Киир

Киир

   Арҕааҥҥы бырапагаан­да күүһүнэн «сиэкис өрөбө­лүүссүйэтэ» ааммытын тоҥ­суйан киирэ илик кэмигэр өбүгэлэрбититтэн утумнаан кэлбит сэмэй, килбик быһыыбыт-майгыбыт өрө тутуллар этэ. Биһиги, аҕыйах ахсааннаах омуктар, куппут-сүрбүт, ол эбэтэр айылгыбыт олус чараас эбээт. Ону киинэҕэ көстөр арҕааҥҥы сабыдыал, көрсө түстүлэр эрэ уоллаах-кыыс «ороҥҥо охтор омуннаах сыһыаннара» буортулуура хобдох быһыы-майгы. Атын, итии хааннаах омуктар өрө тутар сиэкистэриттэн, төһө да сиэр-майгы өттүнэн сатарыйдаллар, эстэн-быстан, буорайан сүтэн, симэлийэн барыахтара суоҕа. Оттон биһиги омук быһыытынан буорайыахпыт турдаҕа, өскөтүн сиэрбит-майгыбыт бүтэһиктээхтик сатарыйдаҕына.
 
 
   Үйэбит уларыйан, сексуальнай информация олус аһа­ҕастык, киэҥник тэнийэн, дьон-өйүн санаатын саа­һыттан тутулуга суох көөчүктээн, күөрчэхтии ытыйар. Онуоха кырдьан баран кылыыһыт кыдьыктара киирэр оҕонньоттортон киһи сонньуйар эрэ. Аһара баран, аһынаҕын. Эр киһи быһыытынан түүҥҥү үлэ­лэрин «ыстааһа» бүтэн, ымсыырбыт санааларын тыл сыыһа оҥостоллоро эбитэ дуу диэн санаа киирэн кэлэр. Оҕонньоттор, өһүргэнимэҥ, эһигини барыгытын сирэйдээн этиллибэт. Ол эрээри олоххо оннук оҕонньоттор баалларын истэбит, билэбит.
 

Эдэр дьахталларга элиэтиир оҕонньоттор

 
   Марина:
   – Биирдэ Кыайыы быраа­һын­ньыгар бэтэрээннэргэ анаммыт биллиилээх ырыа­һып­пыт кэнсиэрин астына кө­рө олордохпуна, биир кыр­дьа­ҕас оҕонньор кэлэн бытаан үҥкүүгэ ыҥырда. Уой, кыбыстан, саатан өлө сыстым. Онуоха аттыбар олорор дьахтар: «Кырдьаҕаһы убаастаа, аккаастаныма, үҥкүүгэ киир», – диэтэ. Хайыамый, испэр сөбү­лээ­бэтэрбин да, киирэн үҥкүү­лээ­тэҕим дии. Оҕонньор үҥкүүлүүрүн быыһыгар бэйэтин билиһиннэрэ оҕуста. Биэс кыыстааҕын, сиэннэрдээҕин, огдооботун, хостооҕун (саатар, кыбартыыра да буолбатах ээ) кэпсээтэ. Аны үҥкүү бүппүтүн кэннэ батыһан кэлэн, сэргэстэһэ олорунан кэбистэ. Мин соһуйан, олорор сирбиттэн тиэрэ баран түһэ сыстым, испэр олох абааһы көрдүм. Кыһыйбыт санаабар, сааһын ыйыппыппар өссө этимээри кэтэмэҕэйдэнэр. «Ээ, 70-мун лаппа аастым. Ону баара, миэхэ 30-таах дьахталлар эргэ тахсаары сыҥаланаллар», – диэн «өҥнөммөт», киһиргээбэт дуо! Онуоха мин «бэйэҥ саастыыта эмээхситтэри көрүөх­хүн, тоҕо эдэр дьахталлары «кыҥыыгын» диибин. «Бэйэм оһуокайы көтүппэккэ сылдьабын. Онно мин курдук соҕотох эмээхситтэр-оҕонньоттор сылдьаллар. Ол эмээхситтэр мин «вкуспар» сөп түбэспэттэр ээ», – диэбэтэ дуо?!
   Көр да маны, кырдьан баран өссө «вкустаах» баҕастаах, дьоҕойон түөһэйээри гыммыт быһыылаах. «Мин эйигин сөбүлүү көрдүм, урут ханна эрэ көрбүт курдукпун. Хата, аныгыскы оһуокайга кэлээр эрэ, күүтүөм», – диэн ыҥыран, кыйаханан олорор бэйэбин өссө кыынньаан биэрдэ. Кы­һыы­быттан-абабыттан ытаабатым эрэ. Атын бүччүм сир эбитэ буоллар, саҥарбат оҥо­руом хааллаҕа. Эппит тыла сойо илигинэ «тос» эппиэти ылыа хааллаҕа. Оҕонньор «сирэйин тириитэ халыҥаан», кы­быстары билбэт буолбут. Бэйэтиттэн 40-тан тахса сыл эдэр дьахтарга хараҕын хатаабыт буола-буола. Кыргыттара өссө миигиттэн аҕа буолуохтара. Ол хапсыйа сытыйбыт «мө­һөөччүгэр» туга да хаалбатах оҕонньорго 30-таах дьахталлар аһара ымсыыран бэһир­бэтилэр ини.
Эдэр дьахтар үрдүгэр сыта сатаан оҕонньор, хата, түр­гэнник сэниэтэ эстэн, өйө мөлтөөн «анараа дойдуга» су­һаллык аттанар ини. Су­ра­ҕын иһиттэххэ, ол этэр оһуокай­да­рыгар саҥа кэлбит эдэр дьахталларга 60-70 саастаах оҕонньоттор тыҥырахтаах көтөр курдук элиэтииллэр, онтон сотору сонуннара сойор дииллэр. Дьэ уонна кырдьа­ҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыла сырыт. Онон биир оҕонньортон кэлэйэн, сөп буолан сылдьабын.
   Ытык кырдьаҕастарым, бу биир оҕонньору сирэйин саралыы тардыбыппын, бэ­йэ­ҕи­тигэр чугастык ылынымаҥ, бука, бырастыы гы­ныҥ, кырдьаҕас киһини убаастааҥ­ҥыт истиҥник кэпсэттэххинэ, сорохторо түгэхтээхтик өй­дөөн бараллара кыһыылаах. Оо, дьэ, оҕонньоттор, оҕон­ньоттор... кырдьар сааска оҕо­тук санааланымаҥ, олуонатык быһыыланымаҥ. Хаалбыт олоххутун сиэрдээхтик олоруҥ, сиэннэргитин иитиһиҥ.
 

