От ыйын 9 күнүгэр Уопсастыбаннай кииҥҥэ Ис дьыала министиэристибэтин холуобунай ирдэбил управлениетын урукку салайааччыта, полиция подполковнига Артур Николаевич Саввин аймахтара, доҕотторо тэрийиилэринэн пресс-кэмпириэнсийэ буолла. Син балай эмэ пресс-кэмпириэнсийэҕэ сылдьыбытым да, бачча элбэх киһи мустубутун өссө көрө илигим – 150-ча киһи кэлбит! Төһө да быыкаа конференц-саала ип-итии, салгына суох буоллар, кэлбит дьон тиһэҕэр диэри ким көрүдүөргэ, ким истиэнэҕэ өйөнөн туран иһиттилэр.
16 ТЫҺ. ТУҺУТТАН – УОН СЫЛГА
Биһиги Артур Саввин дьыалатын туһунан кыратык иһитиннэрэн турабыт. Санаттахха, полиция улахан чөмчөкөтө Артур Саввин, суут уонна силиэстийэ быһаарбытынан, “кыһарыйан туран бэриги ылыыга” буруйдааҕа быһаарыллан, уон сылга кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа уураахтанан турар. Ону кытары Артур Саввин да, кини чугас дьоно, албакаата сөбүлэспэттэр – “сокуоннайа суох хаайылынна” дииллэр. Инньэ гынан, от ыйын 18 күнүгэр СӨ Үрдүкү суутугар салгыы ааһыныахтаахтар.
Артур Саввин 16 тыһ. солк. бэриги ылыыга буруйданан, бүтүн уон сылга уураахтаммыта. Оннооҕор балай эмэ баһырхай үбү бэрик көрдөөн ылбыт хоруупсуйаһыттар итиччэ сылга хаайыллыбаттар. Баара-суоҕа биир төлөпүөн өрөмүөнүттэн сылтаан маннык кытаанах бириигэбэргэ тиксибит.
Быйыл тохсунньу 14 күнүгэр Саввин доҕотторун кытары “Крыша” эрэстэрээҥҥэ сынньана сылдьыбыт, онтон салгыы атын сиргэ бараары такси ыҥырбыттар. Такситтан тахсан баран, Саввин массыынаҕа төлөпүөнүн умнан кэбиспитин өйдүү биэрэр уонна онтун ылаары тута табаарыһын төлөпүөнүттэн таксины хос ыҥыртарар. Суоппар кэлэн баран, массыынаттан тахсыбакка төлөпүөнү сиргэ быраҕар. Артур Саввин албакаата Ньургун Яковлев кэпсээбитинэн, эмсэҕэлээччи таксист, мигрант Абдулло Холбаев Саввин төлөпүөнүн хаарга бырахпытыгар төлөпүөнэ үлэлиир-үлэлээбэт буолбут, өрөмүөн наада буолбут. Саввин төлөпүөнүн мастарыскыайга илдьибитигэр “өрөмүөн 26 тыһ. солк. буолуо, ол кэриэтин 30 тыһ. солк. эргэ айфону ылбытыҥ ордук” диэбиттэр. Ити суума холуобунай дьыалаҕа бэрик быһыытынан сылдьар.
Олунньу 2 күнүгэр Холбаевы оперативнай ирдэбилгэ биэрэн, Росгвардия үлэһиттэрэ тутан аҕалаллар уонна Саввиҥҥа киллэрэллэр. Холуобунай дьыала матырыйаалларыгар көстөрүнэн, Саввин, Холбаевы көрсөөт, быарга уонна кэтэххэ саайбыт уонна “биллиҥ дуо?” диэбит. Олунньу 3 күнүгэр полиция чөмчөкөтө Холбаевынан аэропортан үлэтигэр диэри илтэрбит уонна айаннаан иһэн “ый аайы миэхэ 30 тыһ. солк. төлүүр буолаҕын, инньэ гымматаххына, сүгүн олордуом суоҕа, эйиэхэ уонна чугас дьоҥҥор бандьыыттары ыытыам” диэбит. Холбаев “улахан дуоһунастаах киһи ГАИ, ФМС эҥин ыытан сүгүннүө суоҕа диэн, чахчы, куттаммытым уонна Саввин этиитигэр сөбүлэспитим, кини өрөмүөн иһин диэбэтэҕэ” диир. Итини барытын Холбаев диктофоҥҥа устубут уонна ФСБ үҥсүбүт. Онтон ФСБ кэтэбилинэн олунньу 13 күнүгэр киэһэ Киров уул. Холбаев массыынатыгар олорон 5 тыһ. солк ылбыт. Онтон олунньу 16 күнүгэр – 11 тыһ. Оттон сороҕун мобильнай баанынан ыытаары гыммытын “уу харчынан эрэ биэрэҕин, сарсын сороҕун аҕалаар” диэбит. Олунньу 17 күнүгэр ФСБ үлэһиттэрэ Саввины туталлар. Муус устар 5 күнүгэр Саввины үлэтиттэн устар туһунан бирикээс тахсар.
“АЛДЬАППЫТЫН ТӨЛӨТӨР БЫРААПТААХ”
Ньургун Яковлев, албакаат:
– Бэрик – дуоһунастаах боломуочуйаҕын уонна өҥөҕүн атыылааһын буолар. Саввин таксист Холбаевка тугу биэрэргэ күһэйиэн сөбүй? Тугу да буолбатах! Киниэхэ оҥоһуллубут хоромньутун төлөттөрөр бырааптаах этэ дуо? Баар! Биллэн турар, кини ону учаскыабайга сайабылыанньалаһан төлөттөрүөхтээх этэ, ол эрээри буолбут да буоллаҕа дии. Мин бу дьыала туһунан хас да киһини кытары кэпсэппитим: борокуруору, судьуйаны (ааттарын биллэр биричиинэнэн эппэппин), кинилэр бары олус кытаанах, ыар бириигэбэр диэн сөҕөллөр, бастарын быһа илгистэллэр. 16 тыһыынча аайы 10 сылга кытаанах эрэсиимнээх хаайыыга түбэһии диэн ынырык буолбатах дуо?
Дьиҥэ, хара ааныттан Силиэстийэлиир кэмитиэт Саха сиринээҕи управлениета бэриги ылыы чахчытынан буруйу оҥоруу састааба суох диэн холуобунай дьыаланы көбүтэртэн аккаастаммыт эбит. Ол эрээри ордук боломуочуйалаах борокуратуура туруорсуутунан, дьыаланы көбүппүттэр. Ону “борокуратуура Силиэстийэлиир кэмитиэти күһэйэн тэрийтэрдэ уонна дьыаланы суукка диэри тириэртэ” дииллэр.
Эмсэҕэлээччи Холбаев көрдөрүүтүгэр Саввинтан куттаммытым диэбит, ол эрээри төлөпүөнү аҕаларга көрдөһөн эрийбиттэригэр массыынатын Чайковскай уул. хаалларан баран, сатыы Академическай уул. тиийбит. Албакаат Ньургун Яковлев “Саввинтан оччо куттаммыт буоллаҕына, массыынатынан кэлэн, түннүгүнэн төлөпүөнү биэриэн сөбө. Суох, кини ыаллыы уулуссаттан сатыы кэлбит. Куттаммыт киһи инньэ гынар үһү дуо?” – диир.
Холбаев өрөмүөнү толору толуйар харчыта суох эбит, ол иһин Саввин киниэхэ: “Харчыҥ суох буоллаҕына, олунньу бүтүөр диэри мин оҕолорбун сарсыарда аайы уһуйааҥҥа таһаҕын. Уон күн. Онон эйэ дэмнээхтик тарҕаһабыт”, – диэбит. Эмсэҕэлээччи ити этииттэн аккаастаммыт уонна харчыны толору төлүөх буолбут. “Кинини ити кэмҥэ ФСБ үлэһиттэрэ сааһылыы, ыйан-кэрдэн биэрэ сылдьыбыттар. Сонно тута кини Саввиҥҥа “Мин крышам буол” диэбит, онуоха Артур Николаевич кыккыраччы аккаастаммыт”, – диэн албакаат Яковлев кэпсээтэ.
Холуобунай дьыалаҕа биир дьиктитэ диэн, оперативнай-ирдиир дьаһаллар матырыйааллара, чуолаан Холбаев уонна Саввин массыынаҕа олорон кэпсэтиилэрин устуута киирбэтэх, инньэ гынан суукка көрүллүбэтэх. Дьиҥэ, ити устуу дьыаланы төрдүттэн уларытыан сөп үһү. Ол эрээри, албакаат Яковлев этэринэн, ФСБ оперативнига ити дакаастабылы суукка биэрэрин дуу, биэрбэтин дуу бэйэтэ эрэ быһаарар эбит. Инньэ гынан, ити кистэлэҥ устуу суукка бэриллибэтэх.
Аны туран, Саввин этэринэн, Холбаев төлөпүөнү биэрэригэр илиитигэр быһахтаах үһү. Ол иһин “Саввин киниэхэ ориентировка биэрэн, отделга аҕалтарарга ирдэбили түһэрбит” диэн быһаардылар. Ол эрээри ити быһаҕы Саввинтан атын ким да көрбөтөх, Холбаев “ханнык да быһаҕым суоҕа, төлөпүөнү тута сылдьыбытым” диэбит. Ону албакаат Яковлев бу курдук быһаарар: “Артур Николаевич 30-ча сыл холуобунай ирдэбилгэ үлэлээн кэллэ. Ити тухары төһөлөөх элбэх быһаҕы көрбүтэ буолуой? Ама, кини төлөпүөнтэн быһаҕы араарбат буолуо дуо? Ол эрээри суут тоҕо эрэ Холбаевы итэҕэйдэ”.
“КЫРБААБАТАҔА!”
Оттон Холбаевы кэбиниэтигэр киллэрэн кырбааһынын туһунан быһаарарыгар, таксист Холбаевы Саввин кэбиниэтигэр аҕалалларыгар аана тэлэччи аһаҕас турбут, силиэстийэлиир управление толору киһилээх, ол эрээри ким да ыһыыны-хаһыыны, кырбааһыны истибэтэх, көрбөтөх. Маны таһынан уорбалыыр өрүт суукка суоппар Холбаев кырбаммытын туһунан ханнык да дакаастабылы биэрбэтэх.
“СИЛОВИКТАР АТААННАҺЫЫЛАРА”
Албакаат Яковлев мустубут дьоҥҥо санаатын үллэстибитин кэннэ, мустубут дьон сэҥээрэр ыйытыыларын биэрдилэр уонна санааларын үллэһиннилэр. Оннооҕор “ыаллаһа олорор структуралар – ФСБ уонна ИДьМ – конфликтара” диэн эмиэ этилиннэ. СӨ ИДьМ холуобунай ирдэбил бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Анатолий Сивцев: “Күн бүгүн РФ ИДьМ улахан кыһалҕаны көрүстэ: тус састаапка үлэһиттэр тиийбэттэр, ону ол диэбэккэ, ситэ быһаарсыбакка эрэ, полициялары хаайыыга олохтууллар, ол билиҥҥи бүрүүкээбит балаһыанньаны уустугурдара чахчы”, – диир. Кини “кэнники кэмҥэ кутталлаах хамсааһын баар буолла: Ис дьыала министиэристибэтин үлэһиттэригэр саба түһүү элбээтэ” диэтэ уонна Дагестаҥҥа буолбут быһылааны холобурдаата.
АҺАҔАС СУРУК
“Биһиги бүгүҥҥү пресс-кэмпириэнсийэбит сүрүн сыала – бу дьыаланы дьон киэҥник биллин-көрдүн диэн. Суут уопсастыба санаатынан салайтарыахтаах, тоҕо диэтэххэ, кинилэр быһаарыыларын биһиги ааппытыттан таһаараллар. Биһиги саҥата суох олорон хаалыа суохтаахпыт”, – диэн албакаат Ньургун Яковлев ыҥырда.
Түмүгэр мустубут дьон Ил Дархан Айсен Николаев итиэннэ өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү суутун Бэрэссэдээтэлэ Любовь Летучих ааттарыгар аһаҕас сурук суруйарга быһаарыннылар. Пресс-кэмпириэнсийэни тэрийээччилэр мустубут дьоҥҥо “ханнык да миитини, пикети тэрийимэҥ” диэн сэрэттилэр.
* * *
Санатар буоллахха, апелляция суута бу дьыаланы от ыйын 18 күнүгэр көрүөҕэ. Бириигэбэр оннунан хаалыа дуо? Эбэтэр дьыала атыннык эргийэр дуу?
Биһиги ону салгыы кэтээн көрүөхпүт.
Дмитрий ИВАНОВ.