Киир

Киир

Билиҥҥи саха тылыгар ситэ быһаарыллыбакка, чопчуламмакка сылдьар боппуруос элбэх. Олортон биирдэстэрэ – дорҕоону сахатытыы.

Хаһыаты-кинигэни ааҕар дьон бука бары бэлиэтии көрөллөрө буолуо. Билиҥҥи сахалыы бэчээккэ дьон киирии тыллары хайдах баҕарар суруйара көҥүл курдук буолан хаалла. Ол курдук, аттестат – ачыстаат, дьупулуом – диплом, эмтиэкэ – аптека, тиэкис – текст, хапыталыыс – капиталист диэннэртэн хайата сөбүн дуу, сыыһатын дуу ким да билбэт. Ааһа баран, “сахатытыы” сорох энтузиастара (энтисийээстэрэ дуу) киирии тылы барытын аҥаар кырыытыттан олуйан-моһуйан, ким да сиппэтин-тиийбэтин курдук “сахатытан” салгыы “бара турдулар”. Бу маннык “сахатытыы” бүтэр уһуктаах дуо, ханна тиийэн тохтуохтааҕый, эбэтэр итинник бара турар дуу? Ити төһө сөбүй? Дьон ону төһө ылынарый?

Олунньу 12 күнүгэр “Кыым” хаһыат “Тылы сахатытыы: эн санааҥ?” диэн аһаҕас кэпсэтиини тэрийэн ыытта. Тэрээһиҥҥэ ХИФУ, ГЧИ учуонайдара, суруналыыстар, уопсастыбанньыктар, саха тылын актыбыыстара бэрт көхтөөхтүк кытыннылар. Биир саалаҕа итиччэ элбэх учуонай истиэпэннээх саха тылын исписэлииһэ өтөрүнэн түмсүбэтэх буолуохтаах. Быһата, сахатытыы – дьон долгуйар тиэмэтэ эбит.

(Дьиҥинэн, киирии тыл дорҕоонун сахалыынан солбуйары “сахатытыы” диир соччо табыгаһа суох эрээри, туох туһунан кэпсэтии бара турарын бары өйдүүрбүт быһыытынан, мантан антах ону судургутук “сахатытыынан” хааллардыбыт).

Кэпсэтиини “Кыым” хаһыат үлэһиттэрэ Альберт Капрынов, Мария Дегтярева-Күндэли иилээн-саҕалаан ыыттылар.

***

Гаврил Торотуойап, тыл билимин хандьыдаата, ХИФУ ХИНТуоКҮ дириэктэрэ:

– Дорҕоону сахатытыы диэн, бастатан туран, тылбыт дорҕоонун харыстааһын. Бу кыһалҕа өссө сүүсчэкэ сыл анараа өттүгэр турбутун Өксөкүлээх Өлөксөй суруйуутуттан билэбит. Ол да саҕана нууччаттан киирии тыллар дорҕооннорун сахатытары утарар дьон бааллар эбит. Ол да иһин, кинилэргэ хоруйдаан Өксөкүлээх “ханнык баҕарар киирии тыл дорҕоонун сахатытыахха сөп” диэн суруйар буоллаҕа. Биһиги эмиэ ол суолу салгыахтаахпыт. “Бу тылы туох диэххэ сөбүй?” – диэн боппуруос туруохтаах. Тылбыт туран, улугуран хаалбатын туһугар. Өскөтүн ким да онно кыһаллыбат буоллаҕына, уруккутун курдук сахалыы тиэкискэ “Якутскайдааҕы книжнай издательство”, “журналга статья биэрдим”, “учитель доскаҕа ыҥырда” диэн суруйа сылдьыа этибит. Хамсааһын кыралаан бара турар. Киирии тыллары төһө кыалларынан сахатыта сатыахтаахпыт, ону быстах кэмнээх дьаһал курдук өйдөөн, хаһан онно дьиҥнээх сахалыы солбук тыл көстүөр диэри.

Геннадий Гурьев, “Кыым” хаһыат тылын-өһүн эрэдээктэрэ, педагогика билимин хандьыдаата:

– “Киирии тылы барытын сахатыта сатыыллар” диир сыыһа. Киирии тылы барытын хайдах да ситэн-кыайан сахатыппаккын. Академик Петр Слепцов “нууччаттан киирии тыл 95 бырыһыанын сахалыы дорҕоонунан биэриэххэ сөп” диэн турардааҕа. Тыл имилиннэҕинэ-хомулуннаҕына эрэ оннун булар. Тыл бэйэтин туспа сокуонунан сайдар. 2015 с. “Сахалыы таба суруйуу тылдьытын” оҥорбуппут да, билигин ону толору тутуһааччы аҕыйах. Кинигэ бэйэтэ олус халыҥ уонна көнтөрүк, устудьуоннар тутталларыгар табыгаһа суох. Ону, бэл, сахалыы хаһыат суруналыыстара да көрбөттөр. Талбыттарынан суруйа сылдьаллар. Бу – бүппэт уһун тыыннаах боппуруос. Ол эрээри, тылбыт туһугар долгуйар буоллахпытына, кыһалла сатыахтаахпыт. Дорҕоону сахатытан, тиэрмини айан. Ааспыт үйэ 30-с сылларыттан ыла бу боппуруоһунан ким да дьарыктамматах буолан, олус баалатан кэбиспиппит.

Владислав Доллооноп, “Полярная звезда” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ:

– Саха тыла – түүр омук тылларыттан саамай үөрэтиллибит, сайдыылаах тыл. Уопсайынан, киирии тылы өстөөх курдук көрөр сыыһа. Күннүк Уурастыырап “Үрүмэччи маҥан ата” “... буолунайдыыр сонуокка, бостуруомка муоһаҕа, бокуой биэрбэт уохтардаах” этэ дии. Бу манна тылын аҥаара нууччалыы курдук да (полный, постромки, вожжи, покой...), ким ону сахалыы хоһоон буолбатах диэҕэй... “Интернациональнай” диэн ааттанар, билимҥэ-тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах былыргы гректии, римнии, дьэбириэйдии тыллары оннунан хаалларар ордук. Ити – саха киһитэ күн аайы туттар тыллара буолбатах. Оттон “өрөспүүбүлүкэ”, “бырабыыталыстыба” диэн курдук сахатыйан бүппүт тыллар сырыттыннар ээ. Ити кэлин “психолог, “психиатр” эҥин диэн тыллары “уйулҕаһыт”, “уйулҕа үөрэҕэ” эҥин диэн тылбаастыыллара бэрт ис киирбэхтик иһиллэр.

Биһиэхэ тылга сыһыаннаах үлэ буолла да, наар “вывеска” сахалыы-нууччалыы суруллубутун эрэ ырытыһыы буолар. Онон бүтэ турабыт. Дьиҥинэн, тыл сөпкө туттуллуутун кэтиир-маныыр, хонтуруоллуур структуралаах буолуохтаах этибит. Улахан омуктарга ону бүтүн институттар көрөллөр-истэллэр.

Кыратык туораатахха... Улахан тыл баһыйа турара – олох сокуона. Саха тылын туругурдар, дьону барытын саҥардар, батыһыннарар биир суол баар. Ол – саха ыччата саамай сайдыылаах уонна креативнай, саха кыыһа – саамай кэрэ уонна муодунай, саха уола – саамай билиилээх уонна ситиһиилээх, саха омуга саамай кыахтаах буолуохтаах. Оччоҕуна саха тылын бырапагаандалыы, дорҕоону сахатыта да сатыыр кыһалҕа суох буолуо, бука бары былдьаһа-былдьаһа саха тылын үөрэтэн барыахтара.

Павел Ксенофонтов-Ойуур Байбал, сахатытыы энтузиаһа:

– Ийэ тылбытын саха тылынан байытыахтаахпыт. Өскөтүн бу иннинэ барыта дьаалатынан баран испит эбит буоллаҕына, билигин сааһыланыы кэмэ буола турар. Тиэрмин хамыыһыйата тэриллэн үлэлиир. Уһун баҕайы киирии тылы сахатытар уустук. Холобур, “сахатыттым” диэн республиканы “өрөспүүбүлүкэ” диэбитиҥ да иһин, ыччат син биир “республика” дии туруо. Улахан тыл син биир тарда турар. Билигин бу тыл дьиҥнээх сахалыы ханыытын тобулуохтаахпыт. Син ол тэҥэ, туалеты – “чэпчэ”, патриоту – “дойдууһа”, патриотизмы – “дойдунаат”, нэдиэлэ күннэрин “аан күн, ханыы күн, орто күн уо.д.а.” диэхтээхпит. Күн ахсын туттуллар тыллар – сахатыйыахтаахтар.

Надежда Васильева, тыл билимин хандьыдаата, ГЧИ:

– 1990-с сс. туспа, саҥалыы көрүү үөскээн, 2001 с. саҥа “Таба суруйуу тылдьыта” (норуокка “хара тылдьыт” диэн аатынан биллэр) бэчээттэнэн тахсыбыта. Онно 600 тыл “нууччалыы да, сахалыы да барыйааннаах суруллуон сөп”, 200 тыл “олоҕо нууччалыы суруллар” диэн кыбытык быһыытынан киирэн биэрбиттэрэ. Оттон 2015 с. тахсыбыт саҥа тылдьыкка ол икки барыйаанынан суруллар тыл барыта кэриэтэ сахалыытынан барбыта.

СӨ Бырабыыталыстыбата 2015 с. бигэргэппит “Сахалыы таба суруйуу быраабылатыгар” “Наука, тиэхиньикэ, бэлиитикэ эйгэтигэр туттуллар, саха тылын сокуонугар бас бэриммэт тыллар олохторо нууччалыы көрүҥүнэн суруллар”, ол эрээри “киэҥник тарҕанан сахалыы туттуллар буоллахтарына, сахалыы суруллуохтарын сөп” диэн этиллэн сылдьар. Ол эбэтэр, сахатытарга туох да хааччах суох. Тыл элбэхтик туттуллан бардаҕына, киирэн иһиэх этэ. Холобур, тылдьыкка төһө да суоҕун иһин, билигин ханна баҕарар “мэдиссиинэ” диэн киэҥник суруйар-туттар буоллулар. Дьиҥинэн, киирии тыл сахалыы тылбаастанан киириэхтээх этэ, дорҕоонун эрэ сахатытыы  – саамай чэпчэки суол.

2015 с. таба суруйуу тылдьыта тахсыбытын кэннэ, сахалыы суруйуу туруга лаппа тубуста.

Валерий Луковцев, “Айар” национальнай кыһа дириэктэрин солбуйааччы:

– Сахалар – түгэх түһүмтүө дьоммут. Арассыыйаҕа “национальнай-эрэгийиэннээҕи компонент” тохтотуллан, төрөөбүт тылынан үөрэтии чаастара сарбыллан, ОГЭ-СКЭ кыһарыйан оҕолорбут нуучча тылыгар күргүөмнээн көһөн эрэллэрин үрдүнэн... Кэнники сылларга сурукка-бичиккэ “наһаа сахатытыы бара турар” диэн тыл-өс элбээн эрэрэ сөхтөрөр. Хантан “сахатыйыахпытый”, төттөрүтэ буоллаҕа...

2015 с. тахсыбыт “Сахалыы таба суруйуу тылдьытынан” үлэлиибит эрээри, этиллибитин курдук, тылдьыт аһара халыҥ уонна ыарахан, туттарга табыгаһа суох. Институттар күн аайы туттарга табыгастаах дьоҕус тылдьыты оҥороллоро буоллар...

Афанасий Гуринов, “Күрүлгэн” литэрэтиирэ сурунаалын бас дьаһабыла:

– Таба суруйууну олохтооһун хас да тосхоллоох. Биирдэстэрэ – дорҕоон тосхоло. Ону «сахатытыы» диибит. Судургутук. Дьиҥэр, уустук көстүү. Холобур, сурукпут Ойуунускайдаах тылдьыттарынан барбыта буоллар, билиҥҥи уустук суох буолуо этэ. Кинилэр «сахатытыылара» саҥарыы чахчытын кытта ситимнээх. Оттон билиҥҥи «сахатытыы» үгүс түбэлтэҕэ тыыннаах тылы, баар саҥарыыны кытта ситимэ суох. Инньэ гынан, түөрүйэ уонна олох чахчытын утарсыыта үөскүүр.