«Тяжелай сиэкиһи» интэриэһиргиир бэтэрээн

 
   Валерия:
  – Култуура киинигэр дьүө­гэбин кэтэһэн олордохпуна, мас тайахтаах кырдьаҕас оҕон­ньор мытырыллан киирэн, аттыбар кэлэн олорунан, күн-дьыл туругуттан саҕалаан, кэпсээнин тардан кэбистэ. Мин да, чуҥкуйан олорор киһи, таах олорботум, тэҥҥэ сэ­һэргэһэн киирэн бардым. «Барахсаны, кэпсэтинньэҥ оҕо эбиккин», – диэн өссө кыратык хайҕанным. «Дьиэбэр күнү быһа олорор буоламмын, бу эргин эрэ дьаарбайабын. Уолбун кытта олоробун. Ол киһи миигин кытта улаханнык сэлэспэт», – диэтэ. Оҕон­ньор сэрии бэтэрээнэ эбит. Тайахха дугунан нэһиилэ хаама сылдьаахтыыр. Иккиэн айахпыт аһыллан, мин кини сэриигэ хайдах сылдьыбытын туһунан кэпсээнин олус интэ­риэһиргээн истэн олордум. Мэктиэтигэр, биир чаастаах кэпсэтиигэ оҕонньору кытта тэҥҥэ сэриигэ сылдьыбыт саҕа сананным. Санаабар, итиннэ «Катюша» ыйылыырга, манна аттыбынан тааҥка бирилэтэн ааһарга дылы буолла. 4 сыл сэриигэ сылдьан биирдэ да бааһырбакка кэлбитин истэ олороммун сөхтүм.
   Онтон оҕонньорум соһуччу «Бээрэ, ити «пробирка оҕото» диэн тугу ааттыылларый, би­лэ­ҕин дуо?» – диэн ыйытта. Мин, аныгы үйэ дьахтара, хайдах билиэм суоҕай. Тугу билэрбин кэпсии сатаатым. Аны оҕонньорум истэ олорон, сөҕөн баһын илгистэртэн соло булбата. «Хайа, оччоҕуна эр киһи туохха нааданый? – диэн, хата, бэйэбиттэн төттөрү ыйытааччы буолла. Онуоха «искусственнайдык» буоһатыллар оҕо ту­һунан кэпсээбиппэр оҕон­ньор: «Элбэҕи да билбэккэ сылдьыбыппын, хата, эйигиттэн бэрт интэриэһинэйи иһит­тим», – диэтэ. Онтон аттыбар сыҕарыс гынаат, аргыый аҕай сибигинэйэн «Тоойуом, онтон «тяжелай сиэкис» диэн ити тугу ааттыылларый?» – диэтэ. Хата, дьүөгэм киирэн кэлэн, ити ыйытыкка эппиэттииртэн быыһанным. Дьиҥинэн, ол «ыарахан, чэпчэки» сиэкистэрин бу диэн бэйэм да улаханнык араарбат, билбэт эбиппин. Туох диэн эппиэттиэм эбитэ буолла?! Хата, оҕонньор ити тылы билэрин сөхтүм.
 

Төлөпүөнүнэн хоонньоһорго ыҥырар оҕонньор

 
   Марианна:
   – Биирдэ биир билэр ки­һим, 60-ттан тахсыбыт оҕон­ньор төлөпүөннээтэ. Син ону-маны кэпсэппитэ буоллубут. Онтон оҕонньорум: «Миэхэ кэлэ сылдьыбаккын дуо, тап­та­һыахпыт», – диэн аһаҕас ба­ҕайытык билиннэ. Мин өһүр­гэнним, өттүкпүн үлтү түһэ сыстым, кыбдьырына-кыбдьырына, нэһиилэ кэпсэтэн бүттүм. Бу оҕонньор иккис сирэйин биллэҕим дии уонна ол кинини эр киһи быһыытынан убаастаабат буолбутум. Кө­рүс­тэхпинэ даҕаны, кураанах истиэнэни көрөр курдук кэпсэтэбин, эбиитин испэр киниэхэ хокуоска бэлэхтиибин, «эйиэхэ бу да сөп» диибин.
   Эдэр дьахталларга сананар кырдьаҕастартан туох үчүгэйи күүтүөмүй? Хоонньоһорго ыҥыр­быт төлөпүөнүн тутан ба­ран олордун. Хас дьахтары итин­ник туһанара биллибэт. Ки­ни маҥан баттаҕар, ынайбыт иһигэр, туһалаан бүппүт «сэ­бигэр» ким наадыйыа үһүө-ө!...
 

Наһаа «правильнай» кыыс

 
   Феодосия:
   – Кыргыттар, эһиэхэ сүбэ­лиибин. Эр киһиэхэ сэрэнэн сыһыаннаһыахха наада. Кини – эдэр буоллун, оҕонньор буоллун, айылҕатынан син биир булчут. Оннук хаһан баҕарар бултуу, «дьахтардыы» баран хаалыан сөп. Мин куруук онно-манна элбэхтик сылдьар буоламмын, уҥа-хаҥас күү­лэй­дээбэт дьахтары наһаа «пра­вильнай» диэн эр дьон сыана быһарын үгүстүк истэбин. Бу эр дьон туттар тыллара эбит. Бэйэм эмиэ итинник «комплимены» элбэхтик истибитим. Ол иһин маннык дьахталлары эр дьон сэнээбэттэр, атаҕастаабаттар.
   Биир күн мин дьүөгэлэр­би­н кытта ыалдьыттыы бардым. Үгэс курдук, арыгы испэппин, табах тардыбаппын, мээнэ солуута суох тылласпаппын, харахпынан уҥа-хаҥас оонньообоппун. Киһи сиэринэн сылдьабын. Ону көрөн биир эр киһи маннык «правильнай» дьахтары аан бастаан көрө­бүн диэн сөхпүтэ. Биһиги курдук дьахталларга эр киһи дөбөҥ­нүк чугаһаабат. Оттон чэпчэки кыргыттар, дьахталлар эр киһи илиитигэр (былааһыгар) түргэнник киирэллэр.
 

Автовокзалга көрсөн ыларбар көрдөһөөхтүүр

 
   Лена:
   – 6 оҕолоох эдэр ийэ: - Куоракка да олордорбун, элбэх оҕо­лоох ийэ буоларым бы­һыы­тынан, коза иитэбин. Үүтүн оҕолорум иһэллэр, ордубутун атыылыыбын. Биир орто саастаах эр киһи оҕотугар үүт атыылаһан ылан иһэрдэр. Ол килийиэним 80-ча саастаах аҕата миигин таба көрөн кэ­биһэн олохпун уйгуурта. Хайдах диэ?
   Быйыл сайыны быһа бассаап ситиминэн миэхэ суруйар «Тоҕойуом, мин куоракка киирэн эрэбин, эйигин көрсөөрү. Оптуобус баксаалыгар кэлэн, көрсөн дьиэҕэр илдьэ барыаҥ дуо?» – диэн. Ону «тоҕо ол мин дьиэбэр кэлэ сатаатыҥ?» диэн ыйытыкпар: «Эйигин наһаа ымсыыра көрөбүн. Олох куттаныма, үрдүгэр ыс­таныам суоҕа. Оннук кыахпыттан ааспыт киһибин. Саатар, тутан-хабан, имэрийэн, сыт­таан-сытырҕаан көрүөм этэ, онтон атын наадата суох», – диэн суруйар буоллаҕа. Мин баара-суоҕа 37 саастаахпын, уҥуохпунан сахаҕа бөдөҥмүн, этиргэммин. Онно ымсыырар муҥа буоллаҕа дуу... Кини миэхэ эһэм кэриэтэ буоллаҕа. Онтон кэлин олох даҕаны мин олорор түөлбэм диэки сир ылбытын туһунан суруйан «үөр­тэ». Наһаа кэлэйдим, хомойдум. Оннук айылаах «чэпчэки» кыыс-дьахтар курдук көстөрүм буолуо дуо? Дьэ, буолар да эбит.
 

Түмүккэ

 
   Дьэ, ити курдук, кырдьан баран кылыыһыт буолбут оҕон­ньоттор быһыыларын-май­гыларын хас да түһүмэххэ арааран ааҕааччыларбар тиэрдэ сатаатым. Хайдах баарынан олоххо буолбуту, баары суруйдум. Мин бу суруйуубар кими да баһааҕырдар, сирэй-харах анньар былааным суох. Көннөрү, киһилии майгыбытын сүтэримиэхпитин наада.
   Биһиги, сахалар, бэйэбит икки ардыбытыгар эр киһи, дьахтар сыһыаныгар сороҕор куруубайдык сыһыаннаһабыт. Барыларын биир халыыпка уган сэлээрчэх, күүлэйдьит, чэпчэки дьон курдук көрөбүт. Онтон сиэттэрэн бэйэ-бэйэбитин абааһы көрсөбүт, киһини оннук-маннык баһааҕырдабыт, хоп-сип тарҕатабыт.
   Таптал сааһы билиммэт. Эр киһи сыһыаныгар саас улахан оруолу ылар. Саастаах эр киһи бэйэтиттэн 20-чэ сыл эдэр дьахтары кытта, таҕылы ханнарар эрэ туһуттан аҕыйах сыл олоруон сөп. Оттон өй-санаа өттүнэн син биир сөп түбэспэттэр. Биир дьахтар этэн турардаах:: «Мин эрбин кытта түүҥҥү өттүгэр сы­һыаммыт туох да аһара үчүгэй. Күнүһүн тыл-тылбытыгар киирсибэккэ, киэһээҥҥэ диэри кыыһырсан буугунаһа сылдьабыт. Онтон утуйар кэммит кэллэҕинэ, имэҥ алыптаах суор­ҕанын арыйан сыттыбыт да, тугу барытын умнан кэби­һэбит. Сарсыҥҥытыгар эмиэ эһэлээх бөрө буолан, тииспитин килэппитинэн хадьырыйсан барабыт. Оннук өйдөһөр-өйдөспөт олороохтуубут», – диэбиттээх.
   Кырдьык, кэнники кэмҥэ ыал буолуу суолтата намтаан дьон сиэкис эрэ туһугар эр-ойох буолан олороллоро баар суол. Биһиги, сахалар, урут таҕылы ханнарар сиэкис туһунан дьон-сэргэ истиитигэр кыбыстан мээнэ саҥарбат да, кэпсэппэт да этибит.
   Билиҥҥи олохпут төрдүт­тэн уларыйан, сиэкис туһунан кэпсэтии эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох буолла бы­һыылаах. Кырдьаҕас «кы­лыыһыт» оҕонньор ымма­ный­даҕына, дьэ, хайыыбытый? Суобас суутугар ыҥырар­бытыгар эрэ тиийэбит. Онон, оҕонньоттор барахсаттар, ки­һи­лии өйү-санааны, сиэри-майгыны сүтэримэҥ, сэлээрчэх быһыы имэҥэр ылларымаҥ, тылгытын-өскүтүн кыана туттуҥ.
 
ЛААНА.

Бүтэһик сонуннар