Киир

Киир

Дьоллоох Дьокуускай куоракка дьол уйатын оҥостоору бас билэр муннуктанан, быр бааччы олорору ким ыраламматаҕа баарай?! Киин куораппытыгар дьиэ сыаната, куортама күн-түүн үүт кыынньан үллэрин курдук үрдүү турдаҕына, бас билэр дьиэлэнии – дьолго тиксии. Билигин дьиэлэнэргэ судаарыстыба өттүттэн араас чэпчэтии, көмө көрүллэр: кыра бырыһыаннаах чэпчэтиилээх ипэтиэкэ эгэлгэтэ, хаарбах дьиэттэн көһөрүү... Инньэ гынан элбэх киһи дьиэлэннэ, аҥаардас ааспыт сылга икки бырыһыаннаах Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэнэн өрөспүүбүлүкэҕэ 8 тыһ. 882 киһи дьиэлэммит диэн отчуоттаатылар.

Ол эрээри, хомойуох иһин, дьиэ ылар кыахтаах, харчыларын төлөөбүт дьон баҕалаах дьиэлэригэр араас биричиинэнэн кыайан киирбэккэ, түөкүттэргэ түбэһэн, отуойкаҕа олорбут түгэннэрэ балачча. Биһиги эрэдээксийэбитигэр итинник кыһалҕаҕа ыктарбыт дьон мэлдьи кэлэллэр.

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар “үөрэх буоллун” диэн, түөкүттэргэ түбэспит икки устуоруйаны сырдатабыт.

“Хаарбах да буоллар, бас билэр кыбартыыраланыам...”

Саҥа дьыл иннинэ эрэ эрэдээксийэҕэ биир эр киһи кэлэ сылдьыбыта. Бырааһынньык сүпсүлгэнигэр “үтүө сонуннаах киһи кэллэ” диэн эрэммитим баара, хата, улахан кыһалҕаҕа ыктара сылдьарын кэпсээтэ. “Билэр дьонум ааҕыахтара, онон ааппын суруйаайаҕын” диэн көрдөспүтэ. Биллэн турар, көрдөһүүтүн быһа гыммакка, аатын Сэмэн диэн уларытан туран, түөкүн дьахтарга хайдах түбэспитин кэпсиибит.

Сэмэн куоракка бас билэр дьиэлэниэн баҕарбыта хас да сыл буолбут. Ыра санаатын олоххо киллэрээри кыралаан харчы мунньан испит. Кини сааһыгар ипэтиэкэни мээнэ биэрбэттэр. Биирдэ аймаҕын билэр дьахтара: “Билэр дьахтарым Аппа уҥуор мас дьиэҕэ 42 кв.м иэннээх кыбартыыраны ыксаан, чэпчэки сыанаҕа атыылыыр”, – диэбитин сэҥээрэ истибит. 2021 сыллаахха ахсынньы аам-даам тымныытыгар Тимирязев уулуссатыгар турар мас дьиэни тиийэн көрбүт. Кинини атыылааччы, Амма дьахтара Елена Румянцева үөрэ көрсүбүт уонна кыбартыыраны көрдөрбүт. Сэбиэскэй саҕанааҕы бөҕө тутуу буолан, атын дьиэлэр курдук сиргэ тимирбэтэх, сэнэх, ичигэс буолан биэрбит. Румянцева бу дьиэни 1,5 мөл. солк. атыылыах буолбут. Биллэн турар, төһө да хаарбаҕын иһин, 2021 сыллаахха дьиэ ырыынагар биир кыбадыраат миэтэрэ оччо чэпчэки буолбатаҕа. Сэмэн “хата, бэркэ, чэпчэки сыанаҕа түбэстим” диэн үөрэ түспүт уонна табыллыбыт киһи быһыытынан атыылаһар санааламмыт. Румянцева: “Квартплатаҕа эҥин иэстээх, ону дьаһайан баран, дьиэ докумуонун эн ааккар көһөртөрүөм, билигин, чахчы ылар буоллаххына, 1 мөл. 152 тыһ. солк. биэр, онтон хаалбытын кэлин биэриэҥ буоллаҕа”, – диэбит. Елена Васильевна харчыны үөрэ-көтө ылбыт уонна араспыыска суруйан биэрбит. Дьиэ атыытын туһунан дуогабары квартплатаҕа мунньуллубут 348 тыһ. солк. иэһин төлөөтөҕүнэ оҥорсуох буолбут. Дуогабар оҥоһулунна да, кыбартыыра докумуонун биэриэх буолан эрэннэрбит.

Сэмэн ити кыбартыыраҕа киирэн олорбут. Онтон квартплата иэһин төлүөх, дьиэни саҥа хаһаайыҥҥа – Сэмэҥҥэ – көһөртөрүөх буолбут Румянцева сүтэн хаалар. Сир көхсө төһө да киэҥин иһин, Елена Васильевнаны син булан ылбыт. Онто баара, дьахтар кыбартыыраны атыылыыр бырааба отой да суоҕа биллибит.

Дьиҥэ, бу кыбартыыраны Румянцева бас билбэт эбит: мээрийэттэн социальнай дуогабар быһыытынан наймылаһан олорбут. 2018 сыллаахха официальнайдык “хаарбах туруктаах дьиэ” диэн билиниллибит. Оттон хаарбах дьиэни хайдах да приватизациялыыр кыаллыбат. Сокуон оннук. Ону барытын билэ-билэ, бу дьахтар Сэмэҥҥэ атыылаабыт уонна 1 мөл. 152 тыһ. солк. ылбыт.

Сэмэн, итини билэн баран, албыннаппыт харчытын төнүннэрэр түбүгэр түһэр. Гражданскай мөккүөр буолан, дьыаланы суут эрэ быһаарар. Сэмэн Дьокуускай куораттааҕы суукка Румянцеваттан харчытын төннөрөрүгэр модьуйуу түһэрэр. 2022 сыл муус устар 20 күнүгэр дьыаланы судьуйа О.Д. Филиппов көрөр уонна Румянцева 1 мөл. 152 тыһ. солк. бүтүннүү итиэннэ атын киһи харчытын туһанан бырыһыаннаспыт 24 тыһ. 18 солк., 14 тыһ. 80 солк. судаарыстыбаннай пошлинаны төннөрөрүгэр уураахтыыр.

Кырдьаҕас киһини көрдөрөн туран албыннаабыт Румянцеваттан суут бириистэптэрэ иэһин ирдии сатыыллар да, бу дьахтар туга да суох аатырбыт. Аны бэйэтин моҥкуруукка биэрбит, инньэ гынан турар бэйэтэ хаалбыт дьахтартан “сүлэн” ылаллара суох буолбут. Сэмэн үйэтин тухары муспут харчыта күдэҥҥэ көтөн хаалбыт.

Сэмэн “Румянцева соруйан, миигин албынныырдыы оҥостон маннык быһыыланна, онон холуобунай дьыалата көбүтүҥ” диэн туруорсан быраабы араҥаччылыыр уорганнарга хаста да тиийэ сылдьыбыт. Онуоха анараалар “буруйу оҥоруу састааба суох” диэн, дьыаланы көбүтэртэн аккаастыы тураллар эбит.

Сэмэн аймахтара “ити Румянцеваны билэллэр” диэн үөһэ ыйбыппыт. Кинилэр этэллэринэн, Елена Васильевна, хата, кимнээҕэр үчүгэйдик, кэргэнин кытары биисинэстэнэн эҥин быр бааччы олороллор эбит. Арай официальнайынан – “турар бэйэтэ”. Сэмэн: “Саастаах киһини итинник албыннаан төһө уһун соннонуох муҥай, төрөппүттэрэ маннык түөкүнү хайдах иитэн таһаарбыттара буолла? Оҕолордоох эҥин киһи син суобаһыргыах да эбит”, – диэн төбөтүн быһа илгистэр.

Уопсайынан, дьиэни, учаастагы ылыах иннинэ, ымпыгар-чымпыгар тиийэ докумуонун барытын бэрэбиэркэлиир буолуҥ. Харчыны хаһан да эрдэ биэримэҥ.

“Килбиэннэри” итэҕэйэн

Аны саҥа сыл бастакы үлэ күннэригэр түөрт оҕолоох ыал ийэтэ Саргылаана Лазарева төлөпүөннээтэ:

– Миэхэ 2021 сыллаахха Сбербаан эдэр ыалларга көрүллэр чэпчэтиилээх Уһук Илин ипэтиэкэтинэн чааһынай дьиэни туттарга көҥүл биэрбитэ. Оччолорго үөрэн, халлааҥҥа көтө сыспыппыт, харахпытыгар номнуо ыра санаабытын – киэҥ-куоҥ дьиэбитин – ойуулаан көрбүппүт. Хаһыс да сылын Сэргэлээх 14-с уопсайыгар быыкаа хоско кэргэммин уонна түөрт оҕобун кытта симиллэн олоробут. Оҕолорбут, туспа хостоноллорун саныы-саныы, үөрэн ойуоккаласпыттара. Баан көҥүл биэрээтин кытары, чааһынай дьиэлэри тутар хас да хампаанньаҕа тахса сылдьыбыппыт, тиийэн консултаассыйаласпыппыт. Сыымайдаан-сыымайдаан, “Килбиэнстрой” диэн чааһынай тэрилтэни талбыппыт. Аата да үчүгэйэ бэрт. Тутуу хампаанньатын Егор уонна Мария Куприяновтар диэн ыаллар үлэлэтэллэрэ. Егору тута итэҕэйбиппит. Аны туран, кэргэним бэркэ билэр киһитэ буолан тахсыбыта, инньэ гынан кыра чэпчэтии оҥорбута. Дуогабар түһэрсээппитин кытары, тутуу балысханнык саҕаламмыта. Биһиги туспа харчы төлөөн, дьиэ бырайыагын оҥорторбуппут, симиэтэтин аахтарбыппыт. Ыам ыйыгар лафетынан дьиэбит акылаатын түһэрбиттэрэ. Ол кэннэ бастакы улахан тохтобул саҕаламмыта. Биһиги “тутуу тоҕо тохтоото, хаһан салгыыгыт?” диэн хаста да ыйыталаспыппыт. Сырыы аайы “аныгыскы нэдиэлэҕэ” диэн эрэннэрэллэрэ. Дьэ, онтон дойҕохторо саҕаламмыта: матырыйаал Иркутскайтан кэлэн иһэр аатырбыта, онтон “тутар биригээдэ оттуу таҕыста”, “итириктээн тахсыбатылар”, “кустуу бардылар”... Ыкса күһүҥҥэ диэри оннук араас дойҕоҕу истэ олордубут. Онтон балаҕан ыйын ортотугар үөртүлэр: күүтүүлээх бурууспут дьэ кэллэ, “дьиэ көҥдөйүн саҕалаатылар” диэн буолла. Биһиги өрө тыынныбыт. Онтубут көҥдөйбүт аҥаарын эрэ түһэрэн баран, эмиэ тохтоон хааллыллар. Биир сылы быһа туох да хамсааһын тахсыбата. Хас ыйыттахпыт, ыктахпыт-түүрдэхпит ахсын, эмиэ кураанаҕы эрэннэрии. Бырастыы гыннардылар, хайаан да тутуох буоллулар. 2022 сыл алтынньытыгар икки нэдиэлэ курдук үлэлээтилэр. Дьиэ өһүөтүгэр эрэ тиийдилэр. Онон бүттүбүт. Биһиги төһөлөөх ытамньыйбыппытын, истириэстээбиппитин этэ да барбаппыт. “Килбиэннэрбит” отой да сүтэн хааллылар, нүөмэрдэрэ барыта арахса сылдьар. Ол тухары социальнай ситимнэргэ угуйуктара тохтоло суох тахсар, дьиэни тутар да санаалара суох сылдьан, өссө саҥа килийиэннэри булаллар. Билигин ол дьиэбит көҥдөйө эрэ тыалга-ардахха баттатан, харааран тураахтыыр, кырыыһата суох буоллаҕа... Мин оҕобун көрөн үлэлээбэккэ олоробун, кэргэним, ипэтиэкэбитин төлөөрү, биһигини иитээри уһун күнү быһа үлэтигэр сылдьар. Дьэ, хайдах буоларбытын билбэккэ олоробут.

Биһиги дуогабарга ыйыллыбыт урбаанньыт Мария Александровна Куприяноваҕа хаста да тахса сатаатыбыт, олох ылбаттар, бассааптаатахха, эппиэттээбэттэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи борокуратуураҕа сурук ыыттыбыт. Ол күн борокуруор Тимур Владимирович Данилов сибээстэһэн, Саргылаана нүөмэрин ылла. Киниэхэ эрийэн “олунньу 1 күнүгэр РФ Генеральнай борокуруорун солбуйааччыта кэлэр, онно көрсүһүүгэ кэлиҥ” диэн ыҥырбыттар. Хамсааһын саҕаланна диэн өрө тыынныбыт. Саргылаана бэйэтин курдук отуойкаҕа олорбут 3 ыалы булан, ИДьМ-ҥа бу күннэргэ тиийэн сайабылыанньа суруйдулар. Онуоха дьуһуурунайтан саҕалаан “холуобунай дьыала тэриллибэт” диэн таайтаран саҥарбыттар. Ол да буоллар сайабылыанньаны ылбыттар.

Бэрэсидьиэн “эдэр ыаллары өйөөҥ, дьиэлэнэллэригэр көмөлөһүҥ” диэн этэ олордоҕуна, маннык быһыыланыы төһө сиэрдээҕий? Эдэр ыаллар ыра санаалара олоххо киириэ дуо? Эбэтэр ый ахсын үлүгэр иэһи төлүү олоруох муҥнара дуу? Манна ким эппиэти сүгэрий? Биһиги бу дьыаланы салгыы кыраҕытык кэтиибит, кыах баарынан кырдьыгы буларга көмөлөһөбүт.

Дмитрий ИВАНОВ.