Киир

Киир

Эдэр киһи  аҕа көлүөнэттэн сылык өйү-санааны, үтүөнү-кэрэни ылан хаалбытынан олоҕо уһуйуллар,  инникитэ чопчуланар, эркээйи охсунар. Онуоха Бүлүү педагогическай училищетын баай историятыгар киирбит, республика  сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэриспит  выпускниктар килбиэннээх үлэлэринэн, олохторунан үтүө холобур буолаллар. 

Устудьуоннар кинилэрдиин алтыһар, көрсүһэр түгэннэри элбээтиннэрэллэр.  Ол иһигэр   “100 сылбытыгар  100 хардыы” диэн  бырайыак  чэрчитинэн Дьокуускайга, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ сылдьан, училище аҕам саастаах  выпускниктарын киинэҕэ уһуллулар, ахтыыларын суруйдулар, хаартыскаҕа түһэрдилэр.  80-90 саастаах выпускниктар училищеҕа үөрэммит, билиигэ тардыспыт умнуллубат сырдык күннээх сылларын, улуу-чулуу учууталларга үөрэммиттэрин, үлэ-олох туһунан сыаналаах кэпсээннэринэн  үөрүүнэн кыттыстылар. 

Бу үйэлээх үлэ үгүс көлүөнэ ыччакка олох оскуолата буолуо этэ.

WhatsApp Image 2023 01 31 at 11.23.43 1

Афанасий Иннокентьевич Николаев,  Саха  АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,  Аҕа дойду сэриитин  кыттыылааҕа,  Аҕа дойду сэриитин II-ис  истиэпэннээх орденын кавалера,  СӨ “Ытык аҕа”  бэлиэ хаһаайына:

- Ийэтэ,  аҕата суох төгүрүк тулаайах этим,  училищеҕа 1939-1942 сылларга   үөрэммитим.  Үөрэхпит сылга 140 солкуобай  төлөбүрдээҕэ,  кыаммат оҕо элбэҕэ,  уурайааччы да баар этэ. Училищеҕа үөрэнэр кэмнэрбэр ыалларга  мас мастыырым, от оттуурум,   онон үөрэхпин төлөһөрүм.  Ол онтум да тиийбэтэ, 2 төгүллээн  бирикээс тахсыбыта ууратарга диэн.  Кууруспутугар 3 тулаайах оҕолорго учууталларбыт хамнастарыттан хомуйан,  үөрэхпитин салгыыр дьолломмуппут,  ол курдук амарах сыһыаннаах этилэр,  биһиги учууталларбыт. 2–ис кууруска Гутин И.Л. диэн  саҥа директор кэлбитэ,  кини остолобуой аспыта,  эбиэттииргэ толуон олохтообута улахан көмө этэ, аны туран,  бэс иннэтин хомуттаран, ону оргутттаран,  сарсыарда аайы  биирдии  ыстакааны  иһэри ирдиирэ. Учууталларбыт үгүстэрэ нууччалар этилэр,   Ярлаши  Ибрагим Рамазанович,  Вытяжин А.Б.,  Рыбаков П.Е. завуч этэ.  Знаменщиков физкультура,  байыаннай  дьыала учуутала,  Черемкина И. Н. географияны,  Скоморохов Е.М.  историяны,  Самоделкина З.А. биологияны,   Лыткина А.И.  педагогиканы   үөрэппиттэрэ.   Бастаан утаа    нууччалыы билбэккэ халлааны туойуу, сыыйа син   быһаарсар буолбуппут.   Сивцев А.К. саха литературатыгар үөрэппитэ, оччолорго грамматика диэн суоҕа, алфавит саҥа киирбитэ. Бастакы кууруска 98 оҕо киирбититтэн  42 эрэ киһи бүтэрбиппит,  сорох кыайбатаҕа, элбэх оҕо сэриигэ барбытттара. 

WhatsApp Image 2023 01 31 at 11.23.42 2

Евдокия Алексеевна Алексеева, РСФСР норуотун үөрэхтээһинин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин тиһигин Бочуоттаах ветерана:

