Биһиги дэриэбинэбитигэр 80-с сыллардаахха Малыыгын диэн иһээччи эрээри, аһара үлэһит киһи олоро сылдьыбыта. Бука, ханна эрэ арыгылаан баран баппатын иһин көннөрө «сыылкаҕа» ыыппыт буолуохтарын сөп. Аҕата – Саха сириттэн төрүттээх бааһынай, ийэтэ нуучча буолан, бааһынайдыы дьүһүннээҕэ. Соҕуруу нуучча сиригэр улааппыт эрээри, бука кэлин үөрэммитэ буолуо, сахалыы наадатын толору кэпсэтэрэ. Ону-маны билэрэ сүрдээх буолара. Бука, ботуччу үөрэхтээҕэ эбитэ буолуо. Төһө да «арыгыһыт» диэтэллэр, арыгылаан туох да куһаҕаны оҥорбутун, сырса сылдьан иһэрин көрбөтөҕүм.
Бу киһини кэлээтин кытта бүтэй оҥоруутугар аҕабар көмөҕө анаабыттара. Эппитим курдук, бу наһаа бүгүрү, үлэһит киһи этэ. Биир эриэккэһэ – чэйин саахардаабакка, үүттээбэккэ иһэрэ. Ол оннугар чааскытын быһаҕаһыгар диэри туус уонна арыы кутара. Маны тэҥэ, төһө да бэйэлээх сыралҕан куйааска утатар диэни билбэтэ, сылайбата. Аҕам кини үлэҕэ сатабылын уу иһэ-иһэ хайгыыра. Бу Малыыгын, нуучча сиригэр улааппыт киһи диэтэххэ, маска да, тимиргэ да дэгиттэр уһанар дьоҕурдааҕа. Аҕабар нууччалыы кынчаал оҥорон биэрбитэ.
Оскуоланы бүтэрэн баран сайыҥҥы каникулга аҕам аахха көмөлөспүтүм. Малыыгыммыт киэһэ аайы кутаа уотугар саха быһаҕын буолбакка, кынчаал быһахтары оҥорон ыаһах гынара. Ол гынан, миэхэ былыргы ыраахтааҕылар эрэ илдьэ сылдьыахтарын курдук тупсаҕай көстүүлээх кынчаал оҥорон бэлэхтээбитэ. Угун тугунан оҥорорун күн бүгүнүгэр диэри билбэппин. Кини кынчаалын уга курдары көстө сылдьар, олус кэрэ көстүүлээх уонна бөҕө буолара. Биһиги нэһилиэкпитигэр адьас аҕыйах сыллаахха диэри «Малыыгын быһаҕа» диэннэр бааллара. Аны, ол быһах тимиригэр хаһаайынын аатын суруйбут буолара. Арааһа, тимири уһаныыга туох эрэ анал үөрэхтээх буолуон сөп, тимир, металл састаабын, хатарыытын туһунан бэрт элбэҕи кэпсиирэ. Быһаҕы таһынан, Малыыгын кыраабыл, хотуур угун үчүгэйдик оҥороро, хотууру таптайара.
Үлэһитэ, сатабыла бэрдин иһин, аҕам сопхуос тойотторуттан көрдөһөн, Малыыгыны сайын окко көмөлөһүннэрэ хаалларбыта. Киһи быһыытынан аһара үчүгэй, эйэҕэс-сайаҕас этэ. Кини биирдэ матасыыкылынан Маалыкайга ыһык ыла сылдьан маҕаһыын таһыттан уулусса бөҕө буола сылдьар, нэктийбит түүлээх кыра, тыһы ыт оҕотун булан илдьэ кэлбитэ. Ол ытын оҕотун бэйэтэ аһатара. Биһиги ону ыт да баар диэн наадыйбат этибит. Оттон Малыыгыммыт ытын хайҕаан тахсара, «мантыҥ туох да ааттаах ыт буолан тахсыаҕа, көрөөрүҥ да истээриҥ» диэн тыллааҕа. Дьиҥинэн, ол ыта түүтэ ньааҕыран, илбирийэн, киһи болҕомтотун тардар да кыаҕа суох, ыт суоҕар ыт курдуга.
Малыыгыммыт ол курдук сопхуос араас үлэлэригэр сылдьан, куруусчуттаан, сыбааркаһыттаан, сүөһүгэ, тимир мастарыскыайыгар үлэлээн баран (ол эрээри тыраахтар-массыына ыытарын көрбөтөҕүм), үһүс сылыгар «сыылкатын болдьоҕо бүтэн» дуу, хайдах дуу, дойдулаабыта. Соҕуруу бардаҕа буолуо. Оттон били куһаҕан ыта биһиэхэ хаалбыта. Өлөрүөхпүтүн эрэ кэрэйэн, ыттарбытын кытта ыт буолан хаалбыта. Тыһы ыт аата – тыһы ыт, сотору буола-буола «күтүөт» ыт бөҕө мустан кыбыылаах оппутун тэпсилгэн оҥороллоро, ииктииллэрэ-саахтыыллара, «сыбаайбалаан», охсуһан ый-хай бөҕөтүн түһэрэллэрэ. Ол аайы, ыппыт сылга иккитэ-үстэ төрүүрэ. Куһаҕан ыт оҕотугар ким наадыйыай, үксүн оҕолор ылан бараллара. Ол оҕолоруттан туох идэлээх ыттар үөскээн-улаатан тахсыбыттарын ким да кэпсээбэт этэ. Интэриэһиргээбит да суох.
Биирдэ күһүн хаар эрэ түһүөн иннинэ биир аймахпыт дойдутугар бултуом диэн кэлбитэ. Ол саҕана бөһүөлэктэн биир да булка сылдьыһар кыахтаах ыты булбатахпыт. Үтүө ыттар бары тыаҕа сырыттахтара. Инньэ гынан, аймахпыт, кыһалҕаттан, били нэк буола сылдьар тыһы ыппытын илдьэ бултуу барда.
Салгыы, кини кэпсээнинэн суруйабын...
Икки күн айаннаан Ээдьээк үрэҕэр тиийбит. Киэһэ үүтээнигэр тиийэн эрдэҕинэ ыта икки тайаҕы туруорбут. Тайахтар үрэҕи харбаан нөҥүө тыаҕа куоппуттар. Ыта сырсан бара турбут. «Туохха да туһата суох бөөхүллэ ыт баҕайы куоттардаҕа кыһыытын, булан-булан, үрэх уҥуор таһаара түһэ-түһэ...» диэн үөхсэ-үөхсэ үүтээнигэр тиийэн эрдэҕинэ, ыта ол икки тайаҕын иннигэр уктан субу уун-утары тиийэн кэлбит. Икки улахан тайаҕы туох албаһынан төттөрү хайыһыннарбытын бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Аймахпыт атыттан ыстанан түһэн, атын маска баайан баран, хаста да ытан бастакы тайаҕы суулларбыт. Иккис тайах төттөрү эргийэн, үрэҕи туораан, ыт үрүүтэ доҕуһуоллаах бара турбут.
Аймахпыт өлөрбүт тайаҕын астаан бүтэрэн эрдэҕинэ, ыт саҥата эмиэ чугаһаан кэлбит. Сотору буолаат, били куоппут тайаҕа субу төттөрү атаралаан тиийэн кэлбит... Инньэ гынан, куораттан кэлбит ыалдьыт үүтээниттэн аҕыйах хардыылаах сиргэ тута икки тайаҕы бииргэ охторбут. Сөҕүү бөҕөтүн сөхпүт, «өйдөөх да, булчут да ыттар баар буолаллар эбит!» диэн.
Тайахтарын этин холболоон, дьаһайан баран, нуорматын бултаабыт киһи быһыытынан, үүтээҥҥэ икки хонон баран куорат киһитэ төннөргө быһаарыммыт. Ол төннөн истэҕинэ ыта аара аны эһэни туруорбут. Ыты кытта охсуһа сылдьар эһэни аймахпыт биир ытыынан охторбут эрээри, онто адьас өлбөт үһү. Утары сыыллан, дьүккүйэн кэлэ сатыырын ыта олох ыыппакка тардыалаһа, соһулла, ыйана, убахтыы сылдьыбыт.
Ол курдук, куорат киһитэ биһиэхэ кэлэн аҕыйах хоноору кимнээҕэр да элбэҕи бултаан, сөҕүү-махтайыы бөҕө буолан барбыта. Барарыгар, элэ-была тылын барытын этэн, көрдөһөн, ол тыһы ыты илдьэ барбыта. Ону былдьаһыах, хааллара сатыах да киһи суоҕа. Кэлин иһиттэххэ, ол ытын илдьэ араас хотугу-соҕурууҥҥу оройуоннарынан сылдьан булт бөҕөнү бултаабыт этэ. Ол ытын араас харчыга атыылаһа сатаан, төрөтөр оҕолоругар уочараттаан дьон сордоноллоро аҕай үһү.
Дьэ, оннук. Сороҕор бэйэбитигэр баары да сыаналаабат саҥнаах урааҥхайдарбыт ээ... Таһыттан көрөн сэнээбэккэ-сирбэккэ тыаҕа илдьэ сылдьыбыппыт буоллар, төһөлөөх булду сиҥнэриэх этибитий.