Киир

Киир

   Халлаан төһө да кубулҕат дьахтар курдук араастаан уларыйдар, хаһан эрэ син биир оннун-тойун булар, киэлитигэр киирэр. Өтөрдөөҥҥө диэри силлиэтинэн сирбиэтэнэр бэйэтэ аны сылааһынан угуттаан, кэмниэ кэнэҕэс үтүө дьүһүнүн көрдөрдө. Сонно тута чалбах тыккырыы сүүрдэ, ону кытта чыычаах саҥата күйгүөрэ түстэ. Сааспыт барахсан кэллэҕэ.
 

 

   Киргиэлэй үнүбэрсиэт таһынааҕы тохтобулга оптуобус кэтэһэн турдаҕына, уулусса нөҥүө ким эрэ «раз-два-три!» диэн хамаандалыыр саҥата иһилиннэ. Өйдөөн көрбүтэ, бастакы куурус устудьуоннара быһыылаах, Кылаабынай куорпус таһыгар 50-ча киһи устуруойунан хаамсаллар. «Маай бырааһынньыктара бу кэллэхтэрэ, сотору Лиэнньин болуоссатыгар парааттаан ньиргитиэхтэрэ» диэн санаа сааһыра барбыт Киргиэлэйгэ охсуллан ааста. Сүүрбэччэлээх устудьуоннар быыстарыгар устуруойга сатаан хаампат дьон бааллар быһыылаах: сотору-сотору күлсэн ньиргиһэ түһэллэр, онуоха хамаандалааччылара кыыһырбыт куолаһа салгыны быһыта биэртэлиир.
   Хата, бу туран, Киргиэлэй бэрт өрдөөҕүнү санаан кэллэ...
* * *
   Уркуускай уобаласка сулууспалаабыта иккис сыла этэ. Өссө чуолкайдаан эттэххэ, балтараа сыл саллаат пуорматын кэтэн, аны күһүн диэмбэллэниэхтээх. Киргиэлэй сулууспалаабытын усталаах туоратыгар биирдэ да кылгас кэмнээх уоппуска (увольнение) диэни ылбатаҕа. Эгэ кэлэн, дойдутугар уон хонуктаах уоппускаҕа барыа дуо?! Чэ, дойдутугар барбатын даҕаны, «кырдьаҕастар» этэллэринэн, уоппускаҕа барар биир туспа эрэй-муҥ эбит. Куһаҕана диэн, уонча хонуктаах уоппускаҥ көрүөх бэтэрээ өттүгэр элэс гынар, онтон сулууспалыыр сиргэр айанныыр кэмиҥ субу баар буолар үһү. «Сиргиттэн-уоккуттан, чугас дьоҥҥуттан арахсарыҥ олус хараастыылаах» диэн кэпсииллэр.
   Нуучча уолаттара, Чита, Улан-Удэ эргинтэн сылдьар буолан, Уркуускайы адьас тэлгэһэлэрин курдук саныыллар быһыылаах: түгэн эрэ көһүннэр, субуоталаах баскыһыанньаҕа күүлэйдээн кэлэллэр. Оттон Киргиэлэй, Дьокуускайы биирдэ эрэ көрбүт ыччат, ону кытта Силэпсиэп Онотуолуй, Кырбаһааҥкын Дьууруй, төрөөбүт Дьааҥыларыттан ончу ырааппатах эрэттэр, ол Уркуускайдарыгар кими билэн күүлэйдии барыахтарай?! Ол куораттарыгар мунан өлөллөр дуу, хайыыллар дуу?
