Киир

Киир

Манна кэпсэнэр барыта кырдьык буолбатах. Сороҕун дьонтон истибитим, сороҕун онтон-мантан «сойбоппутум», ону, көрү-нары тарда таарыйа, бэйэм ааппыттан кэпсиибин.

Курортааҕы быһылаан

Лэкиэс биһикки быйыл сайын, үчүгэй үлэлээх дьон буолан, босхо путёвканан наҕараадаланан, Сочига уон түөрт хонук сынньанан кэллибит. Барарбытыгар билиэт көстүбэккэ, Новосибирскайынан, онтон Краснодарынан көтөммүт, тиийиэхтээх сирбитин улахан эрэйинэн буллубут.

Бастакы күннэргэ олохпутун-дьаһахпытын булунан, ардахтаах да буолан, муораҕа барбатыбыт. Онтон, дьэ, биир чэмэлкэй күн муораҕа киирдибит. Хара муора барахсан харылаан-барылаан улаханыын!.. Кэтэҕэ көстүбэт киэҥ да киэҥ уу куйаар!.. Уута барахсан бу сылааһын, аны адьас дагдайа сылдьаҕын! Тула өттүбүт сынньана кэлбит дьон. Эдэрдэр да, эмэннэр да – эҥин арааһыттан бысхаҥнаһыы бөҕө. Биһиги эмиэ, сыламныыр дьон быһыытынан, сытынан кэбистибит.

Арай аттыбытыгар үчүгэйкээн бэйэлээх кыргыттар олохсуйбуттар. Иккиэлэр. Сотору-сотору ууга түһэн тахса-тахса сытынан кэбиһэллэр. Мин сэмээр кинилэри кэтиибин, кистээн көрө-истэ сытабын. Барахсаттар бу кэрэлэрин...

Уолум обургу ону өйдөөн көрбөт киһи буолуо дуо! Ханна эрэ баран, «Кола» бытыылкалаах хараҥа өҥнөөх кыһыл арыгы булан-талан кэллэ. Өссө улахан баҕайы иһэр иһиттэрдээх.

– Чэ, киһиэ, ити кыргыттардыын билсиэххэ. Кытаат, өйөө. Курорт олоҕун саҕалыахха, – диэн буолла.

Мин сэрэтэн көрөбүн:

– Оннуга-манныга суох сынньаныахха уонна мин билсиим син биир сатаныа суоҕа... – эҥин диибин.

Уолум буолуммат.

– Эр киһи буолан баран, туох ааттаах хоргускунуй? Хаһан эрэ сатаныахтааххын. Хата, үчүгэй буоллахпытына, дьолгун булуоҥ, ыал буолуоҥ. Бачча түбэһэн баран боруобалыах. Табыллыбатаҕына хаалыа буоллаҕа дии. Хата, атыттар былдьыы иликтэринэ түргэтиэх! – эҥин диэн хаайыы бөҕөтө.

Хайыахпыный, эр киһи буоларым быһыытынан сөбүлэстим. Уолум обургу ойон туран, кыргыттарга барда. Тугу эрэ кэпсэтэллэр. Күлсэллэр. Онтон уолум ыҥырар.

– Киһи-э, кэл-кэл! Аскын умнума! – диир.

Онтубун-мантыбын хомунан тиийдим.

Ол тиийэн, тоҥхох гынан дорооболостум. Бу иннинэ биир иһити хорсуммутун киллэрэн испиппит, испэт киһи хайдах эрэ буолбуппун, саҥалара-иҥэлэрэ ыраах баҕайыттан иһиллэр. Инньэ гынан, ааттарын өйдөөбөккө да хааллым. Билсиһиигэ диэн, этэргэ дылы, биир бакаалы тааһыгар диэри тас гыннаран кэбистибит. Онтон өссө кэрэ аҥаардар доруобуйаларын туһугар элэс гыннардыбыт. Ол олорон, уолум тылларын толкуйдуубун. Олох оҥостор буолан... Мантыларбыт маҥаннара-маанылара бэрдин бэрт аата, аны нууччалар дии... Саха киһитин сиэринэн сахам кыргыттара быдан ордуктар буолбатах дуо? Ол гынан баран, олорбор табыллыбатым бэрт дии... Хайыыбын...

Булкуллуу-тэккиллии бөҕөтө буоллум. Күн көрөр да көрөр. Куйааһын... Хайдах эрэ сирим-дойдум өрө-таҥнары эргийэр. Сүрэҕим өлөхсүйэр. Аһаабыт аһым айахпар адьас ыга үтэн таҕыста... Ыксал ынырыга буолла... Саатар, чугаһынан хахха сир көстүбэт! Барыта сыгынньах эттэр элэҥнэһэллэр... Ойон туран ууга сүүрдүм... Сойоорубун... Онтум баара – сып-сылаас...

«Хата, манна... ким да көрбөтүгэр... уу анныгар...» диэн өй көтөн түстэ. Умсан хааллым уонна: «Өөх!..» – диэтим. Чачайдым... Салгын ылаары, өссө уу эҕирийдим...

Онтон биирдэ өйдөөбүтүм – уолум эрэйдээх кытылга соһон таһааран тыын киллэрэ сылдьар эбит. Билсиһиибит бүттэҕэ ол!..

Ити кэннэ, атын пляжка тиийэн, соҕотоҕун онто-манта суох сөтүөлүүр буолбутум.

Күрүлгэн. – 2008. – 2-с №.

Бүтэһик сонуннар