Дойдубар Уус Алдаҥҥа милииссийэҕэ саҥа үлэлээн эрэбин. Үгэс курдук, сарсыардааҥҥы оперативнай мунньахха отделбыт начаалынньыга Сэмэн Көстөкүүнэбис дьуһуурунай субуокканы билиһиннэрэр. Онно 3-4 итирик уонна биир итирэн баран дьиэтигэр айдаарбыт киһини дьуһуурунайдар бытархай күлүгээнистибэҕэ боротокуол оҥорон хаайбыттар. Атын быһылаан тахсыбатах, нэһилиэктэргэ эмиэ чуумпу курдук.
Биһиги, холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ, ыстаарсайым Станислав Борокуоппайабыс уонна мин, субуокканы истэ олорон, сотору-сотору араас быһылааҥҥа түүннэри-күнүстэри сылдьан, кэһэйэн хаалан, испитигэр саҥа «һуу» диэн эрдэхпитинэ, дьуһуурунай көмөлөһөөччүтэ сержант Заровняев ойон киирэн «хирургияҕа саанан ытыллыбыт киһи бааһыран киирбит» диэн дакылааттаата. Саҕаланан эрэр саҥа күн былааннара алдьаннахтара ол. Олоруохпут дуо, тута оперативнай бөлөх тэриллэн, силиэдэбэтэл Сэмэн Мэхээлэйэбистиин сып-сап хомунан, отдел соҕотох «УАЗигар» симиллэн, балыыһаҕа тиийдибит.
Улуустааҕы киин балыыһа хирура, быһылааҥҥа ханна да куруук бииргэ сылдьыһар доҕорбут Мэхээлэ Бөтүрүөп күлэ-үөрэ тоһуйда уонна сааҕа дэҥнэнэн, биир буолбакка, икки киһи сытарын кэпсээтэ. Олортон биирдэһэ куобахтыы сылдьан алҕас дэҥнэммит, оттон иккиһэ, бүгүн киирбитэ, хайдах бааһырбытын кэпсээбэт үһү. Онон ол киһи «айаҕын атытар» буоллубут.
Арай Мэхээлэбитин батыһан балаатаҕа киирээппитин кытта, биир саас ортолоох эт лахса киһи «мин буолбатах, ол киһи ити сытар» диэн үрүт-үөһэ лэбэйдии тоһуйда. Биһиги бастаан ол киһини тугу этэрин өйдөөбөккө, быһаарарын истэ да барбакка, сордооҕу сонно саҕатыттан харбаан ылан, Мэхээлэбит хоһугар дэллэритэн илтибит. Онтубут Кынаачай Силэпсиэп диэн икки хонуктааҕыта Өлтөххө куобахтыы сылдьан сымнаҕас сиригэр алҕас доробуунаҕа таптарбыт киһи буолан таҕыста. Инньэ гынан Силэпсиэби ыытан баран, балаатаҕа төттөрү киирбиппит, иккис киһибит – Бороҕон олохтооҕо Киппирийээн Хаабыһап оронугар умса түһэн сытар эбит. Эмиэ «били сиригэр» 20-чэ доробуунаны хаппыт. Биһиги балаатаҕа баар дьону көрүдүөргэ таһаартаан баран, кэпсэтиибитин саҕалаатыбыт, быһылаан хайдах буолбутун сиһилии быһаардыбыт. Онтубут бэрт дьикти, көрүдьүөс түгэн буолан биэрдэ.
Балаҕан ыйа, дьахтар быттанар күнэ, ааспыта аҕыйах хонно, түүнүн им балай хараҥа, куобахха пааралааһын үгэннээн турар.
Биир үтүө киэһэ түөрт доҕордуулар (бороҕоннор) ГАЗ-53 массыынанан пааралыы барбыттар. Атастыылар бөһүөлэктэн тахсаат даҕаны, дьиэлэриттэн-уоттарыттан, ойохторуттан мүччү туттарбыт үөрүүлэригэр уонна халлаан лаппа хараҥарарын кэтэһэ таарыйа, олорон үссэнэ түспүттэр, сирдэрин-уоттарын аһаппыттар, бэйэлэрэ да амсайбыттар итиэннэ салгыы айаннаабыттар.
Биллэ настарыанньаламмыт, туохтан да толлубат буолбут дьон дэриэбинэ таһыгар «Бэтэринээр» сыырын түһээт, сааларын бэлэмнэнэн, тута уоттарын тыктаран киирэн барбыттар. Өр барбатахтар, чочумча буолаат, харахтара күрүөлээх от саҕатыгар туох эрэ туртайан көстөрүгэр хатаммыт. Онтулара эбиитин хамсаан киирэн барбыт, ону кытта холуочук дьон «оо, куобаа-аах!» дэһээт, ытыалаан баһырҕаппыттар.
Дьэ, доҕоор, саа тыаһаатын кытта били «куобахтара» ханна эрэ мэлис гынан хаалбыт, ону кытта «тохтооҥ, тохтооҥ, дьоммут эбээт!» диэн дьахтар кыланар, эр киһи хаһыытыыр саҥата алааһы ылан кэбиспит, паара уотугар ыстааннарын тардына сатыы-сатыы, от кэннигэр сыылар дьахтардаах эр киһи көстүбүттэр. Бу үлүгэр уоттаах-күөстээх, тыастаах-уустаах массыына чугаһыар диэри тугу гына сыппыттара буолла?
Үлүгэргэ түбэспит атастыылар омуннара-төлөннөрө, испит арыгылара тута дьайҕара охсор уонна «бабат!» дэһээт, аны бэйэлэрэ куотар аакка түһэллэр.
Бука, сааһыттар бэйэлэрэ тыл ыһыгыннахтара буолуо, сарсыныгар бөһүөлэккэ «куобахчыттар кэбиһиилээх окко «дьарыктана» сытар дьахтардаах эр киһини куобах оҥостон ытыалаабыттар, эр киһи эмэһэтэ бүттэтэ суох буолбут, дьахтар, хата, аллараа сытар буолан дэҥнэммэтэх» диэн сонун үллэҥнэс буолар. Дьон ким «куобах» буолбутун билээри, балыыһаҕа доруобунньук «итигэстэтэ» киирэр киһини кэтииллэр. Оттон оруобуна ол кэмҥэ, били, Кынаачый ытыллан киирэр уонна сонун ис хоһоонун ситэ өйдөөбөккө, «ээ, ол миигин кэпсииллэр» диэн дьоруойдуу туттар-хаптар, эбии кэпсээн үллэҥнэтэр. Ол эрээри кэмниэ кэнэҕэс дьон аһара күлсэн барбытыгар сааттаах дьыаланы ылыммытын өйдөөн, аны мэлдьэһэр, туоһуларын ааттаталыыр аатыгар барар.
Ол эрэ кэннэ дьэ дьиҥнээх «куобаҕы» балыыһаҕа киллэрэллэр. Онон туһанан Кынаачый балаатаҕа киирбит киһи аайы «ол киһи бу сытар» дии-дии ыйар буолар. Биһиги кэлиибитигэр эмиэ ону лэбэйдии сатаабыт эбит.
Оттон Хаабыһап эрэйдээх саатыттан нэһиилэ сытан, Кынаачый сордооҕу «ити киһини мантан киэр гыныҥ, атын балаатаҕа көһөрүҥ» диэн көрдөһөн туран, хайдах-туох буолбутун билинэн, сиһилии кэпсээн турардаах.
Дьэ, ити курдук биир күһүн Тойон Мүрү эбэккэбит халдьаайытыгар кимиэхэ эрэ көрүдьүөс, туһааннаах дьоҥҥо улахан кыбыстыылаах быһылаан тахсан турардаах.