Киир

Киир

Кыһалҕаны иһиттэн билсэн истэххэ, сураҕа суох сүппүт оҕолоох, кэргэннээх ыаллар судаарыстыба, уопсастыба өттүттэн тустаах болҕомто, көмө ылбакка арыыланан хаалаллара көнүөн наада эбит. “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” диэн иитиллэн кэлбит үйэлээх өйдөбүнньүк үгэһэ көҥдөй дорҕоон буолбатах.

***

Бүгүн сураҕа суох сүппүт 19-таах Яковлев Сергей Владиславович туһунан суруйабыт. Ийэтэ, дьонноро оҕолорун булан аҕалан, дойдутун буорун булларар эрэллэрин кыыма умулла илик. Араас инстанцияҕа, салалтаҕа, дьокутааттарга тиийэ суруйбут суруктарыгар дьиҥнээх чопчу эппиэти ылыахпыт диэн, күн аайы харах уулаах кэтэһэллэрэ тохтообот. Хомойуох иһин, билиҥҥитэ  "отпискалар" эрэ кэлбиттэр. 

...Сергей аармыйаҕа ыҥырыллан, былырыын от ыйыгар Белогорскай куоракка артылыарыйаҕа сулууспалаабыт. Ийэтэ Саргылаана Анатольевна Игнатьева кэпсииринэн, сулууспатын сыла туолбакка, ыам ыйын 13 күнүттэн сибээстэспэт буолбут. Ирдэспитигэр “хантараакка илии баттаан Екатеринославка диэн сиргэ сулууспалыыр”, онтон кэлин “анал эпэрээссийэҕэ сылдьар” диэн соһуппуттар. Уол бэс ыйыгар дьэ сибээскэ тахсыбыт. Сүтэ-сүтэ, ый курдук буола-буола, сибээскэ тахсар эбит. Тиһэҕин атырдьах ыйын 17 күнүгэр бассаапка тахсыбыт. Этэҥҥэ сылдьабын диэбит, хаартыска ыыппыт, “За боевые отличия” наҕараада ыллым диэн биллэрбит. Онтон кинини кытта бииргэ үөрэммит, сулууспалыы сылдьар уола “Сережа куһаҕан буолла” диэн анарааттан табаарыстарыгар соцситиминэн суруйбутун билэн, көрдөөн барбыттар. Ол быыһыгар байаҥкамаакка ыҥыран, “уолгут атырдьах ыйын 11 күнүгэр чааһыттан ханнатын эппэккэ барбыт” диэн үҥсүү кэлбит. Ийэтэ хайдах оннук буолуой диэн, уола анал эпэрээссийэҕэ Украинаҕа, ДНР-га сылдьарын туһунан байаҥкамааттарга бассаабын көрдөрбүт.

***

Сураҕа суох сүппүтү көрдөөһүн кэбиһиилээх оттон иннэни көрдүүрдээҕэр өссө уустук. Ийэ доруобуйатын, күүһүн-күдэҕин, ньиэрбэтин сиир ыарахан кыһалҕа. Туоһу да буллахтарына, уолларын үтүө аатын тилиннэрэр кыахтара суоҕа олус кыһыылаах. Тоҕо диэтэххэ, сокуоҥҥа өлүгэ көстүбэтэҕи туоһулар бигэргэтиэхтэрин сөп диэн быһаарыы суох. 

Ийэтэ эдьиийиниин дьон нөҥүө көрдөөн, Москубаҕа госпитальга ыараханнык бааһыран сытар Сергей хамандыыра хапытаан М.А. Давудовка С.Диодорова, Ил Түмэн дьокутаата Ф.В. Габышева көмөлөрүнэн тиийэн, кэпсээнин видеоҕа устубуттар. Хапытаан “Сергей сураҕа суох сүппэтэҕэ диэн, ханна баҕарар туоһу буолабын” диэбит. Давудов Сергейдээҕи Читаҕа муспуттарын ыам ыйын бүтүүтэ илдьэн Донбаска бииргэ сэриилэспит эбит. 40 уолтан бастакы кыргыһыылар кэннилэриттэн 20-тэ “хантараагы көтүрэбит” диэн барбыттар. Сэттэтэ-аҕыста 3-4-түү күн сэриигэ киирэн тахсыбыттар. Тиһэҕэр кинини кытта Читаттан аҕалбыт үс эрэ уола хаалбыт, ол иһигэр Сергей. Бирисээгэтигэр итинник бэриниилээх, хорсун сэрииһитин көрдөрбүт байыаһын хамандыыр сыаналыыр, тиһэҕэр диэри көмүскэһэрэ эрэбил.

