Киир

Киир

Өлүөхүмэҕэ Кириэстээх диэн сир баарын истибиккит буолуо. Ол онно биир дьиктини көрөн турардаахпын.
 
 
   Атырдьах ыйын саҕатыгар аҕабын кытары ол сир диэкинэн мотуорканан айаннаан истибит. Ардах бөҕө курулаччы түстэ. Мин тоҥон ибигирии-ибигирии, ардах быыһынан харахпын нэһиилэ аһан истим. Арай ол устан истэхпитинэ, ыраахтан Кириэстээх хайатыгар хара таҥастаах биир киһи турар, өссө далбаатыыр курдук. Мотуор тыаһа, тыал, ардах курулуура – саҥам бэйэбэр да иһиллибэт. Оннук мучумааннана иһэн аҕабар “ким эрэ турар, далбаатыыр, тохтуубут дуу, тугуй?” диэтим. Аҕам “туох да суох ээ!” диэтэ.
   Чугаһаан истэхпитинэ, хайа үрдүгэр далбаатана турбут киһим аны кытылга түһэн турара. Далбаатыыра чуолкайдык көһүннэ. Мин оччолооҕу көрбүччэ, “бу киһи иэдээҥҥэ түбэспит, көмөҕө наадыйар” дии санаан, аҕабар “мотуорканы тохтотон киһини ылан ааһыах, далбаатыыр ээ” диэн кыыһырдым. Аҕам бачча ардахха кыыһыран иһэн, миигиттэн сылтаан ньиэрбэтэ өссө холунна “ханна баар киһини көрөҕүн?! Хараххын хаһын, нохоо!” диэн бардьыгынаата. Ол курдук, аҕам хаһыытаппытынан ааһан хаалла, онтон көрүөх бэтэрээ өттүгэр киһим симэлийэ оҕуста. Ыраатыахпытыгар диэри хайыһан көрөн турдум даҕаны, туох да баара биллибэтэҕэ. Аҕам ону “ээ, итиннэ эҥин-араас көстөөччү, ону көрбүтүҥ буолуо” диэн сапсыйан эрэ кэбиспитэ. Ардах буолан, хараҕым иирбитин да иһин, көмөҕө наадыйан далбаатыы турар киһини илэ харахпынан көрбүтүм.

Бүтэһик сонуннар