Чурапчытааҕы оройуон суута “Якутлесресурс” судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ Чурапчытааҕы филиалын ойуур харыстабылын уонна көмүскэлин инженерэ, элбэх оҕолоох ыал аҕата Николай Лукиҥҥа тэриллибит холуобунай дьыалаҕа бириигэбэр таһаарда. Судьуйа Гаврил Матвеев сууттанааччыны буруйдааҕынан аахта уонна 3 сыл усулуобунай болдьоххо бириигэбэрдээтэ. Маны таһынан ойуур баһаарын умулларыыны салайарга сыһыаннаах дуоһунаска икки сыл үлэлээбэтигэр уураахтаата. Бириигэбэр от ыйын 29 күнүгэр тахсыахтааҕа, ол эрээри көһөрүллэн, атырдьах ыйын 1 күнүгэр таҕыста.
Былырыын ойуур баһаардара күүскэ тураннар, бары даҕаны буорахтаах буочукаҕа олордубут, мөлүйүөнүнэн гектардаах күөх дуолбут күлгэ-көмөргө кубулуйарын көрөн ытырыктаппыппыт, хойуу буруоҕа тумнастыбыппыт. Маннык улахан алдьархайдаах ойуур уотугар соччо бэлэмэ суох этибит диэн билиниэх тустаахпыт.
Николай Лукины алҕаска киһи өлүүтүгэр тиэрдибит дьалаҕай быһыыга (халатность, повлекшая по неосторожности смерть человека) уорбалаабыттара. Силиэстийэ Николай Лукин баһаары умулларыыны салайан олорон, сыыһа быһаарыыны ылбытын түмүгэр атырдьах ыйын 11 күнүгэр Чурапчы улууһун Мэлдьэхси диэн сиригэр Арменияттан төрүттээх, “Мегинские магистрали” айан суолун оҥорор тэрилтэҕэ бульдозеристыы сылдьыбыт Элбаги Игитян өлүүтүгэр буруйдаабыта. 44 саастаах Элбаги Игитян минерализованнай балаһаны тардыыга волонтер быһыытынан үлэлэһэ сылдьыбыта.
Мэлдьэхси учаастагар киһи өлүүлээх алдьархай тахсыан үс эрэ күн иннинэ Николай Лукин Амма баһаарыттан дьэ кэлбитэ. Баһаар атырдьах ыйын 6 күнүгэр турбута, дьон номнуо умуруора сылдьара, оттон Лукин ити баһаарга атырдьах ыйын 8 күнүгэр биирдэ ананан кэлбит. Кини бэйэтэ этэринэн, баһаары умулларыыга салайааччынан (РТП – руководитель по тушению пожара) үһүс сирэй нөҥүө анаммыт. Онто да тылынан эрэ.
Быйыл олунньу 13 күнүттэн саҕаланан барбыт суут биир мунньаҕар Лукины РТП анааһын туһунан бирикээс сокуоннайа суоҕа көстөн кэлбитэ.
Николай Лукин бу дьыалаҕа тус көрүүтүн Чурапчытааҕы “Саҥа олох” хаһыатыгар биэрбит интервьютугар эппитэ. Хомойуох иһин, билигин ол интервьюну саайтарыттан ылан кэбиспиттэр. Онон быһыта-орута бэчээттиибит.
Николай Лукин:
– Миигин «баһаары бохсууга салайааччынан олорон, миэхэ бас бэринэр умулларааччылары сөптөөх харыстанар экипировката суох (СИЗ) ыыппытым түмүгэр Игитян өлбүт» диэн буруйдууллар. Ону таһынан куттал суоһуур кэмигэр дьон хайдах дьаһаныахтааҕын туһунан инструктаж биэрбэтэх дииллэр. Мин ону кытары төрүт сөбүлэспэппин.
Бастатан туран, баһаары уммулларыы кыттыылаахтара миэхэ бас бэриммэттэр этэ, арай бэриллибиттэрэ эрэ. Мин ити учаастакка кэлэрбэр дьон номнуо үлэлии сылдьара. Бу иннинэ РТП-ны солбуйа кэлбитим. Иккиһинэн, дьону СИЗ-тэринэн хааччыйыы – үлэни биэрээччи эбээһинэһэ, оттон үлэҕэ мин ылбатаҕым, улуус дьаһалтата наймыласпыта. Онон, мобилизацияҕа кэлбит үлэһиттэр эрдэ бэриллибит СИЗ-тэринэн үлэлээбиттэрэ. Мин салайар систиэмэни утары барар кыаҕым суоҕа. Үсүһүнэн, уоттан куотууга сыһыаннаан эттэхпинэ, мин тыал хайысхата эмискэ хайа диэки хайыһарын эрдэ хайдах билиэмий? Биллэн турар, ону өтө көрөр кыаҕым суох, айылҕаттан улахан дьоҕурдаахтар эрэ билэн эрдэхтэрэ...