Давудов “атырдьах ыйын 18-гар ДНР-га Владимировка диэн дэриэбинэ аттыгар минэмиэт ытыалааһыныгар тыаһа суох миинэ биһиэхэ түһэн эстэригэр Сергей аттыбар турбута” диир. Хапытаан бэйэтэ эмиэ улаханнык бааһырбыт. Сөргөй “хаҥас атаҕа өттүгүнэн быстыбыт этэ, хааны тохтотон баайар сирэ суоҕа, өлөн эрэрэ, бэйэм бааһыран, таһаарар кыаҕым суоҕа” диир. Ыарыыны тохтотор укуолу киниэхэ уонна бэйэтигэр туруоран баран, тыылга барбыт. Аара эвакуатордарга эппит да, утары снайпердар ытыалаан, ол дьон кыайан тиийбэтэхтэр. Билигин ити сир өстөөхтөргө баар, онон уол өлүгүн кэлин ол сир босхолонноҕуна булуохха сөбө буолуо. Давудов уол “чааһыттан барбыт” диэн суругу “сымыйа, инники кирбиигэ дьон бөҕөтө быыстала суох киирэр-тахсар, онно бутуур тахсыбыт” диэн быһаарар.

***

Саргылаана Анатольевна: “Биһиэхэ, боростуой  дьоҥҥо, сурук суруйарбытыгар, оҕолорбутун ирдэһэрбитигэр байыаннай дьыаланы билэр юрист наада. Биһиги хайдах уонна ханна суруйары да билбэппит. Ити – улахан кыһалҕабыт, судургу суругу көрө да барбаттар. Ыытаҕын – эппиэт кэлбэт. Сорох дьон сыһыаннара хаҕыс: “Эһиги оҕолоргут харчы инниттэн хантараакка илии баттаан барбыттара”, – дииллэр. Наһаа атаҕастабыллаах, 18-19 саастаах оҕолор харчы инниттэн хантан барыахтарай? Онон киһи байыаннай хантараакка 21-тэн баттыахтаах диэн сокуон наада. Сергейи хантараакка илии баттаталларыгар төрөппүттэригэр да биллэрбэтэхтэрэ. Ол – сыыһа.

Уолаттарбытын тэҥҥэ тутар наада, билигин улахан болҕомто мобилизацияҕа барбыттарга баар. Байаҥкамааттар биһиги оҕолорбутугар “хантараактаахтар” диэн наадыйбаттар. Аармыйаҕа сылдьан хантараакка илии баттаабыт оҕолордоох ийэлэр билсэбит. Бэриллиэхтээх 200 тыһ. ыла иликтэр. Көмө барыларыгар тиийиэхтээх. Өрөспүүбүлүкэҕэ координациялыыр кииҥҥэ хантараакка илии баттаан барбыт байыастар дьыалаларынан уонна сураҕа суох сүппүттэри ирдэһиинэн дьарыктанар анал дьон наадалар. Билиҥҥитэ ийэлэр бэйэлэрэ эрэ сылдьаллар. Биһиги дьиэ кэргэн уолбут сураҕа суох сүтүөҕүттэн үс ый сүрэх ыарыыта буолан олордубут. Судаарыстыба бастакы ыыппыт дьонугар кыһаллыахтаах”, – диэн ийэ дууһатын ыарыытын кэпсиир.

***

Сураҕа суох сүппүт элбэҕэ суох. Мин суруйбут уолаттарым, чахчы, дьоруойдуу сэриилэспит, кыргыһыыга охтубуттарын дакаастыыр тыыннаах туоһулардаахтар эрээри, дьонноругар көмө оҥорору көҥүллээбэт статустаах сылдьаллар. Ити сыыһаны Ил Түмэн өрөспүүбүлүкэ сокуонун таһааран, Ил Дархан бэйэтин боломуочуйатыгар сөп түбэһиннэрэн өрөспүүбүлүкэ иһигэр быһааран төрөппүттэр кыһалҕаларын, эрэйдэрин чэпчэтиэхтэрэ этэ. В.Путин ийэлэри кытта көрсөрүгэр “былаастар сүтүктээх ийэлэр болҕомто таһыгар хаалбаттарын туһугар барытын оҥоруохтара” диэбитэ. Онон бастакы кэмҥэ сокуон ситэтэ суоҕунан, сураҕа суох сүппүт буойуннар быһаарыллыбатах кыһалҕалара түргэнник көнүөҕэ диэн эрэнэбит.

Владимир Степанов.

Бүтэһик сонуннар