   Хата, саас барахсан кэлэн, атын оруота сүүһүнэн уолаттара диэмбэллэнэн, үчүгэйэ сүрдээх, төһө эмэ холкутук тыыныллар! Киргиэлэйдээх даҕаны аны күһүн дойдулуохтара. Билигин «ыстарыык» аатыран, курдарын холкутатан, гимнастеркаларын үөһээ тимэхтэрин төлөрүтэн, аргыый аҕай хааман маадьаҥнаһаллар (ордук Силэпсиэп Туола). Уолаттар атахтара маадьаҕара параакка хаамалларыгар олус мэһэйдиирэ. Хата, намыһах уҥуохтаах буолан, устуруой бүтэһигэр сылдьан абыраналлра. Кинилэргэ холоотоххо, саар тэгил уҥуохтаах Киргиэлэй, успуорка кэм сыстаҕас киһи, «строевым шагом марш!» диэн хамаанданы иһиттэҕинэ, чиккэҥнээбитинэн, лаһырҕаччы үктээбитинэн барара. Ол эрээри «устуруойга ордук саха уолаттара сатаан хаампаттар» диир сыыһа. Бүрээтийэттэн сылдьар нуучча уолаттара, ону кытта эмиэ кыра уҥуохтаах Цыбиктаров бүрээт атахтарын олуйа-хатыйа үктээн, бэл, сууллан түһэр түбэлтэлэрэ баара.
   Кыайыы күнүгэр байыаннай городуокка парааттыыр буолбуттара. Ол сиргэ баара-суоҕа 10 түөртүү этээстээх таас дьиэ баара. Хаһаарымалары, бараактыҥы дьиэлэри ааҕыллыбат. Киргиэлэйдээх чаастара куораттан, уопсайынан, нэһилиэнньэлээх пуунтан тэйиэс баара. Кинилэр эрэ чаастара буолуо дуо – автобат, ПВО чаастара, икки стройбат. Ону таһынан тугу гыналлара биллибэт хара баһаам эписиэр кып-кыймаҥнас этэ.
   Парааты көрө биир үксүн эписиэрдэр ойохторо, чугастааҕы Зелёный Луг, Холмушино курдук дэриэбинэлэртэн кэлбит быһыылаахтара. Бастаан эписиэрдэр кылырдаһан, кылбалдьыһан аастылар. Эдэркээн лейтенаннар түөстэригэр хастыы эмэ мэтээллээхтэрин көрөн, Киргиэлэй сөҕөн бөҕө.
   ПВО саллааттара да саҥа мундирдаах буолан, олус бэркэ көстөллөрө. Саамай кэлин Киргиэлэйдээх стройбаттара киирбитэ. Владимирскай, Кировскай уобалас уолаттара талбыт курдук үрдүк уҥуохтаах этилэр, онон эмиэ дьон хараҕар бэркэ хатаналлара.
   Бүтэһиккэ батальон 4-с оруотата (Киргиэлэйдээх) либиргэтэн барбыта. Хамандыырдара, отутун лаппа ааспыт лейтенант Шушарин, киинэҕэ көстөр ньиэмэс обер-лейтенаныттан быһыыта-таһаата туох да атына суох эписиэр, чиккэҥнээн иһэн «Рота, равнение на – лево!» диэбитигэр оруота 64 саллаата төбөлөрүн хаҥас диэки хайыһыннарбыттара. Аспаалга киирсэбэй саппыкы тыаһа лаһырҕаан олороро. Онтон эмискэ кытыыга турар дьахталлар айахтарын саба тутта-тутта күлсэн ыгдараҥнаһан барбыттара. Киргиэлэй хайа эрэ сордоохтон устуруой кэһиллибитин өтө сэрэйбитэ.
   Кэлин билбиттэрэ, Балдой диэн куруук айаҕын атан сылдьар (аармыйаҕа кэлиэн иннинэ матасыыкылга оһоллонон) уол атаҕын хатыйа үктээн, сууллан түспүтүгэр оруоталарын устуруойа ыһыллан хаалбыт.
   Шушарин хаһаарымаҕа тиийэн баран, хараҕын үүтэ көстүбэт буолуор диэри уордайбыт, маатырата-куутурата сүрдэммит этэ.
 
