Быйыл олунньу 20-21 күннэригэр үгэс буолбут саха тимир уустарын оҥоһуктарын «Дархан уус – 2016» VII көрдөрүү-тэрээһинэ ыытылынна. Манна «Хотоойу хотокоон» диэн саҥа күрэс көрүҥэ киирбит. Мин Дьүүллүүр сүбэҕэ ыҥырыллан кытынным. Хотокоонунан 1 мүнүүтэ мууһу көйүүгэ, 3 см диаметрдаах талаҕы быһа охсууга күрэхтэстилэр.
Дьиҥинэн, тэрийээччилэр хотокоон күрэһин тэрийиэхтэрин иннинэ “хотокоон” диэн чопчу тугун, быһыытын-таһаатын, биитэ-төрдө хайдаҕын чопчулаан баран ирдэбил быһыытынан киллэриэхтэрин сөп этэ. Мин билэрбинэн, биир хотокоон ХИФУ археологиятын түмэлигэр, иккис – Б.Ф. Неустроевка-Мандар Ууска баар.
Хотокоон туһунан билим эйгэтигэр суруйуу Васильев Ф.Ф. «Военное дело якутов” диэн үлэтигэр баар. Онон, бу кинигэҕэ киирбитин эрэ быһыытынан, хотокоону сэбигэр киллэрэр, арааһа, сыыһа буолуо. Өскөтүн кини идэтийбит сэрии сэбэ эбитэ буоллар, XVII үйэҕэ бобуллан, билигин букатын суох буолуон, умнуллуон сөп этэ. Холобур, саха батыйата көннөрү булка, күннээҕи үлэҕэ туттуллар сэп буолан XVIII үйэтээҕи дьон көмүүлэригэр эҥин элбэхтик көстөр. Арааһа, хотокоон эбэҥкилэр уонна кинилэртэн ылбыт хотугу сахалар туттар тэриллэрэ быһыылаах. Холобур, орто үйэтээҕи сахалар көмүүлэригэр көстүбэт.
Пекарскай тылдьытыгар “хотохоон” бүрээт (хотоҕо), монгуол (кутуҕа) тылыттан төрүттээҕэ бэлиэтэнэр. Кини икки быһаарыыны биэрбит “хотохоон – быһычча; батыйа хотохоон – охотничье копье похожее на пальму, с несколько меньшим и более широким острием“. Оттон саха тылын диалектарын тылдьытыгар “хотойо – улахан быһах”. А.Е. Кулаковскай суруйуутунан, Бүлүү сахалара күннээҕи олоххо туттар быһахтара – котокоон. Итини таһынан, тоҥус-маньчжур тыллаах омуктарга барыларыгар (эбэҥкилэргэ, эбээннэргэ, нанаайдарга, негидалларга, солоннарга уо.д.а.) “кото, хото, коткан – нож”. Биллэрин курдук, -каан, -коон эмиэ сахаҕа тоҥус тыллаах омуктартан киирбит сыһыарыы.
Хомойуох иһин, Саха сирин эбэҥкилэрин, эбээннэрин орто үйэтээҕи олохторун чинчийэр археология хаһыылара суохтарын тэҥэ. Билбэппит. Ол эрээри, үрдүттэн саба быраҕан “эбэҥкилэр тимири уһамматтара, сахалартан эрэ мэнэйдэһэн ылаллара” диэн өйдүүрбут – тутах. Бэрт өрдөөҕүттэн Амыр, Байҕал тастарынан көһө сылдьыбыт, монгуол-маньчжур курдук улахан омуктардыын ыкса алтыспыт омук тимири билэрэ өйдөнөр. Холобур, Саха сирин эбэҥкилэрэ-эбээннэрэ көһө сылдьар дьоҥҥо тимири уһаарыы эрэйдээҕин иһин, судургутук, сахалартан мэнэйдэһэн ылар буолуохтарын сөп.
Тоҥус тылларын аатырбыт үөрэтээччи Г.М. Василевич «Эвенки» диэн үлэтигэр (1969) анаан бэлиэтиир: «Кузнечное производство было известно эвенкам в период древних тунгусо-монгольских связей”. Ол туоһутунан билигин да эбэҥкилэргэ тимири уһаныыга сыһыаннаах тыл элбэх: сэлэрик – туттар сэп холбуйата, ие, тавин – уус уһанар дьиэтэ, күргэ – күөрт, эюргэ – кытаҕас... Тоҥус тыллаах омуктарга бука барыларыгар: ороктарга, нанаайдарга, эбээннэргэ, эбэҥкилэргэ, ульчаларга, орочоннарга, негидалларга, маньчжурдарга, бэл былыргы чжурчженнэргэ “тимир – сэлэ, һэлэ, сэл, һэл, сэлэмэ”. Онон, ити кэпсиир хотокооммут дьиҥнээх тоҥус-маньчжур эҥээрдээҕэ тута көстө сылдьар.
Билиҥҥи чахчыларга олоҕуран быһаардахха, хотокоон иэдэһин (клинок) кээмэйинэн орто быһахтан – улахан, батыйаттан – кыра. Үөһэ – өнчөҕөр буолбакка, иэдэһин уҥа өттүгэр. Биитин уһуна – 25-30 см, тутаахха киирэр тимирэ – 10-15 см, тутааҕын уһуна – 40-50 см. Хаартыскаҕа көрдөрүллэр хотохоон курдук тимир оҥоһуктар Иркутскай кыраайы үөрэтэр түмэлин Сахаҕа анаммыт пуондатыгар хараллан сыталлар. Иккиэннэрин “пальма” диэн бэлиэтээбиттэр.
Кыраайы үөрэтээччилэр, билиэн-көрүөн баҕалаахтар хотокоон туһунан суруйуох этилэр. Биир-икки киһи быһаарыыта, хаһан баҕарар, хобдох буолар. Бэйэм тус санаабар, саха бэйэтин төрүт быһаҕынан, батыйатынан, батаһынан киэн туттара сиэрдээх, ол эрээри атын омук туттар тэрилин – хотохоону – бэйэбитигэр тарда, “сахатыта” сатыырбыт соччо табыгаһа суох.
Быдылыкы Баһылай, Саха түмэлин билимҥэ үлэһитэ.