Киир

Киир

Хас да сыллааҕыта баһаарынай сулууспа эписиэрэ Валерий Федоров миэхэ уоттаах сэриигэ сылдьыбыт эһэтин, бэрт интэриэһинэй дьылҕалаах киһи туһунан киэн туттан туран кэпсээбиттээх.

Кини эһэтэ Петр Михайлович Федоров түөрт эрэ кылаас үөрэхтээх да буоллар, төрөөбүт Бэс Күөлүгэр (Горнай улууһа) атыы-эргиэн бирикээсчигинэн үлэлээбит. 1937 сыллаахха бэрэбиэркэ оҥорбуттарыгар үс кырынаас тириитэ итэҕэстэммит. Ити иһин кинини үс сылга көҥүлүн быспыттар. Үөһээ Дьааҥы улууһугар Эһэ Хайа диэн сиргэ мас кэрдиитигэр сылдьыбыт. 

Босхолонон төннөн кэлбитигэр, үөрэхтээх киһи аҕыйаҕын иһин, учууталлаа диэн көрдөспүттэрин быһа гымматах. Сэрии иккис сылыгар бэбиэскэ туппут. Оройуон байаҥкамаатыгар икки буолан барбыттар. Аргыһа Афанасий Аввакумов-Тымаахаан диэн бастакы хомуурга дэсэртиирдээбит киһи эбит. Биир дэриэбинэттэн сылдьар дьон бииргэ тутуһан сылдьыбыттар. Бойоҥкуомҥа бастакынан Петр Федоров киирбит. “Сууттана сылдьыбытыҥ дуо?” – диэн тута ыйыппыттар. “Сууттанан...” – диэтэҕэ дии. Кэлин өйдөөбүтэ, бойоҥкуом бу Бэс Күөлүттэн сылдьар дьонтон биирдэстэрэ дэсэртиирдээбит киһи диэн өйдүүр эбит, ол иһин тута итинник ыйыппыт. Дэсэртиирдээбит буруйун иһин, байыаннай кэм хабыр сокуонун быһыытынан Тымаахаан ыстараап батальонугар утаарыллыахтаах эбит.

Бойоҥкуом итинник болҕомтото суох сыһыаныттан Петр Федоров уоттаах сэриигэ ыстараап батальонугар, оттон дэсэртиирдээбит Тымаахаан Уһук Илиҥҥэ дьоппуоннар саба түһүөхтэрэ диэн кэтэһэн олорор байыаннай чааска түбэспиттэр. Ити курдук Петр Федоров сэрии кутаатын саамай үөһүгэр түбэһэр.

– Хас биирдиибитигэр биэстии эрэ ботуруону биэрэллэрэ, – диэн оттуу сылдьан Петр Михайлович оҕолоругар, сиэннэригэр кэпсиирэ үһү. – Аны туран, бинтиэпкэ киһи аайы суоҕа. Атаакаҕа хаһыы-ыһыы, сэттэ этээстээх маат түһэрэн үүрдэхтэринэ, өлөр өлүү айаҕар соруйан анньан биэрии курдук буолара. Ол курдук сорохторбут атаакаҕа илиилэригэр биэс ботуруоннаах, бинтиэпкэтэ суох туруналлара.

Өлөн түспүт киһиттэн тута бинтиэпкэтин, ботуруоннарын ыла охсоллор эбит. Атаака кэмигэр ким даҕаны кэннинэн чугуруйбат, тоҕо диэтэххэ, кэннилэригэр кинилэри, “норуот өстөөхтөрүн”, манаан бүлүмүөттээх байыастар сыталлар эбит.

Дьэ, итинник биир атаакаҕа Петр Федоров хорсуннук сэриилэһэ сылдьан бааһырбыт, этэргэ дылы, “буруйун хаанынан сууйбут”. Госпитальга сытан тахсыбытын кэннэ, 1943 сыл олунньу 23 күнүгэр кинини “босхолообуттар”, “көннөрү” байыаннай чааска ыыппыттар. Онно баран кини Ильмень күөл таһыгар буолбут кырыктаах кыргыһыыларга кыттыбыт. 

Хамандыырдара хорсун саллааты Соликамскайга баар тааҥка училищетыгар ыытан үөрэттэрбиттэр. Дьэ, онтон аатырбыт Т-34 тааҥканы ыытааччы быһыытынан Латвияны, Кёнигсберг куораты босхолоһор. Ити сылдьан кини ыытар тааҥкалара түөрт төгүл умайаллар! Кытаанах дьылҕа! Үөһээ Дьааҥы хайаларыгар мас кэрдии, ыстараап батальонун кытта сэрии уотун үөһүгэр сылдьыы, аатырбыт Ильмень күөл иһин сэриилэһии, тааҥкаҕа түөрт төгүл умайыы... Өлүү-сүтүү амырыын уотунан уһуура турар сирдэриттэн бүтэй оҥоһуулаах, кииллийбит саха буойуна тыыннаах тахсыталыыр.

Икки төгүл ыараханнык бааһырбытын кэннэ кинини зенитнэй-артиллерийскай дивизиоҥҥа аныыллар. Сэриини ыстаарсай сержант сыбаанньалаах бүтэрэр.

– Мин эһэм өссө аатырбыт маршал Константин Рокоссовскай кинигэтигэр ахтыллан турар, – диэн киэн туттан кэпсээбитэ хорсун буойун сиэнэ Валерий Федоров. – Рокоссовскай “Саллаат ахтыылара” диэн кинигэтин ортотун диэки маннык суруйбут: «Олус хорсун саха буойуннара бааллара...” Уонна маршал үс саха саллаатын ааттаабыт, олор истэригэр Петр Михайлович Федоров аата баар.

Петр Михайлович Улуу Кыайыы кэнниттэн дьиэтигэр тута кэлбэтэх, Германияҕа баар байыаннай чаастарга сулууспалаан баран дьиэтигэр 1947 сыллаахха дьэ эргиллибит.

Федор РАХЛЕЕВ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар