Киир

Киир

   Сааһыран истэх аайы төрөөбүт сиргэр-уоккар, билэр дьоҥҥор тардыһарыҥ соччонон күүһүрэн иһэр курдук буолар. Эдэргэр үлэ-хамнас, карьера, уоттаах-төлөннөөх таптал кынаттыыр эбит буоллаҕына, «олоҕуҥ орто омурҕана» кэлиитэ, онтуҥ сөҕүрүйэ быһыытыйар. Кэннигин хайыһан көрөрүҥ элбиир, олохпор тугу ситистим, кэнчээри ыччаппар тугу хааллардым диэн санаабыккын билбэккэ да хаалаҕын.
 

 

   Сорох (үксүгэр дьахтар аймах) сүрүн болҕомтотун оҕолоругар, сиэннэригэр туһаайар. Ол эрээри оҕолоро, сиэннэрэ ону туораттан тус олохторугар орооһуу курдук көрөллөрө биир муҥ. Биир курдук санаатахха, төрөппүт тыыннааҕын тухары оҕотун (баҕар, кырдьаҕас да буоллун) кыра дии саныыра ханна барыай.
   Эмээхсиним, эмиэ ол суолу тутуһан, миэхэ төрүт кыһаммат, хата, атахтарыгар бигэтик турбут кыргыттарыгар дьэ «үөһэ тэстэр». Өйө-санаата дьэҥкэччи дойду киин куораттарыгар – Москубаҕа, Санкт-Петербурга – олорор оҕолоругар хатыллан тахсар. Бачча сааһырыар диэри кыргыттарын да, күтүөттэрин да адьас быыкаа оҕолор курдук саныыр быһыылаах. Күн аайы бассаабынан дьаһал, ыйыы-кэрдии бөҕөтүн ыытар. Анарааҥҥылар ийэлэрин син тулуйар курдуктар: өһүргэнэн турбаттар биитэр «туох ааттаах орооһоҕун» диэбэттэр.
   Хата, мин, үлэлиир буолан, ол-бу быстах санааҕа ылларбаппын, кырдьыгынан эттэххэ, үлэттэн быыс булар да уустук. Ол эрээри инчэҕэй эттээх, тэбэр сүрэхтээх киһи ардыгар муунтуйарым ханна бараахтыай. Эмээхсиним адьас туспа судаарыстыба буоларыгар тиийдэ. «Эйигин кытта сыттахпына, этиҥ суоһа оттуулаах оһох курдук, аанньа утуйбаппын, мөхсөрүҥ да сүрдээх» диэн, саалаҕа утутар буолбута син балай эмэ буолла. Кистээбэккэ эттэххэ, киниттэн бэйэм да мэһэйдэтэр этим: кыратык да хамсаары гыннахха, ынчыга-хончуга, туох эрэ диэн мөҕүттэрэ дьэ киирэр. Үс сыл аҕа буолан, букатын даҕаны бүдүгүрэ кырдьыбыт курдук аҥнар-бохтор. 55 саас диэн, дьиҥэ, дьахтарга кырдьыы үһү дуо?!
   Ол эрээри, төһө да халҕан саҕа аныгы тэлэбиисэрдээх саалаҕа, хас эмэ киһи батан сытыах дьыбааныгар утуйдарбын, кэнникинэн буорайталаан бардым. Тэлэбиисэр көрөр, көмпүүтэр тимэҕин талыгыратар кэлииһи дуо, наар сыта мээрик буолан хааллым. Эмээхсиним утуйан, муннун тыаһа муораҕа тиийбит курдугуттан өссө кыынньан кэлэбин. Оҕонньоро эрэйдээҕи, саараама, саныыр диэтэҕиҥ дуу – суо-ох! Оттон мин, киниттэн үс сыл балыс эрдьигэн, сылаас хоойго, таптыыр дьахтарга наадыйымынабын. Эмээхсиммиттэн атын киһи эбитэ буоллар (чэ, баҕар, имэҥ-дьалыҥ диэнтэн быдан тэйбит да буоллун), эрэ муҥнааҕы уоскутан, хоонньоһо сытан, саатар, уураан-сыллаан, имэрийэн-томоруйан манньытыа этэ.
   Дьэ, оччоҕо эмиэ тугум эмээхсинэй? Боростуой аһы – эт миинин, хортуоппуйу, алаадьыны, бэл, бэлимиэни – бэйэм да астыыр кыахтаахпын. Аска-үөлгэ баҕас талымаһым суох. Таҥас сууйуох диэтэххэ – сүрдээх муодунай аныгы массыыналаахпыт. Ону сатаан үлэлэтэбин. Арай иистэнньэҥим суох. Чэ, ол туохха наада үһүнүй – тугу эмэ тиктэрээри гыннахха, ательеҕа да сакаастыахха сөп. Оттон дьиэни сууйарым-соторум – бэйэм киэнэ!
   Сааһырбыт дьон арахсаллара, хам-түм да буоллар, син баар быһыылаах. Ол эрээри бачча уһуннук олорон баран арахсыах диэтэххэ, сүрэ бэрт курдук. Оҕолордоох, сиэннэрдээх аата. Арахсан баран олоҕу иккистээн оҥосторуҥ уустук. Төһөтүн да иһин, эмээхсиммин кытта миммитин билсибит дьон буоллахпыт. Арай, куһаҕана диэн, тойон эригэр болҕомтотун уурбата баар...
 
* * *
   Мин, өссө кэргэннээх, оҕолордоох, сиэннэрдээх киһи, эмээхсиним тэтимигэр киирсэн, балыктааҕар ньимиликээн, сымыыттааҕар бүтэй буолан сылдьыахпын сөбө. Миэхэ холоотоххо, Нааста соҕотох Ангелалаах. Кыыһа, саатар, оҕото суох. Олоҕор табыллыбатах – эрин кытта арахсыбыттар.
   Нааста эмиэ мин курдук чуҥкуйар быһыылаах: сөп буола-буола бассааптыыр. Үлэтиттэн тохтообут, онон дьиэ киһитэ. «Тоҕо биирдэ да кэлэ сылдьыбаккын?» диэбитигэр эбиэт саҕана тиийэ сылдьыбытым. Кэлбиппэр олус сэргэхсийбитэ, мэктиэтигэр, били, хаһааҥҥытын эрэ курдук, таайтарыылаах мичээрэ кытта көстөргө дылы гыммыта. Ити баар ээ: бэйэбиттэн 13 сыл аҕа эрээри, хайдах курдук сэргэҕий, таайтарыылааҕый?! Киниэхэ холоотоххо, эмээхсиним быдан эдэр буоллаҕа дии – уон сыл балыс!
   Сөҕүөм иһин, арааһы бары кэпсэтэн, хайа-хайабыт сылаанньыйан, эбиэппит отой биллибэккэ ааспыта. Тахсаары туран иэдэһиттэн уураан ылбыппар Нааста хардары уоспуттан өөр да өр уураабыта. Ону эрэ күүппэтэх киһи, мин, таалан хаалбытым. Били, эмээхсиним Москубаҕа айаннаабытыгар манна кэлэн сытан таптаспыппыт олус да хобдоҕо. Мин онно «олус кырдьыбыт, имэҥнээх таптала сөҕүөрүйбүт» дии санаабыттааҕым. Арааһа, сыыстарбыппын быһыылаах.
   Үлэбэр ыыппатаҕа... Ыспаанньаҕа киирэн эдэр эрдэҕинээҕибитин эргип­пиппит. Иккиэн даҕаны, маннык сы­һыантан балачча тэйбит дьон, кыратык омуннуран ылбыппыт. Бэл, Наастам уруккутун курдук таптаабытынан «дьа­һай­талаан» киирэн барбыта. Ол эрээри уоскуйан, этэргэ дылы, үчүгэйи, талас­ханнааҕы кэмчилээн, сэрэнэн туттан, ик­киэн биир кэмҥэ тыастаахтык үөһэ тыыммыппыт, сүрэхпит тэҥҥэ тэбэн битиргээбитэ...
  Мин ол күн олох кыым буолан хаалбытым. Бэл, эмээхсиним «бу туох ааттаах буолан, тиргиллэ көттүҥ?» диэн со­һуйбута. Киһиэхэ кыра да наада бы­һыылаах: били, муунтуйбутум, санаа-оноо иччитэ буолбутум, харахтан сыыһы ылбыт курдук сүппүтэ, сонно чэпчээбитим.
   Сороҕор, түүн уһуктан сытан «бачча сааһыран баран эмээхсиним эрэйдээҕи таҥнардаҕым» диэн, кэмсинэн-кэмиринэн биир туспа накаас буоларым. Биир оннук түүн туран, куукунаҕа тиийэн сылаас уу иһэн баран, эмээхсиним хоһугар киирэн сытыһаары, аньыыбын-харабын алы гынан имэрийээри-томоруйаары гыммыппар, үгэһинэн, уутун быыһыгар «эмиэ тугуҥ итэҕэс буолан кэллиҥ, киһини сүгүн утут» диэн сүөлэҥэдийбитэ. Хайыахпыный, уку-суку туттан саалабар төнүннэҕим дии.
   Наастабар нэдиэлэ баһыгар-атаҕар охсуллан ааһабын. Олорон кэпсэтэбит. Ааспыт сырыыга курдук омуннурбаппыт, кэм оттомурдахпыт. Манна да кини маладьыастыыр: хайдах турукка сылдьарбын бэркэ өйдүүр быһыылаах, ол иһин туох-ханнык иннинэ миигин манньытар туһугар кутугунайар. Мин даҕаны саҥаспын өйдүүбүн, наһаалаабаппын, онон барыта ким эрэ олохтообут бэрээдэгин курдук, оргууйдук, сылаас-сымнаҕас баҕайытык ааһар. Олоҕум бу курдук уу нуураллык устан иһиэ эбитэ буолуо биирдэ Ангеланы көрсүбэтэҕим буоллар...
 
* * *
   Биирдэ хаһыат үлэһиттэрин, үөрэх кыһаларын уһуйааччыларын кытары төгүрүк остуол тэрийдилэр. Мин эмиэ тыл үөрэхтээҕэ киһи буолан, ортоку соҕус миэстэҕэ дьобуччу түһэн, кулгаах-харах буолан олордум.
   Дьэ, тугу кэпсииллэр эбит саҥа үйэ дьоно, эдэр исписэлиистэр? Онто да суох саха тыла көйгө буолан бүттэ. Аҕыйах сыллаахха диэри дьуптуон, «ҥ» буукуба туох да эрэдээгэ суох суруллара. Аны туран, нуучча тылын сабыдыалыгар оҕустаран, этиибит тутула эмиэ буорайбыт эбит.
   Тэйиччиттэн көрдөххө (харах-көс уруккуттан мөлтөх урааҥхайабын), сырдык сэбэрэлээх хайа эрэ эдэр дьахтар биир кэм добдугуратан сүрдээх. Мин билиэхчэ-билбэт курдукпун. Дьэ, саҥаран баран кэлээр диэбит барахсаннара быһыылаах. Сөпкө кириитикэлиир. Холобур, «үлэлээн саҕалаата», «аһаан саҕалаата» буолан түһэн, бу туох аатай?! Ити барыта «начал работать», «начал кушать» диэнтэн төрүөттэнэн тахсарын хайдах өйдөөбөт баҕайыларай суруксуттарбыт? Бу кырасыабай дьахтар элбэҕи эттэ-тыынна. Оруобуна бэйэм саныырбын уот харахха саайда! Хайдах эрэ уруургуу саныах курдук буоллум.
   Төгүрүк остуол кэнниттэн чуо хааман тиийэн дорооболостум – Ангела илэ бэйэтинэн эбит! Долгулдьугас хара баттаҕа, чоҕулуччу көрбүт хараҕа, курбалдьыгас таһаата – үүт-үкчү Наастам эдэр эрдэҕинээҕитэ! Соһуйуом быатыгар, миигин бэркэ билэр буолан биэрдэ. Ыксыыр быһыылаах: кэпсэтэрин быыһыгар, били, дьиэ тастыы олорбуппутун кытта этэн аһарда. Мин оччону истэн баран, олох да маат баран хааллым.
   Хата, бу эрэтиҥ төлөпүөнүн нүөмэрин ыһыгыннаран ыллым. Дьэ, үчүгэй. Эйэҕэс мичээриттэн сылыктаатахха, миигин саастаах киһи диэн атыҥырыыр чинчитэ биллибэт. Кырдьыга, киниттэн баара-суоҕа 13 эрэ сыл аҕа буоллаҕым. Сүүрбэ биирдээхпэр, аармыйаттан кэлэрбэр, Ангела аҕыс саастааҕа. Билигин ол аата 39 саастаах эбит.
