Киир

Киир

   Хаайтарыы буолан, Кирииһэ сааскы сиэссийэтигэр хойутаан кэлбитэ. Табаарыстара – хотуттан сылдьар Сэмэн, Бүлүү эҥээр ыччата Дэниис – олохторун булунан ырааппыттар. Дьонуҥ барбах аҕай хаамсан лооһордоһоллор уонна, киһи кыһыйыах, Кирииһэни көрсөн баран, төрүт кыһамматтар. Дьиҥэр, үгэс быһыытынан, кэтэхтэн үөрэнэр, сылга биирдэ-иккитэ эрэ көрсөр дьон маҥнай «сиэссийэни аһыы», онтон «эксээмэни этэҥҥэ туорааһын», бүтэһигэр «сиэссийэни түмүктээһин» диэн суруллубатах сокуоннаах этилэр.
 
 
   Бу аһайдар кыаҕырбыттар: хантаа­рыҥ­наһыы бөҕөтө. Дьэ, бэйикэй, морполуогуйалыы ырытыы кэллэҕинэ, уйаларыгар уу хайаан да киириэҕэ. Дьэ, оччоҕо Кирииһэ иннигэр-кэннигэр илэмэ-салама түһүөхтэрэ, ханна барыахтарай. Устар кыһыны быһа саха тылын онто да суох уустук кырамаатыкатын, ордук морполуогуйалыы ырытыыны, сөбүлүүр дьарык оҥостубатахтара чахчы. Бэрт дьон, хата, олорор дьиэ булуммуттар.
   Кирииһэ, элбэх оҕолоох эдьиийигэр араабы буолумаары, дойдутуттан кэллэр эрэ, олорор сир көрдүүр түбүгэр түһээччи. Хата, маныаха кэтэхтэн үөрэх мэтэдьииһэ Балантыына Баһылайабына барахсан абырыыр идэлээх: хантан эрэ булбут аадырыстарын ытыс саҕа кумааҕыга сурунан, онтун биэрээччи. Сэмэннээх Дэниис даҕаны киниттэн аадырыс ылан күннээтэхтэрэ, тойотторуҥ улахан дыбарыастаммыт курдук бөлтөҥнөһөллөр. Абакката баара, «Кирииһэ диэн табаарыстаахпыт, онон үһүө буолан олоруо этибит» диэхтэрин тоҕо сатаммат этэй! Бэйэлэрин эрэ иннилэрин көрүнээхтээбиттэр.
   Төрөппүттэрэ дьоҕус истикилээҥкэҕэ сүөгэй оҕото кэһиилээбиттэрин Киргиэлэй Балантыына Баһылайабынаҕа кэбиниэтигэр илдьэн биэрбитигэр биирдэрэ үөрэн өлө сыспыта. Кэтэхтэн үөрэнэр устудьуон да үөрүүтэ муҥура суоҕа. Киһини үөрдэр диэн дьол буоллаҕа эбээт! Хайа уонна ыксаллаах кэмҥэ күн-ый буолар, мэлдьи кинилэр тустарыгар кутугунайар Балантыына Баһылайабынаттан ордук чугас ким баар буолуой!
   Киргиэлэй, үөрүөн быатыгар, мэ­тэ­дьииһэ Залог түөлбэтигэр биир аады­рыһы биэрбитэ. Кыһалҕалаах киһи быһыытынан уол сонно ыстаммыта. Самнайан хаалбыт олбуордаах эргии-эргэ дьиэҕэ киирэбин диэн, торбос саҕа апчааркаҕа «аһылык» буола сыспыта. Өйө көтөн, хайыан да булбакка ыксаан аҕай турдаҕына, дьиэттэн маҥан баттахтаах саха оҕонньоро тахсан, ытын уоскутан абыраабыта. Киргиэлэй туох наадаҕа кэлбитин билэн баран: «Нокоо, арыый хойутаабыккын, тыаттан аймахтарым кэлэн хааллылар. Хайыаххыный, атын сири көрдүүргэр тиийэҕин», – диэбитэ.
