Киир

Киир

Соторутааҕыта интэриниэт ситиминэн анал байыаннай дьайыыларга сылдьан сырдык тыына быстыбыт Дьааҥы уола Василий Рожин-Бронсон аатыттан суруллубут CАРДААНА-Сардаана Корякина диэн илии баттааһыннаах хоһоон киэҥник тарҕаммыта. Сотору буолаат, бу хоһоон эр киһи куолаһынан “саҥарбыта”. Бу күннэргэ аны ырыа буолан көттө. Хоһоонтон сиэттэрэн, элбэх киһи ааптар кимин уонна хоһоон дьоруойугар туох сыһыаннааҕын билиэн баҕарда. Онон эһигини аныгы саха литературатыгар чаҕылхайдык киирбит Сардаана Корякинаны кытта  билиһиннэрэбин. 

e0521f94 88a5 4194 b04c 2346b374790f 1 1

Болдьоспут  чааспытыгар кабинекка ырыаҕа хоһуллар “хара харахтаах, уһун суһуохтаах”, дьылыгырас уҥуохтаах, талыы-талба саха кыыһа киирэн кэллэ. Көрөөт “Дьэ, кырдьыга,  дьүһүнүнэн да, таһаатынан да Сахабыт сирин мааны сибэккитэ Сардаана бэйэтэ бэйэтинэн эбит” дии санаатым. Эдэр суруйааччы арыый да оҕотук буолуо диэбитим, олоҕор бэйэтин суолун-ииһин булбут, бары өттүнэн сиппит-хоппут, дьоһуннаах киһи буолан биэрдэ. Кэпсэтиибитин Василий Рожин аатыттан суруллубут “Этитии” хоһоонтон саҕалаатыбыт.

Сардаана, бу хоһоон хайдах үөскээбитин кэпсээ эрэ. Василийы төһө чугастык билэр этигиний? 

- Василий Рожинныын быйыл Эдэр суруйааччылар 23-c сүбэ мунньахтарыгар көрсөн илии тутуһан, биир остуолга олорон күлэн-үөрэн, доҕотторбутун кытта үс умнуллубат күнү атаарбыппыт. Ол иннинэ “Айар аартыкпыт аргыстара” диэн эдэр суруйааччылар түмсүүлэрин бассаап бөлөҕөр тэйиччиттэн эрэ билсэр этибит. Онон, ити сүбэ мунньахха кинини кытта сирэй көрсүбүт түгэним үйэм тухары өйбөр-сүрэхпэр хатанан хаалла. Бу тэрээһиҥҥэ Василий эдэр хоһоонньуттар ортолоругар бастакы миэстэни ылбыта. Быйыл Василий иккис кинигэтэ тахсыахтаах этэ.

8e4bd464 0448 4055 b379 15d9acb8a51e

Уопсайынан, түмсүү кыттыылаахтара киниттэн элбэҕи күүтэр, улахан суруйааччы буолуо диэн бигэ эрэллээх этибит. Ол курдук, кини ураты буолара, аҥаардас хоһоон суруйарыгар эрэ буолбакка, бөлөххө дьону кытта кэпсэтэр майгытыгар кытары көстөрө. Барыбытын сэргэхситэ сылдьара, араас дьээбэтэ, көрдөөх түгэннэрэ, тута хоһоон айа охсон ыытара, рэп ааҕара – барыта ураты истииллээх, ураты тыыннаах буолара. Нууччалыы эттэххэ, харизмалааҕа оннооҕор бассаап нөҥүө биллэрэ. Кини сөҥ куолаһынан саҥардаҕына, кыыс аймах эрэ барыта долгуйан сүрэхтээх смайликтары ыыталлара.

Биһиги Василийдыын, Дьааҥыттан тардыылаах буоламмыт, илэ көрсөөт, биир тылы тута булбуппут. Василий миигин тута биир дойдулааҕын курдук чугастык ылыммыта. Хайдах эрэ иккиэн бэйэ бэйэбитигэр аймахтыы курдук сыһыаннаһан барбыппыт. Айар үлэбитин, ким туох ситиһиилээҕин, туох саҥаны айбытын күннэтэ кэпсэтэ олорбуппут. Айар үлэбин олус сэҥээрэрэ. Биирдэ “Эйигинэн киэн туттабыт” диэн үөрдүбүтэ.

