Киир

Киир

   Үөрэхпин бүтэрээт Горнай Аһыматыгар күтүөт буолан, ол сайын уоппускабытыгар Аһымаҕа күүлэйдии-сынньана кэлбиппит, дьон бары, ол иһигэр ойоҕум аҕата Хондураайы диэн сиргэ оттуу сылдьаллар эбит.Онон кэлээт, аймахпыт, эмиэ уоппускатыгар кэлэ сылдьар «Бэлэм буол» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Варвара Угарова суоппардаах ДТ-75 тыраахтарынан Хондураайылыыр буоллубут.
 
 
   Хондураайыга кэлбиппит, үүтээҥҥэ икки кыра уол – Саабалаах Тараас – бааллар. Аҕалара өтөххө от охсо барбыт, инньэ гынан ийэбит Евдокия Гаврильевна миигин, күтүөтүн, «аҕабытын бэйэҥ баран көрүс» диэн, онно бардым.
   Тиийбитим, кылыным отун охсон бүтэрэн баран аллараа кыра элгээн баарыгар кус ыта сылдьан, мин кэлбиппин көрөн, куругар хас да кустаах тахсан кэллэ, «эһиэхэ амсатаары кус ыта сылдьар дьүһүнүм» диэн күлэ-үөрэ эҕэрдэлээтэ. Ол быыһыгар төннөн иһэн «күүстээх охсооччу кэлбиккин, аны сирбитин начаас ньылбы сотуохпут» дэтэлээтэ. Ити киэһэ көрсүһүү үөрүүтүгэр үөлүллүбүт мунду, собо, сибиэһэй кус сиэн, өргө диэри кэпсэтэн баран утуйдубут.
 
* * *
   Дьонум Хондураайыга дьоҕус эрээри аарыма хатыҥнар быыстарыгар турар үчүгэй баҕайы үүтээннээхтэр эбит. Аны, үүтээнтэн чугас икки күөл икки ардынан кыһыннары тоҥмот сиэн ааһар. Онно туу уган мундулаан сииллэр. Эбиитин, эмиэ онно боробулуоха сиэккэ угулла сытарыгар, аҕабыт илимнээн ылбыт соболорун хаайан, наадыйдахтарына аһылыкка ылан сииллэр эбит.
   Кылыным Иннокентий Петрович Данилов бэйэтэ 1928 с. төрүөх. Дьоно урут Кэбээйи уонна Горнай быыһыгар Сүүнэ сиригэр, онтон бөдөҥсүтүү саҕана Хаахынайдааҕынан, Хатырыктааҕынан олорбуттар, кини бэйэтэ манна төрөөбүт. Хатырыктаах алын, ол кэннэ Бэрдьигэстээх сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбит уонна сэрии сылларыгар суотчуттар куурустарыгар үөрэнэн, хойукка диэри «Атамай» сопхуос буҕаалтырынан үлэлээбитэ.
   Иннокентий Петрович «атыыр хомуньуус», Ыстаалын бэриниилээх саллаата этэ. Дьон кэпсииринэн, биирдэ, бэл, ийэбит бэйэтин кэтэх отун киниэхэ эппэккэ эрэ билэр суоппарынан тиэйтэрбитигэр, «сопхуос массыынатын уоран туһаммыккын» диэн улаханнык мөхпүттээҕэ үһү. Дьыалатыгар оннук бэриниилээх, чиэһинэй, туруу үлэһит киһи этэ,
   Аҕабыт 11 оҕотун, чуолаан уолаттарын бэйэтин курдук хомуньуустуу иитэлээбитэ. Онон бары сэмэй, үлэҕэ-хамнаска кыайыгас-хотугас дьон буолан олороллор. Булт да албастарыгар элбэххэ уһуйбута. Бэйэтэ буоллаҕына, ийэбит кэпсииринэн, 5 саастааҕыттан бултуур эбит. Ол курдук, Сүүнэҕэ олорон биирдэ аҕата иитэн биэрбит хапхаанын күөл бадарааныгар киллэрэн бырахпытыгар хаас иҥнэн, айдаан бөҕө буолбуттаах. Бэйэтинээҕэр улахан тыыннаах хаас киниэхэ кыайтарыа дуо? Сүүрэн тоотоһуйан тиийбит «булчуту» кынатынан быһыта сынньан ыыттаҕа дии. Онтон ыһыы-хаһыы буолбутугар дьоно тиийэн абыраабыттар.
   Кылыным түүлээҕэр даҕаны баартаах эбит. «Хапхааныгар аахтара ылар» диэн кэпсииллэрэ. Дэлэҕэ кинини Албас Киэсэ диэхтэрэ дуо? Оттон тайах туһунан этэ да барыллыбат. Аны туран, үксүн ампаар дьиэ охсон, онно туһах иитэн, кырдьаҕаһы бултуур идэлээҕэ. Ол ампаардарын мин Хондураайы тыаларыгар сылдьан көрөр этим.
   Уолаттарыттан чуолаан үһүс уолун, Ганяны, кыратыттан батыһыннара сылдьан үөрэппит. Олох кыра киһини туһахха иҥнэн киҥэ-наара холлон хаһыыра олорор кырдьаҕаска киллэрэн ыттарар эбит. Ганя онтон үөрэнэн кэлин каадырабай булчут буолбута. Мин кинилиин Хондураайы сирин элбэхтик кэрийбитим.
* * *
   Сарсыныгар тыраахтардаах дьоммут төннөн, төрдүө буолан хааллыбыт. Мин икки кыра уолу кытта балааккаҕа утуйабын. Аҕабыт сарсыарда эрдэ туран 3 биэрэстэлээх Муостаах күөлүгэр илим көрөн кэлэр, балыгын били сиэккэтигэр ыытар.
   Бастакы икки күн өтөххө от оҕустубут. Мин бастаан утаа кылыммын кытта барсыах курдук буолан иһэн, хааллар-хаалан, кэлин тохтоон тыын ыларым улам элбээн барда. Эбиэккэ диэри нэһиилэ тиийэбин. Ону көрөн аһынна быһыылаах, «сөп буолуо, сынньан, хата кустаа» диэн, үөрүүнү кытта уолаттары батыһыннаран кустуу бардым.
   Онно алаас курдук көнө сир суох, элгээн кытыытынан дулҕаны кэһэ сылдьан кустуубут. Мин харса суох ытыалаан биири эмэ күөрэтэн түһэрдэхпинэ, уолаттарым тута аҕалан биэрэллэр. Ол эрээри сыыһарбын көрө-көрө кыра Сааба үөннээхтик мүчүҥнүүр, «байыаннай киһи эрээригин хайдах саанан сатаан ыппаккын. Оннооҕор биһиги аҕабыт хоһулатан икки куһу түһэрээччи» диир. Хайыахпыный, «бэстилиэтинэн үчүгэйдик ытабын» диэн куотуна сатыыбын.
   Ити курдук иһэн күөл баһыгар ким эрэ оту үлтү кэспитин, дэлби тэпсибитин көрөн дьон сылдьыбыт диэх курдук буолан истэхпинэ, уолаттарым «оо, эһэ» дии түстүлэр. Ону кытта мин иэним кэдэҥнээн ылла, «бардыбыт» диэт, тута отуулуур аартыгы былдьастым. Онуоха эмиэ Сааба бэрт үөннээхтик «кустаан бүттүбүт даа, эһэттэн куттанныҥ даа» дии-дии күллэ. Онон Хондураайыга хара маҥнайгыттан табыллыбатым. Сатаан ыппат, эбиитин куттас аатырдым.
   Отуубутугар кэлэн эһэ сылдьыбытын күүркэтэ соҕус кэпсээбиппин, аҕабыт улаханнык сэҥээрбэтэ. «Ити олохтоох киһи сылдьар. Кини эмиэ аһаары кустанан эрдэҕэ. Манна сыл аайы баар, хата, мин доҕор оҥостобун, ол иһин тыыппаппын» диэбитигэр уоскуйдум.
 
