Киргиэлэй бачча сааһыгар диэри уу нуурал олох диэни билбэтэх курдук сананар. Таһыттан көрдөххө, адьас туох да кыһалҕата суох, хата, ааһа баран эттэххэ, олоҕор син балачча ситиһиилээх киһи курдук. Үлэ-хамнас күн-түүн кэмчитийэн эрэр кэмигэр син тос курдук үлэлээх. Үрдүк үөрэх кыһатын дассыана киһи буоллаҕа төһөтүн да иһин.
Кыра соҕус да буоллар, 80-с сыллардааҕы эргэ дьиэҕэ биир хостоох кыбартыыралаах. Сааһыра барбыт аҥаардас киһиэхэ онтон ордук туох наада буолуой. Биэнсийэтэ – 26 тыһыынча. «Үлэ бэтэрээнэ» диэн бэйэтин курдук чороҥ соҕотох сыбаанньалаах. Биэнсийэтигэр ЕДВ диэн икки аҥаар тыһыынчаттан ордук солкуобайы эбинэр. Өссө биир үчүгэйдээҕэ, куорат иһигэр уонна ол таһынааҕы бөһүөлэктэргэ талбыт оптуобуһунан босхо айанныыр. Онон үлэлээбэккэ да олордоҕуна, уоллаах кыыһа (атахтарыгар турбут, бэйэлэрэ туспа дьиэлээх-уоттаах ыаллар) санаа да курдук тугу эмэ дук гыннахтарына, оҥойор айаҕын баҕас булунар кыахтаах эрдьигэн. Чэ, ол – куһаҕан барыйаанын талан эттэххэ. Хаһан «һай!» диэхтэригэр диэри үлэтигэр мөхсөн көрөр санаалаах.
Дьэ, оннук балаһыанньа ыанньыйбыт былыт курдук ыаһырдар ыаһыран иһэр бадахтаах. Туох эмэ мунньах, түмсүү буолла да, тойот-хотут наар ону ыас оҥостон тахсар буолла. Аҕыйах ыйдааҕыта хамнаһа 35 тыһыынча кэриҥэ этэ. Ону иһигэр мыына санаатар да, хата, итиччэ үлэлэтэ сылдьалларыгар баһыыба курдуга. Ити гынан баран наука хандьыдаата, дассыан ааттаах учуонай киһи балыыһа саньытааркатыттан (ыала, саньытаарка Дуунньа 44 тыһыынчаны ылар) биллэ кыра хамнастааҕа туох баар айыы санаатын ньылбы соторо. Онто Дуунньа хамнаһа элбэҕэр ымсыыран буолбатах – өр кэмҥэ наука дии-дии, олорору да, утуйары да умнан туран үлэлээбит министиэристибэтэ оннук сыана быспытыттан.
Ол эрээри туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх, таҥара да үөһээттэн көрөн олорор быһыылаах: бэрэсидьиэн быыбарын иннинэ хамнастарын додо курдук эбэн үөртүлэр. Инньэ гынан саньытаарка Дуунньа хамнаһыттан син элбэҕи аахсар буолла. Быыбар дуораана намыраатаҕына, хайдыбыт хоруудаларын тутан хаалбаталлар ханнык. Билиҥҥитэ салалта «хамнаскыт итиччэ үрдээбитин кэннэ, чыыбырҕаабакка, нам бааччы сылдьыҥ» диэн «өй угар». Кырдьык, хамнастара үрдээбит дьон уруккулара буолбатах: суҥхарбаттар, онон «гаайкаҕытын эрийиэхпит» дииллэрин буолуохтааҕын курдук ылыналлар. Дьэ, ол эрээри кыбыстыылаах баҕайы: санаатын хоту астына үлэлиир кыаҕа сарбыллыбыта ырааппыт эбит. Барыта үөһээҥҥилэртэн тутулуктаах буолбутун өйдөөбөккө да хаалбыт. Үтүө санаалаах тойот-хотут кини курдук дьону баччааҥҥа диэри иитэн-аһатан олордор эбит. «Судаарыстыбаҕа үлэлээммин хамнастанабын» диэбитэ, төрүт даҕаны оннук буолбатах быһыылаах: үөһээҥҥилэр бэйэлэрин сиэптэриттэн (ону даҕаны аһыммыт санааларыгар) төлүүр курдук тутталлар-хапталлар.