1feaa341 3354 43d6 8050 988ef1afd7d0 1 1

Ити курдук наһаа үчүгэйдик алтыһан сылдьыбыппыт эмискэ бүтэн хаалбыта. “Сэриигэ барыма” диэн этэн көрбүппүт даҕаны, истибэтэҕэ. Иккистээн барбытын өйдөөбөккө хаалбыппыт. Арааһа, кини кыра эрдэҕиттэн буойун хааннаах быһыылааҕа. Оттон хоһоон хайдах айыллыбытын кэпсиир буоллахха...

Сэтинньи 19 күнүгэр үлэбиттэн дьиэбэр баран испитим. Маҕаһыынтан тахсан истэхпинэ төлөпүөммэр наһаа элбэх смс кэлэр тыаһа иһиллибитэ. Туох буолла диэммин арыйан көрбүтүм, бөлөхпүтүгэр курус сонун кэлэн аймалҕан бөҕөтө тахсыбыт эбит. Ону ааҕаммын, олус хомойбутум, курутуйбутум. Чааһы быһа таһырдьа сылдьыбытым. Хараҕым уута кыайан тохтообот буолбута. Сатаан уу да испэт куһаҕан турукка киирбитим. Дьиэбэр киирбиппэр бары өйдөөбүттэрэ. Онтон хойукка диэри утуйар-утуйбат икки ардыгар сыттахпына, Вася Рожин- Бронсон (доҕордуу итинник ааттыыр этибит) куолаһа иһиллэн кэллэ. Хоһоон тыла тохтоло суох кутуллубута. Үкчү бэйэтин истиилинэн, тэтиминэн, дохсуннук, туохтан да кэмсиммэттик, күүскэ эппитэ. Өрүү буоларын курдук – эрэллээхтик, кыахтаахтык, дьиҥнээх буойуннуу.  Кини куолаһыгар хомолто суоҕа.

c52313c1 58fa 4a1c 94e9 626c460d17e1

Киирбит хоһоону тута блокноппар сурунан барбытым уонна “Этитии” диэн ааттаабытым. Онтон хоһооммун Валентина Комиссарова-Күлүмүрэ диэн билигин киэҥник поэт, тылбаасчыт ааҕан баран, эмиэ олус долгуйан, икки күнү быһа сүрэҕин ортотунан аһардан, нууччалыы тылбаастаан таһаарбыта. Онон Күлүмүрэҕэ олус махтанабын.

Онтон Уус Алдан Бороҕонугар олорор Александр Гоголев, алҕас Василий Рожин бэйэтин бүтэһик хоһооно диэн өйдөөн, хоһоону дорҕоонноохтук аахпытын сыыһа тарҕаппыт этэ. Дьиҥнээх ааптар кимин билэн баран көннөрөн, саҥаттан тарҕаппыта. Манна даҕатан эттэххэ, Александр миигиттэн көҥүл ылан “Бэбиэскэ” диэн кэпсээммин ааҕан киэҥ эйгэҕэ таһаарыах буолбута.

Александр иннинэ, хоһооммун таһаарааппын кытары, Айыыһыт Уола диэн эмиэ айар куттаах эдэр уол видеоролик оҥорон ыыппыта. Вася ийэтэ Людмила Васильевна ону истэн, оҕотун куолаһыгар майгыннатан, наһаа долгуйбут, уйадыйбыт сураҕын истибитим. Онон, бу уолаттарга хоһоону киэҥэ эйгэҕэ тарҕаппыттарын иһин эмиэ махтанабын.

Ол түмүгэр, миэхэ икки мелодист уол “Хоһооҥҥунан ырыа оҥорон таһаарарбын көҥүллүүгүн дуо” диэн суруйбуттара. Мин үөрүүнү кытта көҥүлбүн биэрбитим. Сунтаартан Денис Петров-Сион диэн эдэр мелодист барытын айан, ыллаан иһитиннэрбитэ. Онон, кини матыыбыгар уонна толоруутугар ырыа “Тэтим” араадьыйаҕа бу чэппиэргэ киэһэ 19:00 чааска сүрэхтэниэҕэ.

Сардаана, мин санаабар, “Этитии” хоһоонуҥ Сахабыт сириттэн анал байыаннай дьайыыларга тиийэн кыргыһыы хонуутугар охтубут саха саллааттарын барыларын уобарастаан көрдөрөр курдук. Онон эйиэхэ улахан махтал. Төһө да ыараханын иһин, орто дойду олоҕо салҕанар. Чугас дьоммут, оҕолорбут туһугар салгыы үчүгэйгэ эрэ эрэнэн олорор, үлэлиир-хамныыр, айар-тутар буоллахпыт. Аны эйиэхэ, эн олоххор, айар үлэҕэр хайыһыахха. Бэйэҥ тускунан кэпсии түс. Оҕо сааһыҥ хайдах ааспытай?

Оо, биһиги оҕо сааспыт наһаа дьоллоохтук ааспыта. Ийэлээх аҕабар махталым муҥура суох. Биһигини хаһан да кыыһырсыы, үөхсүү тыына хаарыйбатаҕа. Төрөппүттэрим чөл олоҕу тутуһар буоланнар, истиҥ сыһыаннаах ыраас, сылаас эйгэҕэ улааппыппыт. Барыбытын наһаа харыстаан ииппиттэрэ. Иккиэн быраас идэлээх буоланнар, биһиэхэ кыргыттарга ыараханы да көтөхтөрбөттөр этэ. Ийэм Римма Корякина-Хотууна – хоһоонньут, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, улуустааҕы "Чурапчы" литературнай түмсүү салайааччыта. Дьааҥы Боруулааҕыттан төрүттээх. Аҕам Корякин Александр Егорович – тиис бырааһа. Чурапчы Мэлдьэхсититтэн төрүттээх. Бииргэ төрөөбүттэр алтыабыт. Мин ыал улахан оҕотобун. Үс балтылаахпын, икки сурдьулаахпын. Кыра эрдэхпиттэн күн бүгүҥҥэ диэри бииргэ төрөөбүттэрим миигин холобур оҥостон кэллилэр. Онон эппиэтинэс улахан.

Дьикти буолар эбит. Тылга, сурукка-бичиккэ сыһыана суох идэлээх эрээри, айар куттааххыт. Төрүккүтүгэр ураты дьон бааллара буолаарай?

- Ийэм төрөппүттэрэ эмиэ айар куттаахтар эбит. Ону ийэм кэнники билбит. Эбэлээх эһэм суруктарын-бичиктэрин, бэлиэтэнэр тэтэрээттэрин булан баран. Онно ким да аахпатах, көрбөтөх, наһаа үчүгэй хоһоонноро бааллар эбит. Ыраата бардахха, биһиги аймахха тимир уонна мас уустара бааллар.

Тоҕо бухгалтер идэтин талбыккыный уонна уус-уран айымньыга хайдах сыстыбыккыный?

- Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, дьиҥэр, гуманитарий этим. Саха тылыгар наар үчүгэйдик үөрэммитим. Олимпиадаларга наар бастыыр этим. “Аны кыттан бүт” диэн этиэхтэригэр дылы. Тааттаҕа олоро сылдьыбыппыт. Онно Софронова Евдокия Ивановна диэн наһаа үчүгэй учууталлаах этим. Үөрэнэр икки сылым устата миигин олох чочуйан таһаарбыта. Уруоктарын наһаа сэргиирим уонна күүтэрим. Кини балаҕан курдук төгүрүк быһыылаах кылааспытыгар айымньылары ис иһиттэн иэйэн-куойан, киһини тардар курдук кэпсиирэ. Ол иһин мин саха литературатыгар улаханнык таттаран барбытым. Онтон дойдубар Чурапчыга төннөн баран гиназияҕа киирбитим. Онно 10-11 кылааска эмиэ олус күүстээх учуутал Филиппова Мария Егоровна үөрэппитэ. Олимпиада бөҕөтүгэр кытыннарбыта, элбэхтик бастаабыппыт. Онон, уус-уран айымньыга тапталы учууталларым иҥэрбиттэрэ диибин.