   Чахчы, сонумсах урааҥхай эбиппин. Наастабын кытта бассаабынан эрэ муҥурданар буолбуппун. «Хаһан кэлэ сылдьаҕын?» диэтэҕинэ, солото суох аатырарым элбээтэ курдук. Өйүм-санаам, били, сүүрбэ биирдээхпэр курдук, аны наар Ангела буолан хаалла. Барахсан, бу билэрэ-көрөрө дириҥин! Саамай «сиэн түһэрбитэ» үүт-үкчү бэйэм курдук толкуйдуур, саҥарар-иҥэрэр буоллаҕа үһү. Бассааптаһыы бөҕөтө! Сарсыарда аайы аккырыыкканан эҕэрдэлиир. Онто барыта сахалыы, ханан даҕаны «Доброе утро» диэн суох.
   Биирдэ «дьиэбэр кэлэ сылдьарыҥ буоллар, тылга-өскө сүбэлэтиэх этим» диэн суругу туттум. Соһуйдум даҕаны, үөрдүм даҕаны, оттон хайдах курдук долгуйбуппун этэ да барыллыбат. «Тыл үөрэхтээҕэ учуонай киһиэхэ ол мин тугу сүбэлиэх баҕайыбыный?» диэн, эмиэ да мунчаарталаан ыллым. Ол быыһыгар абылаппыт курдук, эдэр дьахтартан арахсыах, тэйиэх санаа ончу суох буолан биэрдэ. Дьэ, ол эрээри биир накаас сатыылаата.
   Ийэтин – Наастаны – санаатахпына, дьиҥнээх таҥнарыахсыт буолан бүп­пүппүн. Ангеланы кытта, төһө да тап­тас­патарбыт, өйдүүн-санаалыын биир эбиппит. Ол аата тапталга диэри биир эрэ хардыы хаалбыт курдук санаталаатым. 52 саас диэн кырдьыы буолбатах, хата, иккис эдэр сааһы эргитии эбит диэн бигэ түмүккэ кэллим. Куһаҕана диэн, таҥнарыахсыт дьаралыга миигиттэн хаһан да сүппэт буоллаҕа.
   Бүгүн субуота. Ангелаҕа тиийиэх­тээхпин. Ол тугу сүбэлэтэрэ буолла? Баҕар, көннөрү сылтах эбитэ дуу? Эмээхсиммэр «корпоратив түмсүүтэ буолар, онон төһөҕө кэлэрим биллибэт» диэн, сымыйалаан кубарыттым. Киһим онно эрэ кыһаммат. Дьэ, холку барахсан диэтэҕиҥ. Ааранан, хата, бэйэм долгуйабын. Ийэтин эдэр эрдэҕинээҕитин курдук барахсан, Ангела, хайдах көрсүөй, сыһыаммыт хайдах салҕанан барыай?..
 
БУТУКАЙ.

Бүтэһик сонуннар