«Хойутаан хоботун тыаһаппыт» диэн уос номоҕо баар. Ол аата, буолуох буолбутун кэннэ дьэ өйдөммүт диэн суолталаах. Иэгэйэр икки атахтаах хайаан да итинниккэ түбэһэр быһыылаах. Ордук эдэр-сэнэх эрдэххэ, «чахчы, бу наадалаах эбит» диэн хоҥорууга хоннорбот адьынаттаахпыт.
Абаҕам Иванов Андрей Васильевич сүүс сааһыгар чугаһаан баран 1980 сыллаахха өлбүтэ. Дьиҥэр, сүүһүн ааспыт да буолуон сөп: аҕабыттан отучча сыл аҕа үһү. Үйэлээх сааһыгар аҥаардас булт-балык дьарыктаах, биир да буукубаны билбэт кырдьаҕас этэ. Туох да үөрэҕэ суох киһи диэтэххэ, «сир түннүгэ» диэн кинини ааттыахха сөп эбит. Ону барытын хойутаан билэбин, куоттаран баран. Эдэригэр Иркутскай уобалас, Красноярскай кыраай сирдэринэн булду эккирэтэн, ындыыһыт да буолан сылдьымахтаабыт аҕай. Бэйэтэ икки миэтэрэ кэриҥэ үрдүктээх, күөхтүҥү харахтаах, будьурхайдыҥы чараас хара баттахтаах этэ. Түүн үлүгүнэйэн нууччалыы ыраас баҕайытык тоҕус этээстээх маатыраны түһэрэрэ. Нөөрүктээйигэ каникулбар таҕыстахпына, абаҕам оҕонньор көнньүөрбүт кэмигэр күүстээх дьон, булт-алт туһунан кэпсээнэ хаһан да бүтүө суох курдуга.
В.В. Илларионов (оччолорго дуоктар буола илигэ) биир дойдулааҕа фольклорист Г.Е. Федоровтыын 1991 сыллаахха «Сэргэ төрдүгэр сэһэн» диэн кинигэни бэчээттэппиттэрэ. Бу кинигэни сааһыран баран аахпытым уонна «Тараҕайдар», «Мэник Мэнэкэй», «Чомоҕор» диэн үһүйээннэри абаҕам Өндөрөй оҕонньор кэпсээбитин билбитим. Ити үһүйээннэргэ биһиги, Гурьевтар аймах, хаан уруу өбүгэлэрбит кимнээх буолаллара көстө сылдьар эбит. Дьэ, туох да үөрэҕэ суох абаҕабыт, инньэ Дыгын саҕаттан силистэнэн-мутуктанан кэлбиппитин бэркэ билэрин сөхтүм аҕай... хойутаан.
«Сэргэ төрдүгэр сэһэн» кинигэттэн быһыта тардан холобурдуум.
Төрүттэрбит
Бэрт былыр Күрүөйэхтэр диэн биһиги халыҥ ийэ ууспут төрүттэрэ Өлүөнэ өрүс тардыытыттан элбэх сылгы, ынах сүөһүлээх дьон күрээн кэлэн, Хочо сиригэр Дьаархан түбэтин диэки тохтообуттар. Аллаҥа сирин эргин Тараҕай аҕатын ууһа, Айдаҥа аҕатын ууһа диэннэр бааллара.
Нууччалар Өлүөнэнэн кэлэн билигин Дьокуускай сирдэринэн көрбүт омуктарын тутан ыла-ыла, кииһинэн өлбүгэ диэн нолуок түһэртээн, үмүрү-хамыры туппуттар. Онуоха сахалар «нуучча тиийиэ суоҕа» диэбит сирдэригэр мээнэ күрээһиннэрэ саҕаламмыт.
Ити Тараҕайдартан саамай тойонноро Тараҕай Болтоҥо кинээс сололоох эбит, ону ким анаабыта биллибэт. Биллэринэн, кини бииргэ төрөөбүт бырааттара Хааһах Маабыра, Айдаҥа Боотур уонна биһиги өбүгэ эбэбит Кибир диэн эбиттэр.
Ити курдук олохсуйан, байан-тайан, «һай-һат» диэн ахан олордохторуна, Нэлэҥ Күнээйи диэн аатырбыт күүстээх, быһый бэрдэ, булчут атамаана киһи атын сиртэн күрээн кэлэн хамначчыт буолбут. Ити Нэлэҥ Күнээйи – биһиги аҕа ууһа өбүгэ эһэбит.
