Киир

Киир

   Дима аҕатыныын сайын өрүс арыытыгар оттоон, уонтан тахса боскуйаны туруордулар. Атырдьах ыйа түмүктэнэрэ чугаһаан, сотору алтыс кылааска үөрэниэҕэ. Окко бастакы кылаастан сылдьыспыт буолан, аҕатын кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьар туруу үлэһит. От үлэтэ үмүрүйэн, күрүө туталлар, сир астыыллар: моонньоҕоннууллар, отоннууллар, ону таһынан өрүскэ, күөлгэ балыктыыллар. Сордоҥ, алыһар туттарбыттарыттан сороҕун Кэнэлийэ үрэҕинэн өрө тахсан, Мээкиндэ күөл аттыгар сиргэ көмөллөр. Бу аата сытытан баран, тыатааҕыга туһах иитиэхтээхтэр. Сааскыттан биир кырдьаҕас бу түбэни буулаата. Оттуу сырыттахтарына, арыы уҥуор тыа саҕатыгар икки кэлин атаҕар турарын биирдэ эмэ түбэһэ көрөөччүлэр.
 
 
   Нэдиэлэ анараа өттүгэр чараастык көмпүт балыктара хайыы үйэ сыттаммыт. Ол тула арыттаан түөрт сэби иитэн кэбистилэр. Мээкиндэ күөлэ Кэнэлийэ уонна Чээрээни үрэхтэр икки ардыларыгар сытар, улахан өрүс эмиэ ырааҕа суох. Тыатааҕы ити түбэлэринэн ордууланар. Күһүн чугаһаан, тыаҕа арҕаҕын диэки дьаадьыйыахтаах. Ол тахсыахтаах “аартыгар” икки атахтаахтар мэҥиэ ууран, туһах “ииллилэр”.
   Үөрэх дьыла саҕаланара бу кэлэн, дьиэлэригэр киирдилэр. Саҕаланан да диэн, уонча күн олохтоох отделениеҕа сорохтор оттуур, сорохтор пиэрмэ иһин ыраастыыр буоллулар. Оҕолор, сайыны быһа бэйэ-бэйэлэрин көрсүбэтэх буолан, ахтыспыттара сүр­дээх, үөрдүлэр-көттүлэр, үлэ быы­һыгар оонньоотулар-көрү­лээтилэр. Дима, сайыны быһа арыыга оттообут киһи быһыытынан тыынын таһааран, оҕолору кытта астына-дуоһуйа мэниктээтэ, оннооҕор аҕатын кытта кырдьаҕаска ииппит туһаҕын кытта умунна.
   Тыатааҕыга сэп тэрийбиттэрэ нэдиэлэ ааспытын кэннэ аҕата Димаҕа сарсын уҥуор тахса сылдьыахтаахтарын эппитигэр, били, туохтаахтарын дьэ өйдүү биэрдэ. Уол сарсын быраактыкатын бүтэһик күнэ буоларын санаппытыгар, аҕата салайааччытыттан көҥүллэппитин эттэ.
   Сарсыарда эрдэ бараары турдахтарына, аҕатын табаарыһа Өлөксөй кэллэ. Өрүскэ тиийэн, мотуоркаларыгар олорон, Кэнэлийэ үрэх­хэ айаннаатылар. Мотуор куор­пуһа уу кырсын үрдүнэн дайан иһэр, кэннин диэки ууну өрө ыһыахтыыр. Уонча хонуктааҕыта мантан баралларыгар от-мас син күөхтүҥү кырааскалаах буоллаҕына, билигин барыта саһаран, көмүс күһүн кэлбитэ киһи хараҕар тута быраҕыллар. Өрүс уҥа налыы биэрэгэр үүнэн турар үөттэр сайын силигилээн турбуттара ханан даҕаны суох, сэбирдэхтэрэ суйданан, хайдах эрэ сыгынньахтаммыт курдуктар. Тубус-туруору сыырдаах хаҥас биэрэккэ турар үрдүк харыйалар, тэҥкэ тииттэрэ өссө хараарбыкка дылылар.
   Мотуор тумса биэрэккэ анньыллыбытыттан Дима уһуктан кэллэ – утуйан хаалбыт. Кэнэлийэ үрэх үрдүгэр турар үүтээннэригэр тахсан, чэй өрүнэн аһаатылар. Ол олордохторуна, хара суор “хуух” диэн саҥарда. Аҕатын табаарыһа: “Ити кыыл мээнэҕэ саҥарбатах буолуохтаах”, – диэн тугу эрэ таайтарардыы эттэ.
   Сааларын, үрүсээктэрин сүгэн сэп тэрийбит сирдэрин диэки бардылар. Уол эһэтин туоһапкатын биэрбиттэрин сүгэн, астынан аҕай иһэр. Мээкиндэ күөл үрдүнэн мырааны дабайан тахсан, иһирдьэ ычыкыннаах эрээри, кыыл-сүөл сылдьар ыллыгын баттылар. Ыллыктарын аҕыйах хонуктааҕыта тайах туора хааман ааспыт. Булчуттар суолуттан ундаардаан тыһы барахсан ааспыт дэстилэр.
   Дима дьонуттан ырааппыт. Оҕо буолан, түргэнник хаамар уонна туһахтары ким-хайа иннинэ тиийэн, көрө охсуон баҕата улахан. Атын кыылга буолбакка, били, куобах туһаҕын көрө баран иһэр курдук. Өр-өтөр буолбакка, маҥнайгы туһахха тиийдэ, хайдах иитиллибитин курдук турар.
   “Аҕаа, маҥнайгы туһах турар! – диэн хаһыытааччы буолла. Онуоха аҕата: “Иккискин көр!” – диэн хаһыытаабытыгар түөртэ-биэстэ хардыылаан тиийэн көрбүтэ, эмиэ турар. Үһүс туһах ити улахан тиит диэки баар буолуохтаах этэ диэн, онно супту хааман тиийбитэ эмиэ баар. Салгыы төрдүһү көрдөөтө да – булбата. Туһах турбут сирэ хайдах эрэ тэпсиллибит, ыһыллыбыт курдук. “Төрдүс туһах суох!” – диэн дьонугар хаһыытаабытыгар, – Үчүгэйдик көр, ханна барбыт үһү!” – диэн харданы иһиттэ. Ханна буоллаҕай диэн, тулатын көрүнэ сырыттаҕына, эмискэ арҕаһын күүрдэн, аһыыларын килэтэн, ырдьыгынаабытынан суостаах кыыл икки кэлин атаҕар туран кэллэ. Соһуччута бэрдиттэн уонна кыыл суостаах часкыырыттан куттанан, Дима туоһапкатын сиргэ быраҕаат, “Эһээ!!!” диэн хаһыытаат, дьоно кэлэн иһэр туһаайыыларын диэки ыстанан кэбистэ. Уол уолуйбута оччо буолан, дьонун аттыларынан ааһа сүүрэн истэҕинэ, аҕата: “Бу да уол ол-бу буолан!..” – диэт, саҕатыттан харбаан ылан, ыга тардан ылла. Аҕатын көрөн, арыый да уоскуйа быһыытыйда. Ол кэмҥэ булчуттар сааларыгар сүнньүөхтэри уган иитиннилэр. Уолга харыс да сири хамсаабакка тур диэн кытаанахтык этэн баран, туһаҕын кытта бодьуустаһа сылдьар кыылга аттыгар ыкса киирэн биирдиитэ ыттылар. Саалар тыастарын кэнниттэн уу чуумпу буолла. Аҕата сиргэ сытар туоһапканы ылан уолугар уунна, кыылы сүүскэ ытарыгар соруйда. Уол куттаммыта ааспыт, туоһапканы ылан, былыр үйэҕэ морбойбут кыылы сүүскэ ытта. Дьэ, онтон арыый да налыйан, булчуттар табахтаатылар. Эһэ иҥнэн баран, тугу гыммытын сыныйан көрдүлэр. Туһаҕы тииккэ эрийбит уонна сири туруору соҕус гына хаһан баран, онно саһан сыппыт. Дима аһара ыкса кэлбитигэр, туран, баарын биллэрбит. Титириккэ эрийбитэ буоллар, синньигэс маһы тосту тардан баран, уол үрдүгэр саба түһүөхтээҕэ эбитэ буолуо. Бултарын сыа-сым курдук сүлэн, астаан баран өтөхтөрүн быстылар.
   Үс сыл буолан баран, аҕа­лаах уол ити түбэҕэ иккис улахан эһэлэрин бултаабыттара. Бу сырыыга Дима аҕатын кытта тэбис-тэҥҥэ киирэн ытыспыта. Ол эрээри маҥнайгы кырдьаҕаска куттаммыта, уолуйбута сүрэҕэр баас буолан сылдьара. Бу да сырыыга куттаммыта, дьулайбыта. Аҕата эрэ баар буолан, суостаах кыылга чугас киирбитэ. Ону аҕа тута сэрэйбитэ, көрбүтэ. “Бастакы түбэлтэҕэ аттыбыттан ыраатыннарбакка, бииргэ илдьэ киирбитим буоллар, арааһа, куттаныа суохтааҕа буолуо” диэн, иһигэр кэмсинэ санаабыта. Аҕа уолугар: “Кэлин тыатааҕыга сананаайаҕын, куттанар буоллуҥ да, сыыһа-халты туттан былдьатыаххын сөп”, – диэн кэриэһин эппитэ. Кырдьык, кини ити кэнниттэн улахан кыылга санана илик, холонор да санаата суох.
 
Александр ТАРАСОВ.

Бүтэһик сонуннар