Бүгүн, олунньу 21 күнүгэр, Аан дойдутааҕы төрөөбүт тыл күнэ бэлиэтэнэр. Өрдөөҕүтэ, 1952 с. бу күн Пакистаҥҥа актыбыыс устудьуоннар бенгал тылын көмүскэһэн демонстрацияҕа тахсыбыттар. Манна үгүс эдэр дьон сырдык тыына быстыбыт эрээри, 4 сыл буолан баран бенгал тыла судаарыстыбаннай ыстаатыстаммыт, онтон 2000 с. ЮНЕСКО көҕүлээһининэн аан дойду үрдүнэн бэлиэ күн буолбут. Аангылыйа тыла, Великобритания холуонньаларыгар судургутунан, кэбэҕэстик өйдөнөрүнэн, үөрэх уонна дьаһалта-салалта эйгэлэрин тутаах тылын быһыытынан күүһүнэн тарҕатыллан улам олохтонон, билигин аан дойдуну сабардыыр глобализация тыла буолла.
Нуучча тылын, нуучча омугун чинчийэр исписэлиистэр бу тыл кэлиҥҥи 30 сыл тухары сиэри таһынан нуучча култууратын эйгэтигэр өтөн киирдэ диэн, бэл диэтэр, тылга куттал суох буолуутун кыһалҕатын (лингвистическая безопасность) туруораллар. Уйулҕа идэлээх О.Р. Бондаренко суруйарынан, аангылыйа тыла нуучча тыллаах эйгэни сабардаан киириитэ нуучча тыллаахтар култууралара быстар намтаан турар кэмигэр кинилэр тулалыыр эйгэни анаарар дьоҕурдарыгар, саҥарар саҥаларыгар улахан сүтүктэри аҕалар үһү. Итиннэ ордук Арассыыйа эдэр ыччата, кинилэр идентичностара эмсэҕэлиир диэн чорботон этэр. Биллэн турар, бу түгэҥҥэ, национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ, төрөөбүт тылларын умна быһыытыйан эрэр, олохтоох эдэр ыччат икки төгүл охсууну ыларын ким да улаханнык болҕомтоҕо ылбат. Табылыыссаҕа, саха эдэр ыччатын хоруйдарын сыымайдаан чинчийбиппинэн, төрөөбүт тылы билии көрдөрүүлэрэ арыый да «көбүччү» буолаллар эбит.
Сахалар |
Чеченнэр |
Аварецтар |
Татаардар |
Бүрээттэр |
Тывалар |
|
Холкутук саҥарабын, ааҕабын, суруйабын |
79,2 % |
90,7 % |
67,5% |
46,1 % |
46% |
89,3 % |
Саҥарабын, ааҕабын, ол эрээри суруйбаппын |
0 |
5,8 % |
9,6% |
13,2 % |
11,1% |
6,7 % |
Саҥарабын, ол эрээри аахпаппын, суруйбаппын |
4,2% |
3,5 % |
2,4% |
7,9% |
3,2 % |
1,3 % |
Бэрт эрэйинэн саҥарабын |
5,6 |
3,6% |
1,3 % |
12,7% |
||
Барытын өйдүүбүн эрээри саҥарбаппын |
1,4 % |
8,4% |
9,2% |
7,9% |
||
Уопсай ис хоһоонун эрэ өйдүүбүн, саҥарбаппын |
5,6 % |
4,6 |
10,5% |
15,9% |
2,7 % |
|
Билбэппин |
4,2 % |
3,6 |
11,8% |
3,2% |
«Кыым» ааспыт (13.02.2024) нүөмэригэр тахсыбыт национальнай өрөөспүүбүлүкэлэр эдэр ыччаттарын тылга сыһыаннарын туһунан матырыйаалбын салҕаан, кинилэр «глобальнай» тылы хайдах ылыналларын ырыҥалаан көрүөхпүт. Санатан эттэххэ, эдэр ыччат тылга сыһыанынан тыл инникитин сылыктыахха сөп, онон национальнай эрэгийиэннэргэ судаарыстыбаннай статустаах тыллар кэнэҕэскилэрин ырыҥалаан үөрэтэргэ 2023 с. Арассыыйа 6 эрэгийиэнин эдэр ыччатын үөрэтэн көрдүм.
2021 с. оҥоһуллубут ыйытынньыкка саха ыччатын 17,2 % аангылыйа тылын холкутук туттабыт, 31,4 % - «аангылыйа тылынан кэпсэтии (тиэкис) сүрүн ис хоһоонун өйдүүбүт эрээри саҥарбаппыт», 22,2 % – «мөлтөхтүк саҥарабыт» уонна 13,8 % – «олох билбэппит» диэн хоруйдаабыттара. Күннээҕи олохпутугар аспытыттан куйаар ситимин бары эттиктэригэр тиийэ аангылыйа тыла кимэн киирэн иһэрин быһыытынан, Дьокуускай куоракка уонна араас улуустарга олорор сахалар 70 %-ра билиҥҥи олоххо ситиһиилээх буоларга саха, нуучча тылын таһынан аан дойдуга киэҥник туттуллар тыллартан биири хайаан да билиэхтээххин диэн бигэ санаалаахтар. Онон, эдэр ыччат омук тылын билиитэ, билигин аһары да үрдээбэтэр, тардыһыыта күүстээх, онон сотору кэминэн бэркэ билииһилэр. Глобализация кыһарыҥар бииргэ түбэспит национальнай өрөспүүбүлүкэлэрбитигэр син биир майгынныыр көстүү бэлиэтэнэр:
Билиҥҥи олоххо ситиһиилээх буоларга ханнык тылы билиэхтээхпитий?
|
Сахалар |
Чеченнэр |
Аварецтар |
Татаардар |
Бүрээттэр |
Тывалар |
Төрөөбүт тылгын, нуучча тылын уонна аан дойдуга киэҥник туттуллар тыллартан биири |
81,9% |
60,5 % |
67,4 % |
76,2 % |
82,9 % |
82,7% |
Нуучча тылын |
2,8% |
12,8 % |
20,9% |
15,9 % |
6,6 % |
8% |
Төрөөбүт тылгын |
5,6% |
9,3 % |
2,3% |
0 |
2,6 % |
0 |
Төрөөбүт тылгын уонна нуучча тылын |
8,3% |
15,1 % |
4,7% |
7,9% |
6,6 % |
9,3% |
Хоруйдуурбун ыарырҕаттым |
1,4% |
2,3 % |
4,7% |
0 |
1,3 % |
Аныгы тэтимнээх, дьалхааннаах олоххо эдэр ыччат инники олоҕун уйгутун кытаанах күрэстэһии тэтимигэр киирэн оҥостор. Чинчийээччилэр итинтэн атын кинилэргэ сыһыаннаах үс уратыны ыйаллар: бэйэ иннин көрүнүү (индивидуализация), билиҥҥи көрөн ылар информацияҕа (визуальная информация) сүгүрүйүү уонна, бары бэркэ билэрбит курдук, сүҥкэн дьайыыны куйаар ситимэ оҥорор.
Эһиги санааҕытыгар нуучча уонна Арассыыйа атын норуоттарын тылларыгар аангылыйа тыла көрдөрөр-иһитиннэрэр, дьыалабыай, билим-үөрэх эйгэлэригэр уонна күннээҕи алтыһыыга балысханнык өтөн киириитэ эдэр ыччат төрөөбүт атын тылга көһүүтүгэр, тылын ситимэ быстарыгар тириэрдиэн сөп дуо?
Сахалар |
Чеченнэр |
Аварецтар |
Татардар |
Бүрээттэр |
Тывалар |
|
Сөбүлэһэбин |
26,4 % |
18,6 % |
27,7 % |
34,9 % |
32,9 % |
36 % |
Сөбүлэспэппин |
45,8 % |
19,8 % |
43,4 % |
41,3 % |
39,5 % |
10,7 % |
Хоруйдуурбун ыарырҕаттым |
25 % |
60,5 % |
28,9 % |
23,8% |
26,3 % |
53,3% |
Атын хоруйдаахпын |
1,4% |
1,2% |
1,3 |
Саха, аваар, татаар, бүрээт устудьуоннара омук тылын дьайыытын улахаҥҥа уурбаттара көстөр, онтон атын омуктар (чеченнэр, тывалар) хоруйдуохтарын ыарырҕатан, дьаарханалларын биллэрдилэр. Дьэ, онон, бу кэм-кэрдиис омуктар (ахсааннарыттан тутулуга суох) төрөөбүт тылларын тутан хаалалларыгар бэрт үгүс тургутууну аҕалара сабаҕаланар.
Биир курдук, сылтан-сыл моһол ахсаана, төрүөтэ үксээн, араас өрүттэнэн, уларыйан тахсар, холобур, цифровизация, үөрэх эйгэтигэр араас ньыманан Арассыыйа омуктарын тылларын ыырын кыаратыы, куоракка күргүөмүнэн көһөн киирии онно эбии коронавирус пандемията, онлайн-үөрэх, уо. д. а. демографияны уларытар араас фактордар киирсэллэр. Омук быһыытынан симэлийиэ суохтаахпытын өйдөөн, омукпут бары ресурсаларын холбоон күргүөмнээхтик турууластарбыт да, сонунтан сонун куорҕаллаах төрүөттэр эбиллэннэр, дьайыылара үксээн, сыра-сылба мэлийэн тахсар. Тылы билии намтааһына, атын тылга көһүү сырыынньатык барбат, эриэ-дэхси буолбат эбит.
Дьокуускай к. 2021 с. ыытыллыбыт чинчийиигэ «Уопсастыбаҕа саха тылын туругун тугу гынан тупсарыахха сөбүй?» диэн ыйытыы түмүктэрэ бэрт сонун буоллулар. 16-25 саастаах эдэр ыччат уонна ыйытынньыгы толорбут бары саха дьоно диэн критерийинэн икки гына арааран көрдөххө, эдэрдэр үгүс өттүлэрэ 15 хоруй барыйааныттан, куйаар ситимигэр саха тылын элбэтии эҥин диэни тумнан, үөрэх эйгэтигэр уларыйыыны ирдииллэрэ көһүннэ. Оттон бары кыттыбыт дьон аатыттан дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт тылынан иитии-такайыы диэн тахсыбыт.
«Уопсастыбаҕа саха тылын туругун тугу гынан тупсарыахха сөбүй?» (үрдүк эрэ көрдөрүүлэри көрдөрөбүт)
16–25 саастаах саха эдэр ыччата |
Бары кыттыбыт дьон |
|
Сахалар төрөөбүт тылларын үөрэтэллэрин үөрэх ыстандаартыгар киллэрэн бигэргэтии; |
36 |
|
Туох ханнык иннинэ, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону ийэ тылынан иитии; |
33 |
52 |
Саха оскуолатын, лицейин элбэтии; |
28 |
45 |
Төрөөбүт дойдуга тапталы иитии |
17 |
|
Оскуолаҕа, орто, үрдүк үөрэххэ саха тылын үөрэтии хаачыстыбатын тупсарыы |
14 |
36 |
Онон, эдэр ыччат балаһыанньаны сөпкө өйдүүрэ – үөрэх ыстандаартын таһынан оскуола, лиссиэй элбиирин, саха тылын үөрэтии хаачыстыбатын тупсарыыны модьуйара билиннэ. Саха тылынан үөрэтэр, саха тылын үөрэтэр оскуола элбиэхтээҕэ, тылы билиитин таһымыттан тутулуга суох оҕо сөптөөх үөрэнэр кинигэлэнэрэ билигин кыалла илик. Билиҥҥи оҕо тылы билиитин таһымыгар сөп түбэһэр, судургутутуллубут кинигэ тахсара саха тылын туругун көннөрөргө быстах суолталаах стратегия буолар.
Тиһэххэ киһи-аймах сыаннастарыгар сыһыаннаахха тиийэн, билиҥҥи эдэр ыччат аҕа дойдутугар тапталын төрөөбүт тылын билиини кытта төһө ыкса ситимнээн өйдүүрүн биллибит.
«Аҕа дойдугар тапталыҥ (патриотизм) төрөөбүт тылгын билэргин кытта ситимнээх дуо?
Патриотизм |
Сахалар |
Чеченнэр |
Аварецтар |
Татаардар |
Бүрээттэр |
Тывалар |
Оннук, сибээстээх |
45,8 |
70,9 |
59 |
38,1 |
50 |
70,7 |
Сибээстээх эрээри, ханнык эмэ |
40,3 |
18,6 |
31,3 |
50,8 |
36,8 |
22,7 |
Олох сибээһэ суох |
9,7 |
1,2% |
7,2 |
6,3 |
11,82 |
1,3 |
Хоруйдуурбун ыарырҕаттым |
4,2 |
9,3% |
2,4 |
4,8 |
1,3 |
5,3 |
Бу да сырыыга чеченнэри кытта тывалар кердөрүүлэрэ чорбойор. Онтон атын омук устудьуоннарыгар, үөһэ эппит үгүс төрүөттэрбитинэн, бу ситим бытарыйа быһыытыйар.
Онон, билиҥҥи кэмҥэ эдэр ыччат төрөөбүт тылыгар сыһыаныгар үгүс өрүттээх төрүөт баара көстөр. Ол эрээри, судаарыстыба, үөрэх тэрилтэлэрин, кыһаларын, дьиэ кэргэн өттүлэриттэн төрөөбүт тылга ытыктабыллаах сыһыаны олохтуурга эдэр ыччат бэлэм диэн саныыбын. Ол иһин бу кыаҕы табатык туһаныахтаахпыт.