Тараҕай Болтоҥо, Хааһах Маабыра уонна Айдаҥа Боотур суостаах-суодаллаах, дьон киэннэрэ дьулааннаахтара эбит. Үһүөн – мургун булчут, киэҥ мэндэйдээх, ыраах ыырдаах, бөрө сырыыта сырыылаах дьон. Арҕаа – Сүлүҥдэрэ күөлгэ, илин – Намана үрэҕэр, хоту – Өлөөн тардыытыгар, соҕуруу Өлүөнэ өрүс үрдүнэн эргийэн бултууллар эбит.
Кыыстара Кибир – 15-16 сааһыгар диэри хаппахчыга иитиллибит, икки атахтаахха көстүбэккэ, кистэлэҥҥэ сыппыт күн соҕотох кыыс. Хаппахчыттан күүһүнэн тахсан чаҕардары кытары дьиэ ис-тас үлэтин үлэлэһэр, ардыгар чугас эргин бултаһар, сүөһүнү да көрсөр, ол курдук олус үлэһит, сытыы-хотуу кыыс. Убайдарыттан туспа өйдөөх-санаалаах, күүһүнэн-уоҕунан даҕаны лаппа биллэн-көстөн барар; хайдахтаах да хаҥыл сылгыны көҕүлүттэн ылан баран, баҕаналыы тэбинэн турар үһү; сылгы мөхсө сатаан баран, хамсаабат буолан хаалар, маска баайбыт курдук турара үһү. Ол иһин убайдара өтөрү-батары саҥарбаттар эбит. Балтылара этиини-буойууну соччо истибэт, бэйэтэ сөбүлүүрүнэн сылдьар үһү.
Оттон Нэлэҥ Күнээйи баара-суоҕа биллибэт, дьаһалы-сорудаҕы эрэ толорор туруору көнө киһи курдук сылдьар. Ол иһин Тараҕайдар олус сөбүлүүллэр уонна «тэбэр мохсоҕол, кытаахтыыр кыырт» оҥостуохпут диэн, бүтэйдии хаһаанан кэбиспиттэр.
Кибир Күнээйини ис хааныттан сөбүлүүр. Үлэһитин, кыайыгаһын, булчутун олус хайгыы, таптыы көрөр, онон устунан бииргэ сылдьан үлэлиир, бултуур буолан барбыттар. Маны хамначчыттар уонна чаҕардар кистээн олус сөбүлүү саныыллар, уолу ытыктыыр тойон курдук оҥостоллор. Кыыс хамначчытыгар ити курдук иҥээҥниирин убайдара сэрэйэллэр уонна, били, эрэмньигэ сылдьар киһилэрин улам сирэр буолан бараллар. Кыыстарын ээр-сэмээр буойан көрдөхтөрүнэ, өһүргэнэн өлө сыһара үһү. Дьэ, ити курдук хас да сыл олороллор.
Биир саас, уу-хаар тахсан үгэннээн турдаҕына, кус-хаас кэлэн муҥутаабытын кэннэ, Кибир уонна Күнээйи күрүүргэ тэринэллэр. Күрүүр дьон түүн биир аты, өссө тыйдаах биэни уонна тарбыйахтаах ынаҕы сэтиилэнэн тус хоту айанныыллар. Аара сөбүлээбит сирдэригэр өрөөн, сүөһүлэрин аһатан, бултаан өйүө тэринэн, бэрт сынньалаҥнык айанныыллар. Иккиэн даҕаны бэргэн ытааччылар, ох саа, батыйа иккиэннэригэр баар. Ити курдук бэрт өр айаннаан, уу-хаар тарпытын, халаан уута түспүтүн, күөх от үүнэн эрдэҕинэ, Күнээйи сөбүлээбит үрэҕэр кэлэн тохтууллар. Чаллах тииттэрдээх, бэс ардайдаах биир бэртээхэй тумулга отуу оҥостон, сүөһүгэ бырдахтан көмүскэнэр хахха туруоран, ыал буоларга тэринэн бараллар. Бу сири Оруктаах диэн ааттаабыттара үһү.
Күнээйилээх манна кэлэн икки уол оҕону төрөтөллөр: улаханнара – Мэнэкэй, аччыгыйдара Хаандык диэн. Бу оҕолор сытыы-хотуу, бэрт быһый буола улаатан иһэллэр. Аҕалара ыраах сиринэн эргийэн күндү түүлээх эгэлгэтин кыайа-хото бултуур. Кынна аах Тараҕайдары кытары арҕаа тыаҕа элбэхтик бултаабыт буолан, сирин-дойдутун үчүгэйдик билэр.
