Куорат сири булбутум лоп курдук икки сыл ордугуна аҕыс ый буолла. Бастаан утаа таас дьиэҕэ эмээхсимминээн тыыммыт-быарбыт хаайтаран, эрэй бөҕөтүн көрбүппүт.
Таһырдьа тахсан салгын сиэҕи, эчи, Дьокуускайбыт сыта-сымара «дыргыйан», киһи өр-өтөр буолбат, дьиэҥ диэки дьөгдьөрүйбүккүн бэйэҥ да билбэккэ хаалаҕын. Ыалларбыт бары кэриэтэ нууччалар. Тарбахха баттанар саха дьоно бааллар да, айах атан сэлэһиэм диэн саараама, сороҕор өстөөх дьон курдук көрбөтөҕө буола-буола ааһаллар, түҥнэри көппөтөхтөрүгэр махталлаах курдук. Кыыспыт аах, үлэ дьоно, биһигини манаан олорботтор. Ону-маны букунайан күнү билбэккэ хаалыаҕы, куорат дьиэтигэр туох ордук-хос дьарыга кэлээхтиэй. Ас бэлэмнээһинэ эрэ. Онон иккиэйэҕин эрэ ону-маны кэпсэттэҕэ буолан уһун күнү барыырбыт. Онтубут да тохтообута. Эмээхсиним барахсан хаһан да төннүбэт сиригэр аттаныаҕыттан кураанах көхсүбүн кытта бэйэм эрэ хааллым...
Хаһыат ааҕа сатыыбын, тэлэбиисэрбин кытта «этиһэ-этиһэ» сахалыы биэриини көтүппэккэ көрөбүн. Бу сайын сиэним уол соїҕурууттан хоньуукулугар сынньана кэлбитэ. Саатар, онтум ыраастык саҥаран абырыа дуу. Көмпүүтэргэ хам сыстан олорор үгэстээх. Наар онон киирэрим иһин буолуо, биирдэ, үгэһинэн, «таас дьааһыгын» холбоон баран, миигин ыҥырда уонна этэр:
— Деда, эн «сахалыы да сахалыы» диигин. Манна сахалар кэпсэтэр сирдэрэ баар ээ. Көр эрэ.
Мин оччолооҕу истэн баран, хайдах кэпсэтэр буоллахтарай диэн, кулгаахпын таллата-таллата истэ сатаа. Онтум сахалыы сурук тахсарын этэр эбит. Якт. ру диэҥҥэ киирэн, «Кэпсиэ» диэни «мыысканан» баттаатахха кэлэр эбит. (Бачча сааспар кэлэн аныгы тиэхиньикэни билэ сатыам диэн өйгө суоҕа да, кыһалҕа тирээтэҕинэ, син удумаҕалатар буолар эбиккин).
Бай, доҕоттор, онно туох суоҕай! Быдьар да баар, санаа да үллэстээччи баар. Хоп-сип хойуу дойдута. Кэпсээн да курдуктар бааллар. Куһаҕана диэн, биһигинньик «үктэммэт» быһыылаах. Астына-дуоһуйа дуоспуруннааҕы, солуулааҕы «кэпсэтии» суох. Тылларыттан, «кэпсэтэллэриттэн» көрдөхпүнэ оннук. Аны, тылы сыыһа тутталлара элбэҕин. «Бли, блю, бля» буолан түһэн сүрдээхтэр. Бастаан сөҕөн, сүөргүлээн баран тохтуур эбиккин. Төттөрүтүн, дьэ, бүгүн тугу суруйбуттара буолла диэн, сэҥээрэн уһуктаҕын. Бэркиһээбитим, биһирээбитим диирим ордук кырдьыктааҕа дуу – билбэтим. Бэл, биһиги саҕанааҕы эрдии-ойохтуу да дьон иккиэйэх эрэ да олорон, кыбыстан кэпсэппэт тиэмэбитигэр аһыллыы бөҕө: ким хаста «сылдьыһара», таптаһарыгар ким тугу ордороро, эр киһи эр киһилиин, дьахтар дьахтардыын гынсара кытта ыаһыйаланар. Дьэ, дьаабы. Аныгы ыччат туохтан да кыбыстыбат буолбут.
Арай, ити, Мас Саха, тылыттан-өһүттэн сылыктаатахха, арыый да саастаахтара быһыылаах. Көссүү туһунан, уол оҕото, дьэ булан суруйар. Тыла-өһө да мааны. Кэлин сүттэ ээ.
Ити гынан, киһи сонньуйуох, кэлиҥҥинэн «кэпсиэбэр» киирбэтэхпинэ, тугум эрэ итэҕэс курдук буолан бардым. Сиэн уолум үөрэҕэр бардаҕына, ол-бу дьээбэни аахпакка, букатын да буорайарым буолуо. Миэхэ ким кини курдук холбоон, киллэрэн-таһааран биэриэй? Дьонум кэлиҥҥинэн күлэн эрэллэр: «Оҕонньорбут букатын буорайбыт, Интернеттэн тахсыбат», — диэн. Өссө бэйэм сурукпун сатаан киллэрэргэ үөрэнэрим буоллар диэн бүөм санаалаахпын. Ким истэ эрэ олорорун биһириэй. Күө-дьаа буолуллуо этэ, бириэмэ да элбэх кырдьаҕаһабын. Онон бу биир бооччойуубун, саатар, хаһыакка ыытыым. Сэҥээрдэххитинэ, кэлин да биллэн ааһыллыа.
Бэтиэхэ Миитэрэй,
Дьокуускай.
Чуҥкуйуу да араастаах
Сахалыы тылынан тахсар үс долгуҥҥа киэһэ буолла да «куорат хайа эрэ муннугар чуҥкуйан олорор кыргыттартан, уолаттартан» билсиһиигэ ыҥырар биллэрии утуу-субуу тахсыбытынан барар.
Биллэрээччилэр ордук 18-тарыттан 25 диэри саастаахтары ыҥырабыт диир буоллахтарына, кинилэргэ эрийэн тиийэр уустук буолан соһутта. Боростуой төлөпүөнүнэн эрийэр түгэҥҥэ, лиинийэ «сааньатайы» көрдөрөн баран турар. Онон кэпсэтэн да «дьоллонорго» күрэстэһиини ааһыаххын наада. Суотабайынан эрийэн харчыны наһаа бараамаары, өр кэпсэтэ сатаабаппыт. Тугу этэллэрин, баҕаралларын истээт, ууран иһэбит.
Биллэрии биэрээччилэр элбэхтэн биири талар дьон диэх курдук, балачча «өҥнөнө» сатыыллар. Ол эрээри оҕо дьон буоллахтарына, ону-маны кэпсэтэн, хаадьылаһан, киһи бириэмэни билбэккэ хаалар. Массыынанан тиийиэхпит, бу утары таҕыстыбыт диэн ыкпыт уоланнарга, хата, түбэспэтибит. Биһиги дьүөгэлэрбит хас да табаарыстарын ити курдук билсиһэн булбуттара. Билиҥҥитэ ыал буолан барбыт суох да буоллар, доҕордуу таһымҥа син хаалаллар. Уой, оттон аҕа саастаах дьон, биһиги түбэлтэбитигэр отуттан тахса саастаахтары көрдүүр дьээдьэлэр, эрийбит буоллахтарына, наһаа ньиэрбэлэр, тута «...туткаларга» эрийиэхтээхтэрин харчыларын харыстаан, билсиһиигэ тылламмыт сордоохтор диэн түмүккэ кэллибит. Көннөрү кэпсэтэртэн таһыччы аккаастаналлар, хайаан да сирэй көрсүөхтэрин наада үһү. Биир тойооску таксита сакаастаан кэлиҥ, төлөһүөхпүт диир. Султаан буолуон наһаа баҕарар сордоох быһыылаах. Быһата, дьахтар эр киһи сыһыаныгар улаханнык наадыйбыт эр бэрдэ үгүс эбит. Испит дьон да син баар. «Билсиһиигэ диэн эрийбит буоллаххына, тугу көннөрү кэпсэтэ сатыыгын, көрсүөххэ, баран ылабыт, ас-харчы баһаам», — диэн, биир убай сордоох киэбирии бөҕө. Баҕарбыт дии! Эбэтэр кыргыттарбыт итинник ыҥырыыга сөбүлэһэр буолан, «уопуттаах оҕонньоттор» наһаалыыр эбиттэрэ дуу? Бу эмиэ туһунан чинчийиини эрэйэр хайысха эбит, дьиҥинэн.
Испит үөнэ батарбакка, хас да соҕотоҕун чуҥкуйан олорор аатырбыт дьоҥҥо эрийэн, «мин эрийсэр санаам суох, баһаалыста, көннөрү таайбараҥ таайарбар көмөлөс эрэ, син биир таах олороҕут дии?» эбэтэр «Сааскы кэмҥэ» Даарыйа эмээхсин ким эбэтэ этэй?—диэх курдук ыйытыылары биэрдэхпитинэ, туруупка талыр гына быраҕыллыбыт тыаһыттан атыны истибэккэ, быарбыт ыалдьыар диэри күллүбүт. Ити аата, кинилэр чуҥкуйбаттар, кинилэр, быһата, ойох көрдүүбүт диэн биллэрии биэриэхтээхтэрэ хаалбыт диэн түмүктээтибит. Эбэтэр билиилэрэ-көрүүлэрэ татымыттан кыбысталлар, «өйдөөх» кыргыттартан куттаналлар дуу?
Ол быыһыгар ойохтоох убайдар хайа эрэ тэрилтэҕэ ахыраанньыктыы олорон, кэргэннэрэ ханна эрэ бардаҕына, төлөпүөнүнэн бу билсиһиини саатыыр дьарык быһыытынан талаллар эбит. Биллэн турар, кэргэннээхпит диэн, тута билинээччи суоҕун тэҥэ. Холобур, Снежана хас да хонон баран, төлөпүөнүнэн билсиспит Колятыгар эрийэбин диэн, сэрэйдэххэ, Коля кэргэниттэн үөһээтиттэн-аллараатыгар диэри үөҕүллүбүт этэ. Тустааҕы өйдүүбүт, кэргэҥҥин ханнык эрэ кыргыттар ыйыт да ыйыт буолаллара туох бэртээх үһү. Ол эрээри ким биллэриигэ эрийбит буолбакка, биллэрии биэрээччи эппиэтинэһи сүгүөхтээҕэ эбитэ буолуо. Коля Снежананан эрэ тохтооботоҕо сэрэйиллэр.
Онон, билсиһээччибит да араастаах, эрийээччибит эмиэ.
Куобах кулгааҕа
Бу өрдөөҕүтэ буолбут түбэлтэ. Доропуун, уола хаан бэрдэ киһи, кырдьыбытын көрүмэҥ. Хас эмэ сылы быһа сүтэн баран, биир үтүө күн холкуос сайылыгар хантан да күөрэйбитэ биллиминэ, биирдэ баар буола түстэ.
Сэһэнэ-сэппэнэ дэлэ дуо, тугу көрбүтүн-истибитин кутан-симэн туох да мааны. Баттаҕа маҥхайбытын аахсыбатахха, кыратык эбиилээх буоллахха, бэҕэһээ эрэ тахсан баран киирбит киһи курдук. Утуйар кэм буолбутугар хаһааҥҥыта эрэ сокуоннай хотун ойох гына сылдьыбыт Суоппуйатынаан оһох кэннигэр орон оҥостон эрэллэрин эрэ көрөн хааллыбыт. Оччолорго дьахтар, эр дьон диэн улахан араарыыта суох, бэркэлээбитэ, өрбөх сабыыланан эрэ баран, сылбах курдук охтоот, утуйабыт, ол дьиэбит дуомугар. Арай түүн ортото аттыбар, оһох диэки сыппыт Мэхээс ойон туран, таһырдьа тахсан эрэриттэн уһукта биэрдим. Киһим туохтан эрэ куотан эрэрдии туттарын өйдөөн көрөн дьиктиргээтим.
Сарсыныгар оттуу сылдьан ыйыталаспыппар Мэхээс күлэр да күлэр. Түүн ити туох буоллуҥ диэбиппэр этэр:
— Оҕонньордоох эмээхсин билигин да буорахтара баар быһыылаах да, бэҕэһээ, дьэ букатын сатамматылар дии. Доропуун араастаан мөхсө сатаата да, олох куһаҕаннатта бадахтаах. Бүтэр уһугар Суоппуйа эттэҕэ үһү: «Оо, эрэйдээх эн да буолларгын быстаахтыыр кэмнээх эбиккин. Барахсаным куобах кулгааҕын курдук буолаахтаабыт!» Мин күлэн тоҕо барыахпын нэһиилэ туттуннум. Эн тугу да истибэтэҕиҥ дуо? Күүскэ утуйар киһи эбиккин.
Ол кэнниттэн Доропууну истибэтигэр Куобах Кулгаах диэн ааттыыр этибит. Ааҕааччы, Суоппуйа обургу тугу кулгаахха холообутун өйдөөтүгүт ини?
Маннык эмиэ буолааччы
Юлия дьүөгэтин төрөөбүт күнүгэр тиийэ сылдьан, бэһиэлэйдэммиччэ, билсиһии төлөпүөнүгэр эрийиигэ кыттыспыт. Илэ олоххо кини саҕа симик, кыбыстанньаҥ киһи суох. Ол бэйэтэ ыраахтан билсиһиигэ тыла-өһө сытыырхайан, бастаан эрийээччи өссө кини буолбут. Төлөпүөн анараа уһугар олорооччу да саҥаран-иҥэрэн сүрдээх үһү. Кэмпилимиэн арааһын куппут, куолаһыттан истэн таптаабытын биллэрбит, билиитэ-көрүүтэ да киэҥэ сүрдээх диир. Ити курдук хас да нэдиэлэ эрийсибиттэр. Кыыс, хата, туох имнэммитэ буолла, куолаһын уларыта-уларыта саҥарар эбит. Юля устунан ол уолун сэҥээрэн барбыт. Хайа, аны миигин илэ көрдөҕүнэ, сириэ диэн долгуйуу улахана. Кыыспыт оҥосторо, атыылаһар кэсмиэтикэтэ эбиллэн барда. Сотору соҕус буолаат, кэмниэ-кэнэҕэс «Центральнай» аттыгар көрсүһүөх буолан болдьоспуттар. Тиийбитэ, букатын да кини хас күн аайы кэриэтэ көрөр, уһун күҥҥэ аҕыйах тылы ыган таһаарар көмпүүтэрсик уола дуоспуруннанан аҕай турар үһү. Юля, кыбыстан, чугаһыы да соруммакка, куотарыгар тиийбит. Кэпсэтэ-кэпсэтэ астыммыт буоллаххына, тоҕо салгыы билсибэккит диэтэххэ, саннын эрэ ыгдах гыннарар. Төһө өр итинник сылдьаахтыыллара буолла?