Киир

Киир

   Киргиэлэй бэйэтиттэн биэс сыл аҕа нуучча кыыһыгар бүттүүн «билиэн» барбыта. Били, хатыылаах боробулуоха аннынан сыылан тахсан баран, хойуу акаассыйа быыһыгар таптаспыттара үчүгэйэ бэрдэ. Ханна да сылдьан онтун эргитэ санаан ыллаҕына, хайыах да сирин булбат. Тамараҕа ол курдук күүскэ ылларбыт эбит. Сүүрбэ сааһыгар аан бастаан дьахтар таптала диэн тугун биллэҕэ. Салгыы хайдах буолуон билиэн баҕарбат, наар кэлиҥҥигэ хаһаанар. Ол тоҕотун эмиэ билбэт. Хаарыан тапталбын үргүтэн кэбиһиэм диэн саныыра оччо эбитэ дуу.
 
 
   Онус кылааһы бү­тэ­рээри сылдьан биир кыыһы сөбүлүү көрбүт­тээх. Сибиэтэ атын сиртэн кэлэн, интэринээккэ олорон үөрэнэрэ. Ба­ҕар, сонурҕаан буолуо, кы­лааһын уолаттара, биэчэр буолла да саҥа кыыһы үҥкүүгэ ыҥыр да ыҥыр буолаллара. Дьиҥэр, Сибиэтэ оннук аһара кырасаабысса буолбатах этэ эрээри, киһини тугунан эрэ абылыыр курдуга. Маанытык таҥнар диэҕи, таҥаһа-саба да боростуойа: интэринээккэ биэрэр пуормалара, баартык эҥин.
   Халлаан имийиитэ хыбы чулкуну кэтэн кэлэр буолбута. Киргиэлэй, дьэ, онно билбитэ саҥа кыыс атаҕа кылааһын кыргыттарын киэннэринээҕэр чахчы үчүгэйин. Көнө, толору, ол гынан баран суон, эмис буолбатах этэ. Кылгас былаачыйатын тэллэҕэ тобугуттан биир харыс курдугунан үөһэнэн сылдьара. Паартаҕа олордоҕуна, ньилбэгэ үөһээҥҥэ диэри арыллан тахсара. Чугас олорор уолаттар уруок быыһыгар сэмээр, дьэ, ону одуулаһыы бөҕөтө. Киргиэлэй инники паартаҕа олорор буолан, арыт сүбэлэнэн, уруучукатын сиргэ түһэрбитэ буолара уонна онтун ылаары букунаспыта буола сылдьан, Сибиэтэ атаҕын добуочча көрөн астынара. Ол төҥкөҥнүүрүгэр сороҕор кыыс чулкутун туттарар оруосабай эрэһиинэтэ, бэл, от күөх бархаҕар туруусуга кытта көстөн ааһара.
   Сыл ортотуттан үөрэнээччини, буолаары буолан, онус кылааһы бүтэрэр выпускнигы, атын оскуолаҕа мээнэ көһөрбөттөр. Арааһа, саҥа кыыс оройуон киинигэр (онно даҕаны атын оройуонтан кэлэн тастыҥ эдьиийигэр олорбут үһү) «сүгүн сылдьыбатаҕа» буолуо. Ити курдук Киргиэлэй эрэ санаабат этэ, атастара «дьэ, хайабыт урут эрийэн ылар эбит» диэн күрэстэһиэх да курдуктара. Ол эрээри кыыска дураһыйааччы онус кылаас уолаттара эрэ буолбакка, сопхуоска оробуочайдыыр, эргиэн тэрилтэтигэр куруусчуттуур ыччаттар кытта этилэр.
   Биирдэ Буобучча диэн аармыйаттан саҥардыытааҕыта кэлбит уол Сибиэтэни «Урал» матасыыкылыгар олордон тыа диэки элээрдэ турбутун Киргиэлэй батыһа көрөн хаалбыта. Буобучча сытыы-хотуу, тас көрүҥүнэн да киһи сирбэт ыччата этэ. Бэйэтиттэн быдан аҕа саастаах дьахталлары кытта эрийсэр, сүрдээх «уопуттаах донжуан» быһыытынан биллэрэ. Киргиэлэй, онон быһа пааньыкалаан, Сибиэтэҕэ иҥээҥниирин тохтоппута.