* * *
   Үһүс күммүтүгэр кэбиһэ бардыбыт. Мин бастаан онно баҕас сирдэрбэт инибин дии санаатым. Тоҕо диэтэххэ, оскуолаҕа сылдьан дойдубар икки сайын тыраахтар стогобуоһугар от кэбиһээччинэн сылдьыбытым. Дьэ ол гынан баран кэбиһии кэмигэр «сирэй бардым» ээ.
   Бастаан дулҕалаах баҕайы сиринэн бэйэм саҕа бугулу сүгэн күрүөҕэ илдьэбит. Онно бугулу кыайан сүкпэккэ эрэй бөҕөтүн көрдүм. Бугулу сүгүөхтээҕэр, дулҕа быыһынан сулумах даҕаны нэһиилэ сырыттым. Букатын иэдэйиэх киһини, хата, уолаттарым илин-кэлин түсүһэн, көмөлөһөн абыраатылар.
 
* * *
   Дьэ ити курдук саҥа күтүөт буолан аҕыйах хонукка аҕа кылыммын кытта оттоһон «абыраан» турардаахпын. Кэлин Хондураайы сиригэр ити уолаттарым улааппыттарын кэннэ бииргэ сылдьан элбэхтик бултаспытым. Билигин онно уолаттар улахан алаас саҕатыгар саҥа улахан, алаас өттүгэр балкуоннаах үүтээн-дьиэ туттубуттара.Ол балкуонтан күөлгэ, алааска туохбаарын көрө сылдьаҕын. Онно уолаттар саас аайы тахсан куска, андыга сыталлар, күһүн тайахха сылдьаллар.
   Аҕабыт барахсан 1990 с. бу күн сириттэн бараахтаабыта. Дьиҥинэн, кини ыалдьар диэни билбэккэ алта уонус хаарын уулларан баран, күһүн тыаҕа бултуу сылдьан халтарыйан эчэйбитэ уонна онтон сиэттэрэн өлөөхтөөбүтэ.
 
Захар Федоров,
Бэрдьигэстээх.

Санааҕын суруй