   Уол бу туран өйдөөн көрдөҕүнэ, били, сарсыарда маанымсыйаары тиритэ-хорута баахсаламмыта ханна да суох – бачыыҥката бүтүннүү бал-бадараан. Хайыай, атын сири көрдүүр санааламмыта. Олбуор таһыгар тахсан, балачча ыраастана түһэн баран, бэрэспиэк диэки хаампыта. Абаккарбыт санаатыгар, Сэмэннээх Дэнииһин хооһурҕатар. Оннук санаа-оноо буолан, хайыта баран хаалбыт хаптаһын тротуарынан сукуҥнаан истэҕинэ, хайалара эрэ:
   – Хайаа, бу Кирииһэ иһэр эбит буолбат дуо?! Дорообо. Хайа, билбэтиҥ дуу, куорат киһитэ буолан, улахамсыйдыҥ дуу? – диир саҥата иһилиннэ.
Киргиэлэй соһуйан, өрө көрө түспүтэ – хаһааҥҥыта эрэ биир дойдулааҕа Кылбаҕар Кэтириинэ турар эбит. Эдьии­йиттэн да аҕа саастаах бу эдэрси дьахтары көрбөтөҕө ырааппыт даҕаны. Арааһа, бүтэһигин үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан быһыылаах. Ол сахха анаан пуудараламмыт курдук үп-үрүҥ сирэйдээх, тылга-өскө тииспит аҕай хотууска этэ. Дьэ, хайа да түгэҥҥэ этэн баран төннөөр диэбит киһилэрэ быһыылааҕа. Барахсаныҥ этэн субуруттаҕына, барыта сатанан, уу да тэстибэт гына ыпсан-тупсан тахсара. Нэһилиэк дьахталлара «бэлэһигэр биэс иннэлээх» диэн эбитэ дуу, биитэр айылҕаттан кырасыабайа бэрдиттэн күнүүлүү саныыллара оччо эбитэ дуу, истэригэр төрүт киллэрбэт этилэр.
   Ол күн балыыһа үлэһиттэрэ үөрэнээччилэртэн анаалыс ыла кэлбиттэрин Кирииһэ өйдөөн хаалбыт. Тарбахтан хаан ылааччы Өкүлүүнэ диэн кырдьаҕас сиэстэрэ, оттон төҥкөтөн туран, лиистиктээххин бэрэбиэркэлээн испиискэ маһынан хаһааччы бу – Кэтириинэ этэ.
   Айылҕаттан сырдык баттахтаах, кылбаа маҥан сирэйдээх Кэтириинэ, үрүҥ халааттамматаҕа да буоллар, хараҥа хос иһэ син биир сырдаан көстүөх быһыылааҕа. Кирииһэ, бу кырасыабай дьахтарга төҥкөйөн, дар уҥуох кэннин көрдөрүөн кыбыстан муҥнана турдаҕына, биирдэрэ «чэ-чэ, туохтаах буолан ачыаһыра тураҕын» диэн мөҕөн-этэн киирэн барбыта. Онтон «үчүгэйдик төҥкөй» диэн баран, ытыһынан самыыга лап гыннарбыта, дьэ, ол кэнниттэн, уол кыбыстыбыт санаатыгар, балачча өр хаһыспыта. «Тугун өрөй» диэн төҥкөйөн турдаҕына, сиэстэрэтэ имигэс баҕайытык тээһэҥкэтиттэн тутан ылбыта уонна күлэ-күлэ «бүттүҥ» диэбитэ. Киргиэлэй, эмискэччитэ бэрт буолан, «һык» эрэ диэн хаалбыта. Кэмниэ кэнэҕэс, барыта ааспытын кэннэ, дьэ, кыбыстыбыта. Онтон ыла Кэтириинэни көрсө түстэҕинэ, сирдээн тимириэн сирэ кытаанаҕа, халлааннаан көтүөн халлаана ыраахха дылыта. Биирдэрэ ону эрэ санаабат быһыылааҕа.
* * *
   Кирииһэ, дьиктиргиэн иһин, Кэтириинэ урут хайдах кыры-кылбаҕар сирэйдээх этэй да, сол бэйэтинэн этэ. Сорох киһини дьыл-күн харыстыыр, саараама уларыппат буолар эбит. Уруккутуттан уратыта диэн – саҥата-иҥэтэ кэмчитийбит, сытыы тылынан ыһыахтанара тохтообут. Уол үнүбэрсиэккэ кэтэхтэн үөрэнэрин, ый кэриҥэ олорор сиргэ наадыйарын истэн баран, чочумча саҥата суох турбахтыы түһээт:
   – Сирбэт буоллаххына, даачабар хаптаһын сарайдаахпын. Онно олоруоххун сөп. Харчы төлөппөппүн, арай хара үлэҕэ көмөлөһүннэриэм. Билигин хортуоска олордуута, быһата, даача үлэтэ толору. Соҕотохпун, онон эр киһи илиитэ наада, – диэбитэ.
   Даачата Бокуруобускайдыыр аартык диэки баар эбит. 14¹-дээх оптуобуһунан чаас аҥаарын курдук айаннаан баран, бүтэһик тохтобултан аны сатыы сүүрбэччэ мүнүүтэ хааман тиийбиттэрэ.
   Син добуочча кэҥэс уһаайбаҕа дьып-дьап тутуулаах буруус дьиэ көстөрө, онтон арыый тэйиччи, били, дьоҕус хаптаһын сарайа турара. Киргиэлэй, бу эргин хаһан да сылдьыбатах киһи, уопсайынан даҕаны, даача той диэни үһү хоту эрэ билэр буолан, бэркэ сэргээбитэ. Элгээҥҥэ маарынныыр уһун синньигэс уу килэһийэ сытар. Хас да тэпилииссэ, дуус уонна ол-бу сээкэй тутуу баар. Аҥаардас дьахтар диэтэххэ, улахан хаһаайыстыбаны көрөр-истэр эбит. Маны таһынан өссө куоракка кыбартыыралааҕа чахчы. Эр да, оҕо да суох быһыылаах, таайдахха, бу даачаҕа урут кимнээх эрэ олоро сылдьыбыттар.
   Кэтириинэ уобаластааҕы балыыһаҕа сиэстэрэлиир эбит. Уопсайынан, куораты булбута ырааппыт. Иккитэ эрдэнэ сылдьыбыт да, арахсыбыт. Кирииһэҕэ ол тоҕо арахсыбыттара туохха наада буолуой. Ый курдук олоруо уонна дойдулуо. Арай куһаҕана диэн, хаһаайка «туора киһини кими да аҕалбаккын, арыгы эҥин иһэр буоллаххына, сонно үүрүллүөҥ» диэн малтаччы эппитэ. Кирииһэ бачча үчүгэй көстүүлээх даачаҕа биирдэ эмэ Сэмэннээх Дэнииһи аҕалан «бэһэлэйдии» түһэр санаалааҕа хааллаҕа ол. «Куурустааҕы үлэҕэ көмөлөһүөм» диэн, кута-мата таһаалаах мааны Маргаританы ымсыырдыбыта эмиэ тохтууругар тиийэр. Ол барахсан кэлиҥҥинэн лиэксийэҕэ кинини кытта бииргэ олорор идэлэммитэ. Хас эмэ оҕолоох, кэргэннээх эрээри, манньаҕаһа сүрдээх этэ.
   Кирииһэ сарайыгар эргэ тахтааҕа утуйар. Иһит-хомуос толору. Чэйин манна кипэтиинньигинэн оргутар. Аһын-үөлүн чугастааҕы маҕаһыынтан атыылаһар. Сүрүн аһа кэпиир, балык кэнсиэрбэтэ (лааппыга киһи талар аһа да суох), мокоруон, дэҥҥэ түбэстэҕинэ, суон халбаһы буолар.
   Хортуоска олордорго начаас икки ардыгар буоланы хаһан тибилийэн, тимир кыраабылынан дэхсилээн бүтэрбитэ. Хаһаайка хантан эрэ аҕалтарбыт туорпатын (перегной) икки биэдэрэнэн ыйыллыбыт сиргэ таспыта. Тэпилииссэ иһинээҕи буору эмиэ көбүтэн, эбиитин саҥа салапаанынан бүрүйэн, аҕыйах күн иһигэр баһаам үлэни оҥордо.