Ол эрээри тоҕо бу ахсаан, суот-учуот өттүгэр барбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хаалбыппын. Дьиҥэр, бастаан Улан-Удэҕа культурологка үөрэнэн испитим ээ. Онно үс сыл үөрэнэн бараммын, кэтэхтэн “менеджер-экономист” хайысхаҕа көһөн хаалбытым.  Онтубунан аны “Cахамедстрах” тэрилтэҕэ финансиһынан үлэлии киирбитим. Үлэлии сырыттахпына бухгалтерияҕа көһөрбүттэрэ уонна сотору кэминэн хайатын сөбүлээтиҥ диэн ыйыппыттара. Онуоха мин бухгалтерияны талбытым. Ити курдук устунан бухгалтер буолбутум. Былырыыҥҥыттан Өрөспүүбүлүкэтээҕи биэнсийэ пуондатыгар үлэлии сылдьабын.

Үлэҕэр тугу сөбүлүүгүн? Бириэмэҕин хайдах аттараҕын?

- Дьону кытта алтыһарбын, үлэм түмүгүн тута көрөрбүн сөбүлүүбүн. Элбэх баҕайы кумааҕы, суот-учуот үлэтин быыһыгар олорон, эмискэ уруһуйдаан туруохпун, ырыа да истэ олоруохпун, кэпсээн да суруйан барыахпын сөп. Айар кут батыһа сылдьар. Дьиэлээн, уулуссаҕа хааман да истэхпинэ өйбөр айымньы тиийэн кэлиэн сөп. Үлэбэр маннык дьарыктаахпын билэллэр. Кэллэктииппит наһаа үчүгэй.Мин ситиһиилэрбиттэн бары тэҥҥэ үөрэллэр. Салайааччым Маркова Евгения Михайловна айар үлэҕин оҕоҥ курдук харыстаа диэбитэ. Кини бэйэтэ научнай кинигэлэрдээх, киэҥ билиилээх киһи, онон миигин өйдүүр уонна өйүүр. Тэрилтэбэр уонна бииргэ үлэлиир дьоммор олус махтанабын.

Кыбыстыам иһин, сэһэргэһэр киһим биир даҕаны айымньытын ааҕа иликпин. Дьиҥэр, иннибэр биир сыл иһигэр биэһэнтэн тахса кэпсээни, биир сэһэни айан таһаарбыт киһи олорор эбээт. Ол туһунан ыйытабын.

Урут прозаны суруйбакка сылдьыбыт киһи хайдах эмискэ суруйар буолан хаалбыккыный?

- Бэйэм да сөҕөбүн. Оҕо сылдьан сурукка бастакы холонуум хайдах болҕомтото суох хаалбытын кэпсиэхпин баҕарабын. Чурапчыга Дириҥҥэ Лесная уулуссаҕа эбэлээх эһэм олорбуттара. Оҕо сааһым күндү кэрэ күннэрэ онно ааспыттара. Сарсыарда ахсын - күөрчэх, киэһэ ахсын - суорат. Эбэм 1993 сыллаахха суох буолбутугар олохпор бастакы охсууну ылбытым. Онно мин 13 cаастаах этим. Ол аһыытыгар сылдьаммын, 24 лиистээх биир тэтэрээт тухары эбэм туһунан ахтыы суруйбутум. Бастаан кини тас көрүҥүн ойуулаабыппын өйдүүбүн. Ол курдук, сырдык хааннаах, толору ый курдук төгүрүк сирэйдээх, оҥхойго киирбит курдук дириҥ нууччалыы харахтаах, улахан муруннаах, хоп-хойуу хара куудара баттахтаах, толору эттээх-сииннээх этэ. Суруйуубун “Бэлэм буол” хаһыакка почтанан ыыппытым. Суруйуум тахсарын ыйы быһа күүппүтүм да, тахсыбатаҕа. “Суруйбутум мөлтөх буоллаҕа дуу, сэҥээрбэтилэр быһыылаах, бырахтахтара буолуо” диэн наһаа хомойбутум. Биирдэ Чычымахха таҥара дьиэтин аттыгар эбэбин ахтаммын ытыы олорбутум. Онуоха аҕам, үлэтиттэн ааһан иһэн миигин таба көрөн, кэлэн кэпсэппитэ уонна уоскуппута. Онтон оҕо-оҕо курдук умнан кэбиспитим, суруйар эҥин туһунан санаабат буолбутум.

Ити курдук, балай эмэ айар эйгэттэн тэйиччи сылдьан бараммын, 2014 c. Семен Ченянов устуудьуйатыгар ырыаҕа дьарыктана киирбитим. Онно сылдьан кылгас хоһооннору суруйар буолбутум. Уһуйааччым көрөн баран “Хоһоону сатаан суруйар эбиккин, биир эмэ хоһооҥҥун ырыа гыныахха сөп эбит” диэн хайҕаабыта. Ол мин бастакы хайҕаныым этэ. Манна даҕатан эттэххэ, үс хоһоонум ырыа буолан араадьыйаҕа тахсыбыттара. Олортон иккитин Алена Дегтярева толорбута уонна биир клип уһуллубута.

Онтон ийэм, суруйар талаан баар эбит диэн, Диана Сутакова нүөмэрин биэрбитэ. Кини Саха сирин эдэр суруйар дьонун барыларын түмэр. Онон, 2021 сыл тохсунньу 15 күнүгэр үөһэ кэпсээбит “Айар аартыкпыт аргыстара” түмсүүгэ киирбитим. Онно бэйэм курдук айар куттаах дьону кытта алтыһан, доҕордоһон наһаа үөрбүтүм, чэпчээбитим, сырдаабытым. Элбэх сылаас иэйии киирбитэ. Бу түмсүү миэхэ олус элбэҕи биэрдэ. Онон, Дианаҕа эмиэ махтанабын.

6cf76721 8e9f 49b5 b013 37e9245eb9c5

Бастакы “28 харчы” диэн кэпсээммин былырыын муус устарга суруйбутум. Манна икки оҕолоох ийэ, кэргэнэ өлөн огдообо хаалан, куоракка араас ырыахаттары көрсөрө көстөр. Бу кэпсээн “Кыым”, “Туймаада” хаһыаттарга атырдьах ыйын 19 күнүгэр тэҥҥэ тахсыбыта. Онтон утуу-субуу үс кэпсээним бэчээттэммитэ. Нэдиэлэ ахсын тохтоло суох тахса турдулар.

Сардаана кэпсээнин истэ олороммун биир сыл иһигэр хайдах биэһэнтэн тахса кэпсээни уонна сэһэни суруйуохха сөбүй диэн сөҕөн бүппэппин. Мин санаабар, оннукка тиийэргэ олох бары өрүтүн билбит-көрбүт, олох очурун-чочурун барытын туораабыт киһи буолар ирдэнэр курдук. Эбэтэр айылҕаттан айдарыылаах, айылгылаах...

Кэпсээннэриҥ сюжеттарын хантан ылаҕын? Барытын олохтон ылар кыаллыбата буолуо дии...

- Кэпсээн бэйэтэ киирэр. Ордук түүҥҥү кэмҥэ. Айар умсулҕаҥҥа саҥардыы ылларар кэммэр, киирэн кэллэҕинэ, түүн кыайан утуйбат буолар этим. Кырдьык, этитии курдук киирээччи. Суруйан бүтэрдэхпинэ биирдэ утуйар этим. Түүн хараҥаҕа араас уобарстар көстөн кэлээччилэр. Биирдэ киһи саҕа улахан, кып-кыраһыабай суор баар буолан хаалбыта уонна миигин уоттаах хараҕынан көрөн баран олорбута. Онтум кэпсээн буолан тахсыбыта.

Арыгы абааһытын туһунан кэпсээним эмиэ оннук киирбитэ. Иһит сууйа турдахпына дьиэм эркининэн сыылан тахсыбыта. Эмиэ киһи саҕа кээмэйдээх. Күлэ сылдьар хара бэкир. Онтон-мантан быган тахсан, нэдиэлэни быһа батыспыта. Кэпсээн суруллан бүтээтин кытта, сүтэн хаалбыта. Дьиҥэр, түүн хойукка диэри утуйбакка суруйдахпына даҕаны, улаханнык сылайбаппын. Айар турукка киирэн хаалабын. Уонна син биир туруохтаах кэммэр турабын, оҥоруохтаах үлэбин оҥоробун. Билигин уопутураммын, соһуччу киирэр умсулҕаннарбын сатаан хонтуруоллуур  буоллум.

“Таракааннар кэпсэтиилэрэ” диэн кэпсээним бэрэски астыы турдахпына киирбитэ: таракааннар киһи курдук кэпсэтиилэрэ, олохторо барыта диалог буолан иһиллибитэ. Тиэстэлээх илиибинэн суруйар кыаҕым суох буолан диктофон холбооммун, саҥаран уһултарбытым. Ол кэпсээним бассаабынан киэҥник тарҕаммыта. Кэнники Намҥа сценка туруорбуттар диэн истибитим. Өссө түмсүүгэ баар доҕотторум оонньоон көрдөрбүттэрэ.

Үүнүү-сайдыы чааһыгар өссө биир ситиһиилээхпин. “Саха” НКИХ Чурапчытааҕы филиалыттан ыччакка сөптөөх сериалга көрдөөх, чэпчэки сценарийда суруйуоҥ дуо диэн көрдөспүттэрэ. Ол мин биир улахан баҕа санаам буолан, тута сөбүлэспитим. Инньэ гынан, алта сиэрийэни олус түргэнник суруйан ыыппытым. Суруйар кэммэр кинилэри кытта “олорбутум” диэххэ сөп.Онно хас биирдии дьоруойум дьүһүнэ, олорор дьиэтэ, олоҕо харахпар бүтүннүү көстөн кэлбитэ. 

Кэргэниҥ маннык айар умсулҕаҥҥа киирэргин өйдүүр буоллаҕа?

- Кэргэним миигин наһаа өйдүүр. Бэйэтэ эмиэ айар куттаах киһи буолан, барытын сэргиир уонна өйүүр. Суруйар турукка киирдэхпинэ, барытын бэйэтэ дьаһайар. Ханна баҕарар эрэнэн ыытар. Холобура, быйыл Өлүөнэ очуостарыгар икки күн соҕотоҕун сынньанан кэлбитим. “Баран сынньанан кэл” диэн бэйэтэ этэн, оҕолорун, дьиэтин-уотун тутан хаалыбат. Ити курдук сылаас сыһыаннаах. Онтон миэхэ иэйии киирэр. Доҕорбор наһаа махтанабын. Ол иһин кэпсээннэрбин бастакынан киниэхэ, ийэбэр уонна аҕабар аахтарааччыбын. 

c67f617a 328e 4b27 9f1c cfb8172ebd32 1 1

Бэҕэһээ Сардаана Корякина “Күтүөккэ хомолто” диэн бастакы кинигэтэ бэчээттэнэн  кэлэн атыыга таҕыста. Манна кини бастакы сэһэнэ уонна ханна да бэчээттэммэтэх кэпсээннэрэ киирбиттэр.

Ураты буочардаах, суоллаах-иистээх эдэр прозаик бастакы кинигэтэ эмиэ уратылаах. Кэннигэр баар хаартыската “Меморис” сыһыарыылаах.  Ол эбэтэр суотабай төлөпүөнү туһаайдахха, ааптар киирии тыл этэрэ уонна сөбүлүүр ырыата иһиллэр.

САРДААНА-Сардаана Корякина кинини бэлиэтии көрөн бастакы кинигэтин таһаарбыт кыһамньылаах “Айар” кинигэ кыһатыгар истиҥник махтанар. Оттон биһиги ааҕааччыларбытыгар “Хас биирдии киһини олоххо кэлбит күндү бэлэх курдук көрүҥ. Киэҥ көҕүстээх, холку буолуҥ. Оччоҕо олорорго да чэпчэки буолуо” диэн баҕа санаатын тиэрдэр.

Суруйааччыны кытта сэһэргэстэ КҮНДЭЛИ.  
 

Бүтэһик сонуннар