Күнээйи биир күһүн улаханнык тэринэн соҕотоҕун бултуу тахсыбыт. Ол тахсан баран эргийбэтэҕэ үһү. «Түүлүм-битим куһаҕан, тугун дьиктитэй» диэн, сааскыттан ыла дьиксинэн кэргэнигэр этэрэ үһү. Онон да буолуо, тыаҕа тахсаары туран: «Өскө эргийбэтэхпинэ, оҕолор киһи-хара буолалларыгар кыһанаар, баҕар, ааппытын ааттатар дьон буолуохтара», – диэн кэриэс тылын эппит.
Саҥа дьон
Сыл-хонук барар. Икки уол улаатан, аҕаларын соччо суохтаппаттар, бултаан-алтаан бэркэ олороллор. Ийэлэрэ Кибир «аҕаларын туйаҕын хатарар дьон үөскээн эрэллэр» диэн үөрэр.
Уолаттар улаатан, ойох ылар, аҕа баһын тосту үктүүр кэмнэрэ буолар. Мэнэкэй – Күүкэйтэн Күтүр Уус диэн тимир ууһа киһи кыыһын, Хаандык эмиэ онтон Барыҥаан диэн эмиэ тимир ууһа кыыһын ойох ылбыттар.
Мэник Мэнэкэй диэн аат хайдах иҥмитэ – биир туспа сэһэн. Саҥардыы тура-олоро сылдьан, дойдуга киирэн оонньоон-көрүлээн быһыйын, күүһүн-уоҕун аан маҥнай бэркэ көрдөрбүтэ үһү. Ону «үрэх баһыгар бүгэн үөскээбит дьиктилээх мэник ыччат тахсан эрэр эбит, ити обургу ситэри мутуктаатаҕына, Кибир аатын-суолун аҕыннарар бөтөс буолуоҕа» диэн, дойду кырдьаҕастара сөҕөллөрө үһү. Онтон ыла Мэник Мэнэкэй диэн аат иҥмит.
Быраата Хаандык тустан кими да тулуппат, онтон ыла Хаандык Бөҕө диэн сураҕырар бөҕөс үөскээбит. Оттон ийэлэрэ Кибир күүһүн тургутан көрөн муҥурун билбит киһи суоҕа үһү. Туойунан сыбаан сахалыы сутуруо оһох оҥостон онтун кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы дьиэтигэр ортотуттан быалаан баран, сүгэн илдьэн олордоро үһү.
Уолаттар биир күһүн арҕаа тыаҕа ыраата бултуу тахсыбыттар. Ол күһүн хаар эрдэ түһэн, ириэрэр-тоҥорор мээрик, онон быстарыктаах куһаҕан күһүн буолбут. Улаханнык быстаран эрдэ төннүбүттэр. Хочо сиригэр кэлэн, таайдара ааҕы – Тараҕайдары ыйдараллар. Тойбохой бэтэрээтигэр Дабдыр Маара диэн сиргэ олороллор эбит. Суостаах-суодаллаах таайдара Тараҕай Болтоҥоҕо киирбиттэригэр оҕонньор бэркэ ыйыталаспыт. Уолаттары истэн баран: «Били, биһиги балтыбыт ыамалара эбиккит, ол хотунтан туох аанньа дьон төрүөхтэрэй, дьэллик ыт курдук суолга быстара сырыттахтара ити», – диэбит. Уолаттар онтон өһүргэнэн, тугу да саҥарбакка, тахсан баран хаалбыттар. Тиэргэҥҥэ баайбыт аттарын миинээри туран, Мэник Мэнэкэй таайын ортоку тойон сэргэтэ тойон көтөр чопчулааҕын батыйанан туура охсон кэбиһэллэр уонна аттарын сиэтэн ый быыһа ыас хараҥаҕа киирэн сүтэллэр. Өйүөлэрэ эстэн, үс тииҥ этин тобоҕо баарын үөлэн сииллэр уонна мананар кэриэтэ бэрт сэрэхтик отуу эркинигэр өйөнөн хоноллор.
Сарсыарда эрдэ туран, тииҥнэрин тобоҕун сиэн, үс тииҥ сүрэхтээх быарын таайдарын аах диэки хайыһыннаран баран, аттарын сиэтэн дойдуларыгар айанныыллар.
