Киир

Киир

   «Инники олоххун тымтыктанан көрбөккүн» дииллэрин эдэр-сэнэх сылдьан аахайбат идэлээҕим. Кырдьык, чэгиэн-чэбдик, этэргэ дылы, маһы-оту тардыалаабытынан сылдьар тэтиэнэх эрдэххэ, уһуну-киэҥи анаара барыллыбат этэ. Аны кэлэн, тугу кистэниллиэй – итинник дьаллык «чыычыччы тутан сиэбит» ыччата мин быһыылааҕым. Бэл, үнүбэрсиэккэ – саха тылын бакылтыатыгар – үөрэнэ сылдьан, туох идэлээх үлэһит буолаары хара сарсыардаттан араас преподаватель лиэксийэтигэр дьарыктаммыта буолан күнү-дьылы барыырбын өйдөөбөт эбиппин.
 
   Ол саҕана күнүскү, кэтэхтэн үөрэххэ быһа барыллаан 50-ча устудьуон биир кууруска үөрэнэр этэ. Кэтэхтэн үөрэххэ үксүгэр Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрбит учууталлар, хаһыакка кэрэспэдьиэннээн эрэр үлэһиттэр уонна нэһилиэккэ сэбиэт, управляющай курдук салайар дьон, чахчы, бигэ сыал-сорук туруорунан үөрэнэллэрэ. Оттон күнүскү үөрэххэ оскуола кэнниттэн сонно киирбит чолопоойдор уонна аармыйаҕа сулууспалаан, сопхуоска үлэ­лээн төһө эмэ ыстаастаммыт ыччаттар чыраахтаһал­лара. «Чы­раахта­һал­лара» диэн өрө тэптэрэн эттим, дьиҥэр, кү­нүс­күлэр истэригэр биэс сыл үөрэнэн туох үлэһит буолалларын ыйдаҥардыбат да эрэттэр бааллара. Холобура – мин.
  Оскуолаҕа оруобуна уон икки сыл үөрэнэн (онтум быы­һыгар бэһис кылааска иккис сылын хаалан), үөрэх диэнтэн салыйа быһыытыйбыт урааҥ­хай учуутал буолуохпун ончу баҕарбат этим. Ол эрээри сахалыы уус-уран кинигэни ааҕар­бынан уонна хоп курдук суруксуппунан сирдэрбэт быһыылааҕым. Баҕар, ол да иһин буолуо, учууталлар оскуола эркин хаһыатын эрэдээксийэтигэр аныыллара. Дьэ, онно көр-күлүү аҥаардаах суруйууларым сөп буола-буола тахсаллара. Аны санаатахха, фельетону маарыннатан суруйар эбиппин.
   Чэ, уопсайынан, учуутал буолар баҕата суох, оройуон хаһыатыгар да санаммат (онно биллэр-көстөр суруналыыс үлэлиэхтээх диэн саныырым) киһи саха тылын бакылтыатыгар үөрэнэн муҥнанарым. Уһуйааччыларым тыл, литэрэтиирэ мэтиэдьикэтигэр уруок былаанын маннык оҥоруохха сөп дииллэрин сыҥааҕырдыы олорон истэн аһарарым. Учууталлыыр санаата суох киһи онтон аанньа буолуо дуо.
   Остуолга миигин кытта сэргэстэһэ олорор Сибиэтэ Силэпсиэбэ, чугастааҕы оро­йуоҥҥа оскуоланы бүтэ­рээт киирбит кыыс, олус кыһал­лыгаһа: лиэксийэ аайы кэниспиэктээ да кэниспиэктээ. Миэхэ оннук сүрэх хантан кэлээхтиэй, нүксүччү түһэн олордоҕум эбээт. Ыксал тирээ­тэҕинэ, кыыспыттан устан сырылатабын. Манньатын «Лена» киинэ тыйаатырыгар эрдэттэн сураҕырдыбыт киинэлэригэр билиэт ылабын. Сэргэлээххэ олорор устудьуоннарга чугаһа туох да ааттаах. Киинэбит кэнниттэн аа-дьуо хаамсан уопсайбытыгар кэлэбит уонна хосторбутугар киирэн хаалабыт. Уураһыы да, илии тутуһан бакаалаһыы да суох дьонобут.
   Уолаттар хоспутугар төр­дүө­бүт. Аармыйаҕа икки сыл сулууспалаабыт, өссө ефрейтор сыбаанньалаах эристиин – мин – ыстаарсайдарабын. Уолаттарбыттан хоту дойдуттан сылдьар Оконешников Уйбаанчыгы ордук сө­бү­лүүбүн. Ыллаан эрэр курдук эҥээритэн саҥарар табаарыһым кэпсээнин киһи иһиттэр-истиэх үлүгэрэ. Булдун-алдын кэпсээн-ипсээн бар­да­ҕына, сирэйдиин-харахтыын уларыйар, сороҕор биһиэхэ – билбэт дьоҥҥо – балайда халытар гына омуннуур да быһыылаах. Холобур, кини олорор нэһилиэгэр Оконешников Иван диэн ааттаах 42 киһи баар үһү. Бу дьонуҥ ааттара араас-араас буолар эбит: Уйбаан, Уйбаанчык, Оо Баанньа, Баанньыска, Ванюта, Ваня, Ванятка, Бадаа Баанньа, о.д.а.
   Уйбаанчыкка арай биир сө­бү­лээбэттээхпин – Сибиэтэҕэ иҥээҥниир курдуга. Туох эрэ бырааһынньык күнэ үүннэ да, булгуччу сыаналаах бэлэҕэ бу күөрэс гына түһээччи. Ити чааһыгар миигин баҕас ыраа­ҕынан сабырыйара.
   Иккиэн биир кыыһы – Сибиэтэни – сөбүлүүрбүт. Ол эрээри итинтэн иирсэн турбуппут диэн суоҕа. Дьикти баҕайы, дьиҥэр, ыал аайы баар кыыс ээ. Көстөр дьүһүнэ, быһыыта-таһаата да оннук айылаах ымсыырдар буолбатах. Кырдьык, сайаҕаһын, кырдьыксытын, кө­нөтүн, ама, ким мэлдьэһиэй. Киниэхэ холоотоххо, атын бакылтыаттар, холобур, ФИЯ, ФЛФ кыргыттара, анаан чочуллан оҥоһуллубут курдуктар. Хайа да киһи ымсыыра кө­рөр, баҕарар барахсаттара!
* * *
   Күһүөрү оскуолаҕа быраактыкалана барар кэммит кэлэ оҕуста. Дьаһал киһи Уйбаанчык дойдутугар быраактыкаланар гына эрдэ-сылла дуогабар түһэрсибит эбит. Абаҕата – саха тылын учуутала, онон быраата үөрэҕин бүтэрэн кэл­лэҕинэ, миэстэтин туран биэрэн баран, биэнсийэҕэ түүрү­нэн кэбиһэр былааннаах үһү.
   Уйбаанчыгыҥ аргыый аҕай ньылбаарыйа сылдьан, ол дуогабарыгар Сибиэтэни бастакы киһинэн киллэрбит, оттон миигин «умнан кэбиспит». Абаккабар уолбун түүрэ харбаан ылан «оннуккун-манныккын, сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһааччы эн эбиккин» диэн суобаһыгар оонньоотум. Кырдьык, «бэһис куурустааҕы уһун быраактыкаҕа хоту, мин дойдубар, барыахпыт» диэн, сылы быһа тылын минньиппиттээх. Дьэ, онтун санаппыппар даамын биэрдэ быһыылаах – дуогабарын устуруокатыгар ааппын нэһиилэ батаран киллэрдэ.
   Мин ол киэһэ Сибиэтэлиин италиялар киинэлэригэр сырыттым уонна хоһугар ким да суоҕун билбиччэ, киниэхэ хоно хаалар санааланным. Уйбаанчык түөкүн өрдөөҕүттэн ымсыырдар быраҥааттатын бэйэтэ кыһан сиэтин. Көр да маны! Сибиэтэни миигиттэн кистээн илдьэ сатаабыт буола-буола. Дьиэтигэр кыыстаах киһи тиийэн кэллэҕинэ, төрөппүттэрэ ытыс үрдүгэр түһэрэ охсоллоро чахчы буол­лаҕа дии. Киһиҥ өссө «кэргэннии буолбуппут ыраатта, ороммутун оннук оҥоруҥ» диэ­тэҕинэ да көҥүлэ.
   Ол эрээри Сибиэтэ, ама, оннукка тиийбит үһүө. Кытаанах соҕус буолуохтаах. Дьэ, бэйэм бу түүн хайаһабын?
   Арыылаах килиэппитин мин­ньигэһиргэтэн сиэн баран, добуочча кэпсэтэ түстүбүт. Онтон кыыһым мантан тахсар санаата суохпун билэн быһыылаах: «Дьүөгэм оронугар сытыам, эн мин ороммор утуй», – диэн баран, орон оҥорон биэрдэ. Эр бэрдэ туохтан кыбыстыам баарай, сулбу-салбы сыгынньахтана охсон, кыыһым диэки хайыһан сыттым.
   Сибиэтэ туран, уоту умуруоран баран «бу диэки көрүмэ, киэр хайыс» диэтэ: сыгынньахтанаары гыммыт диэн өйдөөтүм. Мин истиэнэ диэки хайыһа сытан «баччанан халаатын тимэҕин сүөрэн уһуллаҕа, билигин аны хоппуруон колгуоккатын устан эрэрэ буолуо, хаарыаны, кыратык кылап гыннарбыт киһи!» диэн санаан ыллым. Сөтөллүбүтэ буолан кыыһым диэки хайыспытым, суор­ҕаны бүрүнэригэр буута эрэ кылбаарыс гынан хаалла.
   Чочумча саҥата суох сыппахтаатыбыт. Онтон мин: «Сибиэтээ, ити киинэни төһө сө­бү­лээтиҥ? Уол акаары баҕа­йы дии, кыыһа итиччэ таайтарыылаахтык көрбүтүн үрдүнэн уураабакка даллайан баран турда буолбат дуо?» – диэтим. Кыыһым туох да диэн саҥарбатыттан «аны отой даҕаны утуйан хаалбыт киһини кытта кэпсэтэ сатыыбын дуу?» диэн, Сибиэтэни кө­рөө­рү өн­дөҥ­нөөтүм. Чахчы, утуйбут быһыылаах. Ыраах хоту айанныырыттан мунчааран, күнү супту түбүгүрэн сылайаахтаа­таҕа даҕаны. Чэ, мин да утуйуум. Ол эрээри уум төрүт кэлбэтэ.
   Бэйи эрэ, Сибиэтэ, баҕар, утуйбакка миигин кэтэһэ сытара буолаарай? Кырдьыга да, хайа аанньа кыыс уот ааныттан кэл, бииргэ сытыах диэ­ҕэй? Эр киһи «идиэйэ» кө­тө­ҕөрүн күүппэтэҕэ буолуо дуо? Ити курдук араас санаа барыта элэҥнээн ааста. Онтум быыһыгар Уйбаанчык астыммыт сирэйэ көстөн ылаттаата. Тулуйбатым. Өссө биирдэ «сөтөлүннүм». Туох да биллибэтэ.
   Ороммуттан оргууй аҕай туран кыыһым сытар оронугар сыбдыйдым. Им-ньим. Суор­ҕанын моонньугар диэри тардынан, Сибиэтэм, хара­ҕын симэн, бу токуллан сытар. Уһуктубата тугун сүрэй! Сү­рэҕим тыаһа сүүрүк ат туйаҕын тыаһын курдук, бип-битиргэс дии, ама, иһиллибэтэ буолуо дуо?!
   Сэрэнэн-сэрбэнэн оронугар олорбуппар кыһаллыбата эрээри, тоҕо эрэ тыынара тохтуурга дылы гынна. Мин сол курдук олоруун-олорон баран, үргүлдьү суорҕан үрдүгэр сытынан кэбистим. Санаабар, кыы­һым эт-этэ тыҥаабыт, ку­ру­һуна түүрүллэн-түүрүллэн баран, субу киэр тэбээри гым­мытын курдук иһийбит. Бу үрдүгэр сапта сытан, иэдэһит­тэн уураан ыллым.
   Сибиэтэ иэдэһэ, мэктиэтигэр, ип-итии курдук; хара­ҕын аспытыгар өйдөөн көрдөхпү­нэ, дьикти иэйии сыдьаайарга дылы. Киэр анньыа, айдаарбытынан туран кэлиэ дии санаабытым алҕас эбит. Суор­ҕанын арыйан, моонньубуттан хам кууһан, сыһыары тардан кэбистэ. Кырдьык, сөпкө таайбыппын – утуйбакка миигин күүтэн сыппыт!
   Тугун баҕас үчүгэйэй! Илэ дуу, түүл дуу? Мин плавкилаах эрэ буоллахпына, кыыһым үрүҥ чараас путбуолкалаах, биир оннук туналы маҥан ту­руусуктаах бу кылбайан сытар. Били, италиялар киинэлэрин кириитикэлээн испит эристиин өйбүн төрүт да сүтэрэн кэбистим быһыылаах: төһө сатыырбынан уураабыта буолан ньуххайданным. Онтум кыыспар хайдаҕа эбитэ буолла, оттон санаабар, барыта табылларга дылы – тыына хаайтарыахтыы мөҕүллэҥниир; соруйана дуу, алҕаската дуу – тылын уоһум иһигэр киллэрэн көҥүл «күүлэйдэтэр». Ол аайы иэним кычыгыланан, араастаан кэдэҥнээн ылбыппын билбэккэ да хаалабын. Оттон били тугум «хаппахчытын» иһигэр буугуначчы бууннаан, өрө туран кэбистэ.
   Итиигэ-буһууга киирэр си­биэн билиннэ: уулаа­ҕы­нан-хаардааҕынан оҥой-соҥой кө­рүү, сылааһынан-сииктээҕи­нэн таарыйсыы, өрүтэ тыым­махалаһыы үлүскэнэ буолла. Тулуйар-туттунар кыахпытыттан тахсан, хайа-хайабыт баар-суох таҥаспыт сыыһын киэр хаһыйдыбыт... Дьэ, ол эрэ кэнниттэн ийэттэн түспүтүнэн кылбайан сытан бүтэһик, бы­һаарыылаах түһүмэх хаалбытын өйдөөтүбүт.
   Тыын ылан, иһийэн сыппахтаатыбыт... Онтон сүбэлэспит курдук, дьахтардаах эр киһи имэҥнээх сыһыаннарыгар киирэрдии, мин – үөһэ, кыыһым аллара буолан, оҥостон эрдэхпитинэ, эмискэччи ааны тоҥ­суйан тобугураппаттар дуо?!
   Тымныы уунан саба ыстарбыт курдук, мах бэрдэрэн, ылы-чып бардыбыт. Өссө тоҥ­суйдулар! Ыксал буолла, саатар-кыбыстар мэлийдэ! Кэмэндээн бэрэбиэркэтэ быһыылаах. Хараҥаҕа хар­быа­лаһыы омунугар плавки умнулунна, онтубун даҕаны бүрүүкэбин кэтэн баран биирдэ биллим... Оттон ааны дьа­ныһан туран тоҥсуйаллар, тохтуу түһэр аат диэн суох.
   Аҕылас дьон остуолбутун тардыбыта буоллубут. Онтон туох да буолбатаҕын курдук тутта сатыы-сатыы, Сибиэтэ аа-дьуо тиийэн ааны аспыта – Уйбаанчык, тоҥ балыгын кыбыммытынан, субу мылаллан турара. Сибиэтэ туох дии санаабытын билбэтим, оттон мин ол быраҥааттаны түннү­гүнэн элитэргэ бэлэм этим.
   – Чэйиҥ, өйүүн мин дойдубар быраактыкалана барар дьон буоллахпыт. Онтубутун бэ­лиэтиэҕиҥ, миэхэ өссө сампааныскай баар, – диэн баран, Уйбаанчык салапаан суумкатыттан аһын-үөлүн хостообутунан барбыта...
 
БУТУКАЙ.

Бүтэһик сонуннар