Киргиэлэй, «күнэ киэһэрбитин» дьэ билэн, дөйүөрэн олордо. Баҕарбатар да, уруккутун-хойуккутун эргитэ санаан ылла. Сааһыран, мөлтөөн-ахсаан бардахха, киһини соҕотохсуйуу өссө ордук кэбирэтэр эбит. Бу санаатаҕына, уорааннаах киэҥ оронугар тэһийэн-тулуйан сыппакка, хара бараан түүнү кылгата сатаан, эрдэ баҕайы туран чэйдиирэ, түннүгүнэн ким эмэ ааһаарай диэн одуулуура чуҥкугун ньии!
Син олорбута ээ киһи сиэринэн, кэргэннэнэн, оҕолонон. Билигин – ол суох. Арахсыбыттара быданнаата. Кэргэнин кытта олус тапсар курдук этилэр да, тоҕо эрэ уһуннук олорботохторо. Бастаан утаа кинилэр саҕа таптаһар дьон чугас эргин суохтарын кэриэтэ этэ.
Киргиэлэй өрдөөҕүнү ыатаран ыллаҕына, бэйэтэ да наһаалыыр быһыылаах эбит. Дьиҥэр, кэргэнин чааҕырын тулуйа да түһүөҕүн. Оччоҕо бу курдук санаа кулута буолан күлүгүрэн сылдьыа этэ дуо?!
* * *
Чээнэни кытары бэрт түргэнник билсибитэ. Оччолорго иккиэн да сонумсахтара, санаалара чэпчэкитэ сүрдээх этэ. Таптаһыылара да киһи киһиэхэ кыбыстан да кэпсиэ суох омуннааҕа. Дьэ, хата, кинилэр онтон уохтаах сэрээт ылбыт курдук, өрө баран иһэллэрэ. Инньэ гынан бэйэ-бэйэлэригэр үөрэнсэн хаалан, биир күн да көрсүбэтэхтэринэ, суохтаһан өлөөрү хаайаллара.
Биир күн киксибит курдук, «хаһан бииргэ буолабыт?» диэн тэбис-тэҥҥэ тылланан турбуттара уонна Чээнэ таайын биир хостоох кыбартыыратын уларсан, онно көспүттэрэ. Таайа Уһук Хоту харчы өлөрө үс сылга дуогабардаһан үлэлии барбыт кэмэ этэ.
Эдэр дьон күн кыһалҕата суох айаан-быйаан олорбуттара. Кимтэн да тутулуга суох, тугу баҕара саныылларынан дьаһаналлара. Үлэлэриттэн кэллилэр да, имэҥ уотунан күүдэпчилэнэллэрэ. Дьэ, маныаха фантазиятынан Чээнэ баһыйара, онон таптаһыы сынаарыйын барытын кини иилиирэ-саҕалыыра. Киргиэлэй оннукка үөрэнэн хаалан, кэргэнэ тугу дииринэн эбээһинэһин толороро. Барыта сонун, урут боруобаламматах ньыманы тутталлара. Сороҕор кэргэнэ «бу сырыыга миигин күүскүнэн ыл» диэн сорудах туруордаҕына, Киргиэлэй хара күүһүнэн түһүнэрэ да, Чээнэтэ иҥиир хачымаҕай буолан, сүгүн кыайтарбат этэ. Ол аҕылаһа сытан, ийэ-хара көлөһүнэ тахсан, устунан сүрэҕэлдьээн хаалара. «Итинник олус куһаҕан, атыннык, судургу соҕустук туохтуох» диэтэҕинэ, биирдэрэ кыыһырара уонна хас эмэ хонукка улаҕа хайыһан сытара. Киргиэлэй эйэлэһээри сыллаан-уураан көрөрүн дуостал ылыммат этэ. Ол иһин биирдэ олус абаланан, эһэтин хаанын киллэрэн мадьыктаспыта уонна сыгынньахтаары киэмсийэ кэтэр ис таҥаһын тыыра тардан кэбиспитэ. Кыыла турбут киһи өр гыныа баара дуо – туох баарынан түһүммүтүнэн барбыта. Дьахтар кубулҕата диэн тугун онно билбитэ – Чээнэтэ эриэн үөннүү имиллэҥнээбитэ, киһи иилэн ылбат саҥатын таһаарарын быыһыгар эпсэри тарда сытан уураамахтаабыта уонна сонно ыһыктынаат, этэ дьигиргии, тымыра өссө да тэбиэлии сыппыта...
Балачча өр сыппахтаан баран «наконец-то...» диэн саҥа таһаарбыта, уулааҕынан-хаардааҕынан көрө-көрө, имэрийэн-томоруйан барбыта. Таптаһыы иккис түһүмэҕэ саҕаланар чинчилэммитэ...
Биирдэ хоту оройуонтан Киргиэлэй бииргэ үөрэммит табаарыһа хоноһо буолбута. Өр көрсүспэтэх дьоҥҥо дьиэлээх хаһаайка мааны остуол тардыбыта. Эр дьон балачча өр кэпсэппиттэрэ, уохтаах утаҕы да испэхтээбиттэрэ. Чээнэ чараас халаатын кэтэн, харах далыгар эргичиҥнии сылдьан, бииртэн биир аһы аҕалан иһэрэ. Сампааны барытын кэриэтэ бэйэтэ испит буолан, имэ тэтэрэ кыыспыта. Утары олордоҕуна, кылгас халаатыттан хоппуруон чулкулаах буута бүтүннүү кэриэтэ тахсан кэлэрэ, оччоҕо хотуттан кэлбит табаарыс тугунан эрэ бүөлүү астарбыт курдук буолан хаалара.
Аһаан бүтэн, иһити-хомуоһу оннун булларбыт кэннэ, Киргиэлэй ыалдьытын куукунаҕа утутардыы, похуот орону онно оҥорон эрдэҕинэ, Чээнэтэ сулбу-салбы хааман курбалдьыйан кэлэн «табаарыскын манна утутаары гынныҥ дуо?» диэт, хоско баар ороҥҥо оҥорбута. Инньэ гынан ыалдьыттара – ороҥҥо, бэйэлэрэ муостаҕа утуйар буолбуттара.
Кэргэнэ куукунаҕа сылдьар кэмигэр табаарыһын кытары сытан эрэ кэпсэтэ түспүттэрэ. Онтон киһитэ эмискэ улаҕа диэки хайыспытыгар көрбүтэ – Чээнэтэ кылгас кэмбинээссийэтин кэппитинэн бу кэлэн турар эбит. Таһырдьатааҕы лаампа сырдыгар кыһайан көрдөххө, ити таҥаһын иһинэн тугу да кэппэтэх этэ. Муостаҕа арыый сөрүүн буолан, Киргиэлэй утуйа быһыытыйан эрдэҕинэ, Чээнэ тарбахтара «күүлэйдээбитинэн» барбыттара. Син добуочча үрүүмкэни испитэ таайан, утуйар былааннаах сыттаҕына, биирдэрэ төрүт атын санаалаах эбит этэ. Аны бэйэтэ үрдүгэр тахсан, ууруу-ууруу дьигиҥнээн, сыстаҥнаан барбыта, онтон төрүт даҕаны суорҕан иһигэр умсан, аллара киирдэр киирэн, сылаас сииктээх тыына «били сиргэ» улам чугаһаан испитэ...
Чээнэни туох да тохтотор кыаҕа суоҕа, ороҥҥо эрин табаарыһа сытара (өссө утуйара эрэ, суоҕа эрэ?), хата, эбии күөртүүр курдуга. Киргиэлэйи «олус түргэнник эстэҕин» диэтэҕинэ туттар ньыматын – үрдүгэр олорон «туохтууру» – туттубутунан барбыта.
Кэргэнэ сампааны биитэр сухуой арыгыны истэҕинэ, имэҥ-дьалыҥ чааһыгар «былааһы ыларын» билбэхтээбит буолан, Киргиэлэй табаарыһа баарыгар сүрүргээбитэ: буутуттан ыгыта тутан буойа сатаабыта да, кыайтарбатаҕа. Аны Чээнэтэ кыыла турар уочарата кэлэн, хамсатар бокуой биэрбэккэ, сэниэлээх соҕустук түһүөлээн киирэн барбыта. Саатар, тыаһа суох туохтуо баара дуу – сурдурҕаччы тыынара таһырдьа кытта иһиллиэх курдуга...
«Чээнэм аны өһүргэниэ, кыыһыран туруо, эҥин араастаан кубулҕатырыа» диэн, Киргиэлэй сымыһаҕын быһа ытыран, тулуйан сытарга эрэ тиийбитэ. Табаарыһа суоҕа буоллар, төһөлөөх таптаһыахтара эбитэ буолла?! Ыалдьыттарын, били, куукунаҕа похуот ороҥҥо сытыарбыттара дуу, биитэр бэйэлэрэ онно сыппыттара буоллар дуу дэлэкэлээх үчүгэй буолуо этэ-ээ!
Эчи, бүппэтэ уһунун! Киргиэлэй иһэ-үөһэ дэлби сахсыллан, кэһэйэ быһыытыйан, тохтото сатаан араастаан сордонно да, Чээнэтэ өссө эбии тууһуран барар. Онтон кэмниэ кэнэҕэс тыастаах баҕайытык өрө уһуутаан баран, титирэстии түһээт, налыс гынан хаалла. «¤уу, дьэ, таҥара баар эбит ээ. Бүттэҕэ үчүгэйин!» диэн санаа охсуллан ааста эрээри, биирдэрэ эмиэ аллараа диэки түспүтүнэн, сылаас тыына эмиэ били уйан сиринэн биллибитинэн барбыта...
* * *
Ол кэмтэн ыла элбэх уу уһунна. Чээнэтэ, били, ыалдьыт буолан хоммут табаарыһыгар кэргэн тахсыбыта. Чэ, ол устуоруйата сүрдээх уһун, Киргиэлэй ону саныан да баҕарбат. Кырдьык, Чээнэтин тулуйа-тулуйа сылдьыбыта буоллар, төһө бэркэ олоруохтара эбитэ буолла?! «Дьахтар начаас кырдьар» дииллэр эрээри, ким билэр?
Киргиэлэй иккис кэргэнин кытта чуумпутук олорбута. Икки оҕоломмуттара. Майгытынан Чээнэттэн тосту атын этэ. Имэҥ-дьалыҥ өттүгэр да, «уоттанан-күөстэнэн» турбута диэн суоҕа. Хата, асчыта, иистэнньэҥэ бэрт буолан, син балачча уһуннук сыккыраан олорбуттара. Өссө да олоруохтара эбитэ буолуо да, үтүө сыһыаннара, били, сэрээтэ начаас бүтэр кытай батарыайатын курдук уостан хаалбыта. Эмиэ арахсыбыттара. Дьиктитэ диэн, Киргиэлэй, төһө да уһуннук бииргэ олордор, иккис кэргэнин ончу санаабат. Хата, Чээнэтин (ордук кэлиҥҥи кэмҥэ) санаабатах күнэ диэн суох...
БУТУКАЙ.