Бу түбэлтэ 50-ча сыллааҕыта Дьааҥы Адыаччытыгар сайын ортото буолбута. Оччотооҕу Киров холкуос суоччута Ылдьаа Горохов диэн эдэр киһи баара. Кини «Айаан» звенотун салайар, 40 саастаах, сырыыны-айаны кыайар Уйбаан Федоровтыын Айаанынан, Даллааҕынан отчуттары кэрийбит. Ким төһө эти, арыыны иэс ылбытын, төһө оту оттообутун түмэн баран, киэһэлик сөрүүн түһүүтэ дьиэлэригэр киин бөһүөлэккэ төннөн испиттэр.
Бу истэхтэринэ, ыркый быыһыттан соһуччу эһэ ойон тахсыбыт. Уолуйбут дьон ыркыйы эргийэ сүүрбүттэр. Ардай аһыылаах өр гыныа дуо, иккис эргиирдэригэр субу ситэ баттаан кэлбит. Онуоха кэнникилээн иһэр Уйбаан тута сылдьар полевой суумкатынан кыылы сыҥаахха далайбыт. Адьырҕа обургу кини харытын ардьайбыт айаҕар түһэрэн ылар. Ити икки ардыгар Уйбаан өйүгэр «хайа даҕаны кыылы хараҕын тобулу көрүллүөхтээх» диэн санаа кылам гынар. Туран эһэ хараҕын батары көрөр. Ити курдук турбахтаабыттарын кэннэ, кыыла ытыран турбутун сыыйа сымнатан, ыһыктан кэбиспит уонна кэннинэн чугуйан уонча хаамыылаах сиргэ тиийэн ырдьыгыныы-ырдьыгыныы сыппыт. Оттон Уйбаан көрбүт хараҕын кыылыттан араарбакка, оргууй аҕай тэйэ хаампыт.
Тэйэ түһэн баран, холкутуйа быһыытыйан уолун хаһыытаабыта, киһитэ тииккэ хатаастан олорон тыыннааҕын биллэрбит. Эдэр сымса киһи тииккэ хатаастан тахсыбытын бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалбыт уонна аргыһа хара тыа адьырҕатын кытары тобулу одуулаһан туралларын сөҕө-махтайа көрбүт.
Уоскуйбут Уйбаан: «Кыылбыт суолбутун бүөлүү сытар, өтөрүнэн арахсыа суоҕа, арай уотунан эрэ кыйдыыр кыахтаахпыт, эн кумааҕыта аҕал» диэн соруйбут. Уола тиититтэн түһэр санаата суох олорон, бартыбыалын хаһан кумааҕыларын сыымайдаабыт: «Бу наадалаах, маны биэрбэппин», — диэн ботугуруу-ботугуруу, талан ылбыттарын биир-биир ыыталаабыта, тэлээрэн тиийэн кыылларын таһыгар түспүттэр. Уйбаан онтон кыһыйан: «Түргэнник быраҕан ис!» — диир. Онуоха Ылдьаата: «Ыксаабыт буоллаххына, баран ыл ээ», — диэн хадьардаһар уонна кумааҕыларын кум-хам тутан тамныыр.
Ити курдук дьаһанан Уйбаан уот уматар, уола түһэн иһэн мутуктары тоһуталаан аллараа быраҕаттыыр. Уоттара улаатар, кыыллара туран оргууй аҕай тыа диэки дьаадьыйар. Дьаархаммыт дьон, аны төннөн кэлиэ диэн, өссө өргө диэри уоттан арахсыбаттар. Кэмниэ кэнэҕэс, дьэ кэлбэт ини диэн, кутааларын умуруоран, Уйбаан тостубут илиитин маһынан чартаан баран, дьиэлэрин диэки хаамаллар.
Куттала букатыннаахтык ааспытын кэннэ Уйбаан: «Соҕотохтуу хаалларан адьырҕаҕа сиэтэ сыстыҥ» диэн киһитин хомуруйар. Ылдьаата: «Эн тыатааҕылыын итиччэ өр куустуһан туран тугу кэпсэттигит?» — диэн күллэрэн алы гыннаран кэбиһэр.
С.С. Колесов.
Нам, I Хомустаах.