Сэтинньи бүтэһик күннэрэ. Мин күһүҥҥү уоппускам тобоҕо хаалбытын ылан, доҕорум Баһылай Сэмэкиэби-Бычаары кытта Өлөөн сиригэр кыыл табаҕа барсар буоллум.
Баһылайым Эдьигээн сопхуос каадырабай булчута. Оттон баччаларга улууска эт соҕотуопкатын хампаанньатын кэмэ буолан, сопхуос уонна райпо салалталара куораттан анал лиссиэнсийэ ылан, булчуттарын тэрийэн кыылга ыыталлар, бүтүн улуус сылы туоруур этин бэлэмнэтэллэр. Ол да иһин буолуо, эрдэттэн Ан-2 сөмөлүөтүнэн кыыл ханан иһэрин хайдаран баран, булчуттарын бөртөлүөтүнэн таһааран хас да сиргэ тоһуйтараллар.
Биһигини Өлөөн өрүһүгэр быраҕар буоллулар. Сопхуос охотоведа, бэркэ билсэр доҕорбут Миисэ Дьөгүөрэп салайан, биһигини биир сарсыарда «бурааммытын», бэнсииммитин тиэйэн, Ми-8 бөртөлүөтүнэн Өлөөн өрүс мууһугар сүөкээн кэбистилэр.
Балааккабытын өрүс уҥа кытылыгар, үрүйэ төрдүгэр, «Мак» диэн метеостанцияттан биэрэстэлээх сиргэ, туруордубут. Ол сиргэ биһиги эрэ иннибитинэ халыҥ үөрдээх кыыл таба кэлэн ааспыт суолун көрөн, киһим «кэннилэригэр түһэн хаалбыппыт, чэ, ол эрээри биһиги да өлүүбүт хаалла ини» диэн быһаарда.
Кэлэн олохпутун оҥостон, бэлэмнэнэн баран, бу дойду сонунун-нуомаһын истээри, кэһии кыбынан, метеостанцияҕа бардыбыт. Онно Новосибирскайтан сылдьар эдэр ыал баар эбит. Кинилэр кэпсииллэринэн, кэлиэхпит икки күн иннинэ өрүһү элбэх кыыл туораабыт үһү. Уол доруоп саалаах эбит даҕаны, сатаан бултаабат буолан ыппатах.
Дьоммутун кытта билсэн, ирэ-хоро кэпсэтэн баран Баһылайым итиччэ кыыл ааһа турдаҕына эт сиэбэккэ олороллорун билэн, уолу илдьэ уҥуор тахсан икки ороххо туһах иитэн кэллэ уонна «күн аайы көрөөрүҥ» диэн соруйда, ол кэннэ дьиэлээтибит. Ыалбыт олус үөрэн, букатын эт сиэбит курдук сананан хааллылар.
* * *
Сарсыарда сөпкө туран таһырдьа тахсыбыппыт туох да биллибэт. Арай балаакка иннигэр сыппыт ыппыт суох, ыҥыран көрдүбүт да кэлбэтэ.
Ити кэннэ балааккабытыгар киирэн аһаан баран, тахсан эмиэ ыппытын ыҥыран көрдүбүт да, мэлигир. Онтон Баһылайым тугу эрэ уорбалаан чугас эргин чуҥнаан көрдө уонна «пахай, ыппытын бөлүүн бөрө илдьэ барбыт» диэн быһаарда. Кырдьык, чугас эргин иккиэн сирийэн көрбүппүт, балаакка кэнниттэн кэлэн тутан барбыт. Дьиҥэр, ыппыт кырата суох, саха ытыгар бөдөҥ көрүҥнээҕэ эрээри, дьэ, бөрө обургу тутан барбыт. Дьиктитэ диэн, ыппыт тыаҕа сылдьа үөрүйэх этэ да, хайдах бөрө баарын билэн эрдэттэн үрээхтээбэтэҕэ, саатар, иччилэриттэн көмүскэл көрдөөн «ньук-ньах» диэхтээбэтэҕэ буолла. Итинтэн сылыктаатахха, бөрө диэн чахчы суостаах, кыайарын-хоторун биллэҕинэ, эрдэттэн сүр баттыыр айылгылаах, бэл, дьонтон толлубат харса суох, ыар, нүһэр кыыл быһыылаах.
* * *
Күнүһүн дьиэ таһыгар сылдьа түһэн баран, киэһэлик сири-дойдуну көрө таарыйа «бурааммытынан» үөһэ диэки бардыбыт. Мин саабын тутан кураанах сыарҕаҕа олорсон иһэбин. Киһим сотору-сотору тохтоон араас суолу-ииһи хайар. Онтон биир сиргэ хойуу үөрдээх кыыл ааспыт суолугар тохтоон, баҕар киириэ диэн олоро түстүбүт эрээри, халлаан хараҥарыар диэри туох да биллибэтэ. Инньэ гынан паарабытын холбоон, дьиэбитигэр тиийэ охсоору куугуначчы айаннаатыбыт.
Ол иһэн биир арыы баарын барарбытыгар хаҥас өттүнэн эргийбит буолан, бу сырыыга уҥа өттүнэн, туруору хайа тэллэҕинэн ааһан иһэммит, арай киһим эмискэ баҕайы «бураанын» туора тутан саайда. Мин нэһиилэ тутуһан хааллым. Оттон сыарҕабыт тыал хастаабыт килэгир мууһунан туоратынан айаннаан куугунатан иһэн, түргэн сүүрүккэ тоҥмокко устан будулуйа сытар сиикэй уу баарын диэки халтарытта. Ол икки ардыгар уу харааран-бороорон бу аҥас гынна, ону кытта «бураан» сыарҕатын «лик» гыннаран туора тардан ылла уонна бара түһээт тохтоото. Ити барыта чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр буолла. Онон өйдөөбөккө да хааллым.
Иэдээн буола сыста. Баһылайым хараҥаҕа сиикэй уу оргуйа сытарын адьас чугаһаан эрэ баран көрбүт уонна араас айаҥҥа эриллибит-мускуллубут эрэ буолан уолуйбакка быыһаммыппыт. Онон балааккабытыгар тиийэн уоскуйан, бэттэх кэлэн баран эһэкээммитин оттон аһаттыбыт, көрдөстүбүт-ааттастыбыт, махтанныбыт.
Сарсыарда туран дьоммутугар араассыйанан кыыл ааһан хаалбытын биллэрдибит. Охотовед Миисэ бэйэтэ да ону билэ олорор буолан, аны икки хонугунан кэлэн атын сиргэ көһөрүөх буолла. Онтон утаакы буолбакка, муус устун сэттэ кыыл биһигини көрбүтүнэн иһэллэрэ көһүннэ. Биһиги бэлэм буоллахпыт, онон сааларбытын ылан мин – мас кэннигэр, киһим «бураанын» күлүгэр түстэ. Табаларбыт ыксаабыттара сүрдээх, сиэлэр-хаамар икки ардынан сэгэлдьиһэн иһэллэр.
Өр гымматылар, отучча миэтэрэлээх сиргэ тиийэн кэллилэр. Онтон атыыр биэрэк кумаҕар үктэнээт, тугу эрэ билбит курдук хорос гынан тохтуу биэрдэ. Ол кэмҥэ Баһылайым ытыалаан куһурҕатта, кыылларбыт үрэл гынан туора-маара ойон иһэн, атыырдара умса хоруйда, мин куотан иһээччилэри кэннилэриттэн түһэртээтим. Ити бириэмэҕэ киһим бэлэм турар «бураанын» собуоттуу охсон кэннилэриттэн түһүстэ уонна уҥуор тахсан истэхтэринэ, биири хаалларда. Мин саабын иккиһин ииттэн, иһирдьэ мууска киирэн, биир тыһы өлбөккө турарын салҕаан кэбистим. Табаларбытын сүлэн, астаан кэбистибит.
* * *
Киэһэлик эт кэһиилээх саҥа доҕотторбутугар метеоҕа тиийбиппит кыыс бэйэтэ эрэ олорор эбит, эрэ били туһахтары көрө барбыт. Онон киниэхэ утары баран иһэммит, уолбут үөрбүт-көппүт сирэйдээх төттөрү иһэрин көрүстүбүт. «Поймал, поймал, живой!» дэтэлиир.
Тиийбиппит, кырдьык, биир тыһы кыыл саҥа иҥнибит быһыылаах: мөхсө аҕай турар. Ону тыынын салҕаан, астаан баран дьиэтигэр кэллибит. Дьоммут үөрүү бөҕөтө. Эр киһиэхэ – атыырбыт муоһун, дьахтарга этэрбэстэ тиктэрээр диэн тыстарын бэлэхтээтибит. Үөрүүлэрэ өссө үрдээтэ.
Аһыы олорон, саҥа нуучча доҕорбут былаанын кэпсээн күлсүү бөҕө буоллубут. Уолбут туһаҕын көрө барарыгар саатын ылбатах. Онон кыыла хаһан өлөн түһэрин кэтээн олоруохтааҕа үһү уонна өлбүтүн кэннэ кэлэн, кэргэнин ылан, кыылларын иккиэн салааскаҕа тиэйэн, дьиэлэригэр соһон киллэрэн астыахтаахтар эбитэ үһү. Биһиги ону «дьэ ыарахан, уһун соҕус бадьыыстаһыы буолуо эбит» дэһэ-дэһэ, быарбыт ыалдьыар диэри күллүбүт.
Ол курдук тото-хана аһаан, сынньанан баран, быраһаайдаһан, кэлин да билсиэх буолан араҕыстыбыт. Дьахтар киһи, өссө уйадыйан, хараҕыттан уу-хаар баһа хаалаахтаата. Сайыһымына даҕаны, бачча ыраах икки атах үктэммэт сиригэр олорор дьон.
Болдьоммут күн бөртөлүөт кэлэн, Баһылайбын атын биригээдэҕэ илтэ. Оттон мин ааппар тойоммуттан «кэлэ оҕустун» диэн илдьит кэлбит. Онон салгыы «ол аата эмиэ туох эрэ быһылаан таҕыстаҕа» диэн испэр саныы-саныы, бултаан бүтэн, милииссийэ хаһан да бүппэт үлэтин саба тутуох айылаах, Эдьигээнниир буоллум.
Захар Федоров,
Эдьигээн-Бэрдьигэстээх.