Киирии тыл суруллар нуорматын олохтуурга бастаан ол тылы күннээҕи саҥаҕа-сурукка талкыйыы барыахтаах. Ол түмүгэр дьоҥҥо сөптөөх саҥарыы холобура үөскүөхтээх. Ити кыайтарбатах буолан билиҥҥи таба суруйуу тылдьытын «ыксаабыт тылдьыт» диибин. Ол да буоллар, төһө даҕаны “итэҕэстээх” диэтэрбит, туһааннаах тылдьыты тирэх оҥостуохтаахпыт. Тиэрэ түһүү суох буолуохтаах. Утуму тутуохтаахпыт. Итиэннэ сурукпутугар үтүктүү тосхолун (ону «нууччалыы суруйуу» диибит) туттартан кыбыстыа суохтаахпыт – саха таба суруйуутун биир тосхолун туттар буоллахпыт.

Жанна Барашкова, саха тылын бэтэрээн учуутала:

– Таба суруйуу быраабылата-ирдэбилэ “үөһэ” айыллан-оҥоһуллан баран “аллара” – оскуола оҕолоругар – тиийэр. Оттон учуутал – ону тиэрдээччи. Дорҕооно аһара сахатытыллыбыт тыллары сорох оҕолор “оҕонньор-эмээхсин саҥатын курдук” диэн биһирээбэттэр. Бу курдук кэпсэтии-дьүүллэһии, санаа атастаһыыта барара олус туһалаах. Туһааннаах дьон бары ону истэ-билэ, кэтии сылдьабыт.

Сайнара Кириллина, Капиталина Егорова, Надежда Матвеева, Надежда Пестерева, Күннэй Белолюбская, Дьокуускай куорат оскуолатын саха тылын учууталлара:

– Оҕо тугу барытын түргэнник ылынар. Ол иһигэр, учуобунньукка баар тылы эмиэ. Онно туох да уустук, кыаллыбат суох, оҕолор сахатытыыны түргэнник ылыналлар. Тылы сахалыы таба тутта сатыыллар. Туох да ыарырҕатыыта суох омуоньум, дьыктаан, барамай дии сылдьабыт. Биһиэхэ – былыргы “сэбиэскэй” учуобунньуктарынан үөрэммит дьоҥҥо – сахатытыы бастаан уустук курдук этэ эрээри, киһи үөрэнэр. Биллэн турар, сорох ардыгар учууталтан эмиэ тутулуктаах. “Мин бэньиэтикэ, сиинтэксис диэн сахатыппаппын, фонетика, синтаксис диибин” диир уонна оннук үөрэтэр учууталлар эмиэ бааллар.

(Манна анаан санатабыт, бу – Дьокуускай куорат оскуолаларын учууталлара. Дьокуускайга саха оскуолатыгар-кылааһыгар, сүрүннээн, төрөөбүт тылларын туһугар ыалдьар, долгуйар дьон оҕолорун биэрэллэр. Учууталлара эмиэ, бука, оннук дьон буолан эрдэхтэрэ. Саха тылыгар букатын наадыйбат саха төрөппүттэрэ оҕолорун нуучча кылааһыгар биэрэллэрэ буолуо. Оттон тыа сиригэр үлэлиир саха тылын учууталлара мантан атын санаалаах буолуохтарын сөп. Ол курдук, саха тылын учууталларын сийиэһин саҕана, бэрт элбэх учуутал “Кыым” эрэдээксийэтигэр “аһара сахатытыллыбыт” учуобунньугу сөбүлээбэттэрин биллэрэн тураллар. Ол туһунан элбэхтик суруллубута).

Untitled 2024 02 15T111936.577

Мунньах туһунан

Бу буолан ааспыт мунньахха олоҕуран... Кэнники сылларга саха тылын исписэлиистэрэ кыттыылаах уопсай мунньахтар аһара чопчутук-чуолкайдык, көдьүүстээхтик уонна хардарыта ытыктабыллаахтык ыытыллар буолбуттарын үөрэн-көтөн туран анаан бэлиэтиир сиэрдээҕэ буолуо. Сүүрбэччэ-отучча сыллааҕыта оннук буолбат этэ. Олоҕу бэрт судургутук “үрүҥ уонна кыһыл”, “хомуньуус эбэтэр хапыталыыс” диэн араара үөрэппит сэбиэскэй кэм учуонайдарын көрсүһүүтэ арыый атын буолара. Хатааннаахтык, түөргүлэһиилээхтик, иэс баайсыылаахтык, “эн урут инньэ диир этиҥ (суруйбутуҥ)” эҥин диэн “быһаарсыһыы” аҥаардаах барара, ол түмүгэр судургутук да быһаарыллан хаалыан сөптөөх боппуруос уһаан-тэнийэн дьылҕата тумаҥҥа мунара.

Билигин көлүөнэ уларыйбыт. Онон сахабыт тылыгар тирээн турар уустук да боппуруостар сиэрдээхтик быһаарыллар кыахтаммыттар. Ол – үчүгэй!

Бу – “сахатытыыга” сыһыаннаах бастакы мунньах. Бу тиэмэ салгыы эмиэ эллэнэн-мэһиллэн эргиллэн кэлэ туруо, салгыы ырытыллыа диэн эрэнэбит.

Владимир Борисов, уопсастыбанньык, төрөппүт:

– Дорҕоон сахатыйыахтаах. Ол эрээри, бэрт өрдөөҕүттэн туттуллан кэлбит тылы аһара нөҥүө түһэн сахатыта сатыыр наадата суох. Сорох дьон, бэл, “көлүөнэ” диэн былыр үйэ сахатыйан бүппүт тылы “сүһүөх” эҥин диэнинэн солбуйа сатыыллар. “Болуоссат” диэни сөбүлээбэккэ уларытаары гыналлар. Кимнээх эрэ “саайт” диэн тылы суп-судургутук “сир” диэн тылбаастаабыттар. Ол түмүгэр “сахалыы саайт, саха саайта” “Саха сирэ” буолан тахсыбыт. Үөрэх, билим тылын аһара хасыһан сахатыта сатыыллара – сыыһа! Ити курдук суолунан бардахпытына сотору Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап уо.д.а. курдук сүдү суруйааччыларбыт айымньылара “сахалыы буолбатах” аатыран тахсар чинчилээхтэр.

Вилюяна Никитина, “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү салайааччыта, ГЧИ үлэһитэ:

– Бэйэм ГЧИгэ социолингвистика салаатыгар үлэлиир чинчийээччи буоларым быһыытынан, бэрт уустук балаһыанньаҕа түбэһэн хааллым... Оҕолорбут сахалыы билэр-билбэт, саҥарар-саҥарбат туруктаммыттарын көрө-билэ сылдьар киһиэхэ бу курдук “нөҥүө түһэн” сахатытыы туһунан кэпсэтии барара дьиктитик иһиллэр. Бу кэпсэтиигэ оҕолорго сахалыы тылы үөрэтии бастакы олугун охсор алын кылаас учууталлара суохтара куһаҕан эбит. Оттон мин тус бэйэм “оҕо туохха барытыгар үөрэнэр” диэн санааны тутуһабын. Холобур, оҕом “харахадьыыл”, “морполуогуйа”, “онтуоньум” диирин, сэбиэскэй кэмнээҕи учуобунньугунан үөрэммит буолан, бэйэм атыҥырыы, ыарырҕата истэбин. “Сахатытан” саҥарыы-суруйуу биһиги көлүөнэҕэ ыараханнык ылыныллар эбит буоллаҕына, оҕоҕо ол уустук буолбатах. Билиҥҥи туругунан “сахатытыыга” миигин оҕом үөрэтэр турукка тиийдибит. Онон “төрөппүт сөбүлээбэт” диэн баран, дорҕоону сахатытыыны туорайдаһарбыт сыыһа. Бэйэбит көнө, уларыйа сатыахтаахпыт.

Таарыйа, бу билигин саха тылын саҥа учуобунньуга оҥоһулла сылдьар. Ону кэлин омнуолуу, баайса сылдьыбат туһугар, интэриэстээх дьон онно билигин орооһуохтарын наада. 

Владимир Степанов, “Ситим” медиа-бөлөх ген-дириэктэрин солбуйааччы:

– Элбэх үчүгэй санаа этилиннэ, бэрт кэпсэтии бара турар. Бука бары тылбыт хайдах уустук турукка тиийбитин көрө-истэ сылдьар дьон мустан олоробут. Мин 20-ччэ сыл устата чааһынай бэчээт тэрилтэтин салайсан кэлбит киһи быһыытынан этэбин... Билигин Дьокуускай куоракка 100 тыһ. быдан тахса саха киһитэ олорор. Онтон “Кыым” хаһыаты атыылаһан ааҕааччыта 2 тыһ. эрэ киһи буолуо. Кэнники сылларга дьон хас хардыы аайы “хаһыаккытын аһара сахатытаҥҥыт, ааҕарга эрэйэ бэрдин иһин, суруппат да, атыыласпат да буоллум” дииллэр. Сахалыы дорҕоон суолтатын бары бэркэ өйдүүбүт эрээри, аһара “үөһүгэр киирэн, нөҥүө түһэн” сахатытыы эмиэ мөкү содуллааҕын өйдүүрбүт наада этэ.

Николай Павлов-Халан, сахалыы бикипиэдьийэ дьаһабыла, уопсастыбанньык:

– “Киирии тыл олоҕун булгуччу нууччалыы суруллуохтаах” диэн сэбиэскэй кэмнээҕи быраабыла – соҥнооһун этэ. Бу манна олорооччулар баһыйар үгүспүт ол быраабыланан үөрэммит дьоммут. Онтубут билигин тылга бара турар уларыйыылары сиэрдээхтик көрөрбүтүгэр мэһэй буолар. Аныгы олох тэтимэ олус түргэн, былыргы курдук буолбатах. Онон, “тыл бастаан кэпсэтии тылыгар киириэхтээх, туттуллуохтаах, оннун булуохтаах, ол эрэ кэнниттэн кини литэрэтиирэ нуорматыгар олоҕуруохтаах” эҥин диэн күүтэр кыахпыт суох. Өрүсүһүөхпүтүн, урут туттуохпутун наада. Төһө да сааһырбыт дьоҥҥо табыгаһа суох курдук көстүбүтүн иһин, ону өйдүү сатыахтаахпыт.

Лазарь Афанасьев-Тэрис “тиэрмин күннээҕи олоххо төһөнөн элбэхтик туттуллар да, соччонон түргэнник киирэр” диир этэ. Онон тиэрмини айыыны саамай элбэхтик туттуллар тыллартан саҕалыахтаахпыт. Биһиэхэ, уопсайынан, таба суруйуу эрэ буолбакка, “таба саҥарыы” (орфоэпия) сайдыахтаах этэ. “Таба суруйуу тылдьытыгар” 2–3 сыл буола-буола эбии кыбытык киирэн иһэрэ бэрт буолуох этэ. Маны тэҥэ, бу тылдьыт электроннай барыйаана баара буоллар...

Иван Алексеев-Хомус Уйбаан, тыл билимин дуоктара:

– Ханнык баҕарар тыл бэйэтигэр эрэ анаммыт халыыптаах, уйалаах буолар. Биһиги, сахалар, саамай былыргы түүрдүү дорҕооммут уйатын илдьэ сылдьабыт. Ону бу билигин тутта сылдьар, саха тылыгар букатын барсыбат, дьүөрэтэ суох алпаабыппыт алдьатар. Дьоппуоннар “оҕо 12 сааһыгар диэри бэйэтин төрөөбүт тылын дорҕоонун баһылыыр” диир эбит буоллахтарына, биһиги оҕолорбут нууччалыы тартаран үөрэнэллэр, ол эбэтэр тылларын “атын омук тылын талкыта имитэ” сылдьар. Саха тылыгар өрдөөҕүттэн киирэн сахатыйбыт “буоста, борохуот” диэн тылларбыт билигин төттөрү төннөн “почта, пароход” буолан хааллылар.

Аркадий Самсонов, тыл энтузиаһа:

– Биһиги 1962 с. бигэргэммит “Саха тылын орфографическай тылдьытыттан” кыайан арахсыбакка олоробут. Сотору кус көҥүлэ саҕаланыа. Онно эр дьон бары “саа чехола, батарантааһа” дэһээри олоробут. Ох саа хаатын аатынан чехолу – “саадах”, батарантааһы “кэһэх” диир тоҕо табыллыбатый? Ойуур баһаарын былыр “хоргуу” дииллэр эбит. Таба суруйуу тылдьытыгар сыыһа-халты эмиэ элбэх, онно “рецепт” диэн тылбыт “ырысыап” уонна “эрэсиэп” диэн икки барыйаанынан киирэ сылдьар. Дьиҥинэн, күннээҕи олоххо туттуллубат билим тылларын бэйэлэринэн да хаалларыахха сөп этэ. Холобур, “синхрофазотрон” эҥин диэн курдук тыллары сахатыта сатыыр туох кыһалҕа баарый? Сырыттын ээ. Саха киһитэ бу тылы, наай гыннар, үйэтигэр биирдэ туттуо, баҕар, букатын да туттуо суоҕа. Дорҕоонун нууччалыы да эттин ээ, онтон туохпут итэҕэстийиэй?

Юлия Борисова, тыл билимин хандьыдаата, ГЧИ:

– Дорҕооҥҥо үөрэнии (фонетическая адаптация) диэн баар. Тиэрмин айыллыар диэри тылы дорҕоонун дьүөрэлээн туттуу. Бу саха тылын учуобунньугун тылдьытыгар аһара элбэх тылга дорҕоону солуута суох сахатытан суруйбуттар эбит. Дьиҥинэн, бырабыыталыстыба бигэргэппит тылдьытыгар киирбит эрэ тыллары маннык туттуллуохтаах этэ.

Владислав Коротов, суруналыыс:

– Бу кэнники 30-ча сылы быһа Дьыл оҕуһун бастакы, иккис муостара хаһан тулларын мөккүһэн кэллибит, арыый солуулаах-суолталаах суолларга мөккүһүөх баар этэ. Олоҕурбут, киирэн бүппүт тыллары хос сахатыта сатыыры тохтотуох баара. Тиэрмин хамыыһыйатын чилиэнин быһыытынан санаабын эттэхпинэ... Тиэрмини айыынан анал хамнастаах туспа тэрилтэ үлэлээтэҕинэ эрэ тугу эрэ хамсатар кыахтаах эбит. Уонна онно, бастатан туран, күннээҕи олоххо элбэхтик туттуллар тыллары бигэргэтиэх баара.

Руслан Баишев, уопсастыбанньык:

– Аһара сахатытан тылы киһи билбэтин курдук оҥоруу – кутталлаах көстүү. Биир билэр учууталым спортсмен оҕолорго “саха тылын тылдьытыттан спорт диэн тылы булуҥ” диэн соруйбутугар, оҕолоро кыайан булбатахтар этэ. Бу тыл  “успуорт” диэн суруллубутун оҕолор хантан билиэхтэрэй? Ити курдук үньүбэрсиэт-университет диэн “араас тылынан” саҥара сылдьыы түмүгэр тылбыт эстэр кутталлаах. Бүрээттэргэ литэрэтиирэ тылын олохтуулларыгар, былыргы монгуоллуу, хорилыы диалегы уо.д.а. дэлби саамылаан, тылларын нуорматын 6 сыл иһигэр 4-тэ уларыта сылдьыбыттар эбит этэ. Ол түмүгэ өйдөнөр, тэҥ кэриэтэ ахсааннаахпыт да үрдүнэн, 1979 с. бүрээттэр “Буряад Үнэн” хаһыаттарын тираһа – 2 тыһ., оччотооҕу “Кыым” хаһыат 50 тыһ. буолбутун кэпсииллэрэ.   

Лидия Манчурина, тыл билимин хандьыдаата, ХИФУ:

–Киирии тыллары дьүөрэлээһин, олохсутуу икки суолунан барар: дорҕоонун сахатытыы уонна солбугун булуу. Оттон дорҕоонун сахатытан туттуу – солбуйар кыахтаах ханыы тыл көстүөр диэри туттуллар быстах дьаһал. Бу үлэ салҕанан бара туруохтаах.

Евдокия Герасимова, тыл билимин хандьыдаата, ХИФУ:

– Бу бүгүн мустан олорор дьон сүрүн сорукпут: бары уопсай сүбэнэн тылы биир барыйаанынан туһанарга кыһаллыахтаахпыт. “Ким хайдах сатыырынан, талбытынан” диэн буолбакка. Тылы араастаан түҥ-таҥ туттан дьону эрэ булкуйабыт.

Дьон эппит тылын кылгатан, сороҕу көтүтэн тиэртэххэ, ити курдук уопсай хабааннаах кэпсэтии буолан ааста. Туох түмүгү оҥостобутуй?

Бу кэпсэтииттэн көстүбүтүнэн, дорҕоону сахатытыыны мастыы, этириэс утарар дьон суох эбит. Арай, күннээҕи олоххо, кэпсэтии тылыгар дэбигис туттуллубат билим тиэрминнэрин туттууга санаа араастаһар. Чахчыта да, анал идэлээх исписэлиистэр эрэ туттар тиэрминнэрин, күн аайы кэпсэтиигэ ким да туттубат тылларын сахатыта сатаан олуйар-моһуйар туох наадалааҕый? Холобур, тыл үөрэхтээхтэрэ филология, орфография, фонетика, дифтонг, лингвистика, морфема, метафора, синтаксис, эпитет уо.д.а. диэн аан дойдуга уопсай ылыныллыбыт көрүҥүнэн тутта сырыттыннар ээ. Кинилэр ону “сахатыппакка” туттубуттарыттан саха тыла туга быстан түһэрий? Аһара сахатытыаҕы баҕарар буоллахха, “билэлиэгийэ” диэбэккэ – тыл үөрэҕэ, таба суруйуу (“арпагыраапыйа” буолбакка), дорҕоон үөрэҕэ (“бэниэтикэ” буолбакка) уо.д.а. диэн тылбаастыыр тоҕо кыаллыбатый?

Маны тэҥэ, сорох исписэлиистэр дорҕоону сахатытыыны “быстах кэмнээх миэрэ” курдук көрөллөр эбит. Дьиҥинэн, холобур быһыытынан, аан дойдуга барытыгар биллэр “информация” диэн тылы быстах миэрэ быһыытынан “аара” тохтотон “импэрмээссийэ” эҥин диэн суруйан-саҥаран дьону булкуйа-эрэйдии сылдьыбакка, тута сахалыы “иһитиннэрии” диэн кэбиһэр ордук буолбатах дуо?..

Уопсайынан, “тыл дорҕооно сахатыйар кыахтаах буолла да – сахатытан иһиллиэхтээх” диэн сыһыан төһө сөбүй? Холобур, дорҕоону сахатытан туттуу энтузиастара билигин “алымпыйаада, ыспартакыйаада” диэн суруйар буоллулар. Ол гынан баран, бу тылы кытта биир олохтоох “сурдлимпиада, универсиада” диэннэри бу дьон билиҥҥитэ “кыайбаттар”, нууччалыы көрүҥүнэн ыыталлар. Саха тылын учуобунньугар метафораны “мэтээпэрэ” диэн баран, бу тылы кытта биир төрүттээх анафораны оннунан хаалларбыттар. Омонимы – “омуоньум” диэбиттэр, оттон “омоформа” – кыайтарбатах. Омуктан киирбит биир олохтоох тыллары ити курдук “эриэннээн”, ойута-хайыта тыытан сахатытыы төһө сөбүй? Бу манна уопсай систиэмэлээх, тиһиктээх үлэ ирдэнэр курдук.

Untitled 2024 02 15T112051.664

Мунньах түмүгүнэн “киирии тыллары нууччалыы да барыйааннарынан, сахатытан да суруйуохха сөп. Ол – алҕас буолбатах” диэн санаа этилиннэ. Чахчы, 2015 с. бигэргэммит таба суруйуу быраабылата да ону көҥүллүүр: “... Маннык (киирии) тыллар кэлин киэҥник тарҕанан сахалыы туттуллар буоллахтарына, сахалыы суруллуохтарын сөп” (IV. 43-с быраабыла 2-с пуунун хос быһаарыыта).

Иван Гаврильев.

Бүтэһик сонуннар