* * *
   Киргиэлэйдээх чаастара бэс, хатыҥ, араас талах быыстаах ойуур иһигэр турара. Дьэ, кэрэ айылҕалаах дойду этэ. Ол гынан баран, сыа быыһыгар быччархай кыбыллыбытыгар дылы, чааска быһыы-майгы оччо бэрдэ суоҕа.
   Стройбакка, үгэс курдук, урут сууттана сылдьыбыт, мөлтөх бэрээдэктээх биитэр доруобуйаларыгар туох эрэ дьиэктээх дьон сулууспалыыллара. Холобур, оруоталарын аҥаара араас ыстатыйанан хаайыыга олоро сылдьыбыт эбит. Ордук – Чита уобалаһыттан кэлбит уолаттар.
   Эписиэрдэр да аньыы-хара балачча баар дьоно этилэр. Аҥаардас батальоннарын хамандыыра, подполковник Пирожкову да ылыахха: сирэйэ өһөҕүрэн, адьас күрдьүөттээбит атыыр оҕус курдук көрүҥнээҕэ. Онто диэхтээн, наар холуочук буолар. Тойонуҥ өссө үрдүк уҥуохтаах, кырасыабай, быһыы-таһаа да мааны дьахтара, ыстаарсай нормировщик Элла Косенконы көссүү гынарын киһи барыта билэрэ.
 Үһүс оруота взводун хамандыыра Усик, түннүккэ бөҕүөрэн олорор кумаар абаҕатын курдук эрээри, ботурууллуур уочарата кэллэ да, саллааттарын кытта кыргыттардыыртан ордубат. Оттон буфетчицалыыр ойоҕо, арааһа, сэнтиниэртэн ордугу үктүүр Зося Усик, ыскылаат сэбиэдиссэйэ, ефрейтор Ерофеевы кытта аһаҕастык эрийсэллэр.
   Оруота хамандыырын солбуйааччы, хайа эрэ чаастан үүрүллэн кэлбит ыстаарсай лейтенант Вишняков – балтараа миэтэрэ үрдүктээх эписиэр – остолобуойга сэбиэдиссэйдиир ойоҕун саллааттарга күнүүлээн, кырбаары, хомуоһу туппутунан эккирэтэрин көрбөтөх киһи суох буолуохтаах. Ол Женята, тыала суохха мас хамсаабат, чахчы «сүгүн сылдьыбат» быһыылааҕа, эчи, кырасыабайа да бэрдэ.
   Бу чааска эписиэрдэр уруккута араас сиргэ сулууспалыы сылдьан, туох эрэ дьыалаҕа эриллэн, онтуларын буруйугар кэлбиттэр. Сыныйан көрдөххө, тааҥка, артылыарыйа, сибээс, пехота, флот, кыраныысса харабыллыыр курдук сэриилэргэ сулууспалаабыт эбиттэр.
   Бэрээдэги кэһии толору дойдута этэ эрээри, Киргиэлэйдээх киһи сиэринэн этэҥҥэ сылдьыбыттара. Уолуҥ өссө син көстүүлээх ыччат буолан, биир дойдулаахтарынааҕар бэркэ табыллыбыта да диэххэ сөп. Баҕар, нууччалыы ылбаҕайдык кэпсэтэрэ буоллар, мааһа өссө табыллыах эбитэ буолуо.
   Арааһы бары үлэлииллэрэ: бетоннууллара, аспаал уураллара, каменщиктаан да ылаллара, оттон буор хаһыыта баҕас мэлдьи баара. Барытыгар былаан биэрэллэрэ. Холобур, бу күн баччаны оҥоруохтааххын диэн. Көҕүлүүр инниттэн ый аайы хамнас хаартата диэни көрдөрөллөрө. Маныаха барытыгар нормировщик диэн ааттанар дьахталлар сылдьаллара. «Бу отделение былаанын тоҕо толорботуй?» диэн, чаас салалтата ол нормировщигы анаан-минээн кэтэтэ ыытара.
   Киргиэлэйдээх отделениеларыгар Тамара диэн 25 саастаах, тутуу техникума үөрэхтээх кыыс сылдьара. Күнү быһа (сүрэҕэлдьээбэтэ да бэрт) аттыларыгар олорон ким тугу гынарын, хас чаастан хаска диэри эбиэттээбиттэрин, үлэлиир тэриллэрин ыскылаакка хаска туттарбыттарын – барытын суруйан иһэрэ. Онтун үлэ чааһа бүтүүтэ, сэттэ чаас саҕана, ыстаарсай нормировщикка (били, Элла Косенкоҕа) туттарара.
   Бу кыыс урут Алдаҥҥа олоро сылдьыбыт, техникуму онно бүтэрбит үһү. Киргиэлэйи биир дойдулааҕым диэн илэ-сала көтөрө. Киргиэлэй нуучча кыыһа иҥээҥниирин биллэр даҕаны, эрийсэр эҥин диэни билбэт, кыбыстар да буолан, иннинэн баран испэт этэ. Ол эрээри сэргэстэһэ хаамтаҕына, олус үөрэ саныыра.
   Отделение хамандыыра, младшай сержант Голубь, балтараа сыл «олорон» тахсыбыт урдус, Тамараҕа чугасаһа сатыыра да, биирдэрэ төрүт дьиэк биэрбэт этэ. Биирдэ онтон сылтаан, Киргиэлэйи үөҕэн, өссө уолуктаан турбутугар чуут охсуһа сыспыттара. Голубь уҥуоҕунан бэрт кыранан үрдүк эрээри, кими эмэ охсуһан кыайбыта диэн суоҕа, онон Киргиэлэй эрэх-турах сананара.
   Биир киэһэ үлэ кэнниттэн тыраассаҕа быһа тахсаары, хатыылаах боробулуоханы туораары чугаһаабыттарыгар эмискэччи талах быыһыттан чособуой тахсан харабыынын сомуогун халыгыраппыта. Голубь элэ-была тылын этэ сатаабыта да, чособуой «ытан кэбиһиэм!» дииртэн атыны билбэтэҕэ. Хайыахтарай – килэмиэтиртэн ордук сири эргийэ барарга тиийбиттэрэ.
   Саҥардыы барыах курдук гынан эрдэхтэринэ, Тамара Киргиэлэйи илиититтэн харбаан ылбыта уонна сибигинэйэн: «Гриша, хаала түс», – диэбитэ. Отделение уолаттара лаппа ырааппыттарын кэннэ, кыыс «биһиги манан курдары барыахпыт» диэн баран, хатыылаах боробулуоха диэки ыйан кэбиспитэ.
   Чособуой арыый тэйбит этэ, онон Киргиэлэйдээх сиргэ хаптайыахтарынан хаптайбыттара уонна харабыл суоҕун туһанан, хатыылаах боробулуоха алдьаммыт сиринэн сыылбыттара. Тамара «чособуой эйигин көрдөҕүнэ, ытарын кэрэйиэ суоҕа, онон мин инникилиим» диэн баран уруттаабыта. Киргиэлэй кыыс атаҕын таарыйар-таарыйбат сыылбыта. Арай көрдөҕүнэ, кыыһын буута ыраахха диэри арыллан кылбаҥныыр, бэл, чулкутун туттарар пуойаһа кытта туртайар, сыгынньах этэ көстөн ылар.
   Балачча ыраатан баран кэннилэрин хайыспыттара, чособуойдара төрүт көстүбэт. Бу олорон Тамара: «Эх, хаарыан дедерон чулкубун хайа тардыбыппын», – диэн муҥатыйбыта. Уҥа тобугунан хоппуруон чулкута алдьанан хаалбыт этэ.
   Кыыс Киргиэлэйтэн кыбыстыбакка, утары олорон дьууппатын арыммыта уонна пуойастаах чулкутун эр-биир устуталаан баран, суумкатыгар уктан кэбиспитэ. Киргиэлэй «табыгаһа суох балаһыанньаҕа киирдим» диэн кыбыстан, умса көрөн олордоҕуна, кыыс утары хардыылаат, уолу моонньуттан кууһан ылбыта...
    Аармыйаҕа кэлиэн иннинэ кыыс ууруура диэни билбэтэх да буоллар, Киргиэлэй эр хаанын киллэрэн «киирсибитинэн» барбыта. Сатаабатар да, кыыс үрдүгэр сытан уоһун кыыс уоһугар даҕайан уураабыт курдук туттубута, онтон духуу сыттаах моонньуттан сырылаччы сыллаабыта (маны баҕас бэркэ сатыыра). Ити курдук төһөөҥҥө диэри сыллаан ньуххайдана сытыа эбитэ буолла, арай кыыс сылаас нарын тарбаҕа «били сиргэ» тиийэн, тугу барытын умуннарбыта...
   Киргиэлэй дьахтар таптала диэни аан бастаан бу хатыылаах боробулуоха таһыгар сытан билбитэ.
 
БУТУКАЙ.

Бүтэһик сонуннар