Киир

Киир

   Сардаана сарсыарда тиэтэйэ-саарайа үлэтигэр баран иһэн, Дьокуускай куорат автовокзалын таһыгар бомжтар тугу эрэ былдьасыһан, кэм да “кус-хаас” саҥатын түһэрэн аймана туралларын көрө биэрдэ.
 

 

   Бэһиэлэр: икки дьахтар, үс эр киһи. Сирэйдэрэ-харахтара мэлдьи салгыҥҥа сылдьалларыттан күн уота быһа сиэн, хоруорбут саха лэппиэскэтин санатар. Эбиитин тохтоло суох арыгылаан, сирэйдэрин омооно да көстүбэт буолуор диэри дарбайа испит, солуута суох сутуруктаһартан ханньайбыт-инньэйбит. Киһи төрөппүт оҕотун да билиэ суох үлүгэрэ. Таҥастара-саптара буорайбыт, хайа эрэ помуойаттан хомуйан туох түбэһиэх таҥнаахтаабыттар быһыылаах. Сыттара диэн амырыын. Бу түөлбэнэн ааһар дьон булгу бэлиэтии көрөллөрө буолуо. Оһуоба оптуобус тохтобулун туһаайыытынан бу амырыын сыт салгыҥҥа туран хаалбыт курдук буолааччы. Киһи сөҕөрө диэн, төһө да таһырдьа буоллар, ааһан-араҕан биэрбэт сыт. Бомжтарбыт күнү-күнүктээн бу эҥээр тэпсэҥнэһэллэриттэн сыттара “олохсуйан” хаалбыт быһыылаах диэн саныырбытыгар тиийэбит. Били, “сылаас тохтобул” диэннэригэр киириэҕи тардынаҕын. Маннык саныы-саныы хааман иһэн, Сардаана иннигэр эмискэ биир ити көрбүт дьонугар тэҥнээх эр киһиэхэ кэтиллэ түстэ. Киһитэ, үөрэнэн хаалбычча, хап-сабар илиитин уунан: “Эдьиий... эдьиий, манна харчыта дук гын эрэ...” – диэн харчы көрдөөн киирэн барда. Албыннаспыта буолан, тииһэ-уоһа бүтэн хаалбыт айаҕынан ымаҥнаабыта буола-буола дьахтар диэки үөрэтэрдии көрүтэлээтэ. Иккиэн харахтара хатылла түстэ. Сардаана ол киһини көрөөт, “ханна эрэ көрбүт сирэйим-хараҕым” диэн толкуйдуон икки ардыгар, киһитэ дьиһигис гынаат, хайдах соһуччу хорус гыммытай да, соннук түргэн үлүгэрдик тыас биллэрэ оҕуста. Илэ абааһыттан куотар курдук, тиэтэйэ-саарайа хааман содьороҥнуу турда. Сардаана, соһуйан хаалан, ол киһини хараҕын далыттан сүтүөр диэри, чочумча одуулаан турда. Ол икки ардыгар, били, тугу эрэ былдьаһан субу охсуһуохтуу өрө мөхсө турбут эрэттэр аны киһилэрэ “куотан” эрэрин көрөн кэнниттэн: “Доо, Аппанаас... ханналаатыҥ?” – диэн хаһыытаһа хааллылар. Сардаана ким кэлэн харчы көрдөөбүтүн, дьэ өйдөөн кэлэн, дөйүөрэн ылла. Үлэтигэр тиийиэр диэри санаата бүтүннүү ити киһиттэн арахпата. Кини дии... кини... Сардаана бастакы таптала... Ама да, үйэлэргэ умнуллубат быстах кэмтэн ыла сүүрбэ сыл аастар, ама да, сааһыра быһыытыйдар, ама да, сирэйэ-хараҕа киһи билбэт буолуор диэри буорайдар, кини буоларын хараҕыттан тута биллэ...
 
* * *
   Сардааналаах Оппуонньа үрдүк үөрэххэ киирбиттэриттэн дьоллонон, сиэттиспитинэн күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ болуоссат диэки баран испиттэрэ. Кыыс атаахтаан моруосунай ылларбыта. Бүгүн кинилэргэ тэҥнээх дьоллоох киһи суоҕа. Биир олорор дьиэ кырыыһатыгар тахсан, бүтүн куораты илиилэринэн кууһардыы туттан турбуттара. Үөрбүт омуннарыгар иккиэн: “Эдэр саас барахсан, олус да кэрэҕиин, биһиги эйигин олуһун таптыыбыт!” – диэн хаһыытаспыттара. Ол хаһыылара ой дуорааннанан Дьоллоох Дьокуускай таас дьиэлэриттэн тэйэ-тэйэ кый ыраахха диэри иһиллэн бара турбута.  Мэник-тэник санааларыгар, өссө да элбэҕи хаһыытаабыттара. Устунан бу кырыыһаҕа килбик куустуһуу, уураһыы диэни аан маҥнай билбиттэрэ.
   Үөрэххэ киирбиттэрэ биллибитин кэннэ, куоракка тугу гына сытыахтарай, иккиэн икки аҥыы дойдулуур буолбуттара. Эдэр сүрэхтэр, төһө да тэйсиэхтэрин баҕарбатахтарын иһин, төрөппүттэрэ ыҥыраллара. Хайыахтарай, от үлэтэ үгэннээн турар кэмэ буоллаҕа. Дьиҥэ, устудьуон буолбут дьон балаҕан ыйыгар көрсөллөрө биллэр. Тоҕо эрэ арахсалларыттан, Оппуонньа ордук аймаммыта. Билсибиттэрэ төһө даҕаны ый кэриҥэ эрэ буоллар, бэйэ-бэйэлэрин урут-уруккуттан билэр курдук санаммыттара. Бастакы билсибит күннэрин санаан күлсэн ылаллара. Бээ... ол хайдах этэй?!
   Сардаана докумуонун туттаран тахсан иһэн Оппуонньаны кытары ааҥҥа кэтиллэ түспүттэрэ. Тута сылдьыбыт докумуоннара барыта муостаны биир гына ыһыллыбыта. Уол хап-сабар хомуйса охсубута. Онтон ол олорон утары көрсөөт, иккиэн күлэн тоҕо барбыттара. Эдэркээн кыыс эйэҕэс мичээрэ, тугут курдук хап-хара хараҕа, докумуон туттараары ыксаан-бохсоон киирбит уол сүрэҕин биирдэ долгутан өрө мөҕүһүннэрбитэ. Онтон ыла Оппуонньа утуйар уутун умнубута. “Көрөөт таптыыр” диэни урут соччо итэҕэйбэт бэйэтэ: “Дьэ, чахчы, баар эбит”, – диэн билинэргэ тиийбитэ. Кыыһы куоттаран кэбиһиэм диэн, бэл, ол күн докумуонун туттарартан аккаастаммыта. “Буруйбун боруостаан” диэн сылтаҕыран кыыһы атаарарга тылламмыта. Атаарыы дьиҥ төрүөтэ билсиһии буоллаҕа. Хата, кыыс мичээрдээбитин курдук кэпсэтинньэҥ, аламаҕай, сайаҕас майгылааҕа. Атын эбитэ буоллар, уолу туора садьыйан кэбиһиэ, эбиитин туох эрэ диэн үөҕүө эбитэ буолуо. Арай кини барыларыттан букатын атын киһи этэ.
   Икки аҥыы дойдуларыгар барбыттара. Сардаананы убайа кэлэн ылбыта. Оттон Оппуонньа тэйиччи улууска олорор буолан, сөмөлүөтүнэн көппүтэ. Дойдуларыгар тиийэн, төһө даҕаны от үлэтигэр, сир аһыгар умса түстэллэр, сибээстэрин быспатахтара. Уол сотору-сотору субуоннуу турара. Сардаана киэһэ аайы төлөпүөн маныыртан соло булбатаҕа. Киэһэ иһит сууйдаҕа буолан, дьиэттэн тахсыбат буола сатыыра. Почта сырыыта бытаан буолан, суруктара өр буола-буола кэлэрэ. Сурук туппут күннэригэр иккиэн бэйэлэригэр иһийэн хаалаллара. Саха дьоно иэйиилэрин тастарыгар кыайан эппэт сэмэй майгылаахтар, онон сурукка ордук аһыллаллара. Оппуонньа дойдутун, дьонун туһунан суруйарын быыһыгар Сардаанатын аан бастаан көрбүтүн, тылыттан мата таптаабытын, хайдах курдук суохтуурун, ахтарын, аны иккиэн хаһан даҕаны арахсыа суохтарын туһунан минньигэстик да суруйара. Сардаана барахсан уйадыйан хараҕа ууламмытын билбэккэ да хаалара. Таптыыр эрэ сүрэх хоһоон айар, таптыыр эрэ дууһа ыллыыр диэбиттэригэр дылы, бу кэмнэргэ кинилэр суруктарыгар элбэх да хоһоон тыла хоһуйуллубута. Балаҕан ыйа өр күүттэрбэккэ тигинээн кэлбитэ. Дьиҥэ, дьиэлэригэр баара-суоҕа балтараа эрэ ый буоллахтара. Күүтэр дьоҥҥо ол сылга холоммута. Иккиэн көрсөр күннэрин харахтарыгар ойуулаан көрбүттэрэ.
   Сардаананы убайа наадатыгар сылдьа таарыйа куоракка аҕалан биэрбитэ. Оппуонньа сотору сөмөлүөтүнэн көтөн кэлиэхтээх этэ да... Тоҕо эрэ суоҕа. Биллибэтэҕэ. Сардаана уопсайыгар киирэн олохсуйбута, бииргэ олорор кыргыттарын кытары билсибитэ. Тута быраактыкаланан, онтон үөрэнэн барбыттара. Ол тухары Оппуонньа биллибэтэҕэ. Ууга тааһы бырахпыт курдук, сүтэн хаалбыта. Сардаана үөрэҕэр сылдьан, уулуссаҕа хааман иһэн хараҕынан куруук кинини көрдүүрэ. Баҕар, көрсөн кэбиһиэм диэн санаа куруук батыһа сылдьара. Төһө даҕаны утуйар уута айманнар, сотору буолаат, үөрэҕэр аралдьыйан, саҥа доҕоттордонон, кэм саныыра аҕыйаан барбыта. Уол мэлдьи бэйэтэ субуоннуур буолан, саатар, тоҕо эрэ Оппуонньатын төлөпүөнүн ылбатах эбит. Дьонун аадырыһыгар суруйан көрөрө да, биир даҕаны харданы туппатаҕа. “Чэ, быстах кэмҥэ саатыы түһэн баран умнубут эбит...” – диэн харааста санаабыта. Оппуонньаны букатыннаахтык өйүттэн-санаатыттан ылан бырахпыта. Сити курдук, биэс сыл ааһа охсубута. Атын факультекка үөрэнэр уоллуун доҕордоһон, үөрэхтэрин бүтэрэн баран тута холбоспуттара. Хоту ананан үлэлии барбыттара.
 
* * *
   Оппуонньа субу куоракка көтөөрү кынатын куурда сылдьан, кылааһын уолаттарын кытары куобахтыы диэн барбыта. Ол түүн сааҕа оһоллонон, улуус киинигэр балыыһаҕа киирбитэ. Хаана баран өлө сыспытын нэһиилэ өрүһүйбүттэрэ. Атаҕын хаста даҕаны эпэрээссийэлээн киһи гыммыттара. Ол сытар кэмигэр доҕорун сүтэрэн, тапталын сайыһан сүрэҕэ төһөлөөх туорхаһыйа аймаммытын, дууһата хаанынан ытаабытын бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Бэл, аттыгар сытар дьоно билбэтэхтэрэ. Балыыһаҕа сытар кэмигэр ийэтиттэн: “Сардаанаттан сурук кэлбэтэҕэ дуо?” – диэн куруук ыйытар этэ. Ийэ барахсан уола куоракка көрсүбүт кыыһын дьиҥнээхтик таптаабыта буолуо диэн хантан билээхтиэй?! Ыаллара кыыс биирдэ сурук кэлбитин этэ сылдьыбыта да: “Быраҕан кэбис!” – диэхтээбитэ. Биир көҥөс дьаһал уолун дьолун букатыннаахтык сарбыйыаҕын, хаарыаннаах тапталыттан матыаҕын хантан билээхтиэй... Уолун куоракка ыыппат санаата баһыйдаҕа. Ийэтэ, аҕата аймананнар, уолларын нөҥүө сылыгар куоракка ыыппатахтара. Аны эһиилигэр аҕата ууга түһэн өлөн хаалаахтаабыта. Ийэ барахсан кэргэниттэн маппыта соһуччута бэрт буолан, аны иккиэн утуу-субуу оһоллонон, сүрэҕинэн улаханнык ыарытыйар буолбута. Хаҕа эрэ хаалаахтаабыта. Инньэ гынан Оппуонньа ийэтин өйөөн, бүөбэйдээн дойдутуттан ханна да барбатаҕа.
   Ыаллыы олорор ыаллар кыыстара почтаҕа үлэлиир буолан, Сардаана суруктарын барытын кистээн испитэ. Бу кыыс Оппуонньаны кыра эрдэҕиттэн сөбүлүүрэ. Уол балыыһаттан тахсыбытын кэннэ, бу кыыс уол аттыттан арахпатаҕа. Сылтах булан киирэ турара. Үс сыл буолан баран, уол хайыай, ийэтин көрдөһүүтүнэн кыыһы ойох ылбыта. Үс-түөрт оҕоломмуттара. Үөрэҕэ суох киһи бөһүөлэгин хочуолунайыгар хачыгаардаабыта. Тыа сиригэр үлэ суох буолан, бэл, хачыгаар үлэтэ улахан былдьаһык буолбута. Оппуонньа хара бастакыттан күҥҥэ көрбүт соҕотох тапталын – Сардаанатын – кытары буолбатаҕыттан кыһыйан, кэлин ахтан-санаан, уйадыйан, кыралаан аһыы утахха убанан барбыта. Хас сылы мэлдьи иһэрэ элбээн, үстүү-түөртүү, арыт нэдиэлэ тухары иһэр буолбута. Саатар, өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, истэҕин аайы, били, 18 саастааҕар быстах билсэн ааспыт Сардаанатын ахтан-санаан, айманан ытыыра үксээбитэ. Хайа ойох оннугу тулуйуой, оҕолоро улааппыттарын кэннэ, Оппуонньа букатыннаахтык үүрүллүбүтэ. Сотору ойоҕо атын киһиэхэ эргэ тахсыбытын дьонтон истибитэ. Ийэтэ баара буоллар, муҥ саатар, онно баран олоруо эбитэ буолуо... Кини ханна да барар-кэлэр сирэ суох буолан, улуус киинигэр киирэн ускул-тэскил, түбэһиэх онно-манна хонуктаан сылдьыбыта. Арыгыһыттар мустар притоннарынан аһаан-таҥнан, өйдөнөн кэлэ-кэлэ, ыйы ыйдаан арыгылаан суор-тураах курдук олохтоммута. Биирдэ эмэ оҕолорун көрсө тиийээри гыннаҕына, букатын да чугаһаппат буолбуттара. Оҕолоро кэлэйэн, кинини кытары кэпсэппэттэрэ. Маннык илэчиискэ сылдьан, биир үтүө күн куоракка таһаҕас тиэйэн барар массыынаны кытары куруусчутунан барсыбыта. Куоракка кинини ким күүппүтэ баарай?! “Балыксыт балыксыты ыраахтан көрөн билэр” дииллэринии, эмиэ бэйэтин курдук муор-туор олохтоох урдустары кытары бииргэлэһэр. Куорат арыгыһыттарын олохторугар кэм үөрэнэ быһыытыйар, манна туһунан сокуоннаахтарын, олохтоохторун бүүс-бүтүннүү ылынар.
   Бу да буоллар, куорат сиргэ кэлбит киһи быһыытынан, Сардаанатын санаан ылара хойдон барар. Аны бу кэбилэнэ сылдьан, уулуссаҕа алҕас тапталлаахпын көрсөн кэбиһиэм диэн, дьаархана быһыытыйар, иннин-кэннин кэтэнэ сылдьар. “Бу сарсыарда автовокзал аттыгар көрсүөм диэн хантан билбитэ баарай... Оо, абам да эбит, бү үйэҕэ көрүһүннэрбэккэ гынан баран, бу үлүгэр дьүһүн-бодо буолан кэбилэнэ сылдьарбын көрдөҕүөн?! Төһө эрэ кэлэйдэ... Сардаана сүүрбэ сыллаах истиҥ тапталын, хомойуутун, хоргутуутун, бу көрбүтүттэн соһуйуутун, кэлэйиитин – барытын кини хап-хара хараҕар көрбүтэ. Оо, бырастыы гын даа, Сардаанаа...” – диэн, Оппуонньа эрэйдээх таас дьиэ анныгар олорон, хараҕыттан уу-хаар баһан кыра оҕолуу маккыраччы ытаабыта. Ол олорон эмискэ сүрэҕэ ыга туппута да, соннук хараҕын уута субуруйбутунан, ол дойдуга аттанаахтаабыта. Бүтэһик тыллара: “Бырастыы гын даа, соҕотох тапталым, Сардаанаа...” – диэн ботугураабыта. Ол икки ардыгар, били, мааҕыҥҥы урдустар айдааран-куйдааран кэлээхтээбиттэрэ. “Бу киһи манна сытар эбит дуу?” – диэн биир киһилэрэ тэбэн саайбыта. Онтулара киһилэрэ сууллан түспүтүгэр бэйэ-бэйэлэрин көрө түспүттэрэ, онтон киһилэрин таарыйан көрбүттэрэ, хайыы үйэ сойон эрэрэ. Хайдах кэлбиттэрэй да, айманан-сайманан, айдааран-куйдааран, бэйэ-бэйэлэригэр ырдьыгынаһан дьиэ анныттан тахсан барбыттара. Оппуонньа эрэйдээх соннук сытан хаалаахтаабыта...
 
СИККИЭР.

Санааҕын суруй