- Биһиги сэрии сылларыгар 1942-1945 сылларга үөрэммиппит, төһө да ыараханын,  аччыктаабыппыт иһин туруулаһан туран,  үөрэммиппит, сорох оҕолорбут тулуйбакка дьиэлээбиттэрэ.   Бастаан килиэппит нуормата күҥҥэ 100 грамм этэ, онтон 200 грамм, кэлин саас 400 грамм буолбута. Наар тото-хана килиэп сиэбит киһи диэн  саныы сылдьарбыт.  Арыый да танастааҕым буолуо,   унуохпунан да улаханым, кыайыгас-хотугас этим,    онон миигин уолаттары кытары мас мастата  таһаараллара. Өкүндү диэн дэриэбинэҕэ Дьоппуоннар диэн сахалыы ааттаах ыалларга балыктата ыыппыттара. Оҕонньор балык бөҕө кууллаан биэрбитин киллэрэн, бары үллэстэн сиэбиппит. Анна Ивановна Лыткина диэн кылаас салайааччыбытын наһаа убаастыырбыт.    Мин 3 сыл тухары старосталаабытым.   Стипендиябытыгар  75 солкуобай ыларбыт. 2-ки  куурус буолан доҕордоһорбут,  оччолортон наһаа иллээх этибит, олохпут тухары cибээспитин быспатахпыт.   Билигин бу 2 куурустан 3 эрэ буолан хаала сылдьабыт,  Ньурбаттан Анна Семеновна Тимофеева,  Кэбээйиттэн  Марина Тимофеевна Жиркова  уонна мин. Багдарыынныын Ньурбаҕа, училищеҕа бииргэ үөрэммиппит, тыла-өһө оччоттон сайдыбыт сытыы - хотуу уол, киһи кэрэмэһэ, дьонноро Уус  Испирдиэннэр диэн этилэр.  Өрүү кэпсэтэ,  билсиһэ олорбуппут,  билигин наһаа суохтуубун кинини. Олус дьээбэлээх – хооболоох, кэпсээннээх буолара.  Уолаттар аччыктаан наар остолобуой таһыгар аалыҥнаһаллара, ол сылдьан син туохха эмит тиксээрдэхтэрэ. Мин Харлампьев Радомир диэн уолу  көрөөт да сөбүлээбитим,   онуоха Багдарыын Ханчаев Платон диэн табаарыһын билиһиннэрэ сатыыра, ити кыһыл уолу,  Радомиры  тоҕо таптыыгын,  эн Ханчаевтыын билис диэн ыгара-хаайара.

WhatsApp Image 2023 01 31 at 11.23.43

Кирилл Егорович Павлов,  биллиилээх государственнай салайааччы, СӨ Бочуоттаах гражданина, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, “Үлэ Кыһыл Знамята”,  Аҕа дойду сэриитин I-кы истиэпэннээхь орденнар кавалердара, А.Е.Кулаковскай аатынан государственнай бириэмийэ лауреата:

- Биһиги көлүөнэ саамай ыарахан, кырыымчык кэмҥэ үөрэммиппит, училищебытын 1946 с. бүтэрбиппит.   Аҕа дойду сэриитэ бара турар этэ, аччыктааһын, тоҥуу- хатыы да баара. Ону ол диэбэккэ,  ыарахаттартан чугуруйбакка,  биһиги үөрэхпитигэр олус кыһаллар этибит. Балаһыанньа кытаанах буолан,  байыаннай үөрэх ыытыллара.  Сүрдээх сытыы–хотуу учуутал  Аржаков Я.М. биһигини армияҕа бэлэмниирэ, элбэххэ үөрэппитэ.   Учууталларбыт  ирдэбиллэрин намтаппаттара, биһиги туспутугар олус кыһаллар, көмөлөһөр этилэр.  Үөрэхпитин ситиһиилээхтик бүтэрбиппит, оҕолор бары үчүгэй үлэһит аатын үрдүктүк сүкпүттэрэ. Кууруспутуттан  7 учуутал Россия уонна Саха республикатын үтүөлээх үлэһиттэрин ааттарын ылбыттара. Биллиилээх журналист Нина Иннокентьевна Протопопова кууруспутугар 66 сыл старосталаабыта,  барыбытын училищебыт тула түмэрэ,  үөрэхпит кыһата сайдарыгар улахан кылаатын киллэрсибитэ.

Бүгүҥҥү колледж үлэтэ олус тубуста,  материальнай-техническай базата бөҕөргөөтө. Ыччат сайдарыгар,  идэ ыларыгар бары усулуобуйа тэриллэрин,  үөрэхпит кыһата  республикаҕа, улууска  үөрэхтээһин үтүө үгэстэрин үксэтэргэ үтүмэн үлэтин  истэ-билэ олорон үөрэбит,  киэн туттабыт. 

