытар буолара. Ол иһин мэһэйдээмээри таһырдьа сылдьарым. Саас күн ылааҥытыгар дьиэҕэ олоруллуо дуо.
   Бэтэринээр Аппанаас билиилээх, үчүгэй майгылаах, туруу үлэһит этэ. Биэ эрэйдэннэҕинэ, ыарыйдаҕына, баран эмтиирэ. Сүбэ-ама биэрэрэ. Моҕул диэн атыырдарын кэпсэтэллэрэ. Оҕото төрөлкөй, күүстээх, сүүрүк буолуо диэн сылыктыыллара.
   Аны биир дьиктитэ, «сылгы сүүрэн куоттардаҕына, хомойон ытыыр» диэн кэпсэтэллэрэ. Сүүрдээччилэрэ Маҥан Ньукуу – Иванов Николай Степанович буолара. Ыһыахха Бэстээх сыһыытыгар сүүрдэллэрэ.
   Аҕам 1984 сыллаахха Орто туруу-бараан дойдутуттан букатыннаахтык ат­таммыта. Кистээбиппит сарсыныгар биир сылгы маска атыллыбытын тыынын салҕаабыттара уонна этин дьоҥҥо түҥэппиттэрэ. «Оо, Сэмэн ирээтин сылгыны илдьэ барда, чэ, оччо көлөһүнүн тохпута буолуо», – дэспиттэрин өйдөөн хаалбыппын. Ол аата аҕам барахсан сылгы хоолдьугалаах бардаҕа.
   Аҕам барахсан оҕо эрдэҕиттэн өлүөр диэри Дьөһөгөй оҕотугар сүгүрүйэн, көрөн-харайан, миинэр миҥэ оҥостон кэллэҕэ. Мин кырабар сонотуоруйга уһуннук эмтэммитим. Ону дойдубар атынан таһаарарын өйдүүбүн. Сыарҕаҕа кэлтэгэй отуу курдук балаакка иһигэр олорон, утуйан хааламмын, суол уһунун билбэт буоларым. Аттан кэлэр сыт-сымар миэхэ олус да күндүтэ, туох да омуна суох эттэххэ, сүрэхпин-быарбын көрбүтүнэн киирэрэ.
   Сылгыга чугаһаабатаҕым да иһин, ис туругум Дьөһөгөй оҕотугар – сылгы барахсаҥҥа – чугаһын көрдөрөрө буолуо. Тыаҕа бардахпына, ол да иһин аттыбыттан сылгы араҕааччыта суох.
   Аҕам үөлээннээхтэрин кытта П.А. Павлов-Буоччун, Н.Н. Максимов, П.Г. Васильев-Тэлбийээн буолан холкуос саҕаттан аатырар Мэгэдьэк сылгытын көрөн-истэн, бүөбэйдээн баччаҕа аҕаллахтара. Мэгэдьэк боруодата аан дойдуга биллэр буолла. Онуоха аҕам – чахчы, сылгы куттаах киһи – киллэрсибит кылаата баарыттан үөрэбин. Кинилэр, төһө да үрдүк наҕараадаҕа тиксибэтэхтэрин, олохтон эрдэ туораабыттарын иһин, сырдык ааттара, Мэгэдьэк сылгытын үөскэтиигэ киллэрсибит үтүөлэрэ-өҥөлөрө умнуллубатар ханнык, – диэн баран, хаһаайка үөһэ тыынан кэбиспитэ.
   Дьэ, ити курдук бэрт кыра да тү­гэнтэн табаарыһым аах төрүттэрэ үтүө­кэн дьон буолалларын биллим. Эбэн эттэххэ, Баһылайдаах Маарыйа оҕо­лоро  атахтарыгар турбуттара ыраатта: ким быраас, ким үп үлэһитэ, ким учуонай буолан, үлэ инники кирбиитигэр сылдьаллар.
 
Геннадий ГУРЬЕВ.

Бүтэһик сонуннар