Киир

Киир

Ыал — уопсастыба сүрүн тутула, тирэҕэ. Хомойуох иһин, дойдубут олоҕун кытта ыал олоҕо тэҥҥэ айгыраан, билигин Арассыыйаҕа 100 ыалтан 94-дэ арахсарын, ыстатыыстыка дааннайа бигэргэппит (2021 с.) Тоҕо сүрэй!

Хаһан эрэ Арассыыйаҕа кэргэнниилэр арахсаллара кытаанахтык бобуллара. Кэлин сэбиэскэй кэм саҕана даҕаны, кэргэниттэн арахсаары гынар киһини тохтото сатыыллара, кынчарыйа, уорбалыы көрөллөрө. Оттон билиҥҥи Арассыыйаҕа буола турар социальнай көстүү, демография туруга киһини дьиксиннэриэх эрэ кэриҥнээхтэр.

Аҥаардас бу сыыппаралары тэҥнээн көрүөххэ: 70 сыл анараа өттүгэр (ол аата, ааспыт үйэ 50-с сылларыгар) ыал баара-суоҕа 4%-на арахсар буоллаҕына, 30 сыл анараа өттүгэр Арассыыйаҕа арахсыы 42%-ҥа тиийбит. Ити – 90-с сылларга, дойдуга ыһыллыы-тоҕуллуу ааҥнаан турдаҕына. 2018, 2019 сс. арахсыы номнуо 65% буолбут. Онтон 2020–21 сс. ыал 73%-на арахсыбыт! Бу кэнники сэттэ сылга арахсыы саамай үрдүк көрдөрүүтэ диэбиттэр. Быһата, 100 ыалтан 94 ыала арахсар эбит. 2022 сыл аҥаарынааҕы Росстат дааннайынан, арахсыы 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 30% эбиллибит. Онно ыал буолуу баара-суоҕа 0,2% эрэ эбиллибит.

Дьадаҥылар арахсаллар

2021 сыл бастакы аҥаа­ры­гар Арассыыйаҕа – 307 500 ыал, оттон 2022 сыл аҥаарыгар 317 830 ыал арахсыбыт. Арахсыы эрэгийиэн аайы тус-туһунан. Москуба арахсыы ахсаанынан 15-с миэстэҕэ турар. Арахсыы Арассыыйа киин эрэгийиэннэригэр, оҕо төрөөһүнэ намыһах сиригэр ордук элбэх. Бу уруккуттан даҕаны дьадаҥытык олорор уобаластар. Онон да буолуо, дьиэ кэргэннэрин хааччыйар кыаҕа суох, тугу да аһаан-таҥнан олоруохтарын билбэт, сарсыҥҥыга эрэлэ суох эбэтэр аҕыйах оҕолоох дьон арахсаллар. Ону сэргэ эдэр дьахтар аҕыйах эрэгийиэнигэр арахсыы элбэх дииллэр эбит.

Кавказка эмиэ

Киһи сөҕөрө баар, сүрдээх туруктаах, урукку үгэстэри тутуһар, ыччаттарын “сөпкө иитэр” дии саныыр Кавказпытыгар арахсыы 61% элбээбит. Хойукка диэри Кавказка ыал, кэргэн буолуу, ийэ-аҕа оруола сүрдээх чиҥ, сууралла илик диирбит. Манна ыал буолуу өбүгэ үгэстэригэр, шариат сокуоннарыгар олоҕурара. Ол эрээри “сайдыы” дуу, сатарыйыы дуу аныгы Кавказ өйүн-санаатын эмиэ суурайан эрэр эбит. Урукку үгэстэри тутуспат буолан эрэллэрэ ити арахсыы бырыһыаныттан да көстөр.

“Кавказка ыал бигэ туруктаах дииллэрэ – сымыйа. Үгэстэри тутуһуохха диэн ыҥырыы ону тутуһуу буолбатах. Манна да дьон олороллор. Кинилэргэ аныгы олох кыһалҕата, ыарахаттара син биир дьайаллар, онтон ол арахсыыга тиэрдэрэ ханна барыай”, – диир мэдиссиинэ психолога Олег Д.

Дагестан, Ингушетия, Чечня курдук уруккута бөҕө үгэс­тэрдээх өрөспүүбүлүкэ­лэргэ арахсыы бырыһыана эбиллибит. Ол эрээри, ахсаанынан кө­рөр буоллахха, арахсыы Кав­казка намыһах, о.э. 2022 с. бастакы аҥаарыгар уопсайа 22 378 ыал арахсыбыт.

Сахалар арахсар буолан эрэллэр

Хаһан эрэ саха ыала саамай бөҕө буолара. Оттон билигин? Бу күннэргэ СӨ ЗАГС-ын управлениета 2022 сыл түмүгүн таһаарда. Онно көстөрүнэн, 2022 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 6701 ыал баар буолбут, 4417 ыал арахсыбыт (2021 с. ол көрдөрүү – 5571/4201). Дьокуускайга үөскээбитэ – 3195 ыал, арахсыбыта – 1829 (2021 с. – 2641/1723). Бырамыысыланнастаах улуустары ыллахха, Нерюнгрига 707 ыал холбоспут, 411 ыал арахсыбыт (2021 с. – 563/454), Мииринэйгэ 541 ыал холбоспут, 419 ыал арахсыбыт (2021 с. – 480/427).     

Киин улуустарга, холобур, Мэҥэ Хаҥаласка 144 ыал холбоспут, 94 ыал арахсыбыт (2021 с. – 109/98), Чурапчыга 62 ыал холбоспут, 54 ыал арахсыбыт (2021 с. – 69/50). Бүлүү улуустарыгар, холобур, Сунтаарга 97 ыал үөскээбит, 79 ыал арахсыбыт (2021 с.– 67/64) Бүлүүгэ 98 ыал баар буолбут, 85 ыал арахсыбыт (2021 с. – 97/60). Көстөрүн курдук, сахалар түөлбэлээн олорор улуустарыгар даҕаны арахсыы бырыһыана үрдүк.

Маны сэргэ, арахсыы ыал буолууну баһыйбыт улуустара бааллар. Холобур, Хаҥалас улууһа – 127 ыал холбоспут, 143 ыал арахсыбыт (2021 сылга – 127/107 ). Намҥа 82 ыал холбоспут, 118 ыал арахсыбыт (2021 сылга – 51/78). Кэбээйигэ 23 ыал холбоспут, 24 ыал арахсыбыт (2021 с. – 29/35). Аммаҕа 66 ыал холбоспут, 74 ыал арахсыбыт (2021 с. – 65/59). Онон биһиэхэ эмиэ “хахсаат” тыал үргүйэн, үйэлээх үгэстэр суураллан эрэллэрэ көстөр.

“Сайдыылаах дойду бэлиэтэ” дуо?

Биллэр демограф Алексей Ракша этэринэн, билигин Арассыыйаҕа хас иккис ыал арахсар эбит. Биир өттүнэн, эспиэрдэр ону “сайдыылаах дойду бэлиэтэ” дииллэр. Үгүс сайдыылаах дойдуга кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэриттэн экэнэмиичэскэй тутулуга суохтар, АХШ-ка, Швецияҕа, Эстонияҕа, Бельгияҕа уо.д.а. дойдуларга оннук үһү. Дьэ, ким билэр...

Сүрүн төрүөт ыал өйдөбүлэ уларыйбытыгар буолбатах дуо? Урут дьахтар “эрим — көмүскэлим, өйөбүлүм, дурдам-хаххам буолар” диэн бүк эрэллээх кэргэн тахсара уонна оннук да буолара. Оттон билигин уопсастыбаҕа, дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар ыал буолууну суурайар элбэх атын өйдөбүл “кутулла” турар. Ол да иһин үөрэхтээх, сытыы-хотуу, бэйэтин күүһүгэр-кыаҕыгар эрэнэр аныгы дьахтар “ээ, кэргэнэ да суох олоруохха сөп” диэн өйгө-санааҕа кэлэр. Арахсыы улаатар биир төрүөтэ ити. Аны кэнники истириэстээх сылларга эр киһи да инчэҕэй эттээҕэ, сорох-сорох түбэлтэҕэ олох ыарахаттарын силэйэр аптаах бухатыыр да, көмүскүүр “тимир куйах” да буолбатаҕа көһүннэ.

Аныгы кэм истириэһэ

Арахсыы хамсык кэмигэр элбээтэ. Социальнай психологтар ону: “Хамсык кэмигэр кэргэннии дьон аһара уһуннук биир дьиэҕэ хаайтаран олорон, бэйэ-бэйэттэн сылайдылар. Урут бэйэ-бэйэлэрин итэҕэһигэр, дьаллыктарыгар арыый тулуурдаах буоллахтарына, хамсык кэмигэр күннэтэ ону көрөртөн сылайдылар”, – диэн быһаарбыттар.   

Аны оскуолалар “дистан­цион­каҕа” көспүттэрэ эмиэ охсуулаах буолла. Оҕолору көрүү-истии төрөппүт санныгар сүктэриллибитэ сыанан аҕаабата, тулуйар өттө тулуйда. Урут кэргэнниилэр дьиэлэригэр үлэлэриттэн сынньана, кыһалҕаны умна кэлэр эбит буоллахтарына, хамсыкка ол чуумпу-сылаас уйалара мэлдьи оҕо айдааннаах, ойох (эр) хомуруйа күүтэр эбэтэр бөрүкүтэ суох быһыыланар дьиэтигэр кубулуйда. Киһи эрэ барыта онно бэлэмэ суох буоллаҕа.

Хамсык “хараҕы аста” 

Ыалдьыбыт, кэбирээбит киһи чугас дьонуттан көмөнү, болҕомтону эрэйэр. Оттон хамсык майгыны-сигилини ырылыччы көрдөрдө. Ойоҕо ыалдьа сытар кэмигэр көссүүтүгэр көспүт диэн, ыалдьыбыт эрин ханна эрэ ыраах аймахтарыгар үүрбүт диэн... Итинник быһыыланыы кэнниттэн, биллэн турар, киһи “атыны талбыт эбиппин” диирэ уонна арахсар санаата киирэрэ өйдөнөр.

Аны “удаленкаҕа” баран эбэтэр сарбыллыыга түбэһэн дьиэҕэ олорорго күһэллибит эр дьон аҥаардастыы “булааччы-талааччы” бурҕалдьытын устан, ойоҕунуун тэҥ кыахтаах, бырааптаах буолан хаалла. Уратыта диэн, дьахталлар дьиэни көрүүнү-харайыыны, оҕону иитиини син биир сүкпүттэрин курдук, сүгэ сылдьаллар. Дьахтар айылгыта оннук: саҥа усулуобуйаҕа түргэнник үөрэнэр, ону ыарырҕаппат. Оттон эр киһи, булааччы-талааччы ыстаатыһын сүтэрэн, онтон муунтуйар. Оннук кэмҥэ киһи уйаҕас сирэ хаарыллан, майгыта алдьанар, киҥ-наар буолар, сыыйа өйдөспөт буолуу мунньуллар, ол арахсыыга тиэрдэр.

“Гаджет көлүөнэтэ” арахсар

Кэргэнниилэр 30–35%-ра бастакы сылларыгар арахсаллар. Биир үксүн ол социальнай уонна уйулҕаттан төрүөттээх, тутулуктаах. Итиннэ “гаджет көлүөнэтин” уратытын ахтар наада. “Гаджет көлүөнэтэ” дэнээччилэр социальнай ситимҥэ сатаан сыһыаны олохтууллар эрээри, дьиҥнээх олоххо судургу алтыһыыны сатаабаттар. Оннук дьон ыал буолууга, ыал аҕа баһылыгын эбэтэр хаһаайка эбээһинэһин толорууга өссө ситэ иликтэр. Ол түмүгэр кыыһырсаллара, өһүргэнсэллэрэ элбэх.

Дьахтар куттаммат

Дьахталлар “кэргэннии сыһыан биһиэхэ тугу да биэрбэт, биһигини астыннарбат” диэтэхтэринэ; эрдэрэ хаһаайын быһыытынан, дьиэ кэргэнин хааччыйбат буоллаҕына “арахсыахха” дииртэн толлубат буолбуттар. Төһө даҕаны охсуулааҕын иһин, бүтэһик хардыыны оҥорортон куттамматтар. “Биһиги дьоло суохпут” диэн үҥсэргээтэллэр да, салгыы олорор санаалара суох. Онон арахсарга дьахталлар 69%-ра этии киллэрэр эбит.

Экэнэмиичэскэй кириисис, дойду бэлитиичэскэй олоҕо ытыллар, өй-санаа бутуллар кэмигэр ыал отуора эмиэ хамсаабыта көстөр. Социологтар ыал кириисиһэ өр кэмҥэ салҕаныа дииллэр. Саамай иллээх, өйдөһөр эрэ кэргэнниилэр бу кэми этэҥҥэ туоруохтара. Ол да буоллар арахсыыттан өрүһүнүөххэ сөп. Үйэлээх сыаннастарга эргиллэн, киһи аналын сөпкө өйдөөн, чугас киһини өйдүүргэ кыһаллан.

Бэлэмнээтэ
Нина ГЕРАСИМОВА.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар