Былыр өбүгэлэрбит кыыс оҕону күннээххэ быктарбакка, туора харахха көрдөрбөккө, хаппахчыттан таһаарбакка иитэллэрин үгүс үһүйээнтэн билэбит. Оттон билиҥҥи олохпутугар кыыс оҕо инники дьылҕата кини төрөппүттэрэ хайдах ииппиттэриттэн улахан тутулуктаах. Кыратыттан чөл эйгэҕэ улааппыт, үтүөнү-мөкүнү араарар, үчүгэй сыһыаҥҥа үөскээбит кыыс инникитэ кэскиллээх буолар.
Олорбут олоҕуттан толору астынар, олоҕун орто омурҕаныгар чугаһаабыт саха мааны Далбар дьахтарын кэпсээнин истиэҕиҥ:
— Кыыһынан сылдьан ыал буолуум – бу үрдүк Айыылар анаабыт итэҕэллэрэ. Мин бу дьолу уон аҕыс сааспар билбитим. Барбах илиибит төбөтүттэн кыбыста-кыбыста нэһиилэ сиэттиһэр, сыллаһар сылааһын, уураһар омунун билэ илик эдэр дьон буоллахпыт. Оччотооҕу эдэр ыччат иитиибит да кытаанах этэ. Билиҥҥи оҕолор курдук көрсө түһээт билсэн, аҕыйах мүнүүтэ иһигэр уураһан, күнүнэн хоонньоһон, сарсыныгар арахсан, өйүүнүгэр умнан барар өйдөбүл суоҕа. Бастаан доҕордоһон, бэйэ-бэйэбитин чугастык билсэн олохпутун холбуурга быһаарыммыппыт. Аймах дьоммут алгыс тылынан кынаттанан уруу тэринэн ыал буолан баран биирдэ хоонньоспуппут, эт-хаан өттүнэн чугаһаспыппыт.
Оо, ол бастакы дьоллоох түүммүтүн, ама, хайдах умнуомуй, үйэм тухары сырдык өйдөбүл буолан сылдьар. Билигин сааһыран олорон санаатахпына, ол аҕыйах мүнүүтэлээх кыыс-дьахтар буолбут кэрэ түгэммин олус да күндүтүк саныыбын. Ыраас сыһыаннаах, киргэ-хоххо сыстыбатах уоллаах кыыс таптал уохтаах утаҕын сыыйа босхо тардан, эти-хааны алдьатар имэҥнээх иэйиини аан бастаан билбиппит. Билбитим мин онно дьахтар буолар аналым чааһа тирээн кэлбитин. Олоҕум устата суолдьут сулус буолан миигин арыаллыахтаах, эрэллээх кэргэн буолуохтаах эр киһи илиитин иһигэр киирбитим.
Кыбыстары киэр илгэн, бастаан симиктик иэдэспититтэн таарыйсан, оттон уос-уоспутуттан даҕайсан, сыыйа-баайа уохтаахтык уураһан, эппитин-хааммытын сэмэйдик билсэн, сылаастык-сымнаҕастык куустуһан, иҥсэлээхтик имэрийсэн барбыппыт. Онтон ол түгэн бу ыган кэлбитэ. Кини миигин сэрэнэн, харыстаан, аргыыйдык «кыыспын» ылбыта. Кылгас кэмнээх ыарыы имэҥнээх абылаҥа иккиэммитигэр биллэн ааспыта. Төбөм оройуттан атаҕым тилэҕэр диэри этим-сииним эмискэ титирэстии түспүтэ, уһуутаан ылбытым. Ама, да ааспытын иһин, абытайдаах ыарыы этэ. Кыыс-дьахтар буолар туругум миэнэ итинник биллибитэ. Олохпут дьоһуннаах аатын ити курдук эрэллээхтик арыйбыппыт.
Тыйыс итэҕэллээх ислам омуктарыгар кыыһынан сылдьан эргэ барыы үрдүктүк тутуллар. Узбекистаҥҥа күүлэйимсэх, эрэ суох оҕоломмут кыргыттары «108-я» диэн дьаралыктаан ааттыыллар. Тоҕо диэтэххэ, проституцияҕа туһуламмыт сокуоннара 108 ыстатыйаҕа эппиэттиир эбит. Оннук «сырыылаах» кыргыттар бииргэ төрөөбүт балыстарын ким да кэргэн кэпсэтэ сатаабат. Алдьаммыт сиэркилэ чөлүгэр түспэтин курдук, эдьиийдэрин сырыыларынан балтылара сирэй-харах анньыллаллар.
Кыыс оҕо сибэтиэй анала, биһиэхэ сахаларга эмиэ үрдүктүк тутуллара буоллар, хайдах курдук доруобай чөл олохтоох омук ахсааныгар киирсиэ этибитий. Билигин сиэр-майгы сатарыйбыт кэмигэр бу ыра, баҕа санаа эрэ буоллаҕа.
Саха кэрэ кыргыттара, кыыс оҕо чиэһин үрдүктүк тутуҥ.
Сардаана Багынанова.
2007 с.