Киир

Киир

Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх. Аҕыйах хонуктаахха курдук этэ дии – таһырдьа үүт туман сатыылаан турбута, кыра наадаҕа киһи таһырдьа да быкпат үлүгэрэ.
 
 
   Ол бэйэтэ билигин дьиэ сарайыттан таммах түһэр: сороҕор кими эрэ кэтэспит курдук, бытаан баҕайытык «топ» гынан баран, тохтоон ылардаах. Онтон күн үөһэ ойуута, биллэ итийиитэ, биир кэм чолугурас. Дьиэ таһыгар, ордук күн уота арахпат сиригэр, харалдьык тахсыбыта балайда буолла. Сотору ньургуһун барахсан нарыын-намчы бэйэтэ «мин эмиэ кэллим» диэбиттии күөрэс гыныа. Ити курдук олохпут салҕанар: ким эрэ күнэ саҕахха түһэр, ким эрэ күнэ сандааран тахсар. Бу тэлгэһэ барахсан элбэх да сааһы көрүстэҕэ, ол тухары төһөлөөх ыччаты, таптал иэйиитигэр куустарбыт дьону, көрбүтэ буолуой?! «Эн эмиэ биир оннук уол этиҥ эбээт, ол бэйэҥ сааһыран, түспэтийэн сырыттаҕыҥ» диир курдук дьиэ эркинин суоһугар сыламныыр кирийбит харалдьык.
   Сэмэн санаа-оноо буолбут кэмигэр түннүгүнэн таһырдьаны одууластаҕына, олоҕо бүүс-бүтүннүү эргийэн кэлэргэ дылы. Дьэ, онно кинигэ лииһин арыйар кэриэтэ, тугу санаабыта барыта көстөн кэлэр. Көр, оол күөл уҥуор көстөр халдьаайыны. Дьэ, ити оҕо аймах, эдэр-эмэн бэркэ сөбүлээн сылдьар сирэ этэ. Бөһүөлэк арҕаа эҥээрин оторой-моторой уолаттара харыйа туорааҕынан тамнаһа оонньуур «кыргыс хонуулара». Ити халдьаайынан үрдүкү кылаас бигэ пааралара аргыый аҕай сиэттиһэн хаамсаллара. Пааранан кистии саба хаамсыы улахан дьон, атыннык эттэххэ, туора харах көрөн сиилээбэтин, одуу быспатын диэн санааттан буолара. Оччолорго сиэр-майгы, бэрээдэк да кытаанах этэ. Биир саас тохсуска үөрэнэр Ылдьаа ахсыс кылаас Наадьатын кытта педсовекка дьүүллэммиттээхтэр. Буруйдара – уруок ааҕар эрэсиим кэмигэр интэринээттэн көҥүллэппэккэ тахсан, успуорт былаһааккатыгар тиийэн куустуһан олорбуттара.
   Билигин уоллаах кыыс куустуһан сылдьалларын ханна баҕарар көрүөххэ сөп, онно ким да хараҕын аалларбат. Ол гынан баран сороҕор ыччаппыт наһаалыыр. Сэмэн соторутааҕыта куоракка тиийэ сылдьыбыта. Онно Ленин болуоссатыгар, оруобуна оптуобус тохтобулугар, уоллаах кыыс сыстыһыахтарынан сыстыһан туран, уҥа-таала убураһыы омуннааҕа. Ханна туралларын да умнубуттар быһыылаах биитэр туох эрэ моһуокка ылларбыттар дуу – кимиэхэ да кыһаллыбаттар. Сахалар! Оптуобус дьоно, барар-кэлэр сирдэрин мэһэйдэтэн, мөҕүттэ-мөҕүттэ ааһалларыгар кыһаллан бэрт. Ама, аныгы үйэ таптала итинник үһүө?! Дьон-сэргэ хараҕар «уруһуйданыы» диэн ити ини. Суох, оннук буолбатах быһыылаах. Сэмэн үнүбэрсиэт дьиэтигэр сиэнин көрсөөрү тиийбитэ – биир оннук хартыына. Аан таһыгар туран эрэ куустуһуу, сыллаһыы-уураһыы. Учуутал эрэ, ким эрэ – төрүт кыһаллыбаттар.
Букатын атын кэм, атын сиэр-майгы кэлбитин билбэккэ сылдьаахтыыбыт быһыылаах. Эдэригэр Сэмэн да сонун кыыстан хараҕын араарбат идэлээҕэ. Син долгутуулаах кэмнэр ааспыттар эбит...
* * *
Оччолорго онус кылааска сүүрбэ­лэрин ааспыт ыччаттар кытта үөрэнэл­лэрэ. Онтон ким да кыбыстыбат уонна ким да сирэй-харах аспат буолара. Ситии-хотуу ачыстаатын ылалларыгар ыал буолбут дьон эмиэ бааллара. Оскуолаҕа саастаах үөрэнээччилэри учууталлар бэркэ туһаналлара: учком, хомсомуол сэкирэтээрэ, биэнньиэр баһаатайа буолан, ис-тас бэрээдэги барытын кытаанахтык көрөллөрө.
   Чугастааҕы бөһүөлэктэргэ аҕыс кылаастаах оскуоланы бүтэрбит оҕолор бу сэлиэнньэ орто оскуолатыгар үөрэх­тэрин салгыы кэлэллэрэ.
   Сиэнньэ, төһө да биир сыл кылаа­һыгар хааллар, тохсус кылааска «кыр­дьаҕастара» буолбатах этэ. 17 саас­тааҕа. Киниттэн аҕа саастаах хас эмэ оҕо баара. Бүтэй оскуолатыттан Аанчык диэн курбуу курдук көнө уҥуохтаах, бэйэтигэр сөрү-сөп быһыылаах-таһаалаах, ыйаастыгас харахтаах кыыс кэлбитэ. Худуоһунньуктар маннык кыыһы «хоту дойду кырасаабыссата» диэн ойуулуур буолуохтаахтар. Ол гынан баран, киһи дьиктиргиэх, онус уолаттарыттан ким да киниэхэ иҥээҥниирэ биллибэтэҕэ. Үгэс курдук, үрдүкү кылаас уолаттара атын сиртэн кэлбит, «киһи хараҕар иҥнэр» саҥа кыргыттары «ити мин кыыһым», «ол – Киэсэ кыыһа» эҥин диэн «үллэстэр» идэлээхтэрэ.
   Оскуолаҕа тэриллэр бастакы биэчэр – «Үлэҕэ албан аат!» диэн тиэмэҕэ. Бу сырыыга бэрт кылгас кэм иһигэр бэлэмнэнэн Сиэнньэлээх кылаастара кэнсиэр туруорар буолла. Кэнсиэри кылаастарын салайааччыта, быйыл үөрэҕин саҥа бүтэрэн кэлбит Анфиса Филипповна сынаарыйынан ыытарга сүбэлэстилэр. Учуутал талаана сүрдээх эбит: ыллыыр даҕаны, мандалыынаҕа да оонньуур, үҥкүүнү да билбэхтэһэр. Саха үҥкүүтүгэр элбэх буолан киириэхтээхтэр. Сиэнньэ паарата, ким имнэннэҕэй, Аанчык буолла. Онон киэһэ аайы эрэпэтииссийэ да эрэпэтииссийэ. Уоллара быйылгы үөрэх дьылыгар чыҥха атын быһыыланан-майгыланан барбытын ийэлээх аҕата бэркэ дьиктиргээбиттэрэ. Былырыыҥҥа диэри тордуос бэйэтэ аматыйбыт. Хата, үчүгэй, оннук эрэ буоллун.
   Кэнсиэрдиир киэһэлэрэ өссө долгутуулаах этэ. Эргэ оскуола киэҥ көрүдүөрүгэр физзалтан тахсан хуордаатылар, хас да оҕо ырыа ыллаата, Килиим көрдөөх кэпсээнин тардан, көрөөччүлэри быара суох ыытта. Аны туран үҥкүүлэригэр бэлэмнэнии сахсаана буолла. Кыргыттар «уолаттар, бу диэки көрүмэҥ, таҥас уларыттабыт» диэбиттэрэ, өссө эбии интэриэһи көбүттэ. Уора-көстө кыргыттарын кылап гыннарбыттара эрэ баар. Сиэнньэ, Аанчыгын көрбүтэ, устуулга олорон эрэ таҥаһын бүтүннүү арынан баран, хоппуруон чулкутун сыыйа тардан иҥиннэрэн эрэр эбит. Уол сүрэҕэ битиргэччи тэбэн, мах бэрдэрэн, киэр хайыспакка хаалла, ол кэмҥэ Аанчыга кини диэки көрө биэрдэ. Имэ тэтэрэ кыыспыт, саҥа-иҥэ суох, түргэн үлүгэрдик сахатын таҥаһын саба тардынан кэбистэ. Сиэнньэ, долгуйан хаалан, таалан турдаҕына, түҥ-таҥ анньан үҥкүүгэ киллэрбиттэрэ. Оо, онно үчүгэйдик да үҥкүүлээбиттэрэ! Бэйиэттэр дууһа итинник күүрээнигэр сылдьан таптал туһунан хоһооннорун айан эрдэхтэрэ.
   Кэнсиэр үчүгэйдик ааспыта. Сайыны быһа манныгы көрбөккө чуҥкуйбут дьон ытыстарын тыаһа өрө хабыллан олороро. Ити барыта кэнсиэр кыттыылаахтарын өссө кынаттаабыта. Бу үөрэх дьылыгар оскуола бастакы биэчэрэ буолан, дириэктэр 11 чааска диэри көҥүллээбитэ. Онно кылааһынньыктара Былатыаскын хаһааҥҥытааҕар да табыллан байааннаабыта (ол саҕана магнитофон эҥин суоҕа), оҕолор вальстаан, фокстроттаан, танголаан, краковяктаан биэчэр бүппүтүн билбэккэ да хаалбыттара. «12 чааска диэри үҥкүүлүүрбүтүн көҥүллээ» диэн суруктаан «дэлэгээт» ыыппыттарын, хайа муҥун, дириэктэр көҥүллээбэтэҕэ.
   Күһүҥҥү хараҥаҕа Сиэнньэ Аанчыгы олорор ыалыгар атаарбыта. Кыыс дьиэтэ балачча ыраах этэ. Ханна ыксыахтарай, сиэттиһэн букатын атын сиринэн төгүрүйэн барбыттара. Ыраах уот ыстаансыйата тарылыыра, хам-түм оттоох күрүөҕэ сытар ыттар, си буолуохтааҕар, үрэн моргуһан ылаллара. Оттон үөһэттэн сулустар имнэнсэр курдук чыпчыҥнаһаллара, көҕүтэллэрэ, «хайыыр эбиккит, көрүөхпүт» диэбиттии сыдьаайаллара. Сиэнньэ Аанчыгы биилиттэн кууһан иэдэһиттэн сыллаабыта, кыыһа эмиэ кинини ыга кууһан сылаас уоһун даҕайан ууруура. Оо, дьэ, сатаан уураабат диэн баар ээ, кыһыыта! Табаарыһа Архан Туолук хайдах эрэ уураан чобурҕатар этэ! Ол уолуҥ итиниэхэ кыра эрдэҕиттэн сыстаҕас. Кыыс ууруура диэн дьикти да буолар эбит! Уоскун сылаас тылынан таарыйдаҕына, эт-этиҥ бүтүннүү «дыр» гынан, күүрэн ылар, тохтуу түһэн баран эмиэ боруобалаатаххына, биир кэм тохтоло суох барыах чинчилээх. Сиэнньэ да төһө сатыырынан ууруура-сыллыыра Аанчыкка биллэр быһыылаах: кыыһа адьас сэниэтэ суох курдук ууллар, ыга сыстар. Сиэнньэлээх утары туран куустуһан эрэ бытыын-бытаан баҕайытык уллуҥах аҥаардыытынан сыҕарыйан дьиэлэрин лаппа хойут булбуттара.
 
* * *
   Сиэнньэлээх Аанчык ити курдук быстыспакка бииргэ кэриэтэ сылдьыбыттара. Киинэҕэ бииргэ олороллоро, онно илии-илиилэриттэн ылсан иһийэн хаалаллара. Дьон көрбөтүгэр уураһаллара, онтон олус долгуйаллара, астыналлара. Оскуолаҕа кинилэри хайыы үйэ «холбоон» ырааппыттара. Бэл, Сиэнньэ төрөппүттэрэ кытта истэн, устунан дьиксиниэх да курдук буолан барбыттара. Аны уолбут оҕо оҥорон кэбиһэн саакка-суукка барыахпыт диэн дьаарханаллара. Биир оскуолаҕа онуска үөрэнэр кыыс оҕоломмутугар дириэктэр, кылаас салайааччыта үлэлэриттэн уһуллубуттар, районо сэбиэдиссэйэ кытаанах быыгабары ылбыт диэн баара. Онон Сиэнньэ ити кыыһын кытта сибээстэспэтэҕинэ сатанар диэн түмүккэ кэлбиттэрэ.
   Биирдэ аалгабыра уруогар Аанчык дьиэтээҕи үлэтин толорбокко кэлбитигэр учуутала дэлби мөхпүтэ, устунан «оскуолаттан уурайан, ыал буолан хаалбакка, таах паартаны сылытар ыччаттар баалларын» ахтан аһарбыта. Дьэ, онуоха этэ дии – Сиэнньэ оргуйан турбута. Моргуортан моргуор үөскээбитэ, кылаас салайааччыта кэлбитэ, дириэктэрдэммиттэрэ, Сиэнньэ дьонун ыҥырбыттара. Дириэктэр хоһугар ийэтэ кыыһы саҥаран умайыктаммыта, онуоха Аанчык марылаччы ытаабытынан таһырдьа ойбута. Сиэнньэ, дириэктэр хоһугар баар дьону хаһыытаппытынан, кыыһын эккирэппитэ...
   Аанчыгын ситэ баттаан, дьон көрүө диэн толлубакка ыга кууспута, ааттаабыта уонна эр хаанын киллэрэн «бу дойдуттан барыах, иннибитин булан сылдьыахпыт» диэбитэ. Кыыс аймахтара үлэлэригэр сылдьан буолан, дьиэҕэ ким да суоҕа. Онон сып-сап хомунан Ньыралыырга быһаарыммыттара. Сиэнньэ тастыҥ убайа онно олорор, пуорка үлэлиир. Онно тиийиэхтэрэ, Сиэнньэ ханна баҕарар хара үлэни булуоҕа, оттон Аанчык остолобуойга эҥин асчытынан, саатар, иһит сууйааччынан киириэҕэ. Түргэнник мантан бара охсуохха эрэ наада. Өйүө-тайаа ылан, ааннарын миинньигинэн баттатан тыраассаҕа тахсыбыттара.
   Өр айаннаан, киэһэлик биир учаастакка кэлбиттэрэ. Дэлби аччыктаабыт, сылайбыт этилэр, киһи кыһыйыах, аара биир да массыына ситэн олордубатаҕа. Суолтан чугас буор сыбахтаах кыра балаҕаҥҥа киирбиттэрэ, эргэ таҥастаах кырдьаҕас эмээхсин чаай иһэ олороро. Хантан хайа диэки айаннаан иһэллэрин арыый «тупсаран» кэпсээбиттэрэ. Ол ыккардыгар халлаан хараҥаран барбыта, онон манна хонор буолбуттара. Суоппуйа арыый кэҥэс мас оронун «убайдыы-балыстыыга» туран биэрбитэ, атахтаһан утуйалларыгар таҥас бэлэмнээбитэ, бэйэтэ хаҥас диэки турар тимир ороҥҥо сыппыта.
   Сиэнньэ таһырдьаттан киирэригэр Аанчыга хайыы үйэ сыппыт этэ. Сыгынньахтана олордоҕуна сып-сылаас илии кууспута, көхсүгэр инчэҕэй уос сыстыбыта. Оо, Аанчыак, тапталлааҕым оҕотоо, эйигин таптыыбын даҕаны! Эдэр сүрэхтэр курустаал курдук ыраас килбик тапталлара бу быыкаа балаҕаҥҥа умуллубат кутаанан кытыастыбыта. Оо, таптал, эн модун да санааны саҕан таһаараҕын! Таптал баар буолан, туохтан да толлубаттар. Бу аҥаардас имэҥ-дьалыҥ тииһигэ буолбатах, бу – өй-санаа, күүс-уох биир ыллыкка түмсүүтэ! Эдэрдэр килбик эрээри туохтан да иҥнибэт күүстээх тапталларыгар кыырпах да күлүк түспэтин.
   Сыта үөрүйэх оронун былдьаппыт эриэн куоска оһох үрдүттэн таптал уотугар бүттүүн бэриммит уоллаах кыыһы сылаанньыйа одуулуур, тугу эрэ курдьугунуур. Хаҥас диэки үтүө санаалаах Суоппуйа эмээхсин муннун тыаһа сыыгыныыр. Утуйдуун-утуйдун кырдьаҕас, эдэрдэри эрэ мэһэйдээбэтин, хата, түүлүгэр эдэр эрдэҕинээҕитэ көһүннүн.
 
БУТУКАЙ.

Санааҕын суруй