Өссө төгүл этэбин: Элбаги Игитян быыһанарыгар үс суол баара. Ону бэйэтэ билэр буолуохтаах, итирик буолбатах, илэ өйүгэр сылдьыбыт киһи этэ. Кини түбэспит алдьархайыгар, суут этэрин курдук, көмүскэнэр экипировкалааҕын (СИЗ) да үрдүнэн, тыыннаах хаалар кыаҕа суоҕа.
Мин ис сүрэхпиттэн Элбаги Игитян чугас дьонугар, аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин. Кини өлбүтүттэн улаханнык хараастабын уонна санааргыыбын. Арыт эргитэ саныыбын, “Мин кини тыыннаах хааларыгар тугу эмэ гыныам этэ дуо?” диэн. Хомойуох иһин, онуоха эппиэти тус бэйэбэр да, холуобунай дьыала матырыйаалларыгар да кыайан булбатым. Ити баһаардарга бэйэм эмиэ былдьана сыспытым. Ол эрээри билигин кэлэн ол кими долгутуой? Хомойуох иһин, Игитяҥҥа дьон төһө эмэ үстэ төхтүрүйэн тэскилииргэ, быыһанарга эппиттэрин үрдүнэн, ону истибэккэ, өлөр быата тардан буолуо, сыыһаны оҥорбута. Кини бульдозерынан барыан эбэтэр быраҕан туран, умайа турар сиртэн тахсар кыахтаах этэ. Ол эрээри кини сэрэтиилэри чугастык ылымматах, онтуттан дьоруойдуу өлбүтэ. Оттон киһи дьылҕатын бэйэтэ эрэ быһаарынар. Игитян ити ыксаллаах балаһыанньаҕа сөптөөх быһаарыыны ылымматаҕа хомолтолоох.
Биллэн турар, киһи өлүүтэ тугунан да тэҥнэммэт улахан алдьархай. Оттон бу түбэлтэҕэ мин буруйу оҥоруум суох. Игитян, чахчы, дьоруойдуу быһыыны оҥорон наҕараадаҕа тиксибитэ, буруйу оҥоруу сиэртибэтинэн аахпыттара. Оттон мин тоҕо буруйдаах буолуохтаахпыный?
Санатар буоллахха, Элбаги Игитяҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев “Гражданскай килбиэн” наҕарааданы өлбүтүн кэннэ анаабыта. Борокуруор сууттан Николай Лукины Арассыыйа ХК 293 ыст. 2 ч. буруйдааҕынан ааҕарга уонна икки сыл поселение-холуонньаҕа уураахтыырга көрдөспүтэ. Николай Лукин буруйдааҕынан ааҕымматаҕа уонна көтүрэр бириигэбэри таһааралларыгар көрдөспүтэ.
Николай Лукиҥҥа дьыала 2021 сыл балаҕан ыйыттан тэриллэн силиэстийэлэммитэ, оттон суукка быйыл олунньуттан көрөн барбыттара. Лукиҥҥа дьыала тэриллээтин кытары, үгүс киһи өйдөөбөтөҕө, “Күрүө намыһахтыы саба түстүлэр” диэн сыаналаабыттара. Уопсастыбанньыктар, дьокутааттар “Баһаары бохсууга түүннэри-күнүстэри тохтоло суох үлэлээбит ойуур тэрилтэтин төһүү үлэһитигэр холуобунай дьыаланы көбүппүттэрэ сиэргэ баппат, объективнай силиэстийэ ыытыллан, чахчы, буруйдаах тойон эппиэккэ тардыллыахтааҕын” эппиттэрэ. Итиэннэ: “Ойуур үлэһиттэрэ бастакынан уоту кытта охсуһууга туруммуттара. Аны билигин кэлэн силиэстийэ үлэһиттэрин кытары быһаарсаллара сатаммат”, – диэн аһаҕастык туруорсубуттара.
Оройуоннааҕы суут бириигэбэрэ таҕыста. Хата, хаайбатылар диэн күлүкпүтүгэр имнэнэбит. Николай Лукин бириигэбэри кытары сөпсөһөрө эбэтэр салгыы ааһынара билиҥҥитэ биллибэт. Бириигэбэри илиитигэр ылан (ол тута бэриллибэт), сиһилии үөрэтэн баран, быһаарынара сөп. Ойуур харыстабылыгар үлэһит тиийбэт диэн элбэхтэ этэллэр, Николай Лукин курдук баай уопуттаах исписэлиистэр тарбахха баттаналлар. Оттон кинилэри суукка соскойдоон сордуулларын кэннэ, ким итинник эппиэтинэстээх үлэҕэ киирэн сору көрүөн баҕарыай?
Дмитрий ИВАНОВ.