   Кэлиҥҥи күннэргэ өҥүрүк куйаас сатыылаан, Кирииһэ тиэргэн иһигэр плавкинан эрэ дыралдьыйар. Элгээҥҥэ элэстэнэн киирэн дуус баагар уу куттаҕына, сонно кэриэтэ сылыйар: күнэ итиитэ бэрт.
   Кэтириинэ киирэ-тахса сылдьан, дьукааҕа үлэһитин, туохха барытыгар сыһыамаҕын сөбүлүү көрөр быһыылаах: мичээрдиир, ол эрээри биир эмэ тылы ыһыктан үөрдүбэт. Биирдэ кытархай купальнигынан дыгылдьыйа хааман соһутта. Түөрт уончалаах дьахтар диэтэххэ, кылбайан түһэн, быһыы-таһаа мааны. Айылҕа барахсан, дьэ, анаан хадаҕалаабыт: түөс да түөс, буут да буут!
   Баччааҥҥа диэри, саатар, биирдэ дьиэтигэр ыҥыран киллэрэн чэйдэппэт дьахтартан Кирииһэ толлоро. Баҕар, кыра эрдэхпиттэн көрбүт биир дойдулааҕым, эдьиийбиттэн даҕаны аҕа саастаах дии саныырыттан да буолуо. Ол эрээри купальниктаах эрэ тахсан, тэпилииссэҕэ арассааданы бэрийэ сылдьарын көрөн, Кирииһэ били толлубута уостан хааларга дылы гыммыта. Эбиитин чабырҕайа кэйиэлээн киирэн барбыта. Ити курдук дук-дах туттан сиэрпэнэн сэтиэнэҕи быһыта охсо сатыы сырыттаҕына, Кэтириинэ тэпилииссэҕэ ыҥыран ылбыта.
   Аны лобууҥҥа салҕанан туран үөһэ быаны баайар гына тоһоҕо саайар үлэлэннэ. Дьахтар аллара туран, ыйан биэрэр – Кирииһэ сүһүөҕүн сүтэримээри, салҕаластыы-салҕаластыы, өтүйэнэн тобурҕатар. Бу туран биирдэ өйдөөн көрбүтэ, хас саайдаҕын аайы плавкитын иннэ тэбис-тэҥҥэ кунньахыс гынар эбит; Кэтириинэ хараҕа онно хатаммыт, сирэйдиин-харахтыын тыҥаабыт аҕай эбит! Дьэ, күн-хаан кыараҕаһа буолла: плавкита турист балааккатын курдук тиириллэн таҕыста. Били «туга» тыҥаан-чиҥээн, букатын да хамсаппат оҥордо, биир кэм дырдырҕаан турда! Хата, хаһаайка туох балаһыанньа үөскээбитин биллэ быһыылаах: «чэ, сороҕун сарсын...» диэн абыраата...
   Кирииһэ дэлби дуустанан, арыый сөрүүкээн, сарайыгар киирэн, тахтаатыгар сытынан кэбиспитэ. Бу сытан, утуйан хаалбыт... Биирдэ өйдөммүтэ, улаҕа диэки хайыһан сытар эбит, сарайын иһэ хабыс-хараҥа. Икки түннүгэ сабыылаах... Ким саппыт баҕайытай? Туран уоту холбообута – сыбыс сыгынньах! Кыбыста үөрүйэҕинэн ытыһынан саба тутта охсубута да, ким да суоҕа, арай остуолугар нэлэгэр иһиккэ алаадьы бөҕөтө. Оттон плавкита?..
   Кирииһэ түннүк сабыытын сэгэтэн дьиэни көрбүтэ хабыс-хараҥа этэ. Кэтириинэ киирэ сылдьыбыт! Туох дии санаабыта буолуой? Тоҕо уһугуннарбатаҕай? Хайыах баҕайыбыный? Кэтириинэҕэ тахса сылдьыахха дуу?..
 
БУТУКАЙ.

Бүтэһик сонуннар