WhatsApp Image 2023 01 31 at 11.23.42

Климент Егорович Иванов,  биллиилээх государственнай салайаачччы, СӨ бочуоттаах гражданина, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Бочуот Знага”, “Норуоттар Доҕордоһуулара”, “Үлэ Кыһыл Знамята”  орденнар  кавалердара: 

- 1956 сыллааххха бүтэрбит училищем миэхэ олох олорорбор,  үлэлиирбэр  кынаппын үүннэрбит,  маҥнайгынан дайыппыт тапталлаах,  дириҥник ытыктыыр,  сүгүрүйэр үөрэҕим  кыһата буолар.  Училищем  туһунан кэскиллээх  кэпсэтиһии,  сэһэргэһии  буолла да,  өрүү болҕойон,  олус сэҥээрэн истэбин,  училищем туһунан үчүгэйи эттэхтэринэ  миэхэ үтүө кыым саҕыллар.

Биһиги үөрэхпит кыһата Саха Сирин  балысхан  сайдыытыгар  биэрбит кылаата олус улахан, тугунан да кэмнэммэт.   Училище выпускниктарыттан норуот хаһаайыстыбатын бары эйгэтигэр  бөдөҥ салайааччылар ахсааннара  хас да сүүһүнэн  ааҕыллар.  Ити барыта училищебыт, учууталларбыт өҥөлөрө.

Директорбыт  Степан  Cпиридонович  Гурьев  элбэх орден,  медаль кавалера, Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспит, кыайыыны уһансыбыт  уникальнай салайааччы  этэ. Биһиэхэ кини   киһи, учуутал, директор   быһыытынан күн бүгүҥҥэ дылы эталон. Кини бэйэни салайыныы политикатын күүскэ сайыннарбыта.  Комсомольскай, профсоюзнай  тэрилтэлэри бэйэтэ салайара, кынат оҥосторо,  инньэ гынан, студеннар актыыбынастара, эппиэтинэстэрэ лаппа үрдээбитэ. Хас биирдии студент туохха кыһалҕалааҕын көрө сылдьара,  бэл диэтэр,  хас биирдии группаҕа «касса взаимопомощи» тэрийэри  ирдиирэ, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү  баара-элбэх оҕоҕо өйөбүл буолара.

Учууталларбыт  туохха да көтүмэхтик сыһыаннаспат этилэр,  барыта студент  төгүрүччү сайдарын тула үлэлэһэллэрэ. Гаврильев И.Н.  хайдахтаах курдук улуу нуучча тылыгар, кинигэни ааҕарга  уһуйбутай,  мэктиэтигэр,  биһиэхэ «лунатиктар» диэн баар  буолбуттара, күнүстэри-түүннэри кинигэ ааҕааччылары оннук ааттыырбыт. 95 сыллаах юбилейы олус көтөҕүллэн туран көрүстүбүт. 

Уһулуччу талааннаах музыкант А.В.  Тараховскай  cтруннай оркестрын тыаһа билигин да  кулгаахпар иһиллэр.  Н.И. Иванов искусство кэрэ эйгэтигэр киллэрбитэ,  И.Е.  Репин, Микеланджело, Рафаэль, Эпоха Возрождения диэннэри  тыа оҕолоро аан бастаан истибиппит.

Спордунан дьарыктаммат оҕо суоҕун кэриэтэ этэ. Учууталларбыт   дэгиттэр сайдыылаах буоларга  дьулуһууну үөскэтэллэрэ, оннооҕор хайдах  хаамары  кытары үөрэтэллэрэ, «тоҕо салбырдаан хаамаҕын, ньохчоохойдоомо, көнөтүк, дьоһуннаахтык тутун» диэн такайаллара. Ити курдук кинилэр биһигини  бары өттүнэн сайыннарбыт үтүөлэрин   үрдүктүк  сыаналыыбын,  өрүү махтанабын.

 WhatsApp Image 2023 01 31 at 11.23.42 1

Варвара Сергеевна Иванова - Зверева, Саха АССР үтүөлээх учуутала, ССРС норуотун  үөрэҕириитин туйгуна,  РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ учууталларын учууталлара: 

- Гурьев С.С. курдук   улахан  педагог,  управленец,  айылҕаттан айдарыылаах салайааччыга директорга үөрэммит дьоллоохпун. Архив докумуоннарыгар биир инспекторскай бэрэбиэркэ маннык суруйбут «Училище директора Гурьев С.С.   үөрэх сылыгар  225 уруокка сылдьыбыт,  ырыппыт,  учууталларга  улахан  методическай көмөнү оҥороро хайҕаллаах». Cыччах ити биир сурук да  элбэҕи  этэр дии саныыбын,  кини олус таһаарыылаахтык үлэлээн ааспыт директор диэн тоһоҕолоон туран этэбин. 

Мин училищеҕа Сиэйэ  оскуолатыгар 7 кылааһы бүтэрэн  баран, 13 саастаахпар үөрэнэ киирбитим уонна 1956 сыллаахха бүтэрбитим.  Дьиэбитигэр тулаайах аҥаардаах сии кырбас оҕолор этибит буоллаҕа дии,  ийэм миигин эрдэ үлэһит оҥороору ыыттаҕа. Бэйэм уҥуохпунан   кып-кырабын, хоп-хойуу  уһун баттахпын  сатаан өрүммэт киһи кэлбитим. Сарсыарда аайы арай биир кыыс мин баттахпын өрөр,  онтон билбитим Степан Спиридонович миэхэ Васильева Аня дин кыыһы наставнигынан анаабыт,  кэлин Анна Николаевна Өлөөн улууһугар  Республика үтүөлээх учуутала буола үүммүтэ, үлэлээбитэ.  Таҥас улахан суоҕа, туох баарынан сылдьарбыт. Мин хара шкерам үрдүнэн сиитэс ырбаахы кэтэрим, аны ол үрдүнэн  пиджактанабын. Арай биирдэ көрүдүөргэ сүүрэкэлии сырыттахпына,  Степан Спиридонович миигин тохтотон кулгаахпар сибигинэйдэ «Варя, эн шкераны кытары ырбаахы кэтимэ,  эбэтэр шкера, эбэтэр ырбаахы» диэбиттээх, аһара өйдүүбүн. Ити курдук,  хас биирдии оҕоҕо  болҕомтолоохтук сыһыаннаһара. Аны туран, миигин 7 кылааһы бүтэрбит докумуона суох кэлбит  киһини,  экзамеҥҥа бэлэмнээн, туттартаран,  үөрэтэн- иитэн, идэ ыллаттаран, күн бүгүҥҥэ дылы биһиги үлэ-олох үөһүгэр сылдьабыт.

WhatsApp Image 2023 01 31 at 11.23.41

Егор Михайлович Махаров, философскай наука доктора,  государственнай салайааччы, РФ  социальнай наукаларга Академиятын чилиэнэ:

- Биһигини чулуу учууталлар үөрэппиттэрэ, директорбыт, образцовай педагог Гурьев  С.С. педагогика,  психология ымпыгын - чымпыгын толору  биэрбитэ, историяҕа  уһуйбута  Раев С.П.  Кэлин мин философияҕа көһөрбөр,  үлэ суруйарбар  кинилэр үөрэхтэрэ  төһүү буолбут,  наукаҕа барарбар төрдүн–төбөтүн кинилэр уурбуттар эбит диэн бигэтик этэбин. Студент барыта үөрэх таһынан эбии дьарыктаах буолара, училище олоҕо оргуйан олороро, библиотека тобус–толору ааҕааччы,  тула музыка тыаһа, А. В. Тараховскай   оркестра  бары тэрээһиннэри киэргэтэрэ. Д. Я. Широких хайыһарга күрэхтэһэрбэр ичигэс наскы биэрэр этэ,  мин оччолорго училищеҕа, оройуоҥҥа чемпионныырым.   Дмитрий Коркинныын,  Василий Румянцевтыын  Ленинградка  бииргэ  үөрэммит  Григорьев  К.  Е. училищеҕа үлэлии кэлбитэ уонна көҥүл тустуу секциятын үлэлэппитэ. Үөрэнэр бүтэһик сылбытыгар биһиги кууруспут уола Николай Волков,  учууталбыт Кирилл Григорьев Республика аан бастакы чемпионнара буолбуттара. Бу   ситиһии училищебыт өҥөтө буолар, ити курдук Cаха Сиригэр көҥүл тустуу сайдыытыгар биһиги училищебыт оруола  улахан.   Биһиги 53- cылтан үөрэммит дьоннор Сталин суох буолбутун кэннэ  Хрущев салалтата үлэлиир бириэмэтигэр  «советское потепление» үйэ саҕаланыытыгар кыттыбыт дьон буолабыт. Училищебытын 1957 сыллаахха бүтэрбиппит.

WhatsApp Image 2023 01 31 at 11.23.41 1

Климент Кириллович Корякин, биллиилээх государственнай салайааччы,  Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Норуоттар Доҕордоһуулара” орден кавалера:

- Ити билигин музей буолан турар дьиэ кулууп этэ, ол онно cубуоталарга үҥкүү киэһэлэригэр учууталларбыт Тараховский А.В   аккордеоҥҥа, Гурьев  И.Н.   скрипкаҕа,   Иванов М.И. мандолинаҕа  оонньууллар,  онтон биһиги үҥкүүлүүбүт,  дьэ бу үчүгэйин,  музыка ньиргийэн олорор, ол  онно ким мэниктии сылдьыай,   таҥаскын–сапкын көрүнэҕин, бачыыҥкаҕын баахсалыыгын.  Аны туран, биһигини,  үҥкүү- битии диэҥҥэ  сыстыбатах  дэриэбинэ уолаттарын,  үрдүкү куурус кыргыттара бастаан  вальска, онтон арыый тэтимнээх фокстрокка иҥин үөрэтэллэр. Биир сайын Бороҕоҥҥо хотон тутуутугар таҕыстыбыт, салайааччынан Авраам Владимировиһы  анаатылар. Биһиги хотон тутабыт,  учууталбыт хотоммут таһыгар баар  үрэх биэрэгэр күнү күннүктээн олорон,  аккордеоҥҥа оонньуурун  дэриэбинэ оҕолоро,  колхуостаахтар бэркэ сэргээн истэллэрэ, cөҕөллөрө. Ону наһаа үчүгэйдик саныыбын. Ситиһиилээхтик үөрэнэн, училищебытын 1957 сыллаахха бүтэрбиппит. 

Чехордуна

Екатерина  Петровна Чехордуна,  педагогическай наука кандидата, СӨ үтүөлээх учуутала:

- Бүлүүгэ дойдубутуттан дьүөгэбинээн Жерготова Т. Н. кэлбиппит, начаалынай  кылаас учууталлара  буолар улахан баҕалаах дьон куонкурсу  этэҥҥэ ааһан,  4 сылы  биир хоско олорон, наһаа үчүгэйдик  үөрэммиппит, 1966 сыллаахха бүтэрбиппит.   Училищебытын бүтэрбиппит 50 сылбытын бэлиэтиирбитигэр «Умнулллубат кыһабыт» диэн кинигэ таһаарбыппыт.  Директорбыт Иванов М.С.  топонимиканы,  историяны үөрэтэрэ. Михаил Спиридонович аан бастакы күннэргэ учуутал диэн кимий,  тыа сиригэр учууталлыы барыы   туһунан киэҥ кэпсэтиини ыыппыта. Ол курдук  буолбута, биһиги үгүспүт төрөөбүт сирбитигэр, тыа оскуолаларыгар   үлэлээтибит.

Биһигини олох киэҥ аартыгар  атаарбыттар эбит наһаа да үчүгэй кэрэ учууталлар. Бубякина Л. П. нуучча тылын уруоктарын  чаҕылхайдык ыытара.  3-с  кууруска Ленинградтан    Тамара Васильевна уонна  Светлана  Петровна кэлбиттэрэ. Оччотооҕу кэмҥэ саҥа биллэн эрэр поэт Сергей  Есенин поэзиятын,  айар  үлэтин, тус олоҕун, билиһиннэрэр уруогу олус сонуннук ыыппыттара.   Паарта аайы үрүҥ салфетка  үрдүгэр  чүмэчи уматан,  кабинет уотун умулларан,  патефоҥҥа   музыка  иһитиннэриитинэн  уруогу саҕалаабыттара  өйбүтүгэр умнуллубат гына олорон хаалбыт. Поэт үгүс хоһооннорун  нойосуус  үөрэппиппит. ТН Прокопьева химияны биэрэрэ,    практиканы салайара.   Кууруспут салайааччыта  Захарова М. И. биһигини  бэйэтин оҕолорун курдук бүөбэйдиирэ.   

Туруору, көнө,  чиэһинэй  майгылаах Цымбалов Валерий  Ильич  живопись,  скульптура уруоктарын  интэриэһинэйдик ыытарын өрүү ахтабыт. Арай биир уруокка кэпсээн-кэпсээн баран,  «а вот это Давид» диэн   сыбыс-сыгынньах  киһи ойуутун таһааран күөрэс гыннараатын кытары, биһиги  хаһыытыы түһэн баран, бары паартабыт анныгар саһан хааллыбыт,  онуоха учууталбытыттан  «Миленькие,  хорошенькие,  я больше не покажу, поднимитесь, пожалуйста» диэн көрдөһүннэрэн турардаахпыт.

Сонун төрдө: Бүлүүтээҕи  Н.Г. Чернышевскай аатынан педагогическай колледж

 

Санааҕын суруй