Киэһэ тойон сэргэлэрин төбөтүн туура охсубуттарын билэн, сарсыарда биир хамначчыты ыытан хоммут сирдэрин көрдөрөллөр. Онуоха үс тииҥ сүрэхтээх быара кулуһун кытыытыгар анньыллан турарын көрөн баран, тойонугар сиһилии кэпсээбит. «Сирэйдэрэ-харахтар өрө тардан, дьикти бөтөстөр сылдьаллар, тугун дьиктитэй?» – диэн оҕонньор улаханнык дьиксиммитэ үһү.
Уолаттар хас да хонон дьиэлэрин нэһиилэ булбуттар уонна барытын ийэлэригэр кэпсээн биэрбиттэр. Кибир эмээхсин истэн баран, уу испит сылгы курдук дьигиһийэ түһэр уонна: «Ол хаһааҥҥыттан мин уолаттарбын иитэ-харайа сатаан үөҕэр-ыыстыыр? Оҕолор, бэйэҕитин кыанныгыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр-көстөр буолан эрэҕит, ол таайдаргыт баҕайыларга уҥа-хаҥас өттүлэринэн киирэн-тахсан иһиэххэ. Миинэр миҥэлэрэ, көтөр кынаттара Көмнөх Маҥан диэн ааттаах ат баар, ону тутан аҕалан отуутугар олоруохха», – диэбит. Онуоха уолаттар Көмнөх Маҥаны баһылаан, тулуйан сосуһар сэниэлээх үчүгэй аттара суоҕуттан саарыыллар. Ону көрөн ийэлэрэ: «Тиҥэһэ соноҕос эрдэҕинэ, уу баһа таарыччы уулатан тахсан истэхпинэ, бугуһуйан тардыалаабыта сүрдээх кытаанаҕа; ыаҕастаах уубун дьалкыппыта, түнэ уллуҥмун быһа тирэннэрбитэ; онтон ыла Мэник Тураҕас диэн, билигин сэттэтигэр сылдьар соноҕос баар. Ону айааһаан миҥэ оҥорон баран, Мэнэкэй соҕотоҕун баран кэлиэҕэ», – диэн эппит.
Мэник Мэнэкэй били ата лаппа сыһыйбытын кэннэ, Көмнөх Маҥаны тутан аҕалардыы тэринэр. Онуоха ийэтэ туос иһит оҥорон биэрэр уонна: «Ханна тохтообут сиргэр бу иһиккэ чохчойон олорон ииктээр, ол тоҕотун бэйэм билэбин», – диир.
Мэник Мэнэкэй үнүр хоммут алааһыгар түүн үөһүн саҕана тиийэн кэлэр. Тараҕайдар аттарын үөрэ үмүөрүһэн ахан сылдьаллар, онно хаар маҥан, сылгыттан оһуобай улахан, олус сэрэх, хаҥыл ат сылгылары тас өттүлэринэн таныытын тыаһатан тордурҕата сылдьар. Уол атын күрүө аҥаар эркинигэр баайар уонна оттон үргээн күрүө иһигэр-таһыгар табыгынатар; күрүө аанын аһан баран, оҕуур быатын аллараанан сүрдьүгэскэ баайар. Төбө өттүн оҕуур быраҕар курдук оҥорон баран, оту бүрүнэн кирийэн олорор. Сылгылар оту сиэн күрүөҕэ утуу-субу киирэллэр, арай Көмнөх Маҥан чугаһаабат. Ол эрээри иҥсэ тулуппакка сылгыларга холбоһон, оттон үргээн сиэн барар. Мэник Мэнэкэй саһан туран оҕуурун кыыратар. Ат сиргэнэн күрүөнү үрдүнэн ойор да, күрүө аҥаар эркинин соспутунан атах мээнэ ыстанар. Уол тииккэ эрийэ көппүтүгэр ат мөхсөн тиличчэхтиир, бобуллан уҥан хардьыгыныыр. Мэнэкэй ийэтэ биэрбит суларын кэтэрдэр, атыгар ыксары холбонор уонна били аты туруох бокуой биэрбэккэ, умсарыта тартаран, туос бөтөрөҥүнэн көтүтэр. Көмнөх Маҥан күүһэ-уоҕа эстэн ат кэнниттэн ыллам баҕайытык айаннаһа турар. Уол үс көс кэриҥэ айаннаан баран, тохтоон, били, ийэтэ биэрбит хардьатынан чохчойон олорон ииктиир. Ону көрбүтэ: оруобуна дьахтар ииктээбитин курдук. Дьиктиргии санаан баран салгыы айанныы турар.
Геннадий ГУРЬЕВ.