Кинилэргэ холоотоххо, төһө да киин куораттан “сайдан” кэлбит курдугум иһин, сэмэйим, килбигим бөҕө. Олох киэҥ аартыгар үктэниэхпэр диэри, ханнык да уоллуун чугас сыһыаҥҥа тиийиэхтээҕэр буолуох айах атан кэпсэппитим да ахсааннааҕа.
Арай оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, үөлээннээхтэрбиттэн хаалсымаары эбитэ дуу, бу диэн үчүгэйдик билбэт уолбун сымыйанан идеал оҥостон, баар-суох икки ардынан кистээн таптаабыттааҕым. “Таптаабыта буолбутум” диэххэ сөп. Дьиҥинэн, кэпсэтэн да көрбөтөх, билбэт киһитин киһи хайдах таптыан сөбө эбитэ буолла диэн билигин сөҕө саныыбын. Баҕар тапталлара диэн оннуга буолуо... Ол уолум туһунан кыраны да билбиппин дневникпэр сурунан иһэрим. Мин диэки көрдөҕүнэ кыбыстан кытаран хааларым, туох эмэ диэтэҕинэ долгуйан тылбыттан матарым, алҕаска аттыбар чугаһаатаҕына куттанан сиргэ тимирэ сыһарым. Быһата, оннук таһымынан сылдьарым. Уолум суоҕа.
Били билсибит уолаттарбытыныын ол киэһэни быһа матасыыкылынан хатааһылаабыппыт. Хаһан да маннык сылдьыбатах киһиэхэ бары-барыта сонун курдуга. Уолаттар саҥалаах-иҥэлээх, күлбүт-үөрбүт, дьээбэлээх-хооболоох буолан, хата, уопсай тыл булан кэпсэтэргэ чэпчэки курдуга. Кыргыттарым да билсибиттэрэ ырааппыт буолан, туох да кэмчиэрийии эҥин диэн суоҕа. Буолары-буолбаты кэпсэтэ-кэпсэтэ күл да күл буолбуппут. Урукку өттүгэр маннык “актыыбынайдык” сынньамматах буоламмын, бастаан утаа маннык хампаанньалаһан сылдьарбыттан ис-испиттэн үөрбүтүм, туохтан эрэ босхоломмут курдук буолбутум.
Сити курдук түүннэри сылдьан баран сарсыарданан хайаларын эрэ дьиэтигэр кэлбиппит. Чэй иһэ-иһэ кэпсэтэ олорон биирдэ өйдөөбүтүм, кыргыттарым биир-биир уолаттарын кытары сүтэн хааллылар. Мин биир уоллуун иккиэйэҕин хааллыбыт. Соһуйан, уолуйан тугу эрэ аҕала сатыы-сатыы кэпсэтэ сатыы олордум. Бу санаатахпына, эрдэттэн бэлэмнэниллибит сценарий быһыытынан, кылааһын оҕолорун эҥин туһунан кэпсии-кэпсии саалаҕа илдьэн дьыбааҥҥа олорон хаартыска бөҕөтүн көрдөрдө. Онтон эмискэ баҕайы, кууһан ылан сыллыы сатаата. Мин утарылаһа сатаабаппын... Уолум дьыбааҥҥа тиэрэ баттаан кэбиспитигэр биирдэ ыксаатым, куттанан сүрэҕим тип-тибигирэс буолла. Киэр анньа, утарылаһа сатыы сытан: «Өссө да кыыспын ээ, баһаалыста тыытыма...», — диэн ытыы-ытыы көрдөһөн киирэн бардым. Уолум ыытта. Олус улаханнык соһуйбута сирэйигэр-хараҕыгар сурулла сылдьара. Ол да саҕана кыргыттар онно-манна “сылдьар”, быыс көһүннэҕинэ “сынньанар” уонна ол түмүгэр сулумах сылдьан “сыһыыттан” оҕолонор этилэр. Арааһа, кыыска итэҕэлин сүтэрбит киһиэхэ тыытыллыбатах сибэкки курдук көһүннэҕим. Ол кэннэ биирдэ да илиитинэн киирбэтэҕэ. Хайдах эрэ уратытык сыһыаннаһан барбыта.
Төттөрүтүн мин, дьахтардаах эр киһи сыһыаннарын киниттэн аан бастаан билбит, куустуспут, сылласпыт буолан эбитэ дуу, ол киһибэр харааччы иирэн хаалбытым. Били идеалым умнуллубута. «Оруосабай ачыкы” кэтэ сылдьар оҕотук санаабар киниттэн үчүгэй киһи суох буола түспүтэ.
Кэлин билбитим, бу киһим элбэх дьахтары аймаабыт, өссө хайаларыгар эрэ оҕолоох эбит этэ. Оҕоломмут дьахтарыныын туох эрэ истиҥ сыһыаннаахтар быһыылааҕа. Ол эрээри дьахтара “сырыылааҕын”, бэрт мөлтөх репутациялааҕын дойдубутугар киһи эрэ барыта билэрэ. Киһим онтон санаата түһэр быһыылааҕа.
Биирдэ холуочуйан баран: «Оннооҕор мин табаарыстарбын кытары күүлэйдиир, аахсар буоллахха, ол оҕобут да кимиэнэ буолара биллибэт», — диэн улаханнык кэлэйбит, кыһыйбыт-абарбыт курдук саҥаран ылбыттааҕа.
Биирдэ ол дьахтарын кытары иирсэн баран миэхэ түүн улахан холуочук кэлбитэ. Туох да диэн ордук хос кэпсэтиитэ суох хоонньоспуппут. Кыыһым онно “алдьаммыта”.
Хоонньоһуум түмүгэ уталыппакка биллэн барбыта. Хат буолбутум. Ытаабытым-соҥообутум иһин тугу уларытыамый, оҥоһуллуохтаах дьыала оҥоһуллан бүппүт. Бэҕэһээҥҥи оскуола оҕото, ыал буолбакка эрэ онтон-мантан булан оҕолонон эрэрбиттэн улаханнык ыксаабытым. “Былаачыйаны саҥатыттан, чиэһи эдэргиттэн харыстаныллар” дииллэригэр дылы, хаарыаннаах эдэр сааспын, таҥнастан эрэр олохпун, дьоммун аһынан түүн аайы ытаан сыттыкпын илитэн хонорум. Дьонум өссө да билэ иликтэрэ. Оҕом аҕата буолуохсукка улахан эрэл суоҕа, киниэхэ ойох буолан томтойон олоруом диэн өйбөр да оҕустарбат этим. Киһим арыт били дьахтарыгар, арыт миэхэ кэлэрэ, хайабытын талыа өссө бу диэн биллибэт этэ.
Кэргэнэ суох оҕолонуллубат диэн былыргылыы өйдөөх-санаалаах этим. Ким да билэ илигинэ куоракка баран оҕобун түһэттэрэбин диэн кистэл санаалааҕым. Бастаан утаа киһим сөбүлэспитэ. Билиэт эҥин ылан биэриэх буолбута. Онтон биирдэ кэлэн: «Эн курдук бэрээдэктээх кыыһы көрсүөхпүн баҕарбытым. Миэхэ кыыһынан кэлбитиҥ, онон мин эйигин олус убаастыыбын. Түһэттэримэ, холбоһуохха..» — диэн буолбута.
Бастаан утаа мин саҕа дьоллоох киһи суоҕа эрээри... “Ыал буоллуҥ да боппуруос барыта быһаарыллар” диэн буолбатах эбит этэ. Эрэй бөҕөтүн көрбүтүм. Мин испин бэрт эрэйинэн соһо да сылдьар кэммэр эрим били дьахтарын умнубатаҕа, бара турара. Кыра сиргэ сурах-садьык түргэнник тарҕанар, дьон-сэргэ көрө сылдьар. Онтон сылтаан мин төһөлөөх сэнэбили, атаҕастабылы, сирэй-харах анньыытын, дьон-сэргэ күлүүтүн, сааты-сууту көрсүбүтүм буолуой... Ол кэмҥэ төһөлөөх эрэйдэммиппин бэйэм эрэ билэн эрдэҕим. Аны оннук нэгэй быһыы хатыламматыгар бигэ эрэллээхпин.
Кэлин санаатахха, мин киһим аата-суола алдьаммыт дьахтарга олус убанан хаалан баран, көлдьүргээн дуу, хайдах дуу, таптаабат эрээри миигин ойох ылбыта буолан, хас да киһи олоҕун алдьаппыта.
Сыччах кыыспын эрэ ылбыт, оҕолообут эрэ буруйдаах буолан ойох ылбытын сонно тута өйдөөбөтөхпүттэн, сымыйа таптал тылларыгар итэҕэйбиппиттэн, бэрээдэктээх аатыран икки таптаһар сүрэхтэргэ мэһэйдэспиппиттэн, бэйэм олохпун уонна кинилэр олохторун алдьаппыппыттан билигин кэлэн кэмсинэбин. Ол дьонум табыллыбатахтара.
Ол иһин этэбин ээ, кыыһынан тахсан дьолломмотоҕум, атыттары да дьоллооботоҕум. Үчүгэй олоҕу көрбөтөҕүм, ытыс үрдүгэр сылдьыбатаҕым, таптал имэҥин билбэтэҕим...
Билигин мин атын киһибин. Оннук-маннык таптаабыта буолууга улаханнык ороһуйбат, тириим халыҥаабыт, кииллийбит киһибин. Олохпун бэйэм булан оҥостубутум. Этэҥҥэ, дьоллоохпун...
Аанчык, Дьокуускай.