Киир

Киир

   Хоту дойду сааскы, бэс ыйынааҕы, айылҕата биир уратылаах: көтөр кынаттаах арааһа сөҕүмэр элбэҕэ. Дьэ, бу саҥа­ларын эриэхсит – бирээмэ киһи кулгааҕар хаһан да умнуллубат гына хатанар. Бэл, утуйаары сыттаххына, санааҕар, субу иһиллэ турарга дылы. Аны туран, күнэ киирбэтин ооккото сыттаҕа: түүн буоллун, күнүс буоллун – чэмэличчи тыган турар. Эргийэ сылдьан!
 
   Ньиэрбэтэ мөлтөх киһи адьас буорайар. Ол иһин кэлии дьон үксүгэр хайдах эмэ гынан утуйбут киһи диэн, түннүктэрин хайа сатанарынан хараҥа өҥнөөх таҥаһынан саба сатыыллар. Оттон олохтоохтор, манныкка үөрүйэх барахсаттар, кыһанан бэрт – кимнээҕэр үчүгэйдик утуйан бырылатыы!
   Саргылаана, төһө да кэлии киһи буоллар, Саҥыйахтаахха балай эмэ уһуннук олорбут буолан, эмиэ оннук: дьыалатын бүтэрдэ-оһордо да, мунна тыаһаабытынан барар. Дьэ, бу сыттаҕа ийэттэн хайдах төрөөбүтүнэн. Үүт маҥан этэ туналыйан түһэн, хайа да бэйэлээх эр киһи хараҕын араарыах буолбатах. Төбөтүн улаҕа диэки хайыһыннаран “чэ, төһө баҕарар көр, таарый даҕаны, мин утуйа сытабын, онон тугу да билбэппин” диэбиттии, бу аһаҕас баҕайытык сыттаҕа. Икки эмиийэ ымсыырдыбыт курдук, тэрэйиэҕинэн тэрэйбит, тумуктара буһан эрэр моонньоҕону санатан, бөлтөһөн тахсыбыттар.
   Киргиэлэй, наараҕа олорон бу кэрэни тонолуппакка одуулуур. Эдэр дьахтар көбүс-көнө атахтарын силбэспит сирэ маннык сырдыкка өссө тупсан көстөргө дылы. Били, хаһан эрэ, бөртөлүөт кэтэһэр саҕана, Саргылаана будьурхай “үүнээйитэ” хойуутун көрөн сөхпүттээҕэ. Онто билигин, хайа икки ардыгар оҥосто охсубута буолла – окураатынай баҕайы көрүҥнэммит, оруобуна куорат сиргэ газону араастаан кырыйбыттарын, чарааһаппыттарын курдук. “Олус имэҥнээх, тэмпэрээмэннээх эрэ дьоҥҥо оннук өлгөмнүк үүнэр үһү” дииллэрин урут истэр буолара. Онуоха холоотоххо, бэйэтин киэнэ курааҥҥа ылларбыт отох от курдук буолан түһэн, дьэ, хобдох – барыта кэмчи, тарпат тараһа, тиийбэт тирии. Таҥара туох аньыыны оҥорбутун иһин атаҕастаан итиччэ кэмчилээбит баҕайытай? Оттон убайдар обургулар киэннэрин баанньыкка дуу, хартыынаҕа дуу биирдэ эмэ көрдөҕүнэ, дьэ, добуруо сүллүгэс диэн онно баара. Айылҕаларын оҥоһуута буоллаҕа. Биир курдук өйдөөтөххө, Таҥара саха барахсан тостор тымныылаах дойдуга ол хаарыан тэрилин үлүппэтин диэн, харыстаан, быыкаа гыммыт быһыылаах.
   Алын кылааска үөрэнэ сылдьан табаарыһа Туллугу кытта онтуларын тэҥнии тутан куоталаһар этилэр. Биллэн турар, үрдүк уҥуохтаах уонна туох эрэ булкаас хааннаах буолан, Туллук куруук баһыйан тахсара. Кирииһэни, табаарыһын, хомойуо диэн, алы гынан “улааттаххына, мин саҕа үрдүк буоллаххына, эйиэнэ да добуочча уһуо” диэн уоскутара. Хантан? Дьэ, ол Туллугу кэлин дьахтар аймах орон куукулата оҥостоору күн-хаан кыараҕаһа дииллэрин истэрэ. Ол үчүгэйэ эрэ, куһаҕана эрэ – Киргиэлэй ону билбэт.
   Саргылаана, кырдьык, утуйар эбит: Киргиэлэй таарыйарын, ымсыырбыт-баҕарбыт сирдэриттэн сыллаан-уураан ыларын төрүт билбэт. Дьөрү, этин да тартаран ылбат дии. Дьэ, холку киһи диэтэҕиҥ.
   Киргиэлэй кинини кытта холбоһон олороро буоллар, төһө эрэ тапсыах этилэр? Төрүт иирсибэккэ, олус өйдөһөн сылдьыахтаах дьон итинник дьылҕаланан хааллахтара.
   Мэхээстиин куһаҕана суох олохтоох курдук этилэр эрээри, Саргылаана ол туһунан соччо аһыллан кэпсээбэтэҕэ. Арай арыгыга убаммытын, буор табахсытын этэн аһарара. Кырдьык даҕаны, табах тарпат, арыгы испэт киһиэхэ ол туох аанньа үһү. Холобур, Киргиэлэй бастакы кэргэнин сыгынньахтаан баран, туох ханнык иннинэ сахалыы сыллаан сырылатарын, ол кэнниттэн дьэ ууруурун, таптыырын сөбүлүүрэ. Сыллаатаҕына, дьахтар ураты дьикти сыта өйүн туймаарда сыһара – ол курдук долгутуулааҕа, үчүгэйэ. Санаатыгар, ол дьикти сыкка дьахтарга иҥэн кистэнэ сытар кэрэ түөрэтэ эҕириллэн киирэн этин-сиинин уһугуннарар, чэбдигирдэр, көҕүтэр курдуга. Оччоҕуна эт-этэ кытаатан, мэктиэтигэр, бүтүннүү бугуһуйан ыларга дылы буолара. Ити кэнниттэн уоһуттан, уйан сириттэн уураан, тылынан таарыйталаан киирэн бардаҕына, иккиэн даҕаны бу Орто дойдуга баалларын даҕаны төрүт умнан кэбиһэллэрэ...
 
* * *
   Киргиэлэй эдэр дьахтар ураты кэрэ сытын эҕирийбэхтээн астына сыттаҕына, биирдэрэ кэтэҕиттэн оргууй аҕай бэйэтигэр сыһыары тардыбыта уонна имэрийэрин быыһыгар:
   – Ок-сиэ, Кирииһээ, үчүгэйгин даҕаны-ыы, хаарыаны, куруук маннык сылдьарбыт буолла-аар, – диэн саҥара сыппыта.
   “Сарсыардааҥҥы көтүү” саҕаланнаҕа ити. Саргылаана таарыйыа эрэ кэрэх, мэлдьи ити курдук буолар. Эрдэттэн оҥостуу, турукка киллэрии эҥин суох – барыта бэйэтинэн тахсан хаалар. Киргиэлэй бачча сааһыгар диэри манныгы билэ илигэ. Кэмниэ кэнэҕэс уохтара хараан, хас эмэ сиргэ көҕүйсэ-көҕүйсэ куккууктаан куоталаһар кэҕэлэр саҥаларын иһиттилэр. Тыын ылбычча, ыга куустуһа сытан, сыллаһан сыыбырҕастылар.
   – Өйдүү-саныы сылдьарбар бу сытаргын хаартыскаҕа түһэрэн ылыым, – диэн баран, Саргылаана сымса баҕайытык кылбас гына ойон туран, сыгынньах иттэннэри сытар Киргиэлэйи иитиллэн бүппүт суотабайыгар хаста да устан ылла.
   – Сүрэ бэрт дии, аны алҕаска дьон көрөн, ол мучумаана буолуо, сотторон кэбис.
   – Дьэ, маны баҕас мээнэ киһи булан көрбөт сиригэр кистиир киһибин. Куттаныма, ойоххор ыытыам суоҕа, тоҕо да ыыттамый, аньыы даҕаны. Оо, сэгэрбин, эйигин, аҕыннахпына, куруук көрө сылдьыам, – диэн баран, Саргылаана Киргиэлэй үрдүгэр сытынан кэбиспитэ уонна эмиэ сыллаабытынан-уураабытынан барбыта...
   Сол курдук кус сыгынньах тахсан, дьоллоох кусчуттар бэлиэр сылыйбыт ньалыар ууга сууммуттара уонна таҥнар диэни умнан, үүтээннэригэр киирэн аһаабытынан барбыттара. Кимтэн да толлубакка, тугу эмэ сыыһа туттуом диэн дьаархаммакка, айылҕа хайдах анаабытынан сылдьаллара үчүгэй даҕаны эбит. Адьас кыра оҕо курдуктар. Ханна тиэтэйиэхтэрэ баарай – туос иллэҥ барахсаттар буоллахтара эбээт! Ону баара, кус ытар болдьохторо бүтэрэ бу тиийэн кэллэҕэ. Сотору Киргиэлэй Дьокуускайдыа, куорат быыллаах уулуссатынан хааман үлэтигэр ыксыа-бохсуо, быһата, күнэ-дьыла түөрэтэ өлбөөрбүтүнэн барыа. Чэ, онооҥҥо диэри хас да күн өссө баар...
* * *
   Саргылаана икки илимнээҕин үтэн балай эмэ сордоҥу бултаабытын хачыр диэн аһы оҥорор эбит. Сытыы быһаҕынан кэрдиистии сотуталаан кэбиспит балыгын салгыҥҥа сайа оҕустаран хатарар уонна сөп буолбут дии санаабытын туспа ууран кэбиһэр. Бэйэтэ кэпсииринэн, ити хачырын бөһүөлэккэ илдьэр уонна ыһыахха дьону-сэргэни күндүлүүр-маанылыыр үһү. Хачыры сиэтэххэ, өр аччыктаабакка сылдьыллар уонна күүскэр күүс, сэниэҕэр сэниэ киирэр диэн итэҕэтиилээхтик кэпсиир. Кырдьык, оннук быһыылаах: Киргиэлэй арай эдэр эрдэҕинэ маннык “актыыбынай” этэ.
   Саргылаана кэргэнэ өлүөҕүттэн сылгыһыттар учаастактарыгар биэлсэр буолбут. Бөһүөлэккэ хам-түм киирэр үһү. “Арыый холку үлэлээхпин, онон балай эмэ сынньанным” диир. Көрүөхтээх-истиэхтээх сылгыһыттара – эдэр-эмньик ыччаттар, онон оту-маһы тардыалаан тахсар дьон. Тыаҕа сырыттахха, тумуу-дьаҥ суох, хата, бөһүөлэккэ киирэн ол-бу тумууга-кириипкэ сыстыахха сөп диир. Эргэ тахсар санаата ончу суох үһү. Киргиэлэй “саатар, биирдэ эмэ эр киһиэхэ таптата, манньыйа түһүөххүн” диэтэҕинэ, үөһэ тыынан эрэ кэбиһэр. “Таптаабат киһигин кытта тулуйа сатыы-сатыы олорор диэн туох аатай, ол кэриэтин аҥаардас сылдьыбыт көнө” диир.
   Күн сирин “Орто дойду” диэн мээнэҕэ ааттаабатах буолуохтаахтар. Ааттыын да орто буоллаҕа. Уопсайынан даҕаны, сибэтиэй дуу, туох дуу курдук күөх оту тосту үктээбэккэ олорор киһи баара эбитэ дуу? Киргиэлэй бу Саргылаананы кытта таптаһа сылдьарын билиҥҥи кэргэнэ билэрэ буоллар, туох диэх этэй? Арааһа, соччо айдаарбата буолуо ээ, бука. Арай оҕолоро...
   Дойду сиртэн кэлбит киһиэхэ, Киргиэлэйгэ, ыраас салгыҥҥа, дьоҕус үүтээҥҥэ маннык сытар үчүгэйэ сүрдээх, боруоста – ырай. Туох да кыһалҕата суох сырыттахтара. Саатар, бачча ыраах дойдуга кыырайан кэлбит сааһыт ааттаах киһи “кус баччанан көтүөхтээх” диэн сэһээккэҕэ олорууһу дуу? Ол – суох. Аны туран, иккиэн биир сэһээккэҕэ олордохторо үһү. Ол да олорон сүгүннээбэттэр – таба тэллэҕэр күөлэһийэн, тэбэнэтирэн ылаллар. Ити да гыннар сүүрбэттэн тахса кустаахтар, ол иһигэр алта анды, уонча ээбиллэ баар. Кураанах куһу ырыгана бэрт диэн, ыта да сорумматтар. Чугас эргин биир да сааһыт суох, ол иһин куһу мончуукка түһэрэн эрэ баран ыталлар. Атын кэм эбитэ буоллар, Киргиэлэй үрдүнэн субу сараһан ааһар андылары баҕас ытыалаамахтаан хаалыахтаах этэ. Ону баара, тоҕо эрэ кустуур санаа киирбэт. Оттон Дьокуускайтан биир сөмөлүөтүнэн кэлбит аргыстара обургулар төһө эрэ күннээтилэр? Дьиэлэригэр, бука, хас эмэ куулунан кэһиилээх дьон тиийиэхтэрэ. Киргиэлэй ол аайы кыһаллыбат, кылаабынайа, хаһан эрэ үлэлии сылдьыбыт дойдутун көрдөҕө, син ахтылҕанын таһаардаҕа, онтун ааһан кинини ис сүрэҕиттэн таптыыр күндү киһитэ баарын биллэҕэ. Ол элбэх куһу, балыгы кэһии гыммыта улахан суолталаах үһү дуо?
   Аны Саргылаанатын кытта хаһан көрсүөхтэрэй? Бэҕэһээ наараларыгар сытан (эмиэ уохтаах таптаһыы кэнниттэн) арааһы бары кэпсэппиттэрэ. Онно Киргиэлэй “биирдэ эмэ куоракка тиийэ сылдьыаххын, ама, бу курдук сылга дэҥҥэ көрсүһэр хобдоҕо бэрт дии” диэбитигэр Саргылаана:
   – Эн миигин үчүгэйдик билбэккин. Онно тиийдим да, хайаан да эйигин буларым чуолкай. Таптыыр киһибэр оччо чугаһаабыт киһи хайаан да “тыас” таһаарар буоллаҕым. Онтон олус куттанабын. Бачча тэринэн кэлбит олоххун алдьатыахпын, оҕолоргун аҕата суох хаалларыахпын баҕарбаппын, ол иһин онно тиийэрим хайдах да табыллыбат, – диэн хоруйдаабыта уонна, үгэһинэн, санаарҕаабыттыы өһүө диэки көрөн кэбиспитэ.
   Сарсын бөртөлүөт кэлиэхтээх, били, Дьокуускайтан “хомондьуруопкаҕа” кэлбит толуу көрүҥнээх дьону ылыахтаах. Киргиэлэй олору кытта көтүөхтээх. Ок-сиэ, эмиэ хаһааҥҥы эрэ курдук бөртөлүөтү кэтэһии! Ол эрээри бу сырыыга кэтэспэт, хата, туох эмэ биричиинэнэн ол көтөр аал кэлбэтэ буоллар диэн санаалаах. Туох да диэбит иһин, хомолтолоох. Дьэ, ити баар ээ – Дьылҕа Хаан оҥоһуута диэн.

БУТУКАЙ.