Киир

Киир

   XVII үйэтээҕи саха бухатыырын куйаҕа булуллан баран, хос кистэммит.
 

 

 Күтүр Эмээхсин XVI үйэ иккис аҥаарыгар, XVII үйэ бастакы аҥаарыгар олорбут. Кини дүпсүннэри төрүттээбит Сүрдээх Дүпсүн хос-хос сиэнэ. Эдэригэр Күтүр Эмээхсин сүрдээх көнө, уһун уҥуохтаах, көстөр дьүһүнүнэн ыраас хааннаах кыыс эбитэ үһү. Уҥуоҕун уһунунан саастыылаахтарыттан аһара чорбойорун иһин “күтүр улахан кыыс” диир эбиттэр. Кэлин оҕолонон-урууланан олорон, кырдьан – Күтүр Эмээхсин дэппит.
   Суор Бугдук (Бугдук Багазаров) Күтүр Эмээхсин улахан уолаттарыттан биирдэстэрэ. Кини XVII үйэ бастакы аҥаарыгар Өспөх буолаһыгар олорбут.
   Суор Бугдук тимир килиэ куйаҕын 1894 сыллаахха Бөрөлөөх диэн улахан сир соҕуруу тумуһаҕыттан Наум Лыткин оҕонньор булбут. Ол оҕонньор кэпсииринэн, бастаан онно кыра умуһах хаспыттар, ити кэннэ мас чоҕун куппуттар. Бу чоххо саха болгуотун уурбуттар, онтон туоһунан сууламмыт куйаҕы укпуттар уонна эмиэ чох куппуттар. Тиһэҕэр буорунан көмпүттэр. Итиннэ куйах туох да буолбакка сыппыт. Куйах 147 хаптаҕай тимиртэн оҥоһуллубут. Олортон сорохторо түөрт муннуктаах, сорохторо ньолбуһах эбиттэр. Бары түөртүү үүттээхтэр (Сборник научных статей Якутского республиканского краеведческого музея им. Ем. Ярославского. Выпуск I. Дьокуускай, 1955 – С. 160). Ити барыта улахан тымтай быһаҕаһынан буолбут. Наум оҕонньор куйаҕы Дайыла Куһаҕаһа диэн алааһыгар балбаахха көмпүт. Кэнники ол балбаах киитэ умайан хаалбыт.
   Мин 1945 сыл сайыныгар бэрт элбэх көмөлөһөөччүлээх көрдөөн көрбүтүм да, кыайан көстүбэтэҕэ. Ардах, хаар уулларыттан дьэбиннирбит тимирдэр уостан-сүтэн хаалбыт быһыылаахтара.
   Суор Бугдук уҥуоҕа билигин Уус Алдан оройуонун Баатаҕай нэһилиэгэр Тунах диэн сиргэ баар. Ону 1944 сыллаахха мин, онтон кэлин 1950 сыллаахха З.В. Гоголев хаһа сылдьыбыппыт. Ол хаһыылартан ылыллыбыт археология матырыйааллара билигин даҕаны Емельян Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ көрдөрүүгэ тураллар. XVII үйэ бастакы аҥаарыгар олоро сылдьыбыт саха бухатыырдара Суор Бугдук уонна Лөглү Бөҕө төбөлөрүн уҥуохтарын антрополог Г.Ф. Дебец мээрэйдэтэлээбитэ уонна “О черепах Суор Бугдука и Леглю Беге” диэн ыстатыйаны суруйбута (Ученые записки, вып. II. – Дьокуускай, 1955. – С. 23-28). Онтон З.В. Гоголев “Раскопки якутских могил XVII века” диэн ыстатыйатыгар Суор Бугдугу биир суол кэрэ бэлиэ киһи быһыытынан суруйбута (Труды Якутского филиала, вып. I. Общественные науки. – Дьокуускай, 1958. – С. 70-71).
(И.Березкин «Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ” (1977) кинигэҕэ ыстатыйатыттан).

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар