Киир

Киир

   Кэлин бу тиэмэҕэ хас даҕаны ыстатыйа таҕыста. Мин даҕаны биир устуоруйаны кэпсиим. Бэриэтчит диэн чахчы баар буоллаҕына, мин иккитэ көрөн турардаахпын. Оскуолаҕа, 9-с кылааска сылдьан, кылааһынан “мойуопкалыы” диэн бардыбыт. Айылҕаҕа сынньана тахсарбытын инньэ диэн ааттыыр этибит. Күнүһүн дэлби оонньоон, күлэн-салан, киэһэтин кулуһун оттунан ону-маны кэпсэтэ олордубут. Ким уоллааҕын-кыыстааҕын, ким туох кистэлэҥнээҕин ырытыстыбыт, бэйэ-бэйэбитин үрдүкү кылаас оҕолоругар холбоон көрө-көрө дьээбэлэннибит. Түүн үөһүгэр балааккаларбытыгар киирэн утуйдубут.
 
 
   Арай сарсыарда биэс чааска уһуктан, чэпчэтинээри таһырдьа диэки таластым. Балааккабын арыйа баттаабытым, кулуһун аттыгар кугас баттахтаах Анжелика диэн кыыспыт кулуһун чоҕун булкуйа турарын көрөн: “Хайа бу, хайыы тураҕын? Бэйэм курдук утуйбат киһи баар эбит дуу...” – диэн бачыыҥкабын ылаары хайыспытым, киһим суох буолан хаалбыт. “Утуйа киирэн хааллаҕа” диэн санаатым, улахаҥҥа уурбатым. Онтон бары турбуттарын кэннэ, чэй иһэ олорон, Анжеликаттан “сарсыарда кулуһун аттыгар тугу гына турбуккунуй?” диэбиппин, кыыһым мэлдьэһэн кэбиспитэ. Сарсыарда төрүт да турбатах этэ. Миигин ким даҕаны итэҕэйбэтэҕэ. Онтон киэһэлик дьиэлээри хомуна сырыттыбыт. Били, сарсыарда кулуһун чоҕун булкуйа турара дии, оруобуна ол курдук тутан-хаптан Анжелика уота умуллубут кулуһун чоҕун маһынан булкуйа турар этэ! Онон кэпсээммин итэҕэйбит дьон Анжеликаны “бэриэтчиттээх кыыс эбит” диэбиттэрэ.
   Ол кэннэ устудьуоннуу сырыттахпына буолбута. Бу түгэн, хата, куттаан турардаах. Паарабыт бүппүтүн кэннэ, уолаттарбын кытары остолобуойга аһаатыбыт. Икки хоско бииргэ олорор уолаттарым уонна биир кууруһунан үрдүкү үөрэнэр уол буоламмыт. Аһаатыбыт, эксээмэммитин хайдах туттарар туһунан сэһэргэстибит. Сиэссийэ чугаһаан, уйабытыгар уу киирэн сылдьара. Аһаат даҕаны салгыы бэлэмнэнэ барбакка, кыыспын кытары көрсөөрү ойбутум. Киэһэлик уопсайым дьиэтин диэки хааман истэхпинэ, хоско бииргэ олорор уолум ГУК аттынан иһэр эбит. Мин көрөн үөрдүм аҕай. Киһим үөрбэт, таастыйан хаалбыт сирэйдээх уонна миэхэ эрэ кыһаллыбакка ГУК ойоҕоһунан ааһан хаалла. Онтон сүүрэн тиийэн көрбүтүм, суола сойбута ырааппыт. Ханан да суох. “Пахай, эчи, түргэнин” диэн эрэ санаатым. Онтон уопсайбар киирэн хоһум диэки ааһан истэхпинэ, эмиэ били уолум “пирибиэт!” диэн ааста. “Хайа, доҕоор, хайдах эрэ киһигин дуу, тугуй?” диэн тилэҕин эрэ көрөн хааллым. Онтон хоспор киирбитим, доҕоор, уолаттарым иккиэн чэйдии олороллор! Мин соһуйан суулла сыспытым. Уолбар кэпсээбиппэр “туох эрэ буолаары гыннаҕым дуу” диэн санаарҕаан ылбыта. Ону биир табаарыспыт “төттөрүтүн, харысхаллаах киһи бэриэтчиттэнэр” диэн уоскуппута.
   Ити түбэлтэ кэннэ, 4-5 хонугунан табаарыһым айаннаан испит массыыната саахалламмыта. Суоппар уонна биир дьахтар өлбүттэрэ. Биһиги табаарыспыт, таҥара көмөтүнэн, тыыннаах ордубут этэ, бэл, кыратык атаҕын эрэ өлөрбүт уонна муннун эрэ эчэппит этэ. Улаханнык оһолломмотоҕо. Айаннаан иһэн утуктуу олорбут. Утуйа-утуйа, аллара сырылаа да сырылаа буолбутун абааһы көрөн, массыына курун бааммыт. Ол иһин эрэ тыыннаах хаалаахтаабыт. Оннук гымматаҕа буоллар, тугун эрэ улаханнык эчэтиэ эбэтэр суорума суолланыа эбит. “Уолбут харысхаллаах эбит, бэриэтчитэ куһаҕан буоларын сэрэтэн быыһаатаҕа” диэн, бэйэбит икки ардыбытыгар сабаҕалыыбыт.
 
Бэй.кэр.

Санааҕын суруй