   Кыыс кылааһын уолаттара «атаакалыы» сатыылларыгар уруккутун курдук симиттибэт, умса көрбөт, хараҕын халбарыппат буолбута, эбиитин өрө баран, үөҕэттээн ыытар идэлэммитэ. Туох адаар муостааҕа киирэн, маҥнай утаа айыы чыычааҕын курдук көрбүт кыыстара котоку итиччэ дьүһүлэммитин уолаттар эрэйдээхтэр билбэтэхтэрэ. Киргиэлэй да атастарыттан ордубатаҕа. Арай биири сөбүлээн көрөрө оннунан хаалбыта. Ол – кыыс көбүс-көнө чочуонай атаҕа этэ...
   Нормировщица Тамара атаҕа тугунан эрэ ол Сибиэтэ киэнигэр олус маарынныыра. Ол эрээри сүүрбэ биэс саастаах аҥаардас дьахтар интэринээт Сибиэтэтин курдук буолуо дуо – таҥастыын-саптыын, туттардыын-хаптардыын, көрөрдүүн-истэрдиин чыҥха атына. Эчи, чулкутун арааһа да элбэҕэ бэрдэ: хара, сырдык, этин өҥүн кытта силбэһэн хаалар, хараҥатыҥы, кытархайдыҥы.
   Бэл, отделение хамандыыра Голубь ону бэлиэтии көрөн, кыыс истибэтигэр: «Ух ты, Томочка атаҕын көрүҥ эрэ. Бэҕэһээ сырдык хоппуруон этэ, оттон бүгүн имэҥнээх испанка курдук хара чулкуламмыт!» – диирэ уонна маатыралаан кубарытара. Итинник «хас эмэ этээстээх» маатыратынан урааҥхай, таҕылын таһаарбыт курдук, олус астынар быһыылааҕа. Атын уолаттар, ол быыһыгар Киргиэлэй эмиэ, саҥата суох көрөн эрэ кэбиһэллэрэ.
   Киргиэлэй, кыыс күнтэн күн тупсан иһэрин көрөн, сүрэҕэ битиргээн олороро. Имэҥ-дьалыҥ утаҕын биир иһиттэн испиттэрин, онтон ыла бу эдэр дьахтар быһыылыын-таһаалыын тосту уларыйбытын ким да билбэт этэ.
* * *
   Биирдэ Тамара младшай сержант Голубка: «Үстүрүмүөҥҥүт куһаҕан эбит, ол иһин былааҥҥытын толорбоккут, маннык үлэҕэ баһыырдаах күрдьэх наада. Кириллин миигин кытта ыскылаакка барыстын», – диэбитэ. Онуоха отделение хамандыыра буолуохсут «оттон мин барсарым сатаммат дуо?» диэн күлбэстэнэн турбута.
   – Суох, эн хаал. Прорабкаҕа Дьээдьэ Витя кэлбит. Эһиги отделениеҕытыгар саанар ахан этэ. Хайаан да манна таарыйыаҕа, – диэн баран, хап-харанан көрөн кэбиспитэ.
   Ол «Дьээдьэ Витяны» бу эбийиэккэ үлэлиир саллааттар бары билэллэрэ. Үрдүк уҥуохтаах, сүрдээх толуу хапытаантан – татаар Виктор Хайруллинтан – олус куттаналлара. Бу сүөдэллибит киһи УНР кылаабынай инженерэ этэ. Кини баар кэмигэр отделение үлэлээбэккэ табахтыы эҥин олорор буоллаҕына, бастатан туран, хамандыыры ыҥырара. Тугу да уорбалаабакка, «хамандыыр мин» диэн кэлбит сордооҕу сонно түҥнэри охсон түһэрэрэ. Биитэр газигынан элээрдэн иһэн, табахтаан бусхата турар уолаттарга кытархай сирэйин былтатан баран «Дьээдьэ Витя билигин эһиэхэ тиийиэҕэ» диэтэҕинэ, саллааттар бука бары собуоттаммыт курдук, үлэлээбитинэн бараллара. Бу эписиэр, кылаабынай инженер буолан, стройбат уолаттара диэмбэллэнэллэригэр илии баттыыр «үтүөлээҕэ». Ол иһин субу дойдуларыгар бараары сылдьар саллааттар кини хараҕын далыгар киирбэт буола сатыыллара.
   Младшай сержант Голубь, «Дьээдьэ Витя» сутуругун «амтанын» билэр буолан, Тамара эппитигэр кирис гына түспүтэ уонна отделениетын уолаттарыгар «котловаҥҥа киириҥ» диэн бэлиэ биэрбитэ.
   Сүүнэ улахан эбийиэк (Центр дальней связи, кылгатан ЦДС) таһыгар хаптаһын кыладыапка толору этэ. Интэриэһинэйэ диэн, кыладыапсыгынан мэлдьи Хапкаастан сылдьар уолаттар үлэлииллэрэ. Киргиэлэй сулууспалаабыта икки сыла буолан эрэр да, биирдэ да ол дойду уолаттара кинилэр курдук буор хаһа биитэр аспаал ууран тиритэ-хорута сылдьалларын көрбөтөҕө. Хата, дьонуҥ үп-үрүҥ саҕалаах, сыыс-буор төрүт сыстыбатах, кырыылаах гына өтүүктэммит хыбы таҥастаах буолаллар. Устуруойга да хааман дьэргэҥнэспиттэрэ көстүбэт этэ. Хантан итиччэ элбэх харчыланаллара буолла – ас минньигэһин атыылаһан үссэнэллэрэ. Хамандыырдар, бэл, хапкаастартан дьулайар курдуктара. Дьиктитэ диэн, Киргиэлэйдээх Саха сириттэн онуо этилэр, оттон ол урааҥхайдар эмиэ оруобуна уоннар этэ. Сахалартан ким да толлубат, өссө атаҕастаары тииһэр буоллахтарына, хапкаастарга саа тэбэр сиригэр киириэхтэрэ диэн саараама даҕаны. Дьулайаллара оччо быһыылааҕа.
 Тамара хаһан ылбыта буолла, Дагестантан сылдьар Шалиев диэн араспаанньалаах кыладыапсыктан күлүүһүн тылын ыһыгыннарбыт эбит. Сөрүүн кыладыапкаҕа киирэн, аанын кытаанахтык олуйан баран, Киргиэлэйи кууһан туран, уураан киирэн барбыта. Кыыс имэҥирбитэ сүрдээх этэ: тугу да саҥардар бокуой биэрбэккэ, үөрүйэх уостарынан Киргиэлэй киэнин куустаран ылан уураа да уураа буолбута; имигэс тылын таҥалайыгар сүүрэкэлэппитэ. Өрүтэ тыынара, этэ-сиинэ итийбитэ сүрдээҕэ.
   Бу туран Киргиэлэй сытыахха айылаах сир баарын булан көрбөтө, «ама, маннык сыырастаах сиргэ сытыарыам дуо?» диэн санаа охсуллан аапыта. Хата, эдэр дьахтар ордук-хос саҥата суох эрчимнээх илиитинэн салайан, уолга ыга сыстан туран имэҥ-дьалыҥ кутаатын оттубутунан барбыта. «Маннык эмиэ таптаһыллар эбит дуу?» диэн сөҕүөн икки ардыгар били дьыалата кимнээҕэр үчүгэйдик сатанар эбит этэ. Ол эрээри уһуннук тулуйар кыаҕыттан тахсыбыт эрэт омуннаахтык «ытыалаан» ньиргитэлээбитигэр дьахтар да хаалсыбатаҕа: хам кууһан туран, өрүскэлэһэ-өрүскэлэһэ, тибилиннэрбитинэн барбыта...
* * *
   Биир баскыһыанньаҕа Киргиэлэйдээх хаһаарыма таһын сиппийэ сырыттахтарына, спортивнай көстүүмнээх, санныгар суумка сүгэһэрдээх Тамара тиийэн кэлбитэ. Таһырдьа үлэлии сылдьар 2-с взвод уолаттара бары эдэр дьахтар диэки хайыспыттара. Туох эрэ наадаҕа кэлбит буолуон сөп. Бүгүн баскыһыанньа, онон үлэ күнэ буолбатах.
   Киргиэлэй сүрэҕэ битиргэччи тэбиэлээбитэ. Ол быыһыгар нормировщица старшина Камбаровка тиийэн тугу эрэ кэпсэппитэ. Чочумча буолаат, старшина:
    – Кириллин, манна кэл! – диэн хамаандалаабыта.
   Киргиэлэй чуга­һаан кэлбитигэр «нормиров­щи­цаҕа көмөлөһө барсаҕын» диэн бирикээстээбитэ. Ханна барарын, онно тиийэн тугу гынарын эппэ­тэҕэ.
Тамара туохтан эрэ долгуйбут, мунчаарбыт көрүҥнээҕэ. Голубь ыраах туран «эмиэ Кириллин наада буолбут!» диир саҥата иһиллибитэ.
   Чаас территориятыттан тахсан баран, Тамара уолга ыга сыстыбыта уонна уоһуттан сүр уһуннук уураан ылбыта. Уоскуйа түһэн баран кыыс:
   – Өрүскэ барыахха. Манан быһа, мин сирдиим, – диэбитэ уонна Киргиэлэйи тоҕоноҕуттан иилии ылаат, суолтан туораан, ойуур диэки хаампытынан барбыта.
   Белая өрүһү Киргиэлэй бэркэ билэр. Сороҕорбиир эмэ өрөбүлгэ батальонунан тэринэн тиийэн сөтүөлээччилэр. Уута кирдээх эрээри, төһө эмэ сылаас. Биир үчүгэйэ – кытылтан сүүрбэччэ миэтэрэлээх сиргэ хас эмэ арыы баар. Онно харас (черемуха) хойуутук үүнэр.
   «Ботуруул кэлэн араабылаһыа, онон арыыга тахсыахха» диэн, кытылга кэлээт, ньылбы сыгынньахтаммыттара. Киргиэлэй, тоҕоос бэйэтинэн үөскээбитинэн, Тамараны эпсэри тардан ылбыта. Онуоха биирдэрэ:
   – Тулуйа түс, бастаан уҥуор туоруох, – диэн баран, имэҥнээх баҕайытык аллара диэки көрөөт, дорооболоһор кэриэтэ ыга тутан ылбыта. Таҥастарын илиппэт гына кыыс суумкатыгар укпуттара, ол кэнниттэн харбыы үөрүйэх Тамара аҥаар илиитинэн суумканы өрө туппута, биир илиитинэн харбаан, уҥуоргу арыыга устан киирэн барбыта. Киргиэлэй, ууну омурда сыһа-сыһа ыттыы харбаан чолумнатан, кыыһы батыспыта.
   Уҥуор тахсан баран, Тамара суумкатыттан кэтит соттору таһааран тэлгэппитэ уонна көрүөх бэтэрээ өттүнэ Киргиэлэйи сонно сөрөөн түһэрбитэ...
   Бу кинилэр тиһэх көрсүһүүлэрэ эбит этэ. Сарсыныгар Тамара бииргэ үлэлиир нормировщицаларын кытта атын куоракка көһөн барбыта. Онтон ыла көрсүбэтэхтэрэ, бэл, суруйсубатахтара. «Өйдүү-саныы сырыт» диэн, кыыс оччолорго олус муодунай туруусугун бэлэхтээбитэ.
 
БУТУКАЙ.
(Иннин хаһыат 17-с нүөмэригэр көр)

Бүтэһик сонуннар