Киир

Киир

   Олох аһыытын, ньулуунун билбит 90 саастаах ытык кырдьаҕас, Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан төрүттээх Мария Павловна Сивцеваны кытары билиһиннэрэбит.
 
   Кини бу кэпсэтиини долгуйан туран өр кэтэспит. Миигин «Кыым» кыыһа кэллэ» диэн үөрэ көрүстэ.
   Мария Павловна 11 оҕолоох холкуостаах ыалга күн сирин көрбүтэ. Ол кэмҥэ холкуос саҥа үөскээбитэ. Төрөппүттэрэ уон биир оҕоттон үһүн иитиэххэ биэрэн, сэттиэ буолан хаалбыттара...
 

Тулаайах оҕолор

 
   Аҕам барахсан ыарыһах этэ. Ол эрээри ыалдьан буолбакка, куһаҕаннык барбыта. Урут байыаннай нолуок диэни төлөтөллөрө. Аҕам ынаҕын өлөрөн, ол нолуогу төлүү куоракка киирэн баран, кыайан төннүбэтэҕэ. Быркыта суох сүтэн хаалбыта. Быһата, куоракка харчытын ылан «сиэбит» буолуохтаахтар. Аҕам үлэһит, сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, хонуу биригэдьиирэ, эппит-тыыммыт, актыбыыс бөҕө киһи үһү. Оччолорго кыра буоламмын, аҕабын үчүгэйдик өйдөөбөппүн. Кинини анаан-минээн сойуолаһан суох гыммыттара. Сэбиэскэй былаас саҕана баайдары кытары охсуспут этэ. Дьиҥэр, аҕабыт баарыгар 5-6 ынахтаах, син сэниэ ыал этибит. Кини суох буолбутун кэннэ аччыктааһын, ытаһыы-соҥоһуу, сэрии айдаана, өлүү-сүтүү саҕаламмыта. Биһигиттэн туох баар ынахпытын, «иэстээххит», диэн, былдьаан ылбыттара...
   Бииргэ төрөөбүт убайым Михаил Павлович уоттаах сэриигэ кыаҕа тиийбэккэ, ситэ кыттыбатаҕа. Аармыйаҕа тиийэн үөрэҕи ааһа сылдьан, сөтөл буолан, дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Төһө да күүскэ ыарыйдар, кыаҕа тиийэринэн биһиэхэ көмөлөһөн баран суох буолбута. Киниттэн балыс эдьиийим Варвара Павловна ЯФАШ (Якутская фельдшерско-акушерская школа) билиҥҥитэ, мэдиссиинэ колледжын, бүтэрэн Горнай улууһугар олохсуйбута. Өссө биир төрүөҕүттэн ыарыһах убайым олус дьикти устуоруйалаах. Ньукулай төрүүрүгэр ийэбит иһигэр үс сылы быһа сөҥө сылдьыбыта. Дьиибэ буолбат дуо? Ийэбит барахсан үс сыл төрөөбөккө хат буолбута. Ол Ньукулай улаата түһэн баран эмиэ уһаабакка өлбүтэ. Салгыы мин кэннибиттэн кэлэр кыра оҕобут сут дьылга хоргуйан өлбүтэ. Бэлиэтээтэххэ, сут кэмигэр ас-үөл суох кэмчи буолан, биир ынахтаахпыт атаҕын тоһутан өлөн хаалан, аччыктааһын, эрэй, сор-муҥ буолбута (тохтоон ылан, уоһун хам туттар, үөһэ тыынар)...
   Арай икки кыра дьоммут балтым уонна быраатым баччаҕа кэлэр быалара тардан, тыыннаах ордубуттара. Хаста даҕаны хоргуйан өлө сыспыттара. Билигин балтым Светлана Павловна Дорофеевтар диэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ, эбэтэ буолан дьоллоохтук олорор. Кэргэнэ «Чурапчы моржата» диэн хос ааттаах Афанасий Дорофеев, кыһыннары ойбоҥҥо сөтүөлүүр, чөл олоҕу уруйдуур ураты толкуйдаах, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр киһи. Саамай кыра быраатым Дмитрий Павлович – Арассыыйа үтүөлээх учуутала, олоҕун оҕо иитиитигэр анаабыт элбэх сыл оскуола дириэктэринэн үлэлээбит билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, киэн туттар киһибит. Мин Уйбаан диэн бырааппыныын эгил-тэгил саастаах буоламмыт, бииргэ улааппыппыт. Иван Павлович Чечебутов орто дойдуттан барбыта аҕыйах сыл буолла. Кини саамай тэҥҥэ улааппыт, бииргэ кыһалҕаны билбит киһим.
   Биһиги кыра эрдэхпититтэн олох аһыытын билэ улааппыт буоламмыт, үлэҕэ баҕалаах, сырдык олоххо тарды­һыылаах буола улааппыппыт. Ийэбит хорсун быһыытынан, үлэҕэ дьулуурунан киһи буолбут дьоллоохпут. Сааһын тухары дайааркалаабыт, пиэрмэҕэ күүстээх үлэҕэ сылдьыбыт хорсун дьахтар оҕолорун иитэн, дьон оҥортолоон уһун үйэлэнэн 95 сааһыгар диэри дьоллоохтук олорбута...
 

Уоттаах сэрии ыар сыллара

 
   Сэрии саҕаланарыгар Табаҕа сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэр этим. Арааһа, 5-с кылааска быһыылааҕа. Сайын үөрэх бүттэ да, ыһыыга тиийэн оҕус сиэтэрбитин, бурдук хомуйарбытын, илиинэн от мустаран үлэлиирбитин харахпар бу баардыы өйдүүбүн.
   Билигин даҕаны ол ыар сыллары курутуйа саныыбын. Сүрэхпэр оспот баас буолан, уоттаах сэрии сыллара сөҥөн хаалбыттар эбит. Оччолорго ыал барыта аһа суох олорбутун, эрэйи-муҥу көрбүтүн, эрэйдэммитин уйадыйа саныыбын... Арай үтүө санаалаах, көмөлөһөр кыахтаах аймахтарбыт баар буоланнар, биһиги тыыннаах ордубуппут. Пахыай, кинилэр суохтара буоллар, суолбут сойбута ыраатыа этэ...
   Таайбыт сэрииттэн оһоллонон кэлэн, кыра уолбутун – Миитэрэйи (билигин Чурапчыга олорор) ылан көрбүт-истибит, алдьархайтан быыһаабыт үтүөлээх. Онтон аҕабытынан аймахтарбыт Мэҥэ Хаҥалас Алтаныгар олорор Мачыытаптар уонна Суолаттан Тириипэнэптэр тулаайах хаалбыт оҕолорго бултаан-алтаан, аһатан-сиэтэн, таҥастаан-саптаан сүрдээҕин көмөлөспүттэрэ.
   Убайдарым ыарыһахтар, мин ийэбэр саамай чугас этим. Оччолого 6-с кылааска үөрэнэр кыыс Табаҕа арҕаа сытар алааһыттан кыһын томороон тымныыга Суолаттан бурдук соһон-сыһан тахсан, дьоммун аһатан, үөрүү-көтүү буоларбыт.
   Өссө муҥха буолар этэ. Оччоҕо туох баарбытын барытын таҥнан, оҥостон, муҥхалыы барар этибит. Биһигини үлэлэтэн, ийэ-хара көлөһүммүтүн тоҕон баран, «оҕолорго өлүү биэрбэппит» диэн үүрэн кэбиһэллэрэ. Дьэ, биһиги кыһыыбытыттан ытаһан-соҥоһон, дьиэбитигэр кэлэрбит. Ийэбит барахсан чугууҥҥа уу оргутан, күүтэн олороохтуур буолара. Мэлийэн кэллэхпитинэ, бары бииргэ ытаһабыт. Алааспыт чугаһыгар кучу диэн от, билиҥҥинэн «иван чай», үүнэрэ. Ийэбит ол оту үргэтэн, кыһыны быһа ону чэй оҥосторбут. Ас суох буолан, ууну-хаары иһэн баран, утуйан хаалар этибит. Сороххо син биэрэр этилэр. Хайдах муҥхалыыртан тутулуктааҕа. Бардам майгылаах дьон бааллара.
   Дьиҥэр, сэрии сылларыгар бородуукта каартата диэни биэрэллэрэ. Ол онно бурдук, саахар, кыра арыы эҥин сыыһа баар буолар. Оччолорго аһы-үөлү баһылыыр тойоттор-хотуттар Майаҕа бааллара. Кинилэр Табаҕа сэбиэтигэр бородуукта ыыталлара да, олор биһиэхэ тиксэрбэккэ, аспытын сиэн иһэллэр этэ. Онуоха эр санааны ылынан, Майаҕа бородуукта каартатын туруорса райсовекка сатыы тэптэрбиппин өйдүүбүн. Миэхэ ийэм олус эрэнэрэ, ол иһин кыра сааспыттан боччумнаах буола улааппытым. Оннооҕор оскуолаҕа көрүллэр биир куопсук итии хааһыны миискэҕэ кутан дьиэбэр илдьэ кэлэрим. Санаан көрүҥ ээ, аччык оҕо бэйэтин тулуурунан-дьулуурунан кыра быраатын туһугар хайдахтаах курдук кыһаллыбытын, турууласпытын... Онуоха ийэбит «эһиги, улахан дьон, оту-маһы сиэн сылдьыаххыт, кыра бырааккыт хоргуйан эрэр» диэн куруук этэрэ.
   Дьэ, райсовекка тиийбиппэр онно баар дьахталлар интэриэс бөҕө буолбуттара. Миигин биир саастаах киһи хоһугар сирдээн биэрбиттэрэ. Ол киһи «тоҕо кэллиҥ?» диэн токкоолоһуу бөҕө буолбута. Мин кыһалҕабын ыраас лиискэ ууран кэпсээн биэрбитим. Ол киһи дэлби соһуйан, «эһиги каартаҕыт бара турар» диэн хоруйдаабыта уонна лиискэ сурук суруйан биэрбитэ. Мин ол суругу тутан, Табаҕа сэбиэтигэр тиийэн биэрбитим эрэ кэннэ бородууктабытын ылбыппыт. Дьэ, ол курдук киһи киһини тыыннаахтыы сиир үлүгэрэ этэ. Эн аччыккар ким да кыһаллыбат, наадыйбат.
   Ити курдук, эрэйдээх-буруйдаах, ыарахан кэми ааспыппыт. Оо, сэрии бүппүтүн да кэннэ икки-үс сыл эрэйдэнэ түһэн баран, дьоллоох олоххо үктэммиппит (Мария Павловна долгуйара биллэр буолан, саҥата бара-бара иһиллэр).
 

Өрөгөйдөөх Кыайыы

 
   Кыайыы буоларыгар 17-лээх кыыс этим. Хата, тохтуу-тохтуу үөрэммит буоламмын, сэттис кылааска үөрэнэрим. Кыайыы буолбутун туһунан оскуола илиниэйкэтигэр эппиттэрэ. Бээ, ол иннинэ оскуолабытыгар үөрэнэр нуучча уола араадьыйанан истэн, кэпсээн-ипсээн бөҕө буолан көрсүбүтэ. Улахан маҕаһыыны тута кэлбит нууччалар оҕолоро биһигини кытары бииргэ үөрэммитэ. Дьэ, ол кэннэ учууталларбыт илиниэйкэҕэ эппиттэрэ. Арааһа, ол күн үөрүүбүтүттэн үөрэммэтэхпит быһыылааҕа (күлэр).
   Дьэ, доҕоор, оскуолабыт таһыгар баар үчүгэйкээн хонууга Кыайыы ыһыаҕын ыспыттара. Ол онно хаһан да оһуокай таһаарбатах, үйэтигэр ыллаабатах-туойбатах киһи оһуокайдаан саайбытым. Туох имнэнэн, оннук улуу оһуокайдьыт буолан хаалбыппын билигин да сатаан өйдөөбөппүн. Наһаа үөрбүтүм буолуо... Тугу көрбүппүн тута хоһуйан, сүрдээхтик турунан туран оһуокайдаабытым. Бииргэ паартаҕа олорор дьүөгэм, сэниэ ыаллар оҕолоро Вера, былаачыйатын уларсыбыта. Сэрии оҕолоро бэйэ икки ардыгар наһаа доҕордуу сыһыаннаах этибит. Дьүөгэлэрим миигин хонноро, аһата дьиэлэригэр илдьэ бараллара. Өссө оскуолаҕа эбиэттэригэр аһаабыт куобахтарын буутун, сымыыты кытары аҕалан күндүлүүллэрэ. Олохпор аан бастаан сымыыты онно боруобалаабытым.
 

Сэрии кэннинээҕи олох

 
   Майа оскуолатыгар 8 кылаас аһыллыбыта. Онно миигин интэринээккэ ылбыттара. Салгыы үөрэхпин тохтотон байаҥкамаакка массыныысканан үлэлии барбытым. Ол кэннэ икки сыл буолан баран киэһээҥҥи үөрэҕинэн 11-с кылааһы бүтэрбитим. Үлэлиир сылларбар оҕонньорбун көрсөн ыал буолбуппут. Онтон үс оҕобун төрөтөн, үлэлии сылдьан кэтэхтэн сибээс техникумугар үөрэнэ киирбитим. Почта сибээһин технигэ диэн идэни баһылаан, олоҕум тухары почта салаатыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбитим.
 

Оройуон тэбэр сүрэҕэ – почта

 
   Биһиги тэрилтэбит кэлэктиибигэр үксэ нууччалар үлэлээбиттэрэ. Бастаан-утаа кинилэри кытары кыайан кэпсэппэккэ, түҥ-таҥ дайбаһыы бөҕө буолбутум. Оттон син үөрэммитим. Урут почта өҥөтүнэн туһанар киһи ахсаана элбэх этэ. Хаһыаттары, суруктары, аккырыыккалары, о.д.а. дьоҥҥо атынан тиэрдэр этибит. Мин сааһым тухары каассаҕа олорбутум эрээри, тарҕатааччы үлэтэ хайдахтаах курдук ыараханын билэбин. Тарҕатааччыларга «бачча аккырыыкканы тарҕатыахтааххын» диэн сорудах биэрэллэрэ. Ол иһин куоталаһа-куоталаһа атыылаан сордоноллоро. Дьон, сүрүннээн, «Кыым», «Бэлэм буол» уонна улуустааҕы «Холкуос кырдьыга» хаһыаттары сөбүлээн ааҕара.
   Тус бэйэм, «Кыым» хаһыаты билигин да ааҕабын. Оҕонньорум барахсан 94 сааһыгар күрэммитэ. Кини эмиэ «Кыымы», успуорт хаһыаттарын сүрдээҕин сэргиирэ...
   Почтаҕа үлэлиир кэмнэрбэр, 1956 сыллаахтан, уопсастыбаннай үлэни өрө туппутум. Бастаан боропсойууска, онтон баартыйаҕа киирэн, хомуньуус буолбутум уонна 18 сыл сэкирэтээринэн үлэлээбитим. Онтон сааһыран да баран 80 сааспар диэри кырдьаҕастар түмсүүлэрин салайбытым. Онон үлэни өрө туппут, үлэттэн дьолломмут киһинэн ааҕынабын. Билигин уопсастыбаннаска болҕомто уурар буоллулар дии, урут сыһыан отой атын этэ. Куһаҕаннык үлэлээри гыннаххына, улаханнык сэмэлэнэриҥ, кириитикэлэнэриҥ.
 

Дьиэ кэргэн

 
   Кэргэммин Егор Павлович Сивцеви кытта 1950 сыллаахха ыал буолбуппут. Кини аармыйаттан кэлбит этэ. Уопсайа үс оҕолоохпут, онтон билигин биир кыыспыт баар. Уоллаах кыыс оҕолорум улаатан, үлэһит буолан баран хомолтолоохтук суох буолбуттара. Икки сиэннээхпин, биир хос сиэннээхпин. Сиэннэрим бары үөрэҕи баһылаан, этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Оҕонньорум соторутааҕыта күн сириттэн күрэммитэ. Олоҕум тухары биир киһини таптаан, тапсан, өр кэмҥэ бииргэ олорбуппуттан бэйэбин дьоллооҕунан ааҕынабын.
 

Ыччакка баҕа санаа

 
   Уһун үйэлэнии кистэлэҥэ үлэҕэ сытар. Хаһан да үлэттэн салгымаҥ, саллымаҥ! Төһө кыаххыт тиийэринэн үлэлии-хамсыы, айа-тута, сүүрэ-көтө сылдьыҥ! Оннооҕор мин, 90 саастаах киһи, хамсанарбын сөбүлүүбүн. Хас сарсыарда аайы сэрээккэнэн уһуктабын, чугас наадаҕа бородуукта атыылаһа кытары тахсыахпын сөп. Маны таһынан бэйэҕитин сайыннарарга дьулуһуҥ! Билигин саха кылаассык суруйааччыларын кэпсээннэрин бибилэтиэкэттэн уларсан ааҕарынан үлүһүйэ сылдьабын. Хас нэдиэлэ ахсын сибиэһэй сонуннаах хаһыаты ааҕан, өйбүн-санаабын сайыннарабын. Олохтон хаһан да сылайымаҥ, тулуурдаах-дьулуурдаах буолуҥ!
   Билигин улахан кыыспын кытары Дьо­куускайга олоробут. Түгэнинэн туһа­нан, биһигини көрөр-истэр, дьиэбитин-уоппутун сууйар, эмпитин-томпутун таһар, докумуоннарбытын хомуйсан сүүрэр-көтөр социальнай үлэһиппи­тигэр, көмөлө­һөөч­чүбүтүгэр, Галина Сме­та­нинаҕа, махталбытын тиэрдэбит!
 
Сэрии оҕотун кэпсээнин сурунна
Екатерина